Сэрии тулаайаҕа
Оччотооҕу кэм ыалын тэҥинэн 1936 сыллааха диэри этэҥҥэ олорбуттара. Аҕалара колхоз салалтатыгар үлэлиирэ. 1939 сыл кинилэр дьиэ-кэргэннэрин үрдүнэн барбыта. «Бэһэргэ» олорбуттара. Кыһыл Аармыйа бырааһынньыгын күн икки балтыларын көмөллөр. Хотонноругар биир ынах уонна сибиинньэлэрэ өлбүттэрэ. Ийэлэрэ тымныйан ыалдьан, саас эрдэ сытынан кэбиспитэ. Уонна саас ньукуолун күн тыына быстаахтаабыт. Аҕалара икки кыра оҕолоох, алтыс кылааһы бүтэрбит Бүөтүрдүүн (Өөчөөн) хаалбыттара. Ити сайынтан Егор колхозка күтэрдиир, моҕотойдуур буолар. Чааркаанынан, сохсонон, бэрт аҕыйах капкааннаах буолаллара. 1940 сылтан үлэ киниискэлээх. 11 сааһыттан икки атынан от оҕустарар. Аан дойдуга саамай улахан алдьатыыны, иэдээни аҕалбыт Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыта. Аҕатын бырааттара Бүөтур уонна Миитэрэй Горнай улууһугар оттуу сылдьан Аармыйаҕа ыҥырыллан, дойдуларыгар, дьиэлэригэр таарыйбакка ходуһаттан сэриигэ бараахтаабыттар. Онтон аҕалара Александр Петрович 1942 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр Аариыйаҕа ыҥырыллан барар. Фашистар Сталининград куоракка ааннаан киирбиттэрэ. Бу уоттаах сэриигэ ыараханнык бааһыран, Ижевск куорат госпиталыгар 1943 сыллаахха быраатынаан Миитэрэйдиин көрсүбэккэ сырдык тыыннара быстыбыт.
Егор алтыс кылааһы бүтэрэн баран, самоскитынан бурдук быстарар. 1943 сыл күһүн Мандыгыттаҕа тиийбиттэригэр, сарсыарда хаар ньиксиччи түһэн үлүйбүтүгэр, оҕонньоттор тобуктаах олорон ытаспыттарын көрбүтүн дьулаан этэ диэн кэпсиир. Аҕатын быраата Бүөтүр 1941 сыллаахха Москва аннынныгар тыына быстыбыт. Оҕолор төгүрүк тулаайах хаалбыттара. Абаҕалара Захаров Петр Иванович (Баака Бүөтүрэ) «Хараҕа суохха» олорон көрөн-истэн тыыннаах хаалбыппыт диэн махтана ахтар. Абаҕаларын соҕотох учуутал уола Сэмэн Петрович 1942 сыллаахха сэллик ыарыыттан өлбүтэ. «Бэһэрт эн» Матта оскуолатыгар сатыы сылдьан үөрэнэрэ. Онно күнүс Эбэ быччыыкатын буһаран аһаталлар эбит. Өлүүтүттэн сиэбигэр үктан, дьиэҕэ хаалбыт ыарыһах балтыгар Маайаҕа аҕалара. Оччотооҕуга кыайыы туһугар, турар-турбат бары үлэлиирэ. Биирдэ нэһилиэк салалтатыгар ыҥыртаран ылан, фронтан кэлбит суругу аллас ыалларыгар, оччуттарга аахтарбыттара. Ол сурукка Савва Петрович Кычкин бэргэн ытааччытын, хорсун сэрииһитин туһунан этиллибит. Итинник ис хоһооннох сурук Гаврил Павлович Захаров туһунан кэлбитин аахтарбыттар. Дьоннор сүрдээҕин үөрэллэрэ, санаалар көтөҕүллэрэ, кыайыыга эрэллэрэ күүһүрэрэ. Аҕатын Александр Петрович туһунан Сталининград куорат көмүскэлигэр сураҕа суох сүттэ диэн биллэрии кэлбит. Ону кэлин ирдэһэр этэ. Сэриилэспит сиригэр Сталининград куоракка бара сылдьыбыта, архивтарга сурук ыытан ыйыталаспыта да, мэлийэн испитэ. Ону Матта оскуолатын үөрэнэччилэрэ Г.Ф. Кычкина салалтатынан Мөҥүрүөнтэн барбыт, сураҕа суох сүппүт буойуттарыгар ирдэһэр үлэ ыппыттарыгар, Ижевск куорат госпиталыгар сэрииттэн ылбыт бааһыттан өлбүтүн булбуттара. Онон аҕабытынан, эһэбитинэн киэн туттар толору бырааптаммыппыт. Кыайыы 45 сылыгар Центральнай архивтар госпиталь архивын материалларын хомуйан биир сиргэ муспуттар эбит. Сэрии, өлүү-сүтүү, хоргуйуу, сут-кураан сылларга инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, сыккырыыр дууһалара эрэ ордон, кыайыы туһугар улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбит, сэрии тулаайаҕа Егор Александрович, килбиэннээх үлэтин иһин 1947 сыллаахха мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Советскай государствоҕа, оччотооҕу салалтаҕа, тулаайах диэн туора туппакка, интернакка олорон үөрэммитигэр махтала муҥура суох.
Төрөөбүт нэһилиэгин патриота
Сэрии сылларыгар туберкулез ыарыы республика үрдүнэн күүскэ тарҕаммыта. Оҕо-аймах туһугар Правительство улахан үлэни ыыппыта. Сэрииттэн айгыраабыт, мөлтөх доруобуйалаах оҕолорго Маттаҕа айылҕата, условията сөп түбэһэн республиканскай санаторнай-лесной оскуола аһыллан 1943-1955 сс.үлэлээбитэ. Онно Егор Александрович аҕыс сыл учууталынан, забуһунан үлэлээбитэ. Ол кэмнэ үлэлээбит, үөрэммит, эмтэммит дьоннор истэн ахтыыларын түмэн 2007 сыллаахха «Тэбэр сүрэх сылааһынан» диэн кинигэни таһааран, нэһилиэгин биир кэрчик историятын суруйбута. Манна үөрэммиттэрэ, эмтэммиттэрэ В.В. Ноев, М.Е. Калачева, П.Н. Дмитриев, Цыпандина В.В., Ларионов В.П., Находкин С.И., Ильина Л.П., Корякина Т.В., Охлопков П.С. уо.д.а. Үлэлээбит сирдэригэр оҕо-ыччат чөл, доруобай буоларын туһугар норуот күүһүнэн спортивнай залалары туттарбыта. 1968 сыллаахха – Балыктаах оскуолатыгар, 1985 сыллаахха Төҥүлүтээҕи училищеҕа спортивнай комплексы үөрэнээччилэр, үлэһиттэр күүстэринэн туттарбыта. 2010 сыллаахха төрөөбүт дойдутугар Маттаҕа культурнай спортивнай комплексы оруот күүһүнэн тутуллуутугар көҕүлээн, биир ыйдаах пенсиятын биэрэн, сүбэ-ама, күүс-күдэх буолбута. Бу барыта ыччат доруобай, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буоларыгар туруулаһан туруорсан, норуоту түмэ тардан туттарбыта, өйөөбүтэ.
Маттаҕа саҥа оскуола дьиэтэ тутуллуутугар төһө кыалларынан, техниканан, субботунньугунан көмөлөспүтэ.
Ыраах Саха сириттэн «Бэһэр» алаастан туруммуттара 5 саха ньургун уолаттара Ийэ дойдуларын өстөөхтөн көмүскүү. Уонна Москва, Сталининград, Ленинград, Харьков куораттар көмүскэллэригэр бастакы уот сэриигэ тыыннарын толук уурбуттара. Бу биир алаастан барбыт 5 Захаровтарга удьуордарын салҕыыр соҕотох уол Егор хаалбыта. Мөҥүрүөнтэн төрүттээх (Находкина) Захарова Марфа Ивановналыын 4 уолланан, биир кыыс оҕолонон «ытык ыал» аатын ылан, дьоһун олоҕу олордулар. Дьокуускай куорат ытык ыала буолан, республика дьиэ кэргэнин «ытык ыал» аатын ылан кыһыл көмүс кинигэҕэ киирдилэр.
1955-1960сс. Тулагы Киллэм оскуолатыгар директорынан үлэлээбитэ. Бу үлэлиир кэмигэр оскуоланы интернаты уунан ититиллэр системаҕа маҥнайгынан киллэрбитэ. Дьиэлэр сылыйан, үлэлиир, олорор условия тупсубута. Бастакынан стационарнай-техническай средстволары туһаныы тэриллибитэ. Оскуола үөрэнээччилэрэ худ. Самодеятельность куораттааҕы көрүүтүгэр I миэстэни ыланнар Дьокуускай-Москва-Киев туристическай путевканан наҕараадаланан 1957 сыллаахха 20 оҕону илдбэ сылдьыбыта. Саха сирин оҕолоро бу Киевка маҥнайгы сырыылара этэ. Оскуола учууталларыгар олорор 4 квартиралаах уопсай дьиэлэрин туттарбыта. Оскуолаҕа сыҺыары ирдэбилгэ эппиэттиир киинэ көрдөрөр будка тутуллубута. 1960-1974сс. Мэҥэ-Хаҥалас Балыктааҕар забуһунан, директорынан үлэлээбитэ. Бу кэмҥэ республикаҕа үөрэтии кабинетнай систематын маҥнайгынан киллэрбитэ. 1966 сыллаахха сүүрэн-көтөн, туруорсан, орто оскуоланы астарбыта. Төрөппүттэри кытта үлэ системалаахтык ыытыллара, ол курдук төрөппүт-оскуола-общественность бииргэ үлэлээһинин олорор сиринэн үлэ бастакынан тэриллибитэ. Оскуолаҕа ленинскэй хос аһаллыбыта. Учууталлар күүстэринэн, сайыҥҥы сынньаланнарыгар мастерской. 6 квартиралаах уопсай дьиэ тутуллубута. Бу кэмҥэ Балыктаах оскуолатыгар икки төгүл республиканскай семинардар ыытыллыбыттара. Кыраайы үөрэтэр туристическэй походтар тэриллибиттэрэ. Хас биирдии пед.коллектив чилиэнэ, учуутал үрдүк аатын түһэн биэрбэккэ, күүрээннээхтик үлэлиирин, сатабыллаахтык тэрийэн учууталлар олорор, үлэлиир условияларын тупсарыыга улахан болҕомтолоох салайаччы быһыытынан биллибитэ.
1974 сыл оройуоннааҕы партия комитетын анааһынынан 4 нүөмэрдээх Төҥүлүтээҕи профтехучилищеҕа директорынан. Преподавателинэн, үрдүк таһаарыылаахтык 24 сыл үлэлээтэ. Комсомол киин кэмитетын мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Бу үлэлээбит, сырата барбыт училищетын үлэтин,олоҕун көрдөрөр Захаров Е.А., Цыпандина В.В., Попова Е.С., автордаах «Ленинскэй комсомол бириэмийэтин лауреата 4 №-дээх проф.лицей диэн кинигэ таһаарбыттара. 150 киһилээх коллектибы салайан, улэлиир кэмигэр күүһүн-уоҕун училище материальнай базата сайдарыгар биэрбитэ. Уопсай олорор дьиэлэр, 20 миэстэлээх гараж, котельнай, пилорама, подсобнай хаһаайыстыба, училище киэн туттуута спортивнай комплекс тутуллубуттара.
Е.А. Захаров көҕүлээһининэн уонна өйөөһүнүнэн элбэх ситиһиилэр ситиһиллибиттэрэ. Ол үтүө туоһутунан 1985 сыллаахха училище Россияҕа Ленинскэй Комсомол лауреата үрдүк ааты ылбыта буолар. 1977 сыл ВЦСПС Почетнай грамотата, 1981 сыл. Педагогическай кабинет тэриллэн үлэтэ РСФСР-га биир үчүгэй үлэлээҕинэн биллибитэ. 1983 сыл Эйэ Фондатын Почетнай грамотатынан наҕараадаламмыта. 1980 сыллаахха Ленинскэй зал музей аһыллыбыта, үлэтэ Союз көрүүтүгэр бастаабыта. Сыралаах үлэ түмүгүнэн үгүс үлэһиттэр республика, Союз үтүөлээх учууталлара, производственнай үөрэхтээһин туйгуннара уонна да атын чиэскэ бочуокка тиксибиттэрэ. Училищеҕа 500-600 оҕо республикабыт бары улуустарыттан кэлэн үөрэнэн, идэ ылан бараллара. 200-ҕэ тиийэ детдом оҕолоро үөрэнэллэрэ. Манна барыларыгар ийэлии истиҥник, аҕалыы амарахтык сыһыаннаһан, үөрэтэн-такайан, училище бары үлэһитэ сүрдээх бэриниилээхтик, оҕо,ыччат туһу диэн үлэлээбиттэрин Егор Александрович махтала улахан. Билигин бу олоххо миэстэлэрин булан, үлэлии хамсыы сылдьар махталларын этэллэриттэн киһи эрэ үөрэр, онтон ордук дьол суох.
Уол оҕо төрөөн, сураҕа суох сүппүт аҕатын ирдэһэн булан, көмүллүбүт уҥуоҕар кэргэнинээн Марфа Ивановналыын, кыра уолларын Егор ЕгоровиҺы илдьэ төрөөбүт алааһын буорун-уутун илдьэн сүгүрүйэн кэлбиттэрэ. Аҕатын, убайдарын сырдык ааттарын үйэтитэн, Кыайыы 65 сылыгар «БэҺэртэн» сэриигэ барбыт суолларыгар сыыр үрдүгэр, биирдии бэйэлэригэр 5 планшеты туттаран, тимир остуолбаҕа тиһэн өйдөбүнньүгү оҕолорун-сиэннэрин кытта туруорбута. Үлэлээбит сирдэригэр Тулагы-Киллэм, Балыктаах оскуолаларын, Төҥүлү училищетыгар көҕөрдүү ыыттаран, мас олордубуттара билигин да, көҕөрөн силигилии үүнэ турар. Матта нэһилиэгэр«Ийэҕэ махтал» скверын онороллоругар сүбэ-ама биэрбитэ.
Оло5ун устатын тухары общественнай олох эрэллээх саллаата. Нэһилиэк советын депутата, «Знание» общество активнай чилиэнэ. 1944 сыллаахха комсомуол чилиэнэ, 1956 сылтан Коммунистическай Партия чилиэнэ.
1964 сылтан күн бүгүнүгэр дылы билиини тарҕатар, кинигэ пропагандалыыр.«Бичик» кинигэ кыһатын кытта үлэлэһэн «За вклад в развитии национального книгоиздания» диэн бэлиэ хаһаайына.
Абаҕата Бүөтүр биир сүөһүтүн өлөрөн үөрэн диэн алҕаан куоракка ыыппыт. 1955 сыллаахха Учительскай институт саха салаатын, онтон 1960 сыллаахха Саха государственнай университетын историческай факультетын бүтэрбитэ. 51 сыл үөрэх-иитии эйгэтигэр эҥкилэ суох, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн «Саха АССР үтүөлээх учуутала», РСФСР уонна Саха республикатын профтех үөрэхтээһинин туйгуна, «Учууталлар учууталлара», «Гражданскай килбиэн», спорт уонна физическэй культура сайдыытыгар үтүөлэрин иһин бэлиэлэр хаһаайыннара.
Мөҥүрүөн, Мэҥэ, Төҥүлү нэһилиэктэрин уонна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина. 1948 сылтан тапталлаах кэргэнинээн Марфа Ивановналыын 65 сыл бииргэ олорон, «Тимир» свадьбаларын бэлиэтээбиттэрэ.
Төһө да 89-с хаарыгар сырыттар 10 сыл архивка хасыһан, үлэлээн төрөөбүт нэһилиэгин историятыгар 1795 сылтан перепиһы, архивынай докумуоннарынан, төрүччүнү үөрэтиигэ «Мөҥүрүөннэр» диэн кинигэ суруйан бэлэмнээтэ.