“Биґиги, сахалар, бачча баай дойдулаах, историялаах эрээрибит, то±о олус дьадаІытык, кыґал±алаахтык олоробутуй?” — диэн бµгµн µгµс киґи ыйытар. Кырдьык, Татарстаны, Башкирияны, урукку союзнай іріспµµбµлµкэлэри — Казахстаны, Киргизияны, Таджикистаны, Узбекистаны уо.д.а. кытта тэІнээтэххэ, Саха сирэ быдан мілтіх балаґыанньалаах.
Соторутаа±ыта Youtube ханаалыгар Венгрия туґунан кэпсээбиттэрэ. Бу туох да сир баайа суох быыкаа дойду ас-таІас, массыына оІоруутунан эрэ дьарыктанар. Ол гынан баран начаалынай оскуолаттан са±алаан, µрдµк µірэх кыґатыгар диэри бары буор босхо µірэнэллэр эбит. Мэдиссиинэлэрэ эмиэ босхо. Бу былаас, бастатан туран, нэґилиэнньэтин туґунан саныырыттан тахсар. Венгрия премьер-министрэ Виктор Орбан Украина±а сэрии сэбин биэриини утарар.
Словакия премьер-министрэ Роберт Фицо дьонун Украина±а ыытары эмиэ утарсар. Кини соторутаа±ыта Евросоюз уонна НАТО бэрэстэбиитэллэрэ Украина боппуруоґун ырытар кірсµґµµлэригэр : “НАТО дойдулара “эйэ” диэн тылы то±о туттубаттарый?” — диэн уун-утары кірін туран, сірµ-сіпкі ыйытта.
Оттон биґиги, сахалар, кырдьык, ордук тыа сиригэр, буор дьадаІытык олоробут. Маннык быґыы-майгы салалтабыт норуотун туґугар ис сµрэ±иттэн кыґаллыбатыттан тахсар дии саныыбын.
Коммунистар былааска та±ыстахтарына, чуолаан, Николай Харитонов бэрэсидьиэн буолла±ына, улахан тэрилтэлэри (алмаас, гаас, ньиэп, чох, олох-дьаґах хомунаалынай хаґаайыстыба уо. д. а. тэрилтэлэри) национализациялыахха наада диэн боростуой µлэґиттэр туруорсаллар. То±о биирдиилээн дьоІІо, холобура, Ил Дархан кэргэнигэр эрэ, алмаастаах сир тиксиэхтээ±ий?!
Билигин санаатахха, Сэбиэскэй былаас сіптііх да сокуоннары оІорор эбит. Сир баайа, собуоттар, фабрикалар, стратегическай тэрилтэлэр уо.д. а. — барыта судаарыстыба, ол аата бµттµµн норуот бас билиитигэр баар буолуохтаахтар.
Соторутаа±ыта Арассыыйа µрдµнэн (Москва уонна Санкт-Петербург курдук улахан куораттары киллэрэн туран) саамай ыарахан сыаналаах дьиэ-уот Дьокуускайга атыыланарын туґунан иґитиннэрэр-биллэрэр маассабай сириэстибэлэр суруйдулар. Онноо±ор Турция±а Дьокуускайдаа±ар быдан чэпчэки сыана±а дьиэ атыылаґыахха сіп.
Икки сыллаа±ыта Саха сиригэр дьиэ-уот эйгэтигэр хоруупсуйа кµµскэ тэнийбитин туґунан чахчыларга оло±уран суруйбутум. Ону улахан харчыга эрэ хамсыыр адвокаттардаах улахан айыылаах-харалаах, µйэлэрин тухары ханна да тµптээн µлэлээбэтэх баґаам µлµгэр µптээх-астаах тутуу эйгэтин тула эргичийэ сылдьар тµікµттэр µІсµґэн, туох да силиэстийэтэ суох бэйэбин сууттатан хачыгыраппыттара...
Онон кэлээри турар Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбарыгар чиэґинэй, чіл судаарыстыба±а олорон µµнµін, сайдыан ба±алаах дьон социалистическай тутулга киириини коммунист Николай Харитонов курдук кµµскэ туруорсуохтаахтар дии саныыбын. Бары бииргэ — модун кµµспµт!
Галина МОХНАЧЕВСКАЯ.