Adult Search

Якутский республиканский комитет

Коммунистической партии Российской Федерации

Адрес: Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, ул. Октябрьская, дом 3
Телефон: +7 (411) 23-66-151
Электропочта: mgm_2004@mail.ru

Главные

события

классовой

борьбы

Красный Первомай в Якутии: «Хватит терпеть!»
Будем достойными наследниками Победы!

01 (7)ф.jpg

Билигин биһиги аттыбытыгар урукку көлүөнэ хомуньуустарыттан Петр Васильевич Ларионов баарыттан үөрэбит. Киниттэн дойдуга бэриниилээх, үлэҕэ дьулуурдаах, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөр санаалаах, сиэри-туому тутуһар буоларга, идеологическай үлэни нэһилиэнньэҕэ тэрийии туһунан элбэх сүбэни-аманы истэбит диэн олохтоохтор өрүү кэпсииллэр.

01 (8)ф.jpg

Кривошапкина Анастасия Семеновна – ССКП Хаптаҕайдааҕы ППО сэкиритээрэ санаатын үллэстэр: “Биһиги партийнай тэрилтэбит силиһэ инньэ 1920-с сыллартан - Саха сиригэр советскай былаас олохтонуутугар буолбут гражданскай сэриигэ актыыбынайдык кыттыбыт эдэр, чаҕылхай комсомолец-коммунист дьоммутуттан: Кеша Алексеевтан, Варя Пахомоваттан, Гавриил Федоровтан, Федор Федоровтан (Оҕотоо), Гавриил Афанасьевтан уо д атыттартан төрүттэннэхпит. Биһиги киэн туттар, холобур оҥостор коммунистарбыт: Устинов Иван Иванович, Ларионова Валентина Степановна, Борисов Анатолий Гаврильевич, Гаврильева Екатерина Романовна – Райком исполкомун бастыҥ чилиэнэ, Назаров Николай Семенович, Ларионов Петр Васильевич”.

01 (9)ф.jpg

Ларионов Петр Васильевич киһи кэрэхсиир, холобур оҥостор, дьоһун олоҕун атах тэпсэн олорон кэпсэтиигэ маннык сэһэргиир: “1925 сыллаахха от ыйын бастакы күнүгэр Хаптаҕай нэһилиэгэр, Огдороон түөлбэтигэр сайылык дьиэҕэ төрөөбүтүм. Аҕам - Василий Гаврильевич, Улуу Тоҕойтон, ийэм Евдокия Дмитриевна, иккис Тыыллыма Саввиннарыттан төрүттээх этилэр. Биһиги түөрт оҕо этибит, убайым Сэмэн(миигиттэн уон сыл аҕа) учуутал үөрэҕин 1942 сыллаахха бүтэрэн баран, Сунтаарга олохсуйбута. Анна диэн кэргэннэммитэ, Лиза диэн кыыстаммыттара. Убайым Сунтаар оройуонугар үөрэх чааһын испекторынан, сэбиэдиссэйинэн, райком КПСС уопсай отделын сэбиэдиссэйинэн, радиокомитет редакторынан үлэлээбитэ. Балтым Марта алтыс кылааһы бүтэрэн баран, сэрии сылларыгар “Алаас” колхозка 1941-1945 сылларга үлэлии сылдьан, ууга түһэн өлбүтэ. Быраатым Гоша речной училищены бүтэрэн, Яна өрүскэ катер старшинатынан үлэлии сылдьан, ууга түһэн өлбүтэ. Мин 1934 сыллаахха Хаптаҕай нэһилиэгин начальнай оскуолатын маҥнайгы кылааһыгар үөрэнэ киирбитим. Оччотооҕуга Хаптаҕай оскуолата Саха национальнай опытнай образцовай оскуолата (ЯНООШ) диэн ааттанан, бүтүн Саха сириттэн медалист, бастыҥ учууталлар талыллан үлэлиир этилэр: Самсонов Парфений Никитич, Самсонова Надежда Евменьевна, Егоров Николай Васильевич. Назаров Василий Васильевич, Игнатьев Василий Семенович, Харитонов Лука Никитич... Оннук талааннаах, үтүөкэн учууталларга үөрэнэн, үөрэхпэр туйгуннук үөрэммитим. ЯНООШ буолан, атын оскуолалартан учууталлар кэлэн, билии үрдэтинэн, үөрэнэн бараллара. 1941 сыллаахха оскуолам 7 кылааһын бүтэрэн Дьокуускай педагогическай училищетыгар үөрэнэ киирбитим Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии 1941-1945 сылларыгар сайын аайы каникулбар дойдубар тахсан “Алаас” колхозка от мунньуутугар звеневодунан үлэлээбитим. Ол саҕана кыра оҕолор бары да ийэлэрин батыһа сылдьан үлэҕэ барытыгар үлэлэһэллэрэ. Мин балтым 6, быраатым 2 кылаас үөрэнээччилэрэ лэкээлээччилэринэн сылдьаллара. Мин кыһынын училищеҕа үөрэнэ сылдьан, араас субботниктарга үлэлиирбит. Даркылаахха сатыы тиийэн, борокуот бааржатын трюмуттан биэрэккэ баар ыскылааттарга санныбытынан таһаҕас таһарбыт. 80-90 киилэлээх кууллаах саахары, куруппаны.көхсүбүтүгэр манаакка баайтаран сүгэрбит. Өрүү аччык буолан, ол куруппалартан ылан сиэхпитин олуһун да баҕарарбыт. Туос аччык оҕолортон куорат тот күлүгээттэрэ карточкабытын былдьаан алыс да атаҕастаабыттарын саныыбын. Училищебытыгар учуутал тиийбэт буолан, киэһээ 7 чаастан 11 чааска диэри үөрэтэллэрэ. Онно аччыктаан, сылайан, ардыгар лиэксийэ кэмигэр утуйан хаалар түгэннэрдээх буоларбыт.

01 (11)ф.jpg

Историческай факультеты иһиттэ диэн киниискэ биэрбиттэрэ. Пединституты бүтэрэн баран, бастаан Мэҥэ Хаҥаласка Мооро оскуолатыгар ананан тиийбитим, онно начаалынай эрэ кылаастаах буолан, Хаптаҕайым 7 кылаастаах оскуолатыгар кэлэн биология, история предметтэрин үөрэппитим. Биир сыл үлэлээбитим кэннэ, Мэлдьэхси оскуолатыгар көһөрбүттэрэ, онно саха тылын, географияны үөрэппитим. Онтон 1945 сыллаахха оройуоннай комсомольскай конференция комсомол райкомун пионерскай отделын сэбиэдиссэйинэн талбыттара, ол курдук 1946 сыл тохсунньу 1 күнүттэн комсомольскай үлэһит буолбутум. Дьон ортотугар, үлэ, олох үөһүгэр сылдьарбын сөбүлүүрүм. 1948 сыллаахха комсомол райкомун 2-с секретарынан быыбарынан талыллыбытым. Ол үлэлии сылдьан 1950 сыллаахха улаханнык тыҥабынан ыалдьан, уустук олеаторакс операцияны ааспытым, операция кэнниттэн, 6 ый устата тыҥабынан иккис группалаах инбэлиит буолан олорбутум. Бастакы кэргэним Кривошапкина Дария Петровна диэн этэ, Кини биир уол оҕону төрөөн баран, оҕобут биир саастааҕар ыалдьан күн сириттэн күрэммитэ.

 

01 (14)ф.jpg

Олоххо тардыһыылаах, дьүккүөрдээх, күүстээх санаалаах буолан, 1951 сыл от ыйыттан доруобуйам чөлүгэр түһэн, ССКП райкомун пропагандаҕа уонна агитацияҕа отделын сэбиэдиссэйин солбуйааччытынан, парткабинет сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. Иккис кэргэним Цыпандина Наталья Ивановна, 1952 сыллаахха Октябрина диэн кыыс оҕоломмуппут. Кыыспыт аҥаар атаҕын иҥиирэ кылгас буолан, Иркутскай куоракка операциялаппыппыт. Октябрина кооперативнай техникуму бүтэрэн, Майаҕа райпо булгахтерынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.   Евдокия - английскай тылын учуутала, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна. Марфа – Социальнай сулууспа үлэһитэ, Саха сирин социальнай сулууспатын туйнуна, Василий – суоппар идэдээҕэ. Лариса – гинеколог быраас, Арассыыйа, Саха сирин Доруобуйатын харыстабылын үлэһиттэрин туйгуна. Ольга учуутал, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин Бочуоттаах бэтэрээнэ, Заровняев Александр Степановичка кэргэн тахсан, икки кыыс оҕоломмуттара. Кыргыттара кэргэннэнэн биэс үтүөкэн сиэннэри бэлэхтээбиттэрэ.

Мин 1954 сылтан1989 сылга диэри партия райкомун уопсай отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. Үлэлиирим тухары араас общественнай үлэлэри толорбутум. Партия райкомугар үлэлии сылдьан 11 общественнай сорудахтааҕым. 9 созывка, ол аата 18 сыл устата Майа сельсоветыгар депутатынан үлэлээбитим. Исполком, партия, комсомол райкомнарын чилиэнэ этим. Биир кэмҥэ народнай суут солбуйааччы судьуйатын үлэтин толорбутум, онно 7 уголовнай, 20-тэн тахса гражданскай дьыалалары көрбүтүм. Онтон быыбар буолан сааспынан талыллыбакка хаалбытым. ГАИ общественнай инспекторынан, Республика Ытык Сүбэтин председателэ Шадринов Н.В. талыллыытыгар оройуон аатыттан Новгородова Е.И. бииргэ сылдьыбытым. Оройуон киинин Майаттан Аллараа Бэстээххэ көһөрөр туһунан туруорсарга Ил Түмэҥҥэ оройуон делегациятыгар 2005 сыллаахха киирсэ сылдьыбытым. Туруорсууну ылынан Ил Түмэн оройуон киинин Аллараа Бэстээххэ көһөрбүтэ. Партия райкомугар 34 сыл устата маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэтин секретарынан үлэлээбитим.

1989 сыллаахха пенсияҕа тахсыбытым. Кэлин пенсияҕа тахсан да баран, Хаптаҕайга олорон, 13 сыл устата булчуттар уонна балыксыттар обществоларын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим. 2002 сыллаахтан ыла сайынын Хаптаҕайга кыһынын куоракка кыстыырым. Төрөөбүт Хаптаҕайбар кыра кыыһым ааҕы кытта олоробун. Хам-түм, Хаптаҕайтааҕы партийнай тэрилтэ үлэһиттэрин, орто оскуола үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүүгэ сылдьабын

Ольга Петровна Заровняева - Петр Васильевич кыыһа, бастаан, учуутал орто анал, кэлин, үрдүк үөрэҕин бүтэрэн, аҕатын туйаҕын хатаран идиэйинэй, общественнай үлэҕэ актыыбынайдык үлэлээн, коммунистическай партия тапталлаах балта пионерия - оскуола оҕотун ийэ дойдуну таптыыр тыыҥҥа иитэр пионерскай тэрилтэтигэр 10 сыл пионербаһаатайдаабыт, 47 сыл ыстаастаах уоппуттаах педагог. Кини кэпсиир: “Орто оскуоланы бүтэрээт, 4 кыыс буолан ЫБСЛКС путевкатынан Белоруссия Гомельскай уобалаһыгар Лоевскай педагогическай училищетыгар үөрэнэ киирбиппит. Ити куоракка биһиги киэн туттар Советскай Союза Геройа, биир дойдулаахпыт Федор Кузьмич Попов көмүллүбүт сирэ. Учуутал идэтин олус сөбүлээн бастаан 10 пионербаһаатайдаабытым, кэлин СВФУ-ну бүтэрэн баран учууталлаабытым. Педагогическай ыстааһым 47 сыл.

Аҕам дьоҥҥо аламаҕай сыһыана, сытыыта-хотуута, билиитэ дириҥэ, кырдьыксыта, толкуйа киэҥэ, ылыммыт сыалын соругун хайаан да толороро бу миэхэ эмиэ дьоҥҥо саамай сыаналыыр өрүттэрим буолбуттара. Оскуолаҕа иитэр-үөрэтэр үлэҕэ үлэлээбиппин астынабын, дойдубут сайдарыгар аҕам уурбут кылаата сүҥкэнин дойдутун саламтата биэрбит наҕараадалара, иҥэрбит ааттара туоһулууллар: Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР Бочуоттаах Грамоталаах, Партийнай Доблесть орденнаах, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Майа селотун, Хаптаҕай нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, Булчуттар уонна Балыксыттар Өрөспүүбүлүкэтээҕи обществоларын чилиэнэ, Өрөспүүбүлүкэ Бочуоттаах кырдьаҕаһа, Персональнай пенсионер, Коммунистическай партия, Комсомол, Тыыл, Үлэ ветерана, Оройуон экономическай, культурнай, сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэ хаһаайына, Аҕа дойдуну көмүскүүр 1941-1945 сыллардааҕы сэриигэ килбиэннээх үлэтин иһин, В.И.Ленин 100, 120,130, сылларыгар, И.В.Сталин төрөөбүтэ 120 сылыгар онтон да атын Кыайыы сылларынан сүүрбэччэ юбилейнай мэтээллээх. Аҕам ССКП кэккэтигэр киирбитэ быйыл, 2024 сыл кулун тутар ыйыгар 75 сылын туолла, ол иһигэр 34 сыл улуус компартиятын салайар үлэтигэр сылдьыбыта. Аҕабынан киэн туттабын.»

Петр Васильевич билигин да олох хаамыытын, нэһилиэнньэ солуннарын барытын истэ-билэ олорор, улуус, республика хаһыаттарын ааҕар, телевизоры көрөр, күннээҕи режимин өрүү тутуһар, эдэр дьоҥҥо чөл олоҕу тутуһары сүбэлиир. Кини бэйэтин олоҕун коммунистическай партияҕа анаабыт киһи киэн туттар ытык кырдьаҕаһа.

Бэлэмнээтэ Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Зинаида Игнатьева.