Adult Search

Якутский республиканский комитет

Коммунистической партии Российской Федерации

Адрес: Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, ул. Октябрьская, дом 3
Телефон: +7 (411) 23-66-151
Электропочта: mgm_2004@mail.ru

Главные

события

классовой

борьбы

Красный Первомай в Якутии: «Хватит терпеть!»
Будем достойными наследниками Победы!

 

Ахтан кэлэммин

Ийэкээм барахсан

Эрэйдээх олоҕун

Эргитэ санааммын

Элбэҕи өйдөөтүм

Ферма үлэтэ бүппэтиэн!

От оттоон, ынах ыан

Субайы буостуктаан

Хотонтон арахпат

Өйдүүбүн ийэбин

Көмүлүөк уотугар

Алдьаммыт таҥаспын

Абырахтаан, сууйан

Аттыбар уурарын

Хаһан утуйан

Хаһан сынньанан

Сэниэ ыларын

Билигин дьэ кэлэн

Санааммын сөҕөбүн

Ийэкэм барахсан

Хаһан да кыыһырбат

Мэниктээн, күүлэйдээн

Хойутаан да кэлиим

Сороҕор куттааммын

Кыыһыран кэлэрим

Оччоҕо мин ийэм

Сыллаан ылааччы

Күр оннук мин ийэм

Амарах сүрэхтээх

Алаһа дьиэ аанньалын

Ама умнар үһүбүөн

Кырдьан да олорон

Ийэбин суохтуубун

Баара дьэ буоллар

Иэспин төлөөммүн

Сынньатыам этэ мин

Хас биирдии ийэ

Оҕотун туһугар

Олоҕун биэриэҕэ

Ону өйдүү сылдьан

Оҕолоор эһиги

Харыстааҥ ийэни!

Эйэҕэс эбээни!

Суруйда Седалищева П.Н.