Adult Search

Якутский республиканский комитет

Коммунистической партии Российской Федерации

Адрес: Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, ул. Октябрьская, дом 3
Телефон: +7 (411) 23-66-151
Электропочта: mgm_2004@mail.ru

Главные

события

классовой

борьбы

Красный Первомай в Якутии: «Хватит терпеть!»
Будем достойными наследниками Победы!

Тыа сирэ – Саха биһигэ

(СӨ Ил Түмэнин дьокутаата Афанасий Максимов

Тыа сирин сылынан санаатын үллэстэр)

 

29.11.2012 14:57 | Автор: Кыым | Көрдүлэр: 221   
E-mail Печать
image13530673   Биллэрин курдук, быйыл сэтинньи 16 күнүгэр РФ Үрдүкү суута А.Максимов, И.Чикачев, И.Пахомов, В.Рожин надзорнай үҥсүүлэрин көрөн баран, дьыаланы СӨ Үрдүкү суутугар хаттаан көрүүгэ ыытта. Ол эбэтэр, А.Максимовтааҕы буруйдаабыт Дьокуускай куорат суутун 2011 с. ахсынньы 12 күнүнээҕи бириигэбэрэ сокуон хараҕар дьүөрэтэ суоҕунан ааҕыллыбыт. Бу туһунан Афанасий Николаевичтан бэйэтиттэн албакааттарын нөҥүө ыйыттарбыппытыгар маннык хоруйдуур: “Атыны күүппэтэҕим. Бу бириигэбэр сокуоннайа суоҕун юриһа да суох киһи өйдүөн сөп. Тоҕо итинник ньүдьү-балай барбыттара эмиэ өйдөнөр: миигин киһи да, бэлиитик да быһыытынан “сууттанна, хаайылынна” диэн бар дьон хараҕар түһэрэ сатаабыттара. Ол соруктарын сиппэтилэр. Түгэнинэн туһанан, бар дьоммор махтаныам этэ: эһиги өйөбүлгүт күүһү, өйү-санааны, дьулууру эбэр!” Сэбиэскэй былаас эстибитэ номнуо 20 сыл буолла. Төһө да билигин сэбиэскэй былааһы үөхтэрбит, дьыл-күн ааһан истэҕин аайы ол кэми атыннык көрөрбүт, аныгы олоҕу кытта тэҥниирбит, сыана быһарбыт уларыйан иһэр. Былырыын бииргэ үөрэммит доҕорбун кытта бултуу сылдьан оскуоланы бүтэрбиппит 30 сылынан сибээстээн, уруккуну-хойуккуну анааран, ырытан, түүнү быһа сэһэргэстибит. Ол гынан, иккиэн биир түмүккэ тиийэн кэллибит. Бөһүөлэкпит төһө да таһыттан көрдөххө сайдыбыт курдугун иһин, үлэтэ суох ускул-тэскил сылдьар, арыгыга убаммыт, оһолго уонна быстах өлүүгэ былдьаппыт дьоно урукку кэмҥэ ханан да холооно суох элбээбит эбит. Онуоха эбии, кэнники кэмҥэ тыа дьонун “сүрэҕэлдьээн үлэлээбэккит”, «үлэни сатаан тэрийбэккит», «бородууксуйа биэрбэккит», «кэпэрээссийэҕэ киирбэккит», “айах адаҕалараҕыт” уо.д.а. диэн сирэй-харах анньаллара күн-түүн хойдон иһэр курдук. Мин саныахпар, бу барыта дьон сайдыыга дьулуурун, баҕатын төрдүттэн ханыннарар, самнарар. Олох турбат, сайдар. Тоҕо биһиги эрэ ала-чуо аан дойду сайдыытыттан арыыланан хаалыах тустаахпытый? Тоҕо биһиги ийэ сирбитин туора хампаанньалар кэлэн талбыттарынан айбардаан, биһигини матаран, хармааннарын хаҥатыахтаахтарый? Сэбиэскэй былаас саҕана, судаарыстыба былаанын быһыытынан, тыа сирэ үбүнэн-харчынан, тиэхиньикэнэн сөбүгэр хааччыллан, кимтэн да итэҕэһэ суох сайдан кэлбитэ. Оччолорго төһө да ыал аайы тыраахтар, массыына суох буоллар, үлэтэ суох муна-тэнэ сылдьар дьон суохтара. Арыгылааһын, онтон сиэттэрэн оһолго түбэһии, бэйэҕэ тиийинии, өлөрсүү, хаайыыга түбэһии адьас аҕыйах этэ. Оттон билигин? Кистэл буолбатах, олус элбэх эдэр киһи арыгыга убанна. Кинилэр арыгыттан бэйэлэрин санааларын күүһүнэн аккаастанар кыахтара суох, онон эмтэтэргэ эрэ күһэллэллэр. Бу бачча элбэх киһи иһээччигэ кубулуйбутун “кинилэр бэйэлэрин буруйдара” диэн сапсыйан кэбиһэр, арааһа, сыыһа буолуо.  Ити төрдө судаарыстыба ыытар социальнай-экэнэмиичэскэй бэлиитикэтигэр сытар буолуохтаах. Кырдьык, билигин тыа сирин олоҕун таһымын үрдэтэргэ өрөспүүбүлүкэбит салалтата кыһаллыбат диир кыах суох. Билэрбит курдук, бэрэсидьиэн тыа сирин сайыннарар бырагыраамата ылыллыбыта быйыл уон сылын туолла. Бэрэсидьиэн Е.А. Борисов ыйааҕынан, 2013 с. Тыа сирин сылынан биллэрилиннэ. Бу ааспыт уон сыл иһигэр, дьиҥэр, т/х-гар бүддьүөттэн үтүмэн үп көрүлүннэ. Бары тустаах бырагыраамалары, уунан, гааһынан хааччыйыыны, энергетиканы холбуу ыллахха, уопсайа 50-ча млрд солк. көрүллүннэ. Сатаан туһаммыт буоллар, бу 2 миллиард дуолларга чугаһыыр үпкэ тыабыт сирин букатын сөҕүмэрдик өрө тардар кыахтаах этибит! Оттон, дьиҥинэн, бүгүҥҥү турукпут, уопсай көрдөрүүлэрбит хайдахтарый? Кистэл суох, быстар мөлтөх. Ыанар ынах ахсаана бу уон сыл устата тиһиктээхтик уонна халбаҥнаабакка түһэ турар. 400-чэкэ тыһ. ахсааннаах сүөһүбүт-сылгыбыт оҥойор айаҕар от булбакка, үлүгэр үбү ороскуоттаан, Амур уобалаһыттан атыылаһабыт. Сүүс сыл анараа өттүгэр 220 тыһ. ахсааннаах өбүгэлэрбит 700 тыһ. сылгыны-сүөһүнү туох да субсидията, дотацията, тыраахтара, от охсор массыыната, Амур уобалаһа суох көрөн-харайан олорбуттара эбээт! Оччолорго тастан ас киирбэтин тэҥэ  этэ. Төттөрүтүн, тыа бородууксуйата, этэ-үүтэ Бодойбо, Алдан бириискэлэригэр атыыга барара. Билигин, биллэрин курдук, үүппүт-эппит 75 %-нын тастан киллэрэбит. Белоруссия үүтүн иһэбит, Австралия этин сиибит. “Олохтоох оҥорон таһаарааччы” дэнэр дьоммут халбаһыларын сыаҕар сырьену барытын тастан киллэрэллэр. Тоҕо маннык буолла? Мин саныахпар, тыа сиригэр көрүллүбүт үтүмэн үп-харчы көдьүүһү биэрбэтэ хас да төрүөттээх. Бастатан туран, аһара “үллүбүт” Т/х-тын министиэристибэтэ. ТХМ иһинэн тэриллибит эҥин эриэхэбэй ааттаах, араас соруктаах агро-бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ иитиллэллэригэр баһаам элбэх харчы барар. Бу дьон көмөтүнэн бүрүкүрээтийэ үөскүүр, тыа сиригэр көрүллүбүт үп аадырыһыгар тиийбэккэ ыһыллар-тоҕуллар. Иккиһинэн, харчы тыырыллыыта. Уон сыл тухары нэһилиэнньэттэн үүт атыыластыбыт. Ол туох да куһаҕана суох, бу харчы тыа дьонун абыраабыта саарбахтаммат. Ол гынан баран, тоҕо угуллубут харчы көдьүүһэ көстүбэтэ? Тоҕо ыанар ынах ахсаана түстэ? Тыаҕа сүөһүнү иитэр киһи тохтообокко кэлэр “стабильнай” хамнаһа суох, манна ханнык да социальнай өйөбүл, үлэ ыстааһа, биэнсийэ диэн көрүллүбэт. Ол сарсыҥҥы күҥҥэ эрэммэт быһыыны-майгыны үөскэтэр. Маны тэҥэ, тыа сиригэр бүддьүөттэн хамнастанар дьон эмиэ ынах туталлар этэ. Кэлин хамнас үрдээн, ол дьон сүөһү тутар кыһалҕалара суох буолбута. Ол сүөһү ахсааныгар дьайбыта өйдөнөр. Онуоха эбии, туттарыллар үүт сыаната үрдээбэтэ, квота улаханнык оҕустулар. Биир да өрөбүлэ суох сүөһүнү көрүү-харайыы, уһун сайыны ходуһаҕа атаарыы ыараханын бары өйдүүбүт. Үсүһүнэн, сир боппуруоһа. Сир өр сыллаах арендаҕа, бас билиигэ барыытын билигин да нэһилиэнньэҕэ киэҥник сырдаппакка олоробут. Төрдүһүнэн, Сахабыт сирин иэнэ киэҥэ, суола-ииһэ суоҕа бэрт буолан, ырыынак “харчы-табаар-харчы” диэн бириинсибэ кыайан үлэлээбэтэ. Оҥоһуллубут бородууксуйа батарыытын кыайбатыбыт. Итини этэн туран, тыаҕа үөскээбит, үс болдьоххо дьокутаатынан талыллыбыт, Ил Түмэн бүддьүөтүн кэмитиэтигэр үлэлээбит киһи быһыытынан, “Тугу оҥоруохха?” диэн тиэмэҕэ санаабын үллэстэбин. 1. ТХМ аппараатын уонна кини үлэлэтэр баһаам элбэх тэрилтэлэрин  сааһылыахха, реструктуризация ыытыахха. Кумааҕыга буолбакка, дьиҥнээхтик! Үп-харчы тыырыллыыта тыа сирин үлэһит дьонугар, тэрилтэлэригэр чопчутук уонна судургутук тиийэрин ситиһиэххэ. Оччоҕуна эрэ бу эйгэҕэ олоҕурбут хоруупсуйа, бүрүкүрээтийэ аҕыйыа. 2. Үүтү нэһилиэнньэттэн быһаччы атыылаһыыны тохтотон, ынаҕы ыыр киһиэхэ хамнас төлүөххэ. Холобур, быһаччы төбө ахсааныгар көрүллэр үбү таһынан, хас ынахтааҕынан көрөн, ыанньыксыкка хамнас ааҕыахха. Тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга эрэ буолбакка, кэтэх ыалы урбаанньыт оҥорон ый аайы хамнас төлөнөр оҥоруохха. Оччоҕо бу киһиэхэ үлэ ыстааһа, биэнсийэ, соцпакет көрүллэр кыахтаныа. Таарыйа, олохтоох муниципалитекка нолуок киириэ, үлэ миэстэтэ тахсыа. Билигин “өрөспүүбүлүкэҕэ 80-ча тыһ. ыанар ынах баар” диэн отчуоттууллар, онтон 70-ча тыһыынчата кэтэх хаһаайыстыбаҕа баарын мин саарбахтаабаппын. Эһиилгиттэн сыл түмүгүнэн биир ыанар ынах төбөтүгэр 10 тыһ. солк. быһа төлүүр былаан баар. Хаһаайыстыба көрүҥүттэн тутулуга суох. Ити үчүгэй. Манна үүт соҕотуопкатын таһынан көрүллэр үп былааннанар. Бүддьүөт кээмэйиттэн тахсыбакка, төбөҕө эрэ буолбакка, ынах ыыр үлэһиккэ эмиэ төлүөҕүҥ ээ. Харчыны хантан ылабытый? Билигин сыллааҕы үүт соҕотуопкатыгар бүддьүөккэ 1,6-1,8 млрд. солк. көрүллэ сылдьар. Бу харчыны тыаҕа барарын быспакка, атыннык туһаныахха. Ыйга биир ынах ыаһыныгар 2140 солк. төлөнөрүн курдук быстахпытына, биэс ынаҕы ыыр кэтэх ыал ийэтэ дуу, аҕата дуу бу үлэтин иһин 10,7 тыһ. солк. (1,8 млрд. солк. : 70 тыһ. : 12 х 5 =10,7), ол эбэтэр сылга 128,4 тыһ. солк. хамнас аахсар кыахтанар. Ону таһынан, кэтэх хаһаайыстыба ыанар ынаҕын төбөтүгэр сылга 10 тыһ. солк. ылыа, үүтүн ырыынак  сыанатынан атыылыа турдаҕа. Оччотугар үүтүн, төбөҕө төлөнөр харчытын, ыйдааҕы хамнаһын ааҕан туран, кэтэх хаһаайыстыба сылга биир ыанар ынахтан  35-50 тыһ. солк. тиийэ дохуот киллэринэр кыаҕа үөскүөн сөп. 3. Нэһилиэк аайы үүтү тутар, ону атыыга барар гына астыыр, төгүрүк сыл үлэлиир, аныгылыы технологиялаах дьоҕус сыахтары бүддьүөт суотугар тутуохха. Үүт тутуллар сыанатын, кээмэйин туох да хааччаҕа суох ырыынак бэйэтэ быһаардын. Ынаҕы ыыр, көрөр дьон ый аайы хамнастаах буоллахтарына, үүттэрин бэйэлэрэ туһаналларын таһынан, миэстэтигэр үүт астааччы ылар сыанатыгар туттарыахтара дии саныыбын. Сыана араас буолуоҕа. Үүтү астааччылар күрэстэһэннэр, олохтоох үүт тутуллар сыанатыгар тахсыахтара. Барыс киириэ, нолуок олохтоох бүддьүөтү хаҥатыа. Эмиэ маннык ньыманан халбаһы оҥорор, эт астыыр сыахтары тутуохха. 4. Судаарыстыба Сахабыт сирин киэҥин, айылҕата тыйыһын учуоттаан, тыа сиригэр оҥоһуллар бородууксуйа кэлии бородууксуйа ыгыытын тулуйарын, күрэстэһэр кыахтанарын курдук, тырааныспар субсидиятын көрүөн наада. 5. Нэһилиэнньэҕэ сир боппуруоһун, кадастр учуотун, т/х-гар аналлаах сир өр сыллаах арендаҕа барарын, 10 гаа сир бэйэ бас билиитигэр сокуон быһыытынан атыыга барыан сөптөөҕүн киэҥник өйдөтөр, биллэрэр үлэ ыытыллыан наада. Сири бас билии, Библияҕа сурулларын курдук, киһини үлэлэтэр, өрө көтөҕөр дириҥ ис хоһоонноох төрүөт буоларын умнубат наада. 6. Тыа сиригэр сыана уонна себестоимость барыта уматык сыанатыттан тутулуктаах. Бүгүҥҥү туругунан, аахсыйата чааһынай бас билиигэ барбыт “Туймаада-Нефть” ААУо бүддьүөттэн толук  мэктиэлэтэн, тыа сирин уматыгынан хааччыйар. Ол эбэтэр, эмиэ тыа сиригэр көрүллэр үптэн үллэстэр. Ону ааһан, тилийэн биэрэр “посредник” тахсар. Ити да гыннар, бу тэрилтэ сыаната ырыынак сыанатыттан туох да атына суох, сороҕор үрдүк да буолар. Сахабыт сириттэн ИСТА турбатыгар 7 мөл. т ньиэп хачайданан барар. Бу сыыппара 2020 с. икки төгүл элбиэхтээх. Тыа сиригэр сылга 0,035 мөл. т уматык туттуллар. Итини учуоттаан, бүддьүөт суотугар тыа сиригэр барар уматык сыанатын 50 % чэпчэтэр мэхэньиисими толкуйдуохха. 7. Уот сиэн, кэрдиллэн билигин бөһүөлэк тастарыгар оттук да, тутуу да маһа биллэ аҕыйаата. Мас бырамыысыланнаһа дьыалабыай тахсыыта аҕыйах, таһыыта ыарахан буолан күрэстэһиини тулуйар, сайдар кэскилэ суох курдук. Ол эрээри, биһигиттэн чугас сытар АТР ырыынага мас чоҕун (древесный уголь) туттара сылтан сыл элбээн иһэр. Дьиҥинэн, мас чоҕун бэлэмниир технология олус судургу, элэктэриичэстибэ, уматык наадата суох. Сырьетугар ханнык баҕарар мас (умайбыт, мас сыыһа) барар. Тимир суол кэллэ, төттөрү тугу тиэйэн илдьэрбит билигин да биллибэт. Урбаан министиэристибэтин көмөтүнэн бу идиэйэни үөрэтэн, нэһилиэк аайы мас чоҕун оҥорор мобильнай тэриллэри үлэлэтиэххэ сөп. Индустриальнай таһымҥа тахсыар диэри көмө оҥоруохха, тыа сиригэр эбии үлэ миэстэтэ, нолуок төлөбүрэ элбиирин ситиһиэххэ. 8. Бэйэбит сирбитигэр оҥоһуллар, доруобуйаҕа туһалаах аспытын дэлэтэр туһугар, СМИ нөҥүө киэҥ далааһыннаах өйдөтүү, сырдатыы үлэтин ыытыахха. Тыа сирин үлэһиттэрин, тыаҕа олохсуйуу туһунан үчүгэй өйдөбүлү уопсастыбаҕа киэҥник тарҕатыахха, сыһыаны уларытыахха. *** Билигин тыа дьонун үксэ Дьокуускай куоракка тоҕуоруста. Балык уу дириҥин былдьаһар, киһи үчүгэй усулуобуйаҕа, үтүө олоххо дьулуһар. Ити барыта тыабыт сиригэр киһи кута-сүрэ тохтооботун, олох ыараабытын туоһулуур. *** Онон, тыа дьонун кытта сирэй-харах анньыспакка, барытын ырыҥалаан, өйдөөн, муударайдык сыһыаннаһарбыт эрэйиллэр. Тыа сирэ “тобох бириинсибинэн” үбүлэнэрэ тохтоон, бука бары үөскээбит силиспитигэр, тирэхпитигэр болҕомтобутун уурар кэммит кэллэ дии саныыбын. Тыа сиригэр оҥоһуллар бородууксуйа – судаарыстыбаҕа ас-үөл өттүнэн куттал суоһаабатын стратегията! Аччык киһи космоска да көппөт, алмааһы да хостообот, доруобай да буолбат. Ол иһин баай, сайдыылаах судаарыстыбалар бэйэлэрин фермердэрин судаарыстыбаны тутан олорор акылаат (государствообразующай) диэн ааҕаннар, хайдах курдук өйүүллэрин көрөбүт буолбат дуо?   Афанасий Максимов, СӨ Ил Түмэнин 2-с, 3-с, 4-с ыҥырыыларын

                                                                                                                 дьокутаата. 

Жизнь в Якутии подорожала

 

29 ноября, 17:35
ИА SakhaLife
  В третьем квартале текущего года индекс потребительских цен на товары и платные услуги составил 101,5%. Стоимость минимального набора продуктов питания увеличилась на 1,2 % и составила 4352 рубля.
Повысились цены на овощи: лук репчатый -111%, капуста -110%, картофель 108%, морковь – 105%. Подешевели огурцы, пшено, масло растительное, сыр, молоко, рыба. Минимальный непродовольственный набор составил 2070 рублей и вырос по сравнению со вторым кварталом 2012 года на 0,5%. Стоимость платных услуг в целом по республике составила 3507 рублей и увеличилась на 7,1%. Увеличение стоимости произошло в основном за счет жилищно-коммунальных услуг, повышение которых составило 109,6%. Таким образом, величина прожиточного минимума за третий квартал увеличилась на 3,1% и сложилась в размере 10 672 рубля. Также рассчитана величина прожиточного минимума по двум зонам республики. В первой зоне (Абыйский, Аллаиховский, Анабарский, Булунский, Верхнеколымский, Верхоянский, Жиганский, Момский, Нижнеколымский, Оймяконский, Оленекский, Среднеколымский, Эвено-Бытантайский, Усть-Янский улусы, п. Айхал и г. Удачный Мирнинского района с населенными пунктами) прожиточный минимум для трудоспособного населения составил 12318 рублей, пенсионеров - 9251 рубля, детей - 10737 рублей, в среднем – 11 368 рублей. Во второй зоне (Алданский, Амгинский, Верхневилюйский, Вилюйский, Горный, Кобяйский, Ленский, Мегино-Кангаласский, Мирнинский (кроме п. Айхал и г Удачный ч населенными пунктами), Намский, Нюрбинский, Олекминский, Сунтарский, Таттинский, Томпонский, Усть-Алданский, Усть-Майский, Хангаласский, Чурапчинский улусы, а также город Нерюнгри и Якутск с населенными пунктами) прожиточный минимум для трудоспособного населения рассчитан в размере 11 454 рублей, пенсионеров – 8 592 рублей, детей - 9730 рублей, в среднем – 10 565 рубля. Эти цифры станут основой для расчета пособий, субсидий и других социальных выплат.  
Источник: 
ЯСИА.

В.Ф. Рашкин: Власть демонстрирует полное нежелание реально бороться с коррупцией


2012-11-29 14:17 Пресс-служба МГК КПРФ
Рашкин Валерий Фёдорович
Секретарь ЦК КПРФ, первый секретарь Московского городского комитета

В интервью газете "Коммерсант" премьер-министр Дмитрий Медведев довольно высоко оценил успехи в борьбе с коррупцией. Секретарь ЦК, депутат Госдумы Валерий Рашкин, который занимается исследованием коррупции в России, высказал своё мнение на этот счёт. - Смешно читать, что наше антикоррупционное законодательство не хуже, чем в других странах. Да у нас даже нет официального  понятия "незаконное обогащение". Компартия уже 6 лет добивается ратификации 20-й статьи международной конвенции по противодействию коррупции. Если мы по-настоящему хотим бороться со взятками и откатами, надо как можно быстрее ратифицировать эту статью. Тогда чиновники обязаны будут декларировать не только доходы, но и расходы. Конвенция ратифицирована сотней государств, контроль за расходами чиновников - общепринятая мировая практика. И только наша страна приняла документ в целом, не ратифицировав именно 20-ю статью. Вот оно, реальное желание бороться с коррупцией. Точнее, полное его отсутствие. Медведев 4 года был президентом. Наша партия предлагала ему целый пакет антикоррупционных документов. Было бы реальное желание бороться с коррупцией - всё бы приняли. Но после президентских выборов, перед утверждением Медведева на пост премьер-министра, он встречался с нашей фракцией и обронил такую фразу: "Россия не готова к ратификации 20-й статьи". Это самая странная фраза, которую только можно было услышать от бывшего президента, кандидата в премьеры. Что значит, не готова?! Государство день и ночь должно быть готово бороться с воровством! А из этой фразы можно сделать только один вывод: после ратификации этой статьи 2/3 наших чиновников - все те, у кого виллы за границей, огромные автопарки, яхты и чьи расходы в десятки, сотни раз превышают официальные доходы - сядут за решётку. Но в стране, в которой коррупция фактически является системой управления, это невозможно. А сам Медведев своим лепетом покрывает это воровство.

Никакой политической воли тут нет. Взять хотя бы Сердюкова - 9 эпизодов в деле "Оборонсервиса", выявленный на сегодня ущерб составляет почти 7 миллиардов рублей. И вроде бы Следственный комитет даже намекает на причастность Сердюкова. И вроде бы даже хотят допросить, но хотят как-то неуверенно. А реальное положение дел таково, что бывший министр, в ведомстве которого проводились огромные финансовые махинации, на свободе, даже не под подпиской о невыезде и до сего момента ни разу не был допрошен.

  Друг Сердюкова завладел землями ветеранов чеченской войны

 
Близкий друг экс-министра обороны Анатолия Сердюкова, гендиректор ОАО «Славянка» 50-летний Александр Елькин построил дачу на участках, принадлежащих Героям России. 40 соток земли в элитном курортном поселке Красная Поляна в Сочи изначально были выделены ветеранам чеченской войны — Роману Щетневу и Сергею Юшкову.
 Землю в поселке Красная Поляна, где идет строительство олимпийских объектов, Елькин получил за счет героев чеченской войны — Романа Щетнева и Сергея Юшкова, пишет сегодня газета «Известия». В ноябре 2011 года он приобрел 40 соток земли в красивейшем уголке Западного Кавказа. По данным Единого государственного реестра прав на недвижимое имущество и сделок с ним города Сочи, Елькин владеет участком для ИЖС в селе Эсто-Садок (это часть Красной Поляны). Земля стоит здесь 40–75 тыс. долл. за сотку, свидетельствуют риэлторы, но Елькину она обошлась дешевле.  
Первоначально участки были выделены бесплатно и в льготном порядке Героям России, участникам чеченской войны Роману Щетневу и Сергею Юшкову. По закону им полагалось 0,4 га земли для дачного или индивидуально-жилищного строительства. Обычно участок дают там, где живет ветеран и получить его далеко не просто.
 
Однако в 2008 году чиновники из Минобороны предложили героям России получить землю в Сочи, а потом выкупили ее по дешевке.
 
«Сказали — пиши заявление на администрацию Сочи, мы тебе землю под дачу пробьем. Я отнесся к этому скептически, но написал и отдал ребятам из министерства. Вскоре пришел ответ от главы Красной Поляны, что землю мне дали», — рассказал Юшков. Участка он так и не увидел. Вскоре чиновники из Минобороны склонили его продать им участок за 3 млн руб., и он так и сделал. У Романа Щетнева сложилась аналогичная ситуация. Ради чего чиновники так старались, ветераны узнали позже.
 
Житель поселка Красная Поляна Денис Крылов сообщил, что, после того как земля оказалась в собственности Елькина, на участке развернулось бурное строительство. «У нас вокруг земли Сочинского нацпарка — вековые деревья в метр диаметром, а их в один момент вырубили и начали строить дворец. По-другому дачу Елькина у нас в поселке не называют», — отметил он. Замглавы думского комитета по обороне Франц Клинцевич не исключает, что эту схему приближенные Сердюкова использовали и в других регионах России.
 
Сам Елькин жил в элитном комплексе «Патриарх» на Малой Бронной в трехуровневой квартире c личным бассейном, а у его бухгалтера Ротановой во время обыска изъяли 4,6 млн долл. и порядка 130 млн руб.
 
Сейчас Александр Елькин арестован и находится в московском СИЗО № 5, адвокаты уже обжаловали его арест. По версии следствия, в 2011 году Минобороны заключило с ОАО «Славянка» два государственных контракта на общую сумму около 63 млрд руб.
 
Как сообщала РБК daily ранее, 25 октября Главным военным следственным управлением СК РФ было возбуждено пять уголовных дел по фактам мошенничества при реализации недвижимости, земельных участков и акций, принадлежащих ОАО «Оборонсервис». По данным следствия, должностные лица Минобороны выбирали из имущественного комплекса компании наиболее ликвидные и престижные объекты, участки и акции, в том числе в Москве. Затем в эту недвижимость вкладывались бюджетные средства, и после этого имущество продавалось по существенно заниженным ценам аффилированным с компанией «Оборонсервис» коммерческим структурам. На фоне разразившегося скандала президент России Владимир ПутинПрезидент Российской ФедерацииНовости о персонеВладимир Путин 6 ноября сообщил об отставке главы Минобороны Анатолия Сердюкова. На его место был назначен экс-глава Подмосковья Сергей ШойгуМинистр обороны РФНовости о персонеСергей Шойгу.

    Глава Росфиннадзора Седов скончался на 43-м году жизни

     
В Москве на 43-м году жизни скончался глава Федеральной службы финансово-бюджетного надзора Константин Седов, сообщает пресс-служба ведомства. О причинах смерти руководителя пресс-служба не сообщает.  Седов возглавил Росфиннадзор в октябре 2012 года. До 11 мая на посту вице-губернатора Московской области он занимался финансово-экономическими вопросами региона и был освобожден от этой должности после того, как Подмосковье возглавил Сергей ШойгуМинистр обороны РФНовости о персонеСергей Шойгу.  Константин Седов родился в 1970 году. Окончил Всероссийский заочный финансово-экономический институт по специальности «финансы и кредит». Доктор экономических наук, профессор, заслуженный экономист РФ, действительный государственный советник РФ. Был награжден орденом «За заслуги перед Отечеством» IV степени и орденом Почета.