Платон Ойуунускай 128 сылын корсо
- Подробности
- Автор: Пресс-служба Якутского рескома КПРФ
- Категория: Сахалыы
Бугун Платон Ойуунускай 128 сылын корсо коммунистар улуу революционер-бассабыык пааматынньыгар сибэкки дьорботун уурдулар.
БАРЫ БИИРГЭ — МОДУН КΥΥСПΥТ, БАРЫТЫН КЫАЙЫАХПЫТ!
- Подробности
- Автор: Пресс-служба Якутского рескома КПРФ
- Категория: Сахалыы
Норуот туһугар охсуһар Савва Михайлов иһин!
Георгий АРТЕМЬЕВ — Таатта уонна Мэҥэ-Хаҥалас оройуоннарын урукку баһылыктара, РФКП Саха сиринээҕи комитетын чилиэнэ:
— Дьокуускай куорат баһылыга Авксентьева уурайбытынан сибээстээн Коммунистическай партия Савва Михайловы бу дьыл кулун тутар 28 күнүгэр буолар быыбарга баһылык дуоһунаһыгар кандидатынан туруорбута. Савва Анатольевич бэйэтэ Бүлүүттэн төрүттээх. Кинини комсомол эрдэҕиттэн билэбит.
Савва сүрдээх принципиальный позициялаах коммунист. Билигин куорат биир саамай уустук уокуругун — Строительнайы — салайар. Онон кини куораппыт ис-тас олоҕун барытын билэр.
Партия эрэллээх саллаата
- Подробности
- Автор: Пресс-служба Якутского рескома КПРФ
- Категория: Сахалыы
Захаров Егор Александрович – Коммуническай партия кэккэтигэр киирбитэ 60 сылын туолла.
Егор Александрович 1928 сыллааххаыамыйын 1 күнүгэр, IМөҥүрүөн нэһилиэгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Мария Николаевна (Кычкина), Александр Петрович Захаровтар дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүт балтынаан иккиэлэр. Мария Александровна Сарахина билигин оҕолорун биэбэйигэр Жатайга олорор. Кэргэнэ Николай Семенович Сарахин Өлүөхүмэттэн төрүттээх, үлэни өрө туппут, үөрбүт-көппүт, билиэтэ суох эрээри, өйүнэн-санаатынан, дууһатынан олох коммунист этэ. Үйэтин тухары Жатайдааҕы судноны ремоннуур заводка суоппарынан үлэлээбитэ. Сэрии кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин И.В. Сталин, эйэлээх кэмҥэ В.И. Ленин 100 сыллаах юбилейнай, үлэ ветерана медалларынан уонна норуоттар доҕордоһуулара орден кавалера. Кинилэр алта оҕону төрөтөн иитэн, олоххо үктэннэрбиттэрэ. 1952 сыллаахха ыал буолан, 61 сыл бииргэ олорон, Жатай бөһүөлэгэр «Ытык-мааны» ыал дэтэн сүөһү ииттэн олордулар. Кинилэл олохторун алта оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салҕыыллар.
ДЬОҺУННААХ ЭКЭНЭМИИС, ХОРУТУУЛААХ УЧУОНАЙ, ТУЛХАДЫЙБАТ ХОМУНЬУУС
- Подробности
- Автор: Пресс-служба Якутского рескома КПРФ
- Категория: Сахалыы
Дьыл-күн күлүмэхтэнэн ааһа охсоро эчи түргэнин! Мин Колялыын аан маҥнай, 1955 сыллааххаалтынньы ыйга, Ленинградтааҕы тыа хаһаайыстыбатын үнүстүтүүтүгэр бииргэ үөрэнэр кэммитигэр буокса сиэксийэтигэр дьарыктана сылдьанчугастык билсибитим. Онтон ылата бэлиэр алта уонтан тахса сыл ааһа, оттон Ньукулай Ньукулаайабыс диэн билигин убаастабыллаахтык ыҥырыллар өрөспүүбүлүкэ биир ытыктанар учуонайа 80 сааһын туола охсубут эбит. Кини оччолорго ити үнүстүтүүт экономическай факультетын үһүс куурсугар үөрэнэрэ. Эдэригэр успуорт хас да көрүҥэр холоммута, ол эрээри, ордук улахан тулууру, үгүс көлөһүнү-сыраны эрэйэр ыраахха сүүрүүгэ балачча ситиһиилэммитэ: ааспыт үйэ 60-с сылларын саҥатыгарСаха сирин биир күүстээх ыстаайар сүүрүгүнэн билиниллэр этэ.
Үөһээ Бүлүү улууһугар Ороһуга “Күбэйэ” түмсүү 20 сыллаах үлэтэ
- Подробности
- Автор: Пресс-служба Якутского рескома КПРФ
- Категория: Сахалыы
Биһиги, Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу сэлиэнньэтин олохтоохторо, 1996 сыллаахха, ыһыллыы-тоҕулуу, хастыы да ый хамнас, пенсия, кэлбэт, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэл сүппүт, дьон санаата-оноонор түспүт кэмигэр, “таах олорон биэримиэххэ, түмсүү тэриниэххэ” диэн сүбэлэспиппит. Бу — сэрии сылын оҕолоро: “Үлэ Кыһыл Знамята”орденнаах С.П. Васильева, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ В.А. Бырдакаров, бэтэрээн учуутал К.С. Власьева, советскай-партийнай үлэ бэтэрээнэ П.М. Кардашевскай уонна инбэлиит И.В. Егоров.