Иннибит диэки, 2017 сылга!
- Информация о материале
- Автор: Пресс-служба Якутского рескома КПРФ
- Категория: Сахалыы
Биһиги киэн туттар революционер-большевикпыт Платон Ойуунускай интернеккэ, саатар, хоһоонноро суоҕуттан сүрдээҕин хомойдум да, сөҕө да санаатым. Оннооҕор оскуола саҕаттан бары таптаан ааҕар хоһооннорбутун — «Өрүөл кэриэһэ», «Былааһы — Сэбиэккэ!», «Көҥүл ырыата» уо.д.а. — ким да бэчээттээн киллэрбэтэх. Кыһыыбар, төһө да бириэмэм кырыымчыгын иһин, баҕар, ким эмэ туһанаарай диэн икки айымньыны бэчээттээтим уонна SakhaLife сайдыгар таһаарыа диэн бүк эрэнэн ыыттым.
Ыарахантан чаҕыйбакка
- Информация о материале
- Автор: Савва Михайлов, РФКП чилиэнэ
- Категория: Сахалыы
Хас биирдии партия сыала-соруга — былааһы ылыы. Аныгы үйэҕэ партиялар сааланан-сэбиргэллэнэн буолбакка, парламент нөҥүө киирсэллэр. Быйыл улахан быыбар сыла. Россия Госдуматын депутаттарын талыахпыт. Коммунистар бары ытык иэспит — быыбарга көхтөөхтүк кыттан, кыайыыны ситиһии. РФКП Госдумаҕа 92 депутаттаах. Уопсай састааптан — 20%. Бу улахан күүс буолар. Россия араас политологтара, социологтара коммунистар ахсааннарын элбэтиэхтэрэ диэн сылыктыыллар. “90-с сылларга үөскүү сылдьыбыт “кыһыл пояс” иккистээн тиллиэ”, — дииллэр. Онон партия бүгүҥҥү балаһыанньатын үчүгэй диэн сыаналыахха сөп.
РФКП Саха сиринээҕи рескомун идеологияҕа секретара, Ил Түмэн депутата Петр Аммосов - Сунтаарга
- Информация о материале
- Автор: Гаврил Андреев
- Категория: Сахалыы
Соторутааҕыта Сунтаар улууһугар РФКП Саха сиринээҕи рескомун идеологияҕа секретара, Саха Республикатын Государственнай Мунньаҕын (Ил Түмэн) депутата Петр Аммосов кэлэ сырытта. Кинини Саха Республикатын Государственнай Мунньаҕын (Ил Түмэн) депутата, РФКП Сунтаардааҕы райкомун бастакы секретара Иннокентий Васильев арыаллаан илдьэ сырытта.
Баһылык быыбарын дуораана
- Информация о материале
- Автор: Ньурба коммунистарын райкомын бюрота
- Категория: Сахалыы
2016 сыл кулун тутар ый 12 күнүгэр «Ньурба» хаһыакка бэчээттэммит «Ньурба улууһун баһылыгар Б.Н. Поповка аһаҕас сурук» диэн төбөлөөх уонна 42 киһи илии баттааһыннаах суругу ааҕан, илдьиритэн баран, оройуон Коммунистическай партиятын бюрота бу аһаҕас сурукка суруллубут «ситиһиилэри» аҥардас Б.Н. Попов туруорсуутунан быһаарыллан эрэллэрин курдук суруллубутун сыыһанан ааҕабыт.
Уол оҕо дьоллоох
- Информация о материале
- Автор: Иван Борисов, кырдьаҕас суруналыыс
- Категория: Сахалыы
Рево Петрович Будищев 75 сааһын туолар, ол эрээри мин кинини кытта уулуссаҕа тэҥҥэ хаамар кыаҕым суох. Петрович бэрт чэпчэкитик туттан хаамар, көрүөх бэтэрээ өттүгэр тиийбит, кэлбит, барбыт буолар. Кини сатаабатаҕа, кыайбатаҕа суох. Айбыт айыылара дьоллоохтук-соргулаахтык олорорго дьаһайбыттар эбит.