Ол гынан баран хомойуох иһин, Ленин үлэтин умуннара сатыыр, оннооҕор мавзолейын фанеранан саба сатааһын бэйэбитигэр да оҥоһулла турар. Итинник сөбө суох үлэлэр-ити быстах,олох сыыһа көстүүлэр. Итинник дьайыылар тугу да быһаарар кыахтара суох. 1991 сыллаах ыһыллыы, ити Ленин үөрэҕин сыыстарыыта буолбатах. Ити туох да төрдө, төбөтө суох. Таҥнарыахсыттар, карьеристар уонна онно сөп түбэһэ охсон, киирэн биэрээччилэр уонна онон туһанаары карьеристар, албыннар, сымыйаччылар, сэттэ сирэйдэр дьайыылара буолар. Бу төттөрүтүн Ленин ыйбыт суолуттан халыйыы, сыыһа суолу тутуһуу. Көстөн турар, бу оччотооҕу салалта саамай мөлтөх көстүүтүн саамай куһаҕан уонна сыыстарбыт өттө, дьайыыта. Хата Ленин итинтэн урут элбэхтик сэрэтэн турар;”бытархай буржуйдар биирдиилээн хаһаайыстыбаттан турар дьонннортон дойдуга утарааччылар баар буолаллара чуолкай-диэн. Дьэ, итини кыайарга күүстээх иитэр, өйдөтөр үлэ тиһигин быспакка барыах тустаах”–диэбитэ. Бу үйэлэр тухары олохсуйбут бытархай буржуйдуу үгэстэри, өйү-санааны уларытыы биллэн туран ыарахан, уустук уонна сыралаах үлэни эрэйэр. Байа охсуохтарын баҕарар дьоннор урут да бааллара, билигин да бааллар. Ол эрээри ити олох аҕыйах киһи буоллаҕа. Ити туһунан М.Горькай эмиэ олус үчүгэйдик быһааран суруйан турар. “Челкаш”-диэн кэпсээнигэр. Арҕаа дойдулар баайдарыгар ымсыырыы баар бөҕө буоллаҕа. Ол эрээри ити төһө өр уонна хайдах эрэйинэн, хара дьайыынан, ыар батталынан, көлөһүннээһининэн кэлэрин өйдүөххэ наада. Оннооҕор биһиги бастакы президеммит М.Е. Николаев: “Байа охсуҥ, барҕара охсуҥ”-диэн дьон иҥсэтин күөттээн хаппытаал ыҥырыытын өрө тута охсубута уонна совхозтары биирдиилээн ыалынан ыһан, кулаактары үөскэтэ сатаан төһөлөөх алдьархайы аҕалбытын, норуот хара көлөһүнүн тоҕон, доруобуйатын да харыстаабакка туран муспут баайын күдэҥҥэ көтүппүтүн, саха норуота үйэлэр тухары тыа хаһаайыстыбатын төрүт үлэтин өрө туппут үтүө үгэстэрин, сиэрин-туомун,тылын-өһүн айгыраппытын, ама ким өйдөөбөт, сатаан санаабат буолуой? Итиннэ төһө эмэ утарсааччылар, сүбэлии сатааччылар бааллар этэ. Олору истэ да барбатахтара. Ол ыһыллыы охсуута олус улахан буолан, билигин да оннун була илик, хаһан хайдах өрүттэрэ көстүбэт. Били этэргэ дылы ыһар дөбөҥ, онтон хомуйар, атаҕар туруорар олус ыарахана биллэр бөҕө буоллаҕа. Ф.Г. Охлопков, Арт.Н. Алексеев, Ю.Н. Прокопьев тыа хаһаайыстыбатын учуонайдара Н.Н. Тихонов уонна да атыттар, кырдьаҕас коммунистар, советскай партийнай үлэһиттэрМ.Н. Сибиряков уонна да атыттар этэ сатаабыттара. Үгүс атын омуктар Татаардар, Башкирдар, Чуваштар уонна да атыттар биһи курдук ыспатахтара. Ол түмүгэр үүнэ, сайда олороллор. Дьиҥинэн ити барыта кулаактары үөскэтэ сатыыр, капиталистар угаайыларыгар, киирэн биэрии буолар. Хайдахтаах курдук иэдээни оҥорбуттарын, дьэ, билигин кэлэн билэн, көрө олоробут. Доширак, маргарин курдук ,онтон да атын албын аһылыктарданан баран, дьэ өйдөнө сатыыбыт. Итинник улахан, дириҥ охсууну ыччаттарбытын иитиигэ, үөрэтиигэ эмиэ ыллыбыт. Тута барытын үтүктээйи буолартан,үтүө хаһан да үөскээбэт. Барыта онтон саҕаланна-сиэр-майгы сатарыйыыта, бэрээдэк ыһыллыыта, туох баар таҥнары барыы барыта. Ити кинилэр, капиталистар угаайыларыгар, Сорос соруйан киллэрэ сатыыр сымыйа үөрэҕэр киирэн биэрбиттэриттэн саҕаланна. Коммунистар итини этэ сатаатыбыт да, истэр аат суох!. Оттон билигин төрдүттэн көннөрөр дьаһал кыайан ылыллыбат. Сиэбит сии, байбыт байа олорор. Онтон норуот халыҥ араҥата өрүттүбэт. Таҥнары бара турар.Историяны хайтах курдук таҥҥары ытыйбыттарын бэйэҕит да сорохтор билэҕит.Ону таһынан сыана, тариф, араас усулууга үрдүү, элбии, уустугура турар. Олигардар син-биир уора, сии, граница таһыгар таһаара олороллор. Былаас маны тохтоторго кытаанах дьаһалы кыайан ылбат, ыла сатаабат. Культурабыт үлэһиттэрэ маны утары күүстээх үлэни кыайан ыыппаттар.Куттаналлар,бэрт буола эрэ сатыыллар. Тура-тура ырыа, үҥкүү-битии, эбэтэр “Көөчөөн көрө” буолабыт. Итинэн ыччаппытын туохха иитэбит?. Маннык көрүлээн сөптөөх суолга хайдах тахсабыт? Эбэтэр тура-тура коммунистары үөҕэн, ааспыт олохпутун хараарда сатаан, хотонтон ынаҕы хайдах уорары көрдөрөн, улуу Сталины үөҕэн, холуннаран, хомпуустаан ханна тиийэбит? Ити туһунан Ленин эмиэ элбэхтик этэн турар.”Саҥа советскай киһини иитэн таһаарыы бу уһун, киэҥ, дириҥ ис хоһоонноох сыралаах үлэ.” Дьэ, оруобуна ити биһиэхэ кыаллыбата. Биһиги көр-күлүү, көөчөөн-көрө буола сылдьабыт. Биһиги үөрүү-көтүү ухханыгар оҕустаран, үрдүнэн көтөн үгүстүк шоу, показуха эрэ уонна үгүстүк ради-галочки,харах баайан үлэлиир буолбуппут. Улуу Ленин итини барытын өтө көрбүтэ. Ол курдук кини ааспыт олох ньүкэн, хара, быдьар, солуута суох өттүлэрин ыраастааһын, сөптөөх социализм суолугар таһарыы уһун, ыарахан үлэ буоларын олох чуолкайдык үгүстүк эппитэ: “...итини кыайыы төрдө бүтүн культураны өрө тардыыга, үрдүк культураҕа дьону иитиигэ сытар”-диирэ. Саамай сөпкө да этээхтээбит. Ити биллэн турар ыарахан уонна уустук боппуруос буолара биллэр. Олус хаалыылаах Россияҕа уонна кыайан аахпат даҕаны, суруга-бичигэ суох дьоннорго. Дьэ, кырдьык ити уустук боппуруос бары өттүнэн биһиэхэ да кыайтарбат. Бытархай буржуйдуу өй-санаа, культура таһыма намыһаҕа үгүстүк көстөр уонна улахан харгыс, мэһэй буолар. Оннооҕор ити ыарыы үөһээ араҥаларга кытта өтөн киирэр. Байар туһугар балай барыы, дьонтон ордо сатааһын, чорбойуу, дьахталларга аһары оҥостуу, киэргэнии көстө турар. Итиннэ оннооҕор Раиса Горбачева холобур буола сатаабыта. Ону омуктар хата тута туһаммыттара.Көрөн олордохторо эбээт. Ити туохха тиэрдибитин бэйэҕит да билэҕит. Онтон дьиҥҥээх коммунистар Ленин, Крупская, Сталин хайдах олорбуттарын,хайтах таҥҥан, симэнэн сылдьыбыттарын-билэр инигит. Ити барыта киһи олус чорбойо сатааһынын, онтон эгоист, карьерист,таҥҥарыахсыт буолууга тиэрдэрэ эмиэ биллэр. Онтон салайааччы сыыйа-баайа норуоттан тэйэн барар. Ол түмүгэр “кыраһыабайдык олоруохха наада”–диэн буолбута. Онтон ыһыллыыга тиийбиппит. Итиннэ буржуйдуу өй-санаа охсуута олус улахан буолбута. Капитализм систематыгар охтуу күүһүрүүтэ, Горбачевтан саҕалаан барбыта, Ельцин туһунан киһи этэ да барбат. Билигин дьэ өйдөөтөхпүт, ханнык албыҥҥа киирбиппитин. Бүтүн улуу компартияны таҥҥаран,сэбиэскэй былааһы ыһан баран.
Улуу Кытай культурнай революцияны ыыппыта сөптөөх, дириҥ ис хоһоонноох эбит. Баҕар кыралаан халыйыы баарын да иһин, уопсай сүнньэ сөп быһыылаах. Культураны сөптөөх суолга киллэрии, эмиэ сөптөөх бөҕө буоллаҕа. Онтон биһиги ити боппуруоска эмиэ икки атахпытынан доҕолоннуубут диэтэххэ улахан сыыстарыы буолбат быһыылаах. Ол иһин “Көөчөөн көрө”буола сырыттахпыт. Туох да солуута суох, мөлтөх, куһаҕан, содур өрүттэри агитациялаан, ону көрдөрөн. Итинтэн үчүгэй, кэрэ хаһан да иитиллэн, үөскээн тахсыбатаҕа. Итинник түҥ-таҥ буолууттан туттунар сөп бөҕө буоллаҕа. Олох араас дьэбэрэтигэр охтуу үтүөнү аҕалбата урут да көстөр этэ, билигин да оннук. Олох оҕо оонньуута, барыта “көөчөөн көрө” буолбатах. Улуу Ленин, кормпартия итини өрүү этэ, өйдөтө, үөрэтэ сатыыр. Ити олох көрдөбүлэ. Араас халыйыы,куһаҕанҥа иитии,арҕаа дойдулары үтүктүү, чэпчэки суолунан барыы туохха тиэрдэрин билигин Украина чуолкайдык көрдөрө олорор. Мантан элбэххэ үөрэниэххэ наада.
Онон ытыктабыллаах бар дьонум, Улуу Ленин үөрэҕин, өтө көрүүлэрин, сэрэтиилэрин үөрэтиэххэ, билиэххэ уонна олоххо киллэрэр туһугар үлэлиэххэ наада.
Биһиги коммунистар биир улахан баҕа санаабыт ити курдук. Оччоҕо эрэ Орто дойдуга или-эйэни олохтоон көҥүл, тэҥ, дьоллоох олоҕу тутар кыахтаахпыт. Атын суол суох!
Кырдьаҕас коммунист, урукку советскай-партийнай үлэһит, үрдүк категориялаах история учуутала, педагогическай үлэ ветерана, ССРС ГО туйгуна, 1979с.,“Сэрии оҕото” улуустааҕы Советын председателя, Майа с. Ытык советын чилиэнэ, Бүтэйдээх, Тараҕай нэһилиэктэрин, Майа с. Бочуоттаах олохтооҕо, республика Бочуоттаах кырдьаҕаһа, “Партийнай килбиэн иһин” Орден кавалера, журналист, поэт. Майа с. МСПТ секретара.
Чыычаахап А.Дь.
.
Майа с. Муус устар 1 күнэ.2024с