Бары баар баттаммыт
Барыта тахсаннар,
Барабан охсоннор
Баргыґан бардылар...
УруйдааІ!
УруйдааІ!
Былааґы — Сэбиэккэ!
Хара хаан олбохтоох хаппытаал оло±ун,
Хап гынар хаппардаах хаан салын хаайыытын,
Тµп гынар тµптµрдээх тµµнµктээх тµрмэтин
ТµІнэри ытыйан, кµіччэхтии кітµттэ...
Јліртін куттаммат,
Јргістін дьулайбат,
Кэннинэн кэхтибэт
Кэм кэллэ быґыылаах...
УруйдааІ!
УруйдааІ!
Былааґы — Сэбиэккэ!
Хандала кµµґµнэн, хабала дьайынан
Хамныыртан-хараттан хааныттан хараммыт,
Кыраттан-кыамматтан, дьон-норуот соруттан,
Кырыыстан-ынчыктан баара±ай баайдаммыт
Баай-бампыыр батталын,
Батталлаах былааґын
Ґлэґит, бааґынай
ҐІµµнэн µрэйдэ...
УруйдааІ!
УруйдааІ!
Былааґы — Сэбиэккэ!
ИмэІнээх санаанан, илбистээх ырыанан
Ийэ сир µрдµнэн, аан дойду баґынан
Кытыастар хаанынан, кырбаґар уотунан
Кырыыстаах дойдуну кытыаста салатан,
Биитэр мин, биитэр эн —
Биирдэспит кыайдын диэн
Јрігій ілірсµµ
Јґµінэ µрдээтин...
УруйдааІ!
УруйдааІ!
Былааґы — Сэбиэккэ!
Ґйэттэн µйэ±э µрµІ кµн анныгар
Ґлэґит, бааґынай симэґин сииктэрин,
Кµдэхтээх кµµстэрин кµннэри-тµµннэри
Кµµгэннии оргутан оборо олорбут
Буула±а бурсуйу
Буруйдаан-сэмэлээн,
Ґлэґит, бааґынай
Ґірбэ±э тµґэрдэ...
УруйдааІ! УруйдааІ!
Былааґы — Сэбиэккэ!