Хас биирдии партия сыала-соруга — былааһы ылыы. Аныгы үйэҕэ партиялар сааланан-сэбиргэллэнэн буолбакка, парламент нөҥүө киирсэллэр. Быйыл улахан быыбар сыла. Россия Госдуматын депутаттарын талыахпыт. Коммунистар бары ытык иэспит — быыбарга көхтөөхтүк кыттан, кыайыыны ситиһии.
РФКП Госдумаҕа 92 депутаттаах. Уопсай састааптан — 20%. Бу улахан күүс буолар. Россия араас политологтара, социологтара коммунистар ахсааннарын элбэтиэхтэрэ диэн сылыктыыллар. “90-с сылларга үөскүү сылдьыбыт “кыһыл пояс” иккистээн тиллиэ”, — дииллэр. Онон партия бүгүҥҥү балаһыанньатын үчүгэй диэн сыаналыахха сөп.
Партиялар бэйэ-бэйэлэрин кытта “кэпсэппиттэр” диэн сиэрдээхтэр сурах тарҕаппыттара иккис ый буолла. Тумусов үһүс болдьоххо бараары онон-манан барытынан киирэрэ итинтэн көстөр.
Бу күннэргэ Компартия пресс-секретара, Госдума депутата Александр Ющенко этэн турар: “Биһиги ханнык да партияны кытта сөбүлэҥ түһэрсибэтэхпит. Хас биирдии уокурукка кандидаттары туруоран эрэбит, кыайыахпыт диэн эрэнэбит”. Онон коммунистар уонна кинилэри өйөөччүлэр сымыйа сурахтары ылыммакка, партия туһугар күүскэ үлэлиэхтээхпит.
Компартия Саха сиригэр Россия атын регионнарыттан итэҕэһэ суох куолаһы ыларын ситиһиэхтээхпит. Онуоха биир мандааттаах уокурукка пленум быһаарбытынан Петр Аммосовы күүскэ өйүүрбүт эрэйиллэр. Партийнай испиэһэги Виктор Губарев салайыан сөп. Коммунистар кандидаттарбытын агитациялыыр үлэбитин эрдэттэн саҕалыахпытын наада. Хас нэһилиэк, улуус аайы быыбар штабтарын тэрээһиннээхтик үлэлэтиэхтээхпит. Ол штабтарга коммунистар эрэ буолбакка, РФКП-ны өйөөччүлэр эмиэ үлэлиэхтээхтэр. Штаб үлэтигэр “Сэрии сылын оҕолоро” түмсүү тирэх буолара ордук буолуо.
Уустук экономическай балаһыанньаҕа дьон-сэргэ биһигиттэн элбэҕи эрэйэр. Партия быыбар иннинээҕи программатын хас биирдии куоластааччыга тириэрдиэх тустаахпыт. Хаһыат уонна листовка таһынан, интернети уонна ватсабы күүскэ туттуохтаахпыт.
Былаас партията быыбар иннигэр, буоларын курдук, элбэҕи эрэннэриэҕэ, минньигэс тыллаах сурук-бичик да элбиирэ буолуо. Онно биһиги ыйытыахтаахпыт: “20-тэн тахса сыл салайдыгыт, ол тухары эрэннэрбиккитин толордугут дуо?” Хоруйдара биллэр — мэлийдилэр.
“Тумусов Думаҕа икки болдьох олордо, республикаҕа уонна дойдуга туһуламмыт хас сокуону туруоруста, тугу ситистэ?” — диэн “сиэрдээхтэртэн” ыйытабыт. Хоруйа эмиэ биллэр, көҥдөй ыйытыктартан уонна популистскай этиилэртэн ураты, туох да суох. Онтон Жириновскай партията биһиги региоҥҥа туох да үтүөтэ суох. Бастакы сыала — төрүт регионнары суох гыныы. Ону билэн туран, ити партияны биһиги сэмэлиирбит ирдэнэр. Атын кыра партиялар быыбар иннинэ эмиэ баалларын биллэриэхтэрэ эрээри, онно улаханнык аахайар сатаммат. Бүтүн Россиятааҕы дьон санаатын билэр кииннэр көрдөрүүлэринэн, бүгүҥҥү туругунан Компартия, “Биир ньыгыл Россия” уонна ЛДПР эрэ ааһыахтара. Сиэрдээхтэр икки сирэйинэн оонньуу сылдьан, туораан хаалыахтарын сөп. Оппозициябыт диэн дьону буккуйаллар, оннук сылдьан “биир ньыгыллары” кытта Норуот фронугар куодарыһаллар.
Онон, Сахабыт сирин дьоно, үрүҥү хараттан араарарга үөрэниэххэйиҥ! Дириµ историялаах, үлэтинэн-дьаһалынан бэйэтин көрдөрбүт Коммунистическай партияны кытта бииргэ буолуҥ.
Улуу хомуньуустары Платон Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Исидор Бараховы, Степан Аржаковы, Гавриил Чиряевы былаах оҥостон, республикабыт дьонун түмэргэ бэлэммит уонна эппиэтинэһи сүгэртэн чаҕыйбаппыт!