Биһиги киэн туттар революционер-большевикпыт Платон Ойуунускай интернеккэ, саатар, хоһоонноро суоҕуттан сүрдээҕин хомойдум да, сөҕө да санаатым. Оннооҕор оскуола саҕаттан бары таптаан ааҕар хоһооннорбутун — «Өрүөл кэриэһэ», «Былааһы — Сэбиэккэ!», «Көҥүл ырыата» уо.д.а. — ким да бэчээттээн киллэрбэтэх. Кыһыыбар, төһө да бириэмэм кырыымчыгын иһин, баҕар, ким эмэ туһанаарай диэн икки айымньыны бэчээттээтим уонна SakhaLife сайдыгар таһаарыа диэн бүк эрэнэн ыыттым.
Уопсайынан, саха литературатын классиктарын айымньыларын — Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм», Эрилик Эристиин«Хачыгыр», «Маарыкчаан ыччаттара», Софрон Данилов “Дьону үөрдэ сырыттарбын”, «Сүрэх тэбэрин тухары», «Киһи биирдэ олорор», Николай Якутскай «Төлкө» уо.д.а. — барыларын бэчээттээн, электроннай библиотеканы интернэккэ тэрийэрбит буоллар, төһө эрэ үчүгэй буолуо этэй! Бу эдэр ыччаты үтүөҕэ үөрэтэр, үрдүккэ сирдиир чаҕылхай айымньылары биирдиилээн дьон бэчээттээн, интернеккэ киллэрэргитигэр ыҥырабын. «Бичик» кинигэ кыһатын архыыбыгар, баҕар, электроннай версиялара баара буолуо эрээри, аныгы ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тахсар гына оҥорботохтор быһыылаах. Ол эмиэ өйдөнөр — суобаһа суох дьон бэлэми бэчээттээн баһырҕатан барыахтара дии…
90-с сыллар кэннилэриттэн тахсыбыт кинигэлэр олус да сыыһалаахтык бэчээттэнэллэр эбит. Холобура, «Өрүөл кэриэһэ», «Былааһы — Сэбиэккэ!» хоһооннор 1968, 1992 уонна 1993 сыллардаахха үс аҥы бэчээттэммиттэриттэн, 1968 сыллааҕы варианы таллым. Онон интернеккэ тахсар айымньылары учуонайдар чочуйан, көннөрөн, Платон Алексеевич оригиналын кытта тэҥнээн көрөллөрө хайаан да ирдэниллэр.
Биһиги, РФКП Саха сиринээҕи комитетын интернациональнай коллективын үлэһиттэрэ, кэрэ-бэлиэ тэрээһиннэргэ эдэрдиин-эмэнниин, сатыырдыын-сатаабаттыын бары бииргэ мустан олорон нууччалыы революционнай ырыалары ыллыырбытын сөбүлүүбүт. Оччоҕо санаабыт хайдах эрэ өрө көтөҕүллэр, бэйэ-бэйэбитин түмэр, бииргэ сомоҕолоһон үлэлиирбитигэр-хамсыырбытыгар көмөлөһөр курдук. Салайааччыларбыт Виктор Губаревтан саҕалаан бары ырыаьыт баҕайылар.
Урут, Сэбиэскэй кэмҥэ, «Өрүөл кэриэһин» кулууптар сценаларыттан сотору-сотору ааҕан доргуталлара, «Былааһы — Сэбиэккэ!» ырыаны хор ыллаан ньиргитэрэ. Билигин былаас уларыйан, оннук маассабай көстүү суох. Ол эрээри билигин дьон-сэргэ олоҕо, ордук тыа сиригэр, айгыраабыт кэмигэр Ойуунускай улуу айымньылара аныгы бириэмэ ирдэбилигэр эппиэттииллэрэ, норуот кинилэргэ наадыйара ала-чуо көстөр.
РФКП Чурапчытааҕы райкомун бастакы секретарынан өр сыллар усталарыгар үлэлии сылдьар чаҕылхай коммунист, биир көнө сүрүннээх, үтүө-мааны Семен Никитин ордук «Өрүөл кэриэһин» иэйэн-туойан, уутугар-хаарыгар киирэн туран аахтаҕына, боростуой үлэһит дьон ис сүрэхтэриттэн астыналлар. Коммунистан ураты атын киһи ааҕара, арааһа, олуона соҕустук иһиллэрэ буолуо. Семен Иванович — сүрдээх принципиальнай, бассабыык партия идеятыгар ис сүрэҕиттэн бэриниилээх киһи. Дьон-сэргэ кыһалҕатын этинэн-хаанынан билэр буолан, кинилэр уйулҕаларын хамсатар, итэҕэтэр гына бассабыыктар партиябытын итэҕэтиилээхтик агитациялаан эрдэҕэ.
Соторутааҕыта бэнидиэнньик аайы буолар реском планеркатыгар сахалыы агитационнай листовка хайдах текстээх буолуохтааҕын ырытыспыппытыгар, реском секретара Вячеслав Куличкин, онтон бухгалтербыт Александр Куприяновхаба тардан ылан «Өрүөл кэриэһин» нойосуус ааҕан доргуппуттарыгар, олус да соһуйдум уонна астынным.
Кинилэр уонна да атын эдэр коммунистар Ленин, Сталин, Киров, Молотов, Троцкай, Максим Аммосов, Платон Аммосов, Исидор Барахов уо.д.а. дьиҥ үлэлэрин, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын туһунан элбэхтик дьаныһан туран ааҕа-ааҕа мөккүһэллэрин, хайдахтаах курдук билиҥҥи бириэмэни көрөн турар курдук сөпкө суруйбуттарын сөҕөллөрүн-махтайалларын элбэхтик урут да истэрим. Ол эрээри аныгы дьон сахалыы революционнай айымньылары итинник үчүгэйдик билэллэрэ буолуо диэн өйбөр да оҕустарбат этим.
Соторутааҕыта Саха сирин комсомола 95 сылын бэлиэтиир улахан үөрүүлээх мунньах кыттыылаахтара Российскай Федерация Ленинскэй комсомолун Саха сиринээҕи комитетын бастакы секретара Дмитрий Шарипов дакылаатын олус дириҥ ис хоһоонноох диэн хайҕаабыттара. Эдэркээн коммунист ааспыт үйэ 20-с сылларын ааҕы бэйэтин саастыылаахтара — Максим Аммосов, Степан Аржаков, Исидор Барахов, Степан Васильев, Платон Ойуунускай, Раиса Цугель уо.д.а. — Саха сиригэр комсомолу хайдах тэрийбиттэрин туһунан сиһилии кэпсээбитин дьон ордук астына истибитэ.
Кинилэр, Саха сиригэр партияны уонна комсомолу тэрийээччилэр, бэһиэн бииргэ түспүт хаартыскалара суоҕун иһин реском секретардара Вячеслав Куличкин уонна Петр Аммосов этии киллэрэннэр, аныгы технологиялары туһанан,Александр Борисовка бэртээхэй коллаж оҥортордулар. Онуоха олоҕуран «Коммунистар кырдьыктарын олох бэйэтэ көрдөрдө!» уонна «Жизнь показала: правда — за коммунистами» диэн элбэх тираһынан нууччалыы, сахаалыы открытка бэчээттэттилэр.
Бу күннэргэ XXI үйэ комсомолецтара Саха сирин комсомолун историятын уонна ЫБСЛКС уобаластааҕы комитетын, райкомнар, горкомнар лидердэрин кэрэһилиир эмиэ аныгы технологияны туһанан, көһөрүллэ сылдьар улахан стендэ-планшеты оҥорон бүтэрэн эрэллэр.
Ыам ыйын 28 күнүгэр буолар РФКП Саха сиринээҕи тэрилтэтин отчуоттуур конференциятыгар Вячеслав Куличкинкөҕүлээһининэн, коммунистар Максим Аммосов, Степан Аржаков, Исидор Барахов, Степан Васильев, Платон Ойуунускай бэһиэн бочуотунай делегатынан талыллаллара былааннанар. Ол курдук, ньурбалар биир дойдулаахтарынСтепан Васильевы бэйэлэрин конференцияларыгар делегатын талбыттара, таатталар — Платон Ойуунускайы, бүлүүлэр — Степан Аржаковы, үөһээ бүлүүлэр — Исидор Бараховы. Онон чулуу революционердарбыт биһиги, Саха сирин коммунистарын, конференциябытыгар туох боппуруостары көтөҕөрбүтүгэр, ханнык соруктары ылынарбытыгар баар курдук кыһаллан бэлэмнэниэхпит.
Москваттан Раиса Цугель уонна Максим Аммосов кыыстара Лена Аммосова комсомол тэрээһинигэр уонна партийнай олоххо бастакы революционердар, чуолаан кини ийэлээх аҕатын, ааттарын аныгы коммунистар уонна комсомолецтар сирдиир сулус оҥостоллоруттан астынарын Виктор Губаревка телефоннаан биллэрдэ.
Итинтэн барытыттан сыллыктаатахха, революционнай тематика нэһилиэнньэ, ордук эдэр ыччат, ортотугар эмиэ төннөн, күүскэ уонна киэҥник тарҕанан эрэр диэххэ сөп. Эһиил 100 сааһын бэлиэтиир Улуу Октябрьскай Социалистическай революциябыт идеята хаһан да симэлийэ суоҕа диэн бүк эрэллээхпит. Эдэр дьон интэриэһиргиир, ис сүрэхтэриттэн итэҕэйэр, ылынар буоллахтарына, дойдубут уонна норуоппут олоҕо хайаан да тупсуо, норуот былааһа төннөн, бары тэҥ бырааптаныахпыт…