Туруулаһар туһугар!
Баһылай Никитич Бырдьахаанап – саха киэн туттар биир чаҕылхай өйдөөх-санаалаах саарына. Кини лиэксийэтигэр харах-кулгаах иччитэ буолан олорбут устудьуон, хас эмэ сыл ааспытын кэннэ: «Кырдьык даҕаны, инньэ диир этэ ээ», -- диэн саҥа аллайар үгэстээх. Бырдьахаанап бэйэтин: «Черновик курдукпун… Санаам сайдарын хоту салгыбакка олоробун», -- диир.
Баһылай Никитич Саха государственнай университетыгар үлэлээбитэ, быйыл 40-с сыла. Биир киһи үйэтигэр улахан кэм-кэрдиис. Ол иһигэр кини тыһыынчанан ааҕыллар эдэр ыччаты иитэн-үөрэтэн, такайан таһаардаҕа.
Аныгы оҕо толкуйдуон сүрэҕэлдьиир
-- Баһылай Никитич, Эн үрдүк үөрэххэ өр сыл учууталлаатыҥ. Кэм-кэрдии аастаҕын аайытын устудьуон да уларыйан иһэр буолуохтаах?
-- Үөрэх, наука муҥурун булбут суох. Үрдүк үөрэх диэн наука төрдүн билии. Үгүс устудьуон ону кыайбат. Тоҕо диэтэххэ, оскуола оҕону толкуйдуурга үөрэппэт, эбэтэр, эргитэн эттэххэ, оҕо бэйэтэ сүгүн үөрэммэт. Толкуйдуон сүрэҕэлдьиир. Оннук оҕоттон омук төннөр. Өксөкүлээх: «Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөппүт» диэн, ол оҕо туһунан суруйбут. Саха дьахтара оҕотун таптаан, «сымыыттааҕар бүтэй» гына иитэр. Оннук оҕолоох омук иннин көрүммэт буолар!
Саха – түҥ былыргыттан утах (утум) тардар үрдүк култууралаах омук. Бэйэтэ эрэйи үлэнэн кыайарга үөрэммит буолан, оҕотун эмиэ, тугу барытын, өйүнэн кыайарга үөрэтэр этэ буоллаҕа дии. Эрэйи өйүнэн кыайыы – бары омук олоҕун сыала
. Дьэбириэй норуота тоҕо өлөн-быстан биэрбэтий? Букатын ньирэй эрдэҕиттэн толкуйдуур, өйүн сайыннарар буолан! Оннук оҕо үөрэҕи түргэнник ылынар: наука төрдүн өссө оскуолаҕа баһылыыр, үрдүк үөрэххэ – идэтин чыпчаалыгар чугаһыыр. Саха да эрэйи көрбүт омук, соччонон кини өйдөнүөхтээх этэ! Билигин, төттөрүтэ буолаары хаайар…
Киһи олоҕо кыраттан огдолуйар. Кыра омукка биир киһи, биир ыал бүдүрүйүүтэ ордук охсуулаах. Ону өйдүөххэ баара!
..Билиҥҥи устудьуон араас: чап курдук оҕолор бааллар. Кинилэр саханы өрө тардыахтара… История хатыланар.
Киин былаас тыына кытаанах
-- «История хатыланар» диэтиҥ. Уонча сыллааҕыта Саха республиката государственнай суверенитетын биллэрэн турар.
-- «Суверенный» диэн тылы тылдьыттарга – «независимый, самостоятельный» диэн быһаараллар. Элбэх омуктаах государствоҕа толору тутулуга суох буолуу кыаллыбат. Билиҥҥи кэмҥэ, «суверенитет» диэн төһө кыалларынан бэйэни дьаһанарга быраап ылыы ааттанар. «Төһө кыалларынан» диэн – ол аата – государство (киин) төһөнү көҥүллүүрүнэн диэн буолбатах, омук (субъект) бэйэтин көҥүлүн төһө-хачча көмүскэтиэн баҕарара бастатан быһаарыллыахтаах. Дьиҥ олоххо, тэҥ бырааптаах да государствоҕа халыҥ омук сабыдыала хайа да салааҕа бастыы (баһыйа) турар. Онтон куотар суолу биһиги кэммит дириҥ өйдөөҕө, профессор А.Е.Мординов ыйан турар: «В отношении языка, форм национальной культуры, быта, традиции, национального характера происходит
сближение, а не
слияние наций (…) В этих областях действительно нельзя искусственно декларировать слияние наций, игнорировать объективное положение вещей».
Ити өттүнэн көрдөххө, киин былаас национальнай республикаларга сыһыана күн-түүн кытаатан иһэр: Россияны регионнарга хайытыы, субъектар Төрүт Сокуоннарын Федерация Конституциятыгар сөп түбэһиннэрии, нуучча тылын бары регионнарга кимэн киллэрии – национальнай республикалар бырааптарын хаарчахтыыр, кыаратар, сүтэрэр...
Саха правительствота маннык балаһыанньаны утары сөптөөҕүн көрөн, туруулаһыахтаах.
-- Дьон, норуот хайдах санаанан салайтаран олоруохтааҕый?
-- Саха сиригэр тыа сирэ уонна промышленнай кииннэр интэриэстэрэ да, усулуобуйалара да холбоһон, тэҥнэһэн эрэр. Ас уонна баай-дуол – хайата да наада. Урут саныыр этим: «Тимир суол кэлэрэ субу наада дииллэр. Өссө аҕыйах сыл сайда (өйдөнө), омук быһыытынан бэйэбитин билинэ түспүппүт кэннэ, тимир суол кэлэрэ буоллар, син туруулаһыа этибит», -- диэн. Оттон билигин эмиэ, Кулаковскай курдук: «Тимир суол тигинээтин, «бэрэһэлиэн кэллэр кэллин, суттаах кураан буоллар буоллун (…), олох-дьаһах оҥостуохпут эрэ курдук. Барыы-кэлии, түҥкүл-таҥкыл, үөдэн-таһаан буолтун иһин – мичил-кэскил, туску-уйгу, үөрүү-көтүү, уруй-айхал буолан истин!» -- диэн хаһыытыахпын баҕарабын.
Ити – синигэр түспүт киһи тыла буолбатах, улуу модун санаалаах, туохтан да санаата булгуруйбатах, чахчы норуотугар эрэнэр киһи тыллара. Өксөкүлээх ити тыллары эппитэ оруобуна 90 сыл буолла да, күн бүгүн этиллибит курдуктар! Тыын – диэн ити... Омук тыына быстыа суохтаах, көмүскэллээх буолуохтаах.
Кулаковскай сыыһа тылы эппитэ суох. Билигин нация иннигэр – кини эппитин кини таһымыгар өйдүүр сорук турар. Кини өйө өйдөннөхпүтүнэ, өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа.
Өксөкүлээх кулут буоларга ыҥырбатаҕа
-- Улуу Өксөкүлээх Өлөксөй нэһилиэстибэтин чинчийбит, кини айымньыларын үөрэппит аҕай киһи буоллаҕыҥ. Кулаковскай, чуолаан, «Саха интеллигенциятыгар суругун», «Ойуун түүлүн» ис хоһоонун араастаан эридьиэстииллэр. Холобур, «дьүһүн кублуйуохха» диэн этиини Эн хайдах быһаараҕын?
-- Мин өйдүүрбүнэн, Өксөкүлээх интеллигенцияҕэ суругар: «Единственным рациональным средством является наша культивизация и слияние с русскими…» -- диэбитэ. Ол аата, нууччаны кытта «силлиһэн» биир омук буолуохха диэн буолбатах, нууччаны кытта биир государствоҕа олорон,
тэҥҥэ сайдыахха диэн ыҥырыы буолар. Уопсайынан да, Кулаковскайы көнөтүнэн биһиги саҥа өйдөөн эрэбит.
Мин санаабар, улуу омугу өр тута үөрэммиппит салҕанан бара турар. «Слияние» диэни «биир омук буолуу» курдук өйдөөһүн киэҥник тарҕанна.
Кулаковскай, хаһан даҕаны, бэйэтин норуотун ассимиляцияҕа бэринэргэ, улахан омук сабыдыалыгар киирэн, киниэхэ кулут буоларга ыҥырбатаҕа. Төттөрү ону тохтоторго сахалары нуучча государствотыгар бииргэ, эйэ-дэмнээхтик олорорго, тыыны көмүскүүргэ күүскэ ыҥырбыта. Ону туоһуулуур киниэхэ биир эрэ тыл баар. «Оттоку олук алгыһыгар»: «Нуучча ньургунун кытта туруулаһар доҕор буол» -- диэн тыл.
«Туруулаһар» диэн тылы, билигин эрэ, аһаҕастык, бэйэтин дьиҥ суолтатынан өйдүүр кэммит кэллэ. Бу олус күүстээх тыл.
Ол аата, нуучча тугу этэрин барытын батыһан, тук курдук толорон ис диэн буолбатах, кини тугу этэрин өйдөөн-дьүүллээн, бэйэҥбыраапкын (көҥүлгүн) хайа баҕарар усулуобуйаҕа көмүскэнэр (дьоһуннаах доҕор буол) диир эбээт! Манна туох да омугу омукка киксэрии суох.
Оттон
«дьүһүк кубулуйуохха» диэн «Ойуун түүлүгэр» эппитэ: «Эрэй-буруй эрийэригэр, өй-санаа түмүллэригэр, уһук муҥ кэллэҕинэ – дьэ эбии өрө сэтэрэн, өргөс кылааны өрө үүннэрэн (…), аны биирдэ
дьүһүк кубулунан (…), өлө-өлө тиллэн көрүөҕүҥ!» -- диэн. Бу тылы (эн эрэ буолбатах) үгүс киһи быһа таайан «дьүһү
нкубулуйуохха» диэбитэ дииллэр. Кулаковскай «дьүһү
к кубулунар» диэн олоҥхо бухатыырын курдук, өссө биирдэ, «хатан тимир халтарыйар хабараан санааны ылынан», «кэлэн иһээччилэри кэтэһэ-кэтэспиччэ (…) кинилэр диэтэх дьон (…) үтүө үөрэхпит диэн ааттыыр – сэттэ уон сэттэ дьиибэ дьибилгэттэрин (…), аҕыс уон аҕыс араас албастарын (…), тоҕус уон тоҕус кудай кубулҕаттарын, куудьуйан ылан, буор куппутун буҕатытыаҕыҥ! – Итиччилэргэ буоллаҕына, кинилэр диэтэх дьон кэлбиттэрин иһин – тиис – тиискэ, муос – муоска, туйах – туйахха буоллаҕына, онтон аннараа өттүгэр Айыҥат хаан анабыла, Таҥха хаан таҥхата … -- ол билиэ этэ буоллаҕа дии, нохолоор! Дом!..» -- диир.
Манна: «дьүһүк кубулунан» диэн «дьүһүн уларыйан, атын омук киэбэ киэптэнэн», диэн суолтаҕа туттубатах, олоҥхо бюухатыырын, эбэтэр, ойуун курдук «күүс-үох, ап-хомуһун тардынан» диэн суолтаҕа туттубута көстөн турар.
Манна эмиэ омугу омукка утары туруоруу суох. Омук буолан чэлгийэ сайдар туһугар кэлии дьон (ким да буоллун: нуучча, дьоппуон, кытай!) «үктэтиилээх өйдөрүн, биэскилээх мэйиилэрин, угаайылаах толкуйдарын», ол аата, кинилэр бэлиитикэлэрин (сиир албастарын) эрдэттэн эрдэ билэн, «мас курдук олорон хаалбакка», утары тоһуйан (
туруулаһан) көрсүөхтээхпит – диэн буолар. Ити биһиги, сахалар, урукку да, билиҥҥи да тылбыт (санаабыт). А.Е.Кулаковскай суолтата итинэн эрэ бүппэт.
Кулаковскай биир үтүөтэ – литератураны төрүттээбитэ, тылы туттуу саҥа көрүҥүн олохтообута буолар. Ол эрээри Кулаковскайы «былыргылата» сатыыллар. Билиҥҥи поэттар Өксөкүлээх олохтообут олугун салгыы сайыннарар оннугар, атын омук поэзияҕа уопутун үтүктэри ордороллор. Уонна өссө Кулаковскай кыайбатаҕын кыайбыт курдук тутталлар.
Үтүктүү үтүөҕэ тиэрдибэт
-- Оччоҕо сайдыы суола -- Өксөкүлээххэ төннүө дуо?
--
Төннүү буолбатах, төрдү тилиннэрии. Өксөкүлээх уус-уран тыл төрдүгэр турар. Кини айымньытыттан тыл төрүт күүһэ (төрүт үгэһэ) тиллэн кэлэр. Ол күүс сүтүө, ол үгэс быстыа суохтаах!
Сайдыы икки хайысхата баар: бэйэ суолун кэҥэтии, дириҥэтии уонна атын омук айар суолун тутуһуу. Иккис суолу (хайысханы) өрө тутуу, бэйэ суолун сыыйа сүтэриигэ тиэрдэр.
Аан дойду култуурата диэн туспа култуура диэн суох. Омук култуурата диэн баар. Хас биирдии бэйэтин тылынан сайдыбыт омук култуурата ураты (самобытнай) буолар.
Кистэлэҥэ – бэйэтин түҥ былыргы киэбин (тылын, сиэрин-туомун, итэҕэлин) тутуһара, ону утумнуура, онно олоҕурара (инники сайдыыга тирэх оҥосторо ) буолар. Төһө дириҥник литература тыла былыргы дьайыҥар (тэтимэр) төннөр да, соччонон ис күүһэ (киһиэхэ дьайыыта) улаатар – бары омукка. Сайдыы сүнньэ (сокуона) итинник. Киһи (омук) бэйэтин билиитэ (билиниитэ) төһө дириҥиир да, соччонон атын омук кинини сөҕө, ордугургуу саныыра улаатар.
Үтүктүү үтүөҕэ (сайдыыга) хаһан да тиэрдибэт. Күндэ биир кэмҥэ этэн аһарбыттаах:
«Омук бэйэтэ туспа үөрэхтээх, култууралдаах дииллэрэ букатын сыыһа, үөрэх култуура баар буоллаҕына, бүтүн аан дойду үөрэҕэ, култуурата баар. Ол үөрэҕи, култуураны, биһиги сахалар, син ити нууччалар, ньиэмэстэр, ити ааҕылычааттар курдук өйбүтүгэр хатаан, олохпутугар киллэрэн иһиэхтээхпит». Бу, Тэристии эттэххэ,
«сайдыымсахтар» тыллара. Сыыһа тыл. Сыыһа тенденция.
Саха поэзиятыгар икки уһулуччу поэт баар: Кулаковскай уонна Ойуунускай. Кинилэр саха өйүн уонна талаанын аан дойду таһымыгар таһаарбыттара. Кинилэр истииллэрэ таас очуос курдук туруору, уһ-уга биллибэт үрдүк! Соппуруонап поэзията – түгэҕэ суох дириҥ чөҥөрө.
Ойуунускай, Кулаковскай айар уратыларын, кинилэргэ фольклор, итэҕэл сабыдыалын чинчийии – билиҥҥи саха литература туһунан үөрэҕин саамай тыын боппуруоһа буолан турар.Маныаха лаппа үчүгэй үлэлэри Покатилова Н.В., Кулаковская Л.Р., Максимова П.В., Романова Л.Н., Дьячковская М.Н., о.д.а. ссуруйа сылдьаллар.
-- Баһылай Никитич, хас биирдии киһиэхэ сүрэҕэр чугас тутар дьонноох буолар. Олоххо үөрэппит учууталларгынан кимнээҕи билинэҕин?
-- Мин учууталларым – бастакылара, биллэн турар, ийэм, аҕам буоллахтара. Таһыллыбыппын өйдөөбөппүн. Ийэбэр баҕас атаах быһыылааҕым. Иринньэх, ыарыһах этим. Иккис (хабыр, кытаанах) учууталларым – убайдарым, эдьийдэрим. Кинилэр миигин ыраастыык дьэйэннииргэ (тоҕо түспүт дьэйэммин бэйэбэр ыраастаталлара), ыраастык суруйарга, түргэнник ааҕарга үөрэппиттэрэ. Кинилэр «учууталлаан» (онно сүрүн оруолу улахан убайым Мэхээлэ ылбыт буолуохтаах), мин оскуола иннинэ ааҕар, суруйар буолбутум. Онон иккис кылааска быһа киирэн үөрэммитим. Сэттис кылааһы, Чөркөөххө, «төгүрүк биэһинэн» бүтэрбитим. Онтон наһаа кыбыстыбыппын өйдүүбүн. Атыттартан «ордук үчүгэй» аатыран… Дьиҥэр, миигиннээҕэр ордук суотчуттар элбэхтэрэ…
…Элбэхтэн, олоҕум эйгэтигэр чугастарынан (үөрэппэтэллэр да) – литература историятыгар профессор Баһаарын Георгий Борокуоппайабыһы, национальнай боппуруоска профессор Муордьунап Өссөнтөй Дьөгүөрэбиһи ааттаталыам этэ. Кинилэр миигин көнө суолтан (кырдьыктан) туораабат буоларга үөрэппиттэрэ. Иккиэннэригэр дьиэлэригэр сылдьарым, истиҥиник кэпсэтэрим.
-- Дьиэ кэргэниҥ туһунан тугу этэҕин?
-- Кэргэннээхпин, түөрт оҕолоохпун. Оҕолорбун кытары биир санаалаахпын. Ол миэнэ – дьолум буолар.
-- Салгыы ханнык хайысханан үлэлиир санаалааххын?
-- Литературнай кириитикэҕэ үрдүк үөрэх босуобуйаларын оҥордорбун диибин.
-- Баһылай Никитич, кэпсээниҥ иһин барҕа махтал. Санааҥ туолан, ыраҥолоххо киирэн истин!
Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА.
«Киин куорат» -- 2002; от ыйын 5 күнэ.