Социальнай объектар котельнайдара, бюджетниктар уонна пенсионердар коммунальнай чэпчэтиилэригэр бэриллэр уокка оттор мас бэлэмнээґинэ, тиэйэн киллэриитэ, чааґынай сµіґµлээхтэр отторун-мастарын тиэйиитэ, ыалдьыбыт дьоІІо, тірµµр дьахталларга, ілбµттээхтэргэ кіміліґµµ барыта совхоз отделениятын управляющайын, биригэдьиирдэрин кµннээ±и тµбµктэрэ этэ. Ону эппитинэн-хааммытынан µлэлээбит эрэ дьон толору билэн эрдэхпит. Билигин бу µлэни барытын бµтµн Олох-дьаґах коммунальнай хаґаайыстыбатын коллектива, уонунан таксистар, трактордарынан іІі оІорор биирдиилээн дьон толороллор.
Маны таґынан сµрµн сорукпут — сµіґµ, сылгы иитиитин кытта сибээстээх кыґыннары-сайыннары ірібµлэ суох быстыбат µлэ, µлэґит илии тиийбэт сµрµн кыґал±атын тэрийии уонна хааччыйыы.
“Совхозтар оччолорго туппут уопсайдара баар буолан, билигин 40 — 45 сыл ааспытын кэннэ, “Хаарбах дьиэ” федеральнай программанан дьиэлэннибит”, — диэбиттэригэр, “Советскай былаас барахсан дьоІІо билигин да кіміліґір” диэн санаа миэхэ эрэ буолбакка, элбэх киґиэхэ охсуллан ааста±а...
Саха Республикатын Государственнай Мунньа±а (Ил Тµмэн) Саха Республикагар тыа хаґаайыстыбатын сайдыытын туґунан сокуону 2016 сыл кулун тутар 26 кµнµнээ±и уураа±ынан ылыммыта. Мин бу сокуон сµрµн итэ±эстэригэр тохтуом:
- Судаарыстыбаннай кімі оІоґуллар таґыма чуолкайа суох, ол иґин ороскуот итэ±эс субсидияланар.
- Ґлэґиттэргэ хамнас муІутуур кыра кээмэйэ эрэ ыйыллар, µлэ разрядтарынан тілібµрэ толору хааччыллыыта мэктиэлэммэтэх.
- Тыа хаґаайыстыбатыгар туґаныллар сир фондата тэриллэрин туґунан суруллубут эрээри, ол ханна эмэ тэриллибитин туґунан туох да суох.
- СР Правительство, профсоюзтар федерацияларын уонна µлэни биэрээччилэр тµмсµµлэрин сібµлэґиилэригэр “налаживание системы закупок у производственных предприятий малого бизнеса и АПК” диэн пуун сокуоІІа киирбэтэх. “Туймаада” ФАПК базатыгар тэриллибит АПК сайдар фондатын туґунан сокуоІІа эмиэ туох да суох.
- СокуоІІа ыйыллыбыт “Схема размещения производственных объектов сельского хозяйства РС(Я)” Тыа хаґаайыстыбатын коллегиятыгар хойутаан кірµлµннэ.
Бу сокуону ситэрэн-хоторон кэІэттэххэ уруккуттан итэ±эґэ суох, тыа хаґаайыстыба бородууксуйаны оІорон таґаарыыны іссі ордук тэрийиэхпитин сіп диэн саныыбын.
- Ґрдµк оІорумтуолаах улахан хаґаайыстыбалар нуорматтан кыра нагрузкалаах, мілтіх технологиялаах, намыґах оІорумтуолаах, кірдірµµлэрдээх хаґаайыстыбалардаа±ар ночоотторо кырата чуолкай. Онон бюджет билиІІи хаґаайыстыбалары ночоото суох таґымІа диэри субсидия кірірµнээ±эр, а±ыйах ороскуоттаныа±а.
- Хамнаґы улаатыннаарыы идэни баґылааґыІІа, олохсуйан µлэлээґиІІэ тиэрдиэ.
- Уларсыкка биэрэр сир фондата саІа хаґаайыстыбалар тэриллиилэригэр кыа±ы µіскэтиэ.
- Крестьянскай-фермерскай хаґаайыстыбаларга (КФХ) уґуннук µлэлээбит дьон сааґыран, кинилэри солбуйааччылара суох буоллахтарына, хаґаайыстыбаларын Агропромышленнай комплекс (АПК) сайыннарыы фондатыгар атыылыылларыгар хаґаайыстыбаларын сирин муІутуур сайыннаран, сыана±а туруорар сыалланыахтара.
- Бу схема сир оІорумтуотун географическай-климатическай балаґыанньатын (потребительскай рыноктан чугаґын-ыраа±ын) учуоттаан тыа хаґаайыстыбатыгар аналлаах хамсаабат баай сµрµн тутууларын АПК сайдыытын фондата тутан, тілібµрэ суох, конкурснай тірµккэ оло±уран туґаныыга биэриитэ олохтонуохтаах.
Сир уонна сµрµн оІорон таґаарыы объектара туґаныыга эрэ бэриллэллэр. Маннык усулуобуйа±а бастаан казеннай предприятиены, онтон кооперативнай хаґаайыстыбалары, баар уонна тэриллэр крестьянскай-фермерскай хаґаайыстыбалары кµімчµлээбэккэ тэрийиэххэ сіп этэ.
Билигин тыа сирин иннигэр араас форма хаґаайыстыбаларынан сири таба туґаныыны, араас іІі кірµІнэрин сайыннаран, элбэх киґи µлэлээн айа±ын ииттэр усулуобуйатын тэрийии соруга турар.
“БилиІІи олоххо сайынныбыт а±ай”, — дииллэрин, тутах санаа быґыытынан сыаналыыбын. Элбэ±и эппэппин эрээри, маннык кірсµґµµлэр элбэх толкуйга а±алаллар.
Тыабыт сирин кэскилэ, дьиІэр, бэйэбит илиибитигэр баар.
Николай ПОПОВ,
СР тыатын хаґаайыстыбатын µтµілээх µлэґитэ,
РФКП чилиэнэ.