Оччолорго учуутал Н.Н. Михайлова элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр, аҥардас ийэлэр оҕолорун “Иэйиэхсит” диэн бөлөххө түмэн илдьэ сылдьарыгар кыттыһан, үлэбитин саҕалаан барбыппыт. “Эбээ үөрэҕэ” диэн бырайыак-программа оҥостон, сайыҥҥы өттүгэр икки сезоҥҥа 25 оҕону оҕо лааҕырыгар үлэлэппит. “Эбээлэр лааҕырдаахтар үһү дуо”? — диэн сорохтор үп-харчы көрдөһөрбүтүгэр күлэллэрэ. Ол эрээри өйүүр дьон көстүбүттэрэ. Оччотооҕу социальнай управление начальнига Зоя Тарабукина, бухгалтер Ирина Потапова өйөөбүттэрэ.
Улуустааҕы лааҕырдар күрэхтэригэр инники сылдьыбыппыт. Оҕолорбутун айылҕаҕа сыһыаран, сиэргэ-туомҥа үөрэтэн, төрүт дьарыкка, булка, балыктааһыҥҥа, туу өрөргө, илими үтэргэ, көрөргө, мууҥхалыырга эһээлэр үөрэтэллэрэ, кыһыҥҥы өттүгэр дуобакка, саахымакка, хабылыкка, хаамыскаҕа, хоһоон ааҕыытыгар күрэхтэри тэрийэбит. 2001 сылтан республиканскай экспериментальнай площадка буолбуппут.
Айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыыга 5 гаалаах “Абалаах” алааһы ыраастааһын үтүө холобуру биэрбитэ.
Помояннан туолбут алааһы сиэннэрбитинээн ыраастаан, көмөн-уматан, кыраабыллаан, сиппитэн, лааҕыр түмсэрсирэ оҥорбуппут. Эһээлэр алааһы эргиччи бүтэйдээбиттэрэ.
Алаас үрдүк сиригэр совхоз саҕана уоҕурдуу сарайа турбута. Уларыта тутуу, рынок кэмигэр сарайа суох буолта, удобрение хаар-самыыр уутугар суураллан көлүкэтигэр суураллан киирэн, ойуурун өлөрөн, саас дьыл тахсыбыт сүөһүлэр сүһүрэн өлөллөр этэ, кэнсиэрбэ бааҥкатыгар, өстүөкүлэ үлтүркэйигэр атахтарын өлөрөн сайыны быһа дьүүкээрэллэрэ. Удобрениены көмөн, бүтэйдээн, өлбүт ойууру кэрдэн уматан элбэх үлэни көрсүбүппүт. Үлэбит түмүгүнэн “Абалаах” алааска оҕолор билигин сааһы көрсө айылҕаҕа тахсаллар, сайынын нэһилиэк ыһыахтыыр сирэ буолла. Алаас тилиннэ, сиэннэрбит үлэлэринэн киэн тутталлар, бастакы лааҕыр оҕолоро билигин бэйэлэрэ ыал ийэлэрэ, аҕалара буоллулар.
Бу алааска лааҕыр оҕолоро сарсыарда аайы мусталлара, күннээҕи үлэ былаанын билсэн баран алаастарынан, урукку өбүгэлэрбит олорбут сирдэринэн, колхоз, совхоз олохторунан сылдьан нэһилиэк историятын, бастыҥ үлэһиттэрин олохторун, үлэлэрин туһунан истэллэрэ, өбүгэлэр оонньууларын оонньуулара, айылҕаҕа палатканан хонон сытан сайыҥҥы сарсыарданы кэтээн көрөллөрө. “Абалаах” алааска үлэ туһунан проект-программа көмүскээн, Айылҕа харыстабылын министерствотыттан Республикатааҕы экологическай “Эйгэ” ресурснай киинтэн грант ылбыппыт, оччолорго биһиэхэ улахан ситиһии этэ.
Улуустааҕы экология инспекциятын начальнига Титов Василий Васильевич биһиги оҕолорбутуттан 3-түү оҕонон ылан “Тоҥуочаан”, “Сордоҥноох” экологическай экспедицияҕа ылаттаан оҕолорбут билиилэрэ-көрүүлэрэ өссө дириҥээбитэ, кэҥээбитэ, сиргэ-уокка сылдьарга үөрүйэхтэринэн сирдэрбэтэхтэрэ. Кинилэр кэпсээннэрин истэн, сылдьыбатах оҕолор, кинилэри кытта бииргэ айаннаабыт курдук буолаллара. Айылҕа оскуолатын ким солбуйуо баарай? Ийэ-Айылҕа киһини аһатар-сиэтэр, эмтиир, тымныыга сылытар, итиигэ сөрүүккэтэр, кини киһи туһугар үтүөтүн-өҥөтүн ааҕан сиппэккин. Оҕолор айылҕаҕа махталлаахтык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахтарын эбээлэр, эһээлэр курдук санаталлара, сиэри-туому кэпсииллэрэ.
“Абалаах” алааспытыгар төһө да бокуойа суох үлэҕэ сырыттар, Василий Васильевич кэлэ сылдьан оҕолору кытта көрсүспүтэ, үлэлэрин көртө, хайгаабыта, оҕолор астыммыт сирэйдэрин умнубаппыт.
Оҕолор үлэлэрин туһунан улуус хаһыатыгар куруук суруйалларын, оччотооҕу редакция коллектива-редактор Марта Симоновна Силигиянова, Зинаида Николаевна Стручкова, Валентина Петровна Чыбыкова туспа балаһа биэрэн бэчээттэн иһэллэрэ, оҕолор ыстатыйалара бэчээттэннэҕинэ олус үөрэллэрэ, суруктарын ис хоһооно тупсан испитэ, билигин да ити түмсүү оҕолоро суруйаллар. “Хаһыакка тахсар ыстатыйаларгытын түмэн кинигэтэ бэчээттээҥ, биһиги бэчээттээн таһаарыахпыт” – диэн улуустааҕы киин библиотека заведующайа Ольга Дмитриевна Федорова сүбэлээн, Нина Никитичнаны кытта үлэбитин чөкөтөн бэлэмнээн биэрбиппитин 1,2 чаастанан 50 экземплярынан бэчээттээн, Ороһуга тахсаннар библиотека коллективын кытта оҕолор, төрөппүттэр мустан кинигэбитин сүрэхтээбиппит. Ол эмиэ оҕолорго умнуллубат үөрүү буолта.
Ольга Дмитриевнатфилологическай наука докторыгар, биир дойдулаахпытыгар Виктор Данилович Михайловка “Эбээ үөрэҕэ” кинигэбитин биэрэн, профессор, сөбүлээн, бэйэтин “Инникигэ хардыы” типографиятыгар босхо, 300 экземплярынан бэчээттээн биэртэ. Ольга Дмитриевна барахсан биһиэхэ итинник үтүө дьыаланы оҥорбута, Виктор Даниловиһы кытта билиһиннэрбитин биһиги эбээлэр, эһээлэр тыыннаахпыт тухары умнубат махталлаахпыт. Мустар сирэ суох буолан олус эрэйдэммиппит, ону туоратар баҕа санааттан 2005 сылга эһээлэрбит Бырдакаров В.А., Кардашевскай П.М., Ласточкин Г.С., Егоров И.В. маһын кэрдэн, усутуустаан саха балаҕанын тутарга бэлэмнээбиттэрэ. Уруккуттан биригэдьиир Сусанна Пудовна трактордаах уолаттары кэпсэтэн, тылыгар киллэрэн начаас таспыттара, оччолорго харчы хастыы да ый кэлбэт кэмэ этэ. Дьиэ таһыгар кэлбит маһы эбээлэр оҕолорбутун, сиэннэрбитин кытта начаас хатырыгын сулаабыппыт. От үлэтин кэннэ эһээлэрбит балаҕаммытын туппуттара, муоста аннынан ититэр систематын төрөппүт Иванов Петр Семенович сваркалаабыта. Эһээлэр хантан эрэ сетка аҕалан саайан, буору опилканы кытта буккуйан сыбах буорун бэлэмнээбиттэрин икки төгүл сыбаан туттаппыта буолбуппут, көмүлүөк оһох оҥорон кыстыкка алтынньы ыйга киирбиппит. Улууска бастакыннан балаҕан туттан киирбиппит 11 сыл буолла, биир биэс харчыта суох. Оччотооҕу үөрэх управлениетын начальнига Кондаков И.И., солбуйааччыта осипова М.В. үлэбитигэр куруук көмөлөһөллөрө, балаҕаҥҥа киирбиппитигэр 2 улахан остуолу, 20 устууллары сахалыы ойуулаан-мандардаан оҥорон биэртэрэ, балаҕаммыт сарайыгар материал биэртэрэ улахан көмө этэ.
Сиэннэрбитигэр анаан үс кинигэни “Эбээ үөрэҕэ”, “Сиэммэр сэһэргиибин” 1,2 ч. 2005-2008 с.с. таһаататрбыппыт. Үбүлээһинин улуус баһылыга Поскачин В.С., “Офсет” типография генеральнай директора Скобелева Дария Николаевна уйуммуттара. Дария Николаевна 20 сылбытыгар босхо 17 юбилейнай знактары, алта стендовай планшеттары оҥотторон бэлэх ууммута олус үөрүүлээх!
Оҕо төрдүн-ууһун умнуо суохтаах, кинилэринэн киэн туттуохтаах, ааттарын түһэн биэриэ суохтаах, дойдутун, дьонун-сэргэтин өрө тутуохтаах диэн санааннан салайтаран 170 тахса ыаллары хаартыскаларынан көрдөөн булан, түмэн, аататрын-суолларын, үлэлэрин суруйан, эбээ Иванова А.Г. салалтатынан үс сыл үлэлээн альбомуоҥотторон, дискэҕэ таһаатарбыппыт.
33 тыыл-үлэ бэтэрээннэрин ахтыыларын видеокамераҕа уһултаран, эмиэ дискэлэппиппит. Ыраах улуустартан 50 сыл буолан баран, Мэҥэ-Хаҥалас Майатыттан ССРС доруобуйатын туйгуна, ренгенолог Марсанов Михаил Алексеевич төрөппүт дьонун, үөлээннэхтэрин хаартыскаларын көрөн олус үөрэн барбыта, онтон үс сыл буолан баран кыыһын, сиэнин илдьэ кэлэн, дойдутун, дьонун-сэргэтин көрүһүннэрбитэ. Хоту анаабырга үлэлээбит, олорбут, биллэр журналист Гольдеров Капитон Федорович кэргэнэ Анна Александровналыын кыыстарын, сиэннэрин, бииргэ төрөөбүттэрин кытта герой ийэлэрэ Евдокия Ксенофонтовна аҕалара Федор Давыдовичтыын уһуллубут дискэлэрин долгуйа көртөрө уо.д.а.астына көрөн бараллар, махталларын биллэрэллэр.
Ити курдук 20 сыл сиэннэрбитин, оҕолорбутун кытта араас хайысханан үлэлээн кэллибит. Биһиги үлэбитигэр Пенсионердар Советтарыгар үлэлиир кэмигэр Григорьева Люлия Николаевна көмөлөһөрө, билигин “Утум” республиканскай общественнай түмсүүлэри салайар председатели солбуйааччыта Валентина Васильевна Васильеваҕа кэлэн, сылдьан кэпсэтэн сүбэтигэр-аматыгар, улахан мероприятиелары ыытарбытыгар көмөлөһөрүн иһин улуустааҕы КПРФ сэкиритээригэр Г.А. Степановка, улуус дьаһалтатын солбуйааччы баһылыгар Л.С. Тойтоноваҕа, нэһилиэкпит баһылыгар А.В. Антоновка, улууспут эбээлэрин түмсүүлэригэр, Бүлүү улууһуттан кэлбит делегацияҕа бэйэбит оҕолорбутугар, ыччаттарбытыгар биһиги үлэбитин өйөөбүккүт, көмөҕүт иһин хаһыат нөҥүө махтанабыт. Ороһу нэһилиэгин коммунистара 20 сыллаах үлэбитин түмүктээн, биһиги кэннинээҕи эдэр көлүөнэҕэ “Эдэртэн эрчимин, кырдьаҕастан сүбэтин”-диэн девизтээх, эмблемалаах, былаахтаах, “Күбэйэ” диэн ырыалаах үлэбит эстафетатын палочкатын туттарабыт. Үлэҕитигэр ситиһиини, олоххутугар дьолу!
“Күбэйэ” түмсүүнү салайан кэлбит коммунистар: Власьева Ксения Самсоновна, солбуйааччы Васильева Сусанна Пудовна, эһээлэр салайааччылара Кардашевскай Петр Михайлович