Adult Search

Якутский республиканский комитет

Коммунистической партии Российской Федерации

Адрес: Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, ул. Октябрьская, дом 3
Телефон: +7 (411) 23-66-151
Электропочта: mgm_2004@mail.ru

Уол оҕо дьоллоох

Рево Петрович Будищев

Рево Петрович Будищев 75 сааһын туолар, ол эрээри мин кинини кытта уулуссаҕа тэҥҥэ хаамар кыаҕым суох.

Петрович бэрт чэпчэкитик туттан хаамар, көрүөх бэтэрээ өттүгэр тиийбит, кэлбит, барбыт буолар. Кини сатаабатаҕа, кыайбатаҕа суох. Айбыт айыылара дьоллоохтук-соргулаахтык олорорго дьаһайбыттар эбит.

Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар биир кыараҕас тымныы балаҕаҥҥа холхуостаах Будищевтар уол оҕолоноллор. Сэрии буолаары олох тыҥаан турар кэмэ этэ. Аҕата Бүөтүр уолун Рево диэн ааттыыр, кини туйаҕын хатарыах киһи баар буолбутуттан олус үөрэр. Уол оҕо төрөөбүтүн үөрүүтүгэр аҕалара сыалаах эт буһарар уонна кэргэнинээн Орүүнэлиин аал уоттарыгар миин хоргунуттан, эт сыатыттан бэрсэллэр, саҥата-иҥэтэ суох олорон аһыыллар. Ол олорон инники олохторун, уоллара этэҥҥэ киһи буолуон ыраламмыттара чахчы.

1941 сыл сайыныгар, ыһыахтар буолан эрдэхтэринэ, аан дойдуну аймаабыт алдьархайдаах сэрии саҕаламмыта. Ийэ дойдуну көмүскүү саха чулуу уолаттара саа-саадах тутан айаҥҥа туруммуттара. Будищевтар, биэс ини-биилэр, Кыһыл Армия саллааттара буолбуттара.

Орүүнэ уолун көтөхпүтүнэн хаалбыта. Аҕалара ханна тиийбитэ биллибэт, онон уолчаанын батыһыннаран төрөөбүт оройуонугар  Бүлүүгэ көһөр — Чочуга тиийэр. Кэлээтин кытта сүөһү үлэтигэр аныыллар.

Үлэни кыайар эр дьон сэриигэ барбыт буоланнар, фермаҕа оҕонньоттор уонна дьахталлар төһүү күүс этилэр. Уолчаан бэйэтин курдук оҕолору кытта, ийэтин батыһа сылдьан, ньирэй көрөрө, үүрэрэ, хотоҥҥо киллэрэргэ көмөлөһөрө.

Ыарахан үлэттэн уонна аччыктааһынтан Орүүнэ ыараханнык ыалдьыбыта, оройуон балыыһатыгар эмтэммитэ, онтон салгыы төрөөбүт түөлбэтигэр Кыргыдайга тиийбитэ.

Рево Кыргыдай оскуолатыгар үөрэммитэ, киһи-хара буолар суолга үктэммитэ. Ыалдьар ийэтигэр кус бултаан аҕалан үөрдэрэ. Оскуола интэринээтигэр олорон үөрэнэрэ, онтон салгыы Бүлүү куоратыгар көспүтэ. Рево — саамай биллэр активист, октябренок, пионер, онтон комсомолец.

Оскуола кэнниттэн салгыы үөрэниэн баҕарар. Ол эрээри аҕата, ийэтэ суох тулаайах уол балтытынаан хайдах эмэ киһи буолалларын туһугар дьулуһар, онон үлэҕэ киирэр. Бүлүү куоратыгар СМУ-2 биригээдэтигэр болуотунньук буолар. Бэрт сотору үчүгэй илиилээх, сатабыллаах туттуулааҕынан биһирэнэр.

Уол общественнай үлэҕэ-хамнаска көхтөөхтүк кыттар, комсорунан талыллар, мэлдьи холобурга сылдьар.

Комсомольскай тэрилтэлэрэ бүтүн оройуоµµа биир бастыҥ үлэлээҕинэн биллэр. Ревоны райкомол чилиэнинэн быыбардыыллар. Бэрээдэги көрүүгэ, куораты ыраастааһыҥҥа, араас субуотунньуктарга, уус-уран самодеятельноһы көрүүгэ — мэлдьи инники кирбиигэ.

Рево — үлэһит бастыµа, тутуулаах туйгуна. Билбэтин билэр, сатаабатын сатыыр дьоҕура сайдар. Арай билигин Бүлүүгэ тиийэн уулуссаларынан хаама сылдьан кэпсиирэ буоллар, бэрт элбэх дьиэ-уот туһунан саныах-ахтыах, доҕотторун санаан ааһыах этэ. Манна үлэлээбитэ —кини дьоло, олоҕун оҥостубут түгэнэ.

Сэбиэскэй аармыйаҕа бэрт үчүгэйдик сулууспалаабыта, холобурга сылдьара. Араас омук уолаттарын кытта доҕордоспута. Сойуус устун бэрт элбэхтик айаннаабыта. Биир да тугэҥҥэ бэрээдэги кэспэтэҕэ, бирикээһи чуолкайдык толорбута. Үс сыллаах сулууспа бэрт түргэнник ааспыта. Ийэ дойду сорудаҕын чиэстээхтик толорбутунан киэн туттар. Кини Сэбиэскэй аармыйа туйгуна буолбута.

Уол, төһө да хайҕал үрдүгэр сырыттар, хайаан да үөрэнэр баҕалааҕа. Саха государственнай университетыгар ситиһиилээхтик үөрэнэн “тутуу инженерэ” диэн идэни баһылыыр. Устудьуоннуур кэмигэр — эмиэ общественник, тутуу этэрээтин хамандьыыра, профсоюз тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ.

Үлэлиир, үөрэнэр биллэр-көстөр салайааччы устудьуон үрдүк аптарытыатынан туһанар. Тутар этэрээти салайарыгар урут тутууга үлэлээбитэ көмөлөспүтэ. Кини салалталаах ИТФ-лар этэрээттэрэ биир бастыҥынан биллэрэ. Рево Будищев уонна “ИС-73” этэрээтэ Саха АССР үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыттара.

Инженер-тутааччы киин куоракка үлэлиир. Партийнай, сэбиэскэй салалта эдэр специалиһы араас эппиэттээх үлэлэргэ анаан, уйанын-хатанын тургутан көрбүтэ. Уол хайа да анаммыт сиригэр ситиһиилээхтик үлэлиир, кимиэхэ да сирдэрбэт, былааны уонна эбэһээтилистибэни чиэстээхтик толорон, коммунист быһыытынан араас сорудахтары бэрт суһаллык толорор, биир да түгэҥҥэ ситэрбэтэҕэ, сатаабатаҕа, кыайбатаҕа суох.

Партия обкомун издательствотыгар дириэктэри солбуйааччынан ананар, тутуу боппуруоһунан дьарыктанар. Куораты тупсарар, киэргэтэр саҥа дьиэлэри, объектары тутууну салайбыта.

Рево Петрович тапталлаах сэгэрин кытта ыал буолбута. Наташа — Бүлүү куорат орто оскуолатын биир бастыµ үөрэнээччитэ, бүлүүлэр элбэҕи эрэннэрэр кыыстара. Кини Саха государственнай университетын математикаҕа салаатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Билигин кини — наука кандидата, 33 №-дээх оскуола дириэктэрин солбуйааччы. Үс кыыс оҕо ийэтэ, сиэннэр тапталлаах эбэлэрэ.

Будищевтар ыал буолан олорбуттара быйыл 50 сыла туолар. Онон куорат биир бигэ ыала кыһыл көмүс сыбаайбалыа. Рево — улахан дьоллоох киһи.

Бу Наташа курдук талыы кыыс кинини таптаан, кэргэн тахсан, иилээн-саҕалаан, маннык уһуннук, дьоллоохтук оҕолорун, сиэннэрин, доҕотторун, аймах-билэ дьоннорун ортолоругар үөрэ-көтө олорор.

Рево Петрович Коммунистическай партияҕа киирбитэ 50-тан тахса сыл буолла. Ол тухары кини коммунист үрдүк аатын чиэстээхтик сүгэн кэллэ. Партия сорудаҕын ситэ толорбокко сэмэлэммитэ суох.

Билигин Рево Будищев — Коммунистическай партия маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэтин секретара, республика партийнай тэрилтэтин хонтуруоллуур-ревизиялыыр комиссия чилиэнэ. Саха сиринээҕи “сэрии оҕолоро” общественнай тэрилтэ сэбиэтин солбуйар бэрэссэдээтэлэ. Ити эмиэ оруннаах. Аҕата сэрииттэн улаханнык эчэйэн, тыыннаах эрэ дойдутугар эргиллибит. Кэлэн уһаабатах. Онон Рево — дьиµнээх сэрии тулаайаҕа.

Рево Петрович — дэгиттэр сайдыылаах, талааннаах киһи. Кини ырыаһыт, хомусчут, хоһоонньут, кэпсээнньит, суруксут. Ону таһынан булчут, суоппар, уус, столяр, болуотунньук, оһохчут, сыбахсыт, кырааскаһыт, өссө оҕуруотчут бэрдэ.

Рево Будищев — Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Саха Республикатын суруналыыстарын Сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ, Саха Республикатын бэтэрээн-суруналыыстарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ. Кини — үс халыҥ кинигэ ааптара, сүүһүнэн ыстатыйалары суруйбут суруналыыс. Билигин да уруучукатын туора уурар санаата суох. Онон ааҕааччы сэҥээрэр ыстатыйалара, кинигэлэрэ соторунан күн сирин көрүөхтэрэ диэн күүтэбит.

Доҕорум Рево Петрович, хахсаат тыалга хаарыйтарыма, хабараан тымныыга ымыттыма, кытаанах доруобуйалан, талааныҥ өссө арылыннын, дьоҕурун эбии тобулуннун, барыга бастыҥ буол. Бар дьонуҥ барҕа махталынан өссө уһуннук олор, үгүс дьон үтүө санаалара эйиэхэ тиийиэхтин.