Adult Search

Якутский республиканский комитет

Коммунистической партии Российской Федерации

Адрес: Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, ул. Октябрьская, дом 3
Телефон: +7 (411) 23-66-151
Электропочта: mgm_2004@mail.ru

Главные

события

классовой

борьбы

Красный Первомай в Якутии: «Хватит терпеть!»
Будем достойными наследниками Победы!

 

Тыа хаһаайыстыбатын, сир сыһыаннаһыыларын, айылҕаны туһаныы уонна тулалыыр эйгэни харыстааһын эйгэтигэр 40 нормативнай- правовой аакталарга, ол иһигэр 10 сокуон ылылынна.

Социальнай бэлиитикэ, наука, култуура, үөрэх, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр Судаарыстыбаннай мунньах (Ил Түмэн) 107 нормативнай-правовой аакта ылылынна, олортон 39 сокуон ылылынна.

Кини СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Губарев “Арассыыйа Хотугу, Сибиир уонна Илин Уһук төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын Судаарыстыбаннай өйөбүлүн туһунан” бэдэрээлинэй сокуон барылын ырытан оҥорууга оробуочай бөлөх чилиэнэ.

РФКП СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) фракциятынан гражданнары өйүүр уонна социальнай харысхал сокуоннарын барыла бэлэмнэнэр:

  • «2014 сыл ахсынньы 14 күнүнээҕи 1401-с № 359 №-дээх “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэх туһунан” сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан. Сыала-соруга: алын сүһүөх кылаас хас биирдии үөрэнээччитигэр ыстакаан үүтүн тус бакыатынан хааччыйыы;
  • “СӨ Үлэ бэтэрээннэрин туһунан “СӨ сокуонун бастакы ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрии уонна СӨ сокуонун 4-с ыстатыйатыгар “СӨ социальнай өйөбүлүн туһунан” ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрии туһунан”.

КПРФ биир сүрүн соругунан дьадайыыны утары охсуһуу буолар. Өрөспүүбүлүкэҕэ хас биирдии киһи тиийинэн олорор алын кээмэйэ 160 тыһыынчаттан тахса, кинилэр ортолоругар 40 тыһыынчаттан тахса оҕо олорор. Бу хайысхаҕа тыа сирин үлэһиттэригэр, бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэригэр, тиэхэньическэй-персональнай өҥөнү оҥорооччуларга Судаарыстыбаннай өйөбүл, ону сэргэ урбаанньыттарга Судаарыстыбаттан өйөбүл, социальнай хантыраак биллэрдик улаатарын туһунан этиилэр киллэрилиннилэр.

         СӨ Ил Дарханыгар Айсен Николаевка уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэсэдээтэлигэр Андрей Тарасенкоҕа партийнай фракция көсүһүүтүгэр нэһилиэнньэ наадыйыытыгар уонна кыһалҕатыгар туһаайан сөптөөх боппуруоһу туруорсар. Ол курдук Чурапчы агро-техническэй кэллиэс устудьуоннарын 100 миэстэлээх олорор уопсайдарын 2019 сылтан туруорсан кэллэ. 2022 сыл ахсынньы ыйыгар бигэргэтии хамыыһыйатын ааһан, 2024 сылга тутуута саҕаланыахтаах. Чурапчы нэһилиэгэр Таас балыыһа иккис уочарата тутуллуутун, пандемия кэмигэр суол сабыллыытын баттаһа, Илин эҥэр улуустарга ыарыһахтары бириэмэтигэр кислородынан хааччыйыыны көрөн сөптөөхтүк туруорсан, бэрт таһаарыылаахтык үлэлэһэн кэллэ.

       Семен Иванович төһө да үлэ үөһүгэр сырыттар улуус, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттыһар. Чурапчы улууһугар Кыайыы параадын бырайыагын төрүттээччи, байыаннай паарад хамандыыра. Ыам ыйын 9 күнүгэр, уоттаах Аҕа дойду Улуу сэриитин толоонугар хорсуннук сэриилэспит буойуттарга, кыайыыны уһансыбыт тыыл бэтэрээннэригэр анаан, параад 16 сыл устата үрдүк таһымҥа ыытыллан норуот биһирэбилин ылбыта мөккүөрэ суох.

     Ыччаты патриотическай тыынҥа иитиигэ кэккэ сылларга өрө тахсыылаахтык үлэлээн кэллэ. Улууска ыытыллар бырайыак (ааптар Сэмэн Жендринскэй) “Армия - уостубат, өлбөөрбөт өйдөбүл» байыаннай-патриотическай күрэхтэһии кини кыттааһына суох ааспат. Бу күн араас таһымнаах быыстапкалар, байыаннай күрэхтэһиилэр, саллаат куухуната, наҕараадалааһын тэриллэр. Сылын аайы ыытыллар “Снежный барс” күрэхтэһии кылаабынай судьуйата, улууска “Юнармия” хамандыырынан оскуола үлэтиттэн уурайыар диэри бэрт таһаарыылаахтык үлэлээтэ. Чурапчы улууһун бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин Сэбиэтигэр солбуллубат сүбэһит. Сэрии толоонугар олохторун кэрэйбэккэ кырыктаахтык кыргыспыт уолаттарга анаан от ыйын 1 күнүгэр “Кэриэстэбил күн” ыытыллар.

       2018 сыллаахха “Ытык иэс, хорсун быһыы” өйдөбүнньүк мемориал туруоруллубута уонна Чечня бастакы хампаанньатыгар суорума суолламмыт Роман Ноговицын олорорбут түөлбэтигэр искибиэр, Хадаар нэһилиэгэр Иван Давыдовка, Чурапчы нэһилиэгэр Андриан Романовка, Болугур нэһилиэгэр                             Тимофей Максимовка олорбут дьиэлэригэр өйдөбүнньүк бэлиэлэри ыйыырга түмсүү чилиэнин быһыытынан кыттыыны ылан чугас аймахтара, бииргэ төрөөбүттэрэ улаханнык махтаналлар.

     Семен Никитин киһи быһыытынан үтүө санаалаах, дьон кыһалҕатын сүрэҕэр чугастык ылынан улууска ыытыллар “Аһымал” аахсыйалартан туора турбакка кыттыһар уонна тэрийсэр. Чурапчы нэһилиэгэр “Үтүө санаа долбуура” аахсыйаны тэрийэн, уопсайа 60 устуука ас-үөл нобуора оҥоһуллан элбэх оҕолоох, кыаммат араҥа дьиэ кэргэттэригэр тириэрдиллэн дьон махталын ылбыта. Икки сыл устата аҕам саастаах бэтэрээннэргэ, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо улууспут “Саҥа олох” уонна Арассыыйа хаһыаттарыгар суруттарбыта. Бильярд кулууба аһыллыытыгар, Хайахсыт орто оскуолатын тутуллуутугар, улууска успуорт уһулуччулаах тэрийээччитэ Афанасий Кирикович Софронов аатынан ыспартыыбынай саала тутуллуутугар үбүнэн-аһынан көмө оҥоруута туохха да тэҥнэммэт холобур буолар.

Балаҕан ыйыгар Билии күнүгэр анаан ыытыллыбыт “Помоги пойти учиться” өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа Хомуньуус баартыйалаахтарга ыҥырыы таһааран уопсайа холбоон 14 500 солк сууммалаах үөрэх тээбирииннэрин ылан, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнҥэ тиксэриллэн, Чурапчытааҕы реаблитационнай киин дириэктэрэ Мария Саввина махталын биллэрбитэ.

Баартыйа рескомун XV-с кэмпириэнсийэтигэр Семен Иванович туруорсуутунан, уон улуус дьадаҥыларын кэмпириэнсийэлэригэр Владимир Ленин ыыппыт телеграммата 100 сылын туоларынан сибээстээн, бу бэлиэ түгэни Чурапчы улууһугар бэлиэтиир гына этии киллэриллибитэ. Бу этиини өйөөн, муус устар ыйыгар улуус уопсастыбаннаһа кыттыылаах научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыллыбыта.

Бу тэрээһинҥэ Реском сэкирэтээрэ Виктор Губаревы кытары учуонайдар тахсан киэҥ бырагырааммалаах тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта. Ити күн муус устар 24 күнүгэр, Москуба куоракка баартыйа КК уочараттаах ХVIII-с сийиэһэ бара турар кэмигэр эҕэрдэ телеграмманы ыыппыппытын, сийиэс үрдүкү тырабыынатыттан Киин кэмитиэт идеологияҕа сэкирэтээрэ И. Мельников ааҕан иһитиннэрбитин дэлэгээттэр дохсун ытыс тыаһынан үөрэ көрсүбүттэрэ. Итинэн биһиги устуоруйабыт умнуллубатын уонна салҕанарын көрдөрөн турабыт.

     Ити курдук, Семен Иванович Райком бастакы сэкирэтээрэ уонна Ил Түмэн дьокутаатын быһыытынан Чурапчы улууһугар үгүс үлэни ыытар. Хаһан да, ханан даҕаны суураллыбат суолу-ииһи хаалларар. Билигин Чурапчы улууһун райкома өрөспүүбүлүкэҕэ биир тарбахха баттанар бастыҥ үлэлээх баартыйа тэрилтэтэ буолла. Бу барыта биллэн туран улахан сыралаах, арахсыбат ситимнээх үлэттэн тахсар. Итиннэ барытыгар кини толору үөрэҕэ, олоххо-дьаһахха уһуйуллуута, араас кыһалҕаларга, моһоллорго буһууну-хатыыны ааспытын туоһулуур. Ханнык да ыархаттартан чаҕыйбакка төрөөбүт Чурапчытын, өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар үлэлээн бэйэтин кылаатын киллэрсэр.

     Дойдуга Педагог уонна настаабынньык, СӨ Үлэ сыла, улууска Ытыктабыл сыллара биллэриллибитинэн бука бары түмсүүлээхтик үлэлиэххэ, айыахха-тутуохха!

Мария Никитина - Саха Республикатын Судаарыстыбаннай мунньаҕын

(Ил Тумэн), норуодунай депутатын общественнай көмөлөһөөччүтэ