Adult Search

Якутский республиканский комитет

Коммунистической партии Российской Федерации

Адрес: Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, ул. Октябрьская, дом 3
Телефон: +7 (411) 23-66-151
Электропочта: mgm_2004@mail.ru

Главные

события

классовой

борьбы

Красный Первомай в Якутии: «Хватит терпеть!»
Будем достойными наследниками Победы!

Виктор Губарев Черскэйгэ, бастатан туран, олохтоох коммунистар мунньахтарыгар кыттан сыал-сорук туруорда, сүбэ-ама биэрдэ.

“Халыма суола” тэрилтэ үлэһиттэрин кытта кыһыҥҥы суолунан аһы-таҥаһы аҕалыы боппуруостарын дьүүллэстэ. “Черскэй аэропорда” хампаанньаҕа авиапорт үлэтин-хамнаһын уонна былааннарын интэриэһиргээн билистэ.

IMG-20180417-WA0012g.jpg

Табанан, “Буранынан” ыстаадаларга сылдьан олохтоохтору кытта ирэ-хоро сэһэргэстэ, олохторун-дьаһахтарын кытта билистэ, кыһалҕаларын быһаарыста. Дьон ас-таҥас сыаната олус үрдүгүттэн, дьиэ-уот боппуруоһа уустугуттан муҥатыйаллар эбит.

Соторутааҥҥа диэри бу уһук хоту оройуоҥҥа 18 тыһ. таба баар буоллаҕына, быйыл 8 тыһ. кэриҥэ тугут аһын кыайан булбакка оҕунна. Табалар барахсаттар төбөлөрүн халыҥ хаарга батары анньан аһылык көрдүү сатыыр кытаанах күннэрэ-дьыллара үүннэ. Онон Черскэйгэ таба иитиитин боппуруоһугар Виктор Губарев Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Анатолий Добрянцевтыын улахан мунньах оҥордо. Манна балыксыттар бэйэлэрин кыһалҕаларын эмиэ көтөхтүлэр.

Виктор Губарев Ил Түмэн депутаттарын кытта хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар интэриэстэрин көмүскүүр хас да сокуон барылын сыралаһан оҥорон (чуолаан, хотугу таба туһунан), Государственнай Думаҕа киллэрбиттэрэ ыраатта. Хомойуох иһин, “биир ньыгыллар” куоластара баһыйан, бу сокуоннар олоххо киирбэккэ тураллар.

IMG-20180417-WA0013g.jpg

Биһиги рескомҥа өр кэмҥэ бииргэ үлэлиир буоламмыт, кини 21 сааһыттан олорбут уонна үлэлээбит дойдутун, дьонун-сэргэтин хайдахтаах курдук ис сүрэҕиттэн таптыырын, ахтарын-саныырын билэбит: “Оо, көнөкөөн сүрүннээх дьонум барахсаттары, туундарабын олус да аҕынным! Хаарыаны, сэһээккэҕэ олорон, ып-ыраас салгынынан дуоһуйа тыыммыт, уу-чуумпуну иһиллээбит киһи! Мин туундараҕа сырыттахпына эрэ сынньанабын!”

Кырдьык, Виктор Николаевич хоту дойду дьонун олус сөбүлүүр, ытыктыыр, аһынар. Ол туохтан көстөрүй? Мин биир уустах дьонум — чукчалар, юкагирдар, эбэҥкилэр, эбээннэр — улаханнык быстардылар да, Виктор Николаевичка кэлэн тыын ылалларын мэлдьи көрөбүн-истэбин. Υрэх баһыгар олорор илиитэ-атаҕа суох төрөөбүт оҕоҕо Германияҕа протез оҥортордо, өр сыллар усталарыгар дьаныһан туран операциялата, эмтэтэ, үтүөрдэ сатыыр.

IMG-20180417-WA0015g.jpg

Арай биирдэ Андрюшкинаттан сылдьар сүүрбэччэлээх уолчаан сэтинньи тымныытыгар киин куорат биир дьиэтин подъеһыгар этэрбэһин былдьатан баран, Дьокуускайы биир гына атах сыгынньах хааман рескомҥа кэлбиттээх. Ол кэмҥэ Виктор Николаевич төһө да Москваҕа командировкаҕа сырыттар, телефонунан дьаһайан коммунист Саша Куприяновынан көмөлөһүннэрбитэ (Киин Комитет пленумугар мунньахтыы олорон ойон туран...)

IMG-20180417-WA0017g.jpgIMG-20180417-WA0018.jpg

Аны туран республика бары муннуктарыттан ийэлэр оҕолорун субуруппутунан үөрэххэ туттарса ала-чуо киниэхэ эрэ кэлэллэр. Сууттанааччы; харчы көрдөөн, авиабилиэт атыылаһыннарааччы; хонор сир көрдөөччү; кырбанан хараҕа көҕөрбүт студент; аһаҕас сэлликтээх, уула сытыйбыт арыгыһыт... Сороҕор “абааһы аһаабыт сириттэн арахсыбат” диэн кыыһырабын, саатабын да бэйэм дьоммуттан.

Губарев ону ол диэбэт. Барыларын үөрэ-көтө көрсөр, чаанньыгын үрдүгэр түһэр. Аһыныгаһа бэрт. Эбиэттии олорор буоллаҕына, туох баар аһын туран биэрэр идэлээх эриэккэс киһи. Сахалар итинник киґини “тоҥмуту ириэрэр, аччыктаабыты аһатар айыы киһитэ” диэччилэр.

 IMG-20180417-WA0018g.jpg

Сорох депутаттар: “Биһиги сокуон эрэ оҥорор аналлаахпыт. Биирдиилээн дьоҥҥо көмөлөһүө суохтаахпыт”, — диэн хайыҥ охсуналлар. Мин Губарев курдук биирдиилээн дьоҥҥо көмөлөһөр “биир ньыгыллары”, эсердэри, ЛДПР-дары да билбэппин. Арай, спикер Александр Жирков биир дойдулаахтарыгар кинигэ таһаартаралларыгар, операцияҕа баралларыгар көмөлөһөрүн туһунан истээччибин...

Дьэ, ол иһин Виктор Николаевиһы хаһыатынан, ватсабынан үөхтэхтэринэ, мин улаханнык кыһыйабын-абарабын. Соторутааҕыта Галина Макаренко диэн 80 сааһын ааспыт Дьокуускай олохтооҕо Виктор Николаевич тулуурун сөҕөбүн диэн суруйбут этэ. Кини эмиэ инчэҕэй эттээх киһи буоллаҕа дии. Төһөлөөх холуннарыыны-баһаарҕырдыыны, үөҕүүнү-түөрүүнү тулуйан кэллэ! Уонна санаатын түһэрбэккэ, түүннэри-күнүстэри үлэлээбитин курдук күүскэ үлэлии-хамсыы сылдьарыттан биһиги, реском аппараатын үлэһиттэрэ, сөҕөбүт, харыстыы уонна аһына саныыбыт.

IMG-20180417-WA0019g.jpg

Υлэһит да үлэһит! Биирдэ эмэ уоппускаҕа барбытын, өрөбүлгэ өрөөбүтүн биир бэйэм билбэппин. Холобура, соторутааҕыта буолан ааспыт быыбар кэнниттэн Саһыл Сыһыытааҕы кыргыһыы 95 сылыгар анаммыт тэрээһиннэргэ реском эдэр секретардарын илдьэ баран, онно баар мемориалы саҥардан оҥоруу боппуруоһун көҕүлээтэ.

Москваҕа баран РФКП КК пленумун трибунатыттан тыл этээт, тута Мирнэйгэ кэлэн, саха оҕолорун промышленноска сыһыарыы туһунан боппуруоһу кытаанахтык туруоруста. Ити боппуруоһу кини, нуучча киһитэ, сүрэҕэр-быарыгар чугастык ылынан сорунуулаахтык туруорсарыттан астынабын.

IMG-20180417-WA0021g.jpg

Оттон быыбар кэмигэр хотунан-соҕуруунан сылдьан Павел Грудинины агитациялаан дьоҥҥо-сэргэҕэ ыллыктаах тылын тиэрдэн эттэ-тыынна, сүүрдэ-көттө. Манна диэн эттэххэ, ыһыытыы, өрө оргуйа олорор, киҥнэрэ-наардаара хойдубут шахтердарга, дальнобойщиктарга, үөрэх эйгэтигэр үрүт үөһэ ыытыллар реформаттан салгыбыт учууталларга киирэн кэпсэтэр, тылы ылыннарар чэпчэкитэ суох эбээт!

IMG-20180417-WA0022g.jpg

Улахан тэрийэр дьоҕурдааҕа коммунистар кэнники улахан дьыалаларыттан да көстөр. Улуу Өктөөп 100 сылын Саха сирэ хайдахтаах курдук киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээтэ! Хайа уонна РФ президенин быыбарын түмүктэрэ эмиэ элбэҕи туоһулууллар.

Кини төһө да олус уустук кэмҥэ, ордук сиэр-майгы айгыраабыт бириэмэтигэр үлэлээтэр, хаһан даҕаны ытана-сулана сылдьыбат, дьоҥҥо мэлдьи үчүгэйи эрэ көрөр ыраас дууһалаах киһи. Биирдэ эмит өйдөспөккө кыыһырсар да буоллахпытына, тута аһарар, хаһан даҕаны хом саныы, өс тута сылдьыбат. Онон кинилиин, муударай, киэҥ көҕүстээх, үтүө сүрэхтээх киһини кытта бииргэ үлэлиир олус чэпчэки уонна интэриэһинэй.

IMG-20180417-WA0023.jpg

Ил Тумэн уонна Дьокуускай дууматын быыбардара чугаһаан, кири-хоҕу тарҕатааччылар эмиэ кистии-саба үллэҥнэһэн эрэллэр. Онон мин норуот туһугар охсуһар дьиҥнээх байыаһы Виктор Губаревы харыстыахха диэн соратниктарбын ыҥырабын. Виктор Губарев, Артур Алексеев, Сергей Белобородов, Анна Пухова, Дмитрий Пухов, Анна Кондратьева, Галина Кокшарская, Альбина Лыхина, Семен Филиппов, Семен Никитин, Роза Солнышкина, Семен Алексеев, Георгий Степанов, Иннокентий Новгородов уо.д.а. курдук чиэһинэй, сырдык санаалаах чаҕылхай, хорсун санаалаах коммунистарбыт уобарастарын көрөн туран, сөҕөн-махтайан, сүргэтэ көтөҕүллэн, биллиилээх поэт Степан Дадаскинов аатырбыт хоһоонун суруйбута.

IMG-20180417-WA0024g.jpg

Кинилэр хара маҥнайгыттан Коммунистическай партияны, ол аата Сэбиэскэй былааһы уонна норуоту көмүскээбит, онуоха олохторун анаабыт дьон, билигин букатын аҕыйах хааллылар.

Биһиги кинилэри ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьыахтаахпыт, көмүскүөхтээхпит. Кинилэргэ күлүк түһэрэ, үтүө ааттарын киртитэ сатааччылар суох буолбатахтар. Хомойуох иһин, Виктор Николаевич хаһан эрэ киһи-хара гынаттаабыт, өйөөбүт дьоно итинник түктэри быһыыга кыттыһаллара олох сааттаах дьыала дии саныыбын. Ону бэркэ билэ сылдьан, Виктор Николаевич кинилэри хаһан да хомуруйбат, хаһан да кими да кэнниттэн үөхпэт үтүө-мааны, кэрэ киһи, чахчы да — киһи киһитэ.

IMG-20180417-WA0025g.jpg

Дьоллоох уонна доруобай буолуҥ, убайым курдук саныыр күндү киһим Виктор Николаевич уонна ытыктыыр соратниктарым!

Галина МОХНАЧЕВСКАЯ