Немецкэй-фашистскай халабырдьыттар биһиги Ийэ дойдубутугар уоран саба түһэллэрин саҕана уончалаах уолчаан алдьархай ааҥнаабытын, олох сатарыйыытын чуолкайдык өйдөөбүтэ. Билэр да, билбэт да дьонноро Советскай Союһу көмүскүү сэриигэ барбыттарын туһунан, умнубаттыы, күннэтэ истэрэ. Ол барыта оҕо өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр-быарыгар иҥэн хаалта. Турар-турбат бука бары, эдэрдиин-эмэнниин күннээҕи үлэлэрин кыайыы туһугар анаабыттара. Кырдьыга, оччолорго бу кыаллыбат, сатаабаппын, билбэппин диэн өйдөбүллэр тыыннаахтарга суоҕа. Бука бары бииргэ түмсэн бэрт түргэнник немецкэй фашистары үлтү охсорго туох баар кыахтарын, санааларын уурбуттара.
Ньукулай уолчаан төһө да кыратын иһин улахан дьону кытта тэбис-тэҥҥэ колхоз үлэтигэр кыттыбыта. Кини колхозка үлэлээбитин ааҕар бэрт уустук, ол курдук эн кыраҕын, кыаммаккын диэн өйдөбүл суоҕа, онон дьон тугу үлэлиир да барытыгар кыттара, ол курдук сир таттарыыта, оттооһун, мас эрбээһинэ курдук үлэлэргэ кыттан көлөһүн күнүн аахсыбыта. Сыл түмүгэр кини көлөһүнүн күнэ дьонугар эбии буолан колхозтан дохуот аахсалларыгар уолбут бачча көлөһүн күннээх диэн кэпсэтэллэрэ.
Ньукулай уол оскуолаҕа үөрэнэр. Оскуола тымныы, ас-таҥас тиийбэт, бука бары тымныыны тулуйан инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатыныы, үөл сүһүөхтээхтэр син улааталлар, хайдах эрэ бэйэлэрин кыанар курдук тутталлар, үөрэнэллэр, үлэлииллэр, сынньалаҥ туһунан санаан да көрбөттөр. Оҕолор улаатан истэхтэрин аайы бииртэн биир, ыарахантан ыарахан сорудахтары толоттороллоро. Оччотооҕу оҕо киниэхэ бэриллибит сорудаҕы биир тыла суох толорбута эрэ баар буолара.
Николай Мартынов төһө да тоҥнор, төһө да аччыктаатар Тойбохойго сэттис кылааһы бүтэрэр. Урукку кэмҥэ саас үөрэх бүтүүтэ төрдүс кылаастан саҕалаан экзамен туттараллара. Николай Мартынов экзаменнары туттаран хайдах эрэ үөрэхтээх дьон ахсааныгар киирэр. Сэттэ кылаас үөрэхтээх киһини ханнык баҕарар үлэҕэ аныахтарын сөп уонна үлэтигэр үрдүк эппиэтинэһи туруораллара.
Тойбохой сэттэ кылаастаах оскуолата оройуоҥҥа уонна республикаҕа биллэрэ. Оскуола интернаттааҕа, онон кыаммат ыаллар оҕолорун интернакка олордон үөрэтэллэрэ. Интернакка ас, таҥас барыта чуолкай суругу, ахсааны, отчуоту ирдиирэ. Оскуола салалтата бэйэлэрин урукку үөрэнээччилэрин Николай Мартыновы ыҥыран кэпсэтэллэр – завхоз оҥороллор. Төһө да үлэ ис хоһоонун билбэтэр тугу гыммытын бэлиэтэнэр, ол курдук интернакка анаммыт ас, таҥас хаһан хайдах биэрбитин, оскуолаҕа оттук мас кэлиитэ, бэрт аҕыйах да буоллар үөрэнэр тэриллэр, кинигэлэр, харандаастар, тэтэрээттэр чуолкайдык бэлиэтэнэрэ, онон бириэмэтигэр ирдэнэр отчуоттары хойутаппакка туттарара, барытын сөпкө аахпыт, суоттаабыт буолара.
Сэрии бүппүтүн кэннэ Кыһыл армияҕа эдэр дьону ыҥырбаттара. Армияҕа сулууспалыыр дьон ахсааннара олус элбэҕэ, онон Советскай правительство биэс-алта сыл устата армияттан саллааттары көҥүллээн дойдуларыгар тарҕаппыттара. Биэс уонус сыллартан Кыһыл армияҕа эдэр дьону сулууспаҕа ыҥырыы саҕаламмыта. Биир үтүө күн Мартынов Николай Егорович аатыгар байыаннай бэбиэскэ кэлбитэ. Туох да саҥата-иҥэтэ суох военкомакка кэлбитигэр кини доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлээбиттэрэ, чинчийбиттэрэ уонна Кыһыл армияҕа ыҥырыллыбытын туһунан чуолкай быһаарбыттара.
Кыһыл армияҕа уолаттар ыҥырыллан барыыларын олус үөрэн истэллэрэ, ким эмит ыҥырыллыбакка хаалбыттар хомойоллоро. Ол саҕана сахалары харахтарынан сыыйаллара, эмтэнэн иккис сылларыгар армияҕа бараллара. Николай Мартынов бэрт уһуннук айаннаан Красноярскай куоракка тиийбитэ. Саҥа кэлбиттэри эрчийбиттэрэ, байыаннай сэби-сэбиргэли үөрэппиттэрэ. Биир күн бары стройдаан турдахтарына хас да киһини араспаанньаларынан ыҥыран стройтан икки хаамыы инники тахсалларыгар бирикээстээбиттэрэ. Кинилэри рота командирын кабинетыгар киллэрэн атын сиргэ баралларын эппиттэрэ уонна хомунан тахсан туралларыгар хамаандалаабыттара. Саллааттары автооскуолаҕа аҕалбыттара. Манна син биир байыаннай бэрээдэк. Күннэтэ автомассыына ис чааһын үөрэтэллэрэ, мотуору үчүгэйдик билэллэригэр кытаанах ирдэбиллээхтэрэ. Массыына иһин-таһын үөрэтэн баран массыынанан сылдьарга үөрэппиттэрэ. Эдэр дьон эрчиллэн бэрт түргэнник массыынаны ыытарга үөрэнэн экзаменнанан байыаннай шофер быраабын илиилэригэр туппуттара. Николай шофер бырааптанан дойдутугар Сунтаарга тиийэн үлэлиэн туһунан иһигэр саныыра. Байыаннай шофер бэрт элбэхтик айаннаан лаппа опытырар. Сулууспа ирдэбилинэн ардыгар түүн, ол быыһыгар таас хайалар быыстарынан, ардыгар адьас суола суох сиринэн күнүн-дьылын аахсыбакка сылдьаллара. Араас эриирдээх айан кэннэ казарматыгар кэлэн бэрт үчүгэйдик утуйара.
Үс сыллаах сулууспа ааһар, Мартыновы Кыһыл армияттан босхолоон Красноярскайтан Сунтаарга тиийэригэр сөптөөх (бырайыаһын) докумуону туттаран кэбиһэллэр. Кинини дьоно-сэргэтэ бэркэ сэргии көрсөллөр, ол курдук уоллара төлөһүйбүт, эт туппут, туттара-хаптара уларыйбыт, нууччалыы кэбэҕэстик кэпсэтэр, өйө-санаата кытааппыт, тыла-өһө олохтоох, онон олус астына көрсөллөр.
Сунтаарга саҥардыы техника кэлэн эрэр кэмэ, автомассыына, трактор дэриэбинэҕэ бэрт сонуннук көстөллөрө. Сунтаар оройуонун советыгар автомассыына биэрбиттэр, ол эрэн массыынаны ыытар бырааптаах ким да суох, биирдиилээн уолаттар массыынаны ыыта сатыыллар. Оройуон салалтата байыаннай шофер Николай Мартыновы ыҥыран кэпсэтэллэр уонна сөбүлэһэн киниэхэ массыыналарын туттараллар.
Биэс уонус сылларга ханна баҕарар суол-иис бэрт мөлтөҕө. Сунтаартан Тойбохойго диэри кэм оҥоһуулаах суолунан айанныахха сөп, онтон атын нэһилиэктэргэ ыллык суолу тэлэн тиийэҕин. Шофер Мартынов массыыната бэрт чуолкайдык айанныыр ханна да батыллан олорбот, хайдах эрэ этэҥҥэ эргиллэн кэлбит буолаллара. Өссө грузовой массыына баар буолта. Дьокуускайтан оройуоҥҥа улахан наадалааҕы тиэйэн аҕаларга Николай Егоровиһы көрдөһөн ыыталлара. Кыһыҥҥы тымныы, суол кыараҕас, билиҥҥи курдук оҥоһуулаах суол суоҕа, онон ыраах Дьокуускайтан таһаҕас тиэйэн аҕалыы улахан сыраны эрэйэрэ. Төһө да айан ырааҕын, ыараханын иһин эдэр эрчимнээх Николай Мартынов бэрт кылбардык эргиллэрэ. Дьоно-сэргэтэ уолларынан астыналлара. Оройуон советыгар үлэлиир коммунистар Николай Егоровиһы коммунист партия кэккэтигэр киирэригэр кэпсэтэн биир мунньахха кандидатынан ылаллар. Бу түгэни кини бэйэтигэр саамай үрдүк ирдэбили туруорунар, ол курдук үлэ дьиссипилиинэтин өссө күүскэ тутуһарга, массыыната мэлдьи үчүгэй туруктаах буоларыгар болҕомтотун уурарга уонна салалта дьаһала чуолкайдык толорулларыгар.
Дьылҕа Хаан ыйааҕа кытаанах. Олоҕун оҥостоору, оҕо-уруу тэнитээри Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар көһөн кэлэр. Манна кэлээтин кытта Николай Егорович Мартыновы райисполкомҥа үлэҕэ ылаллар. Оройуон салайааччылара массыыналарын киниэхэ туттараллар. Улахан оройуоҥҥа кэлэн үлэлээһинэ киниттэн кытаанах ирдэбили туруорара, хайаан да Николай Егорович массыынаны үчүгэйдик көрөн-истэн үлэлэтиэхтээх, биир эмит түгэҥҥэ тохтоон турара сатаммата, массыынатын ис туругун үчүгэйдик билэр буолан биир да түгэҥҥэ сэмэлэммэтэҕэ. Улахан оройуон салайааччылара кэлэллэрэ-бараллара үксэ, күнүн-дьылын аахсыбакка сылдьаллара. Сайыҥҥы кэмҥэ отчуттар звеноларын кэрийэллэрэ, оҕуруоттаах, хортуоппуйдаах, хаппыысталаах бааһыналары быһа ааспаттара, фермаларга хайаан да тохтоон үлэһиттэри кытта сиһилии кэпсэтэн, үлэҕэ баар итэҕэһи-быһаҕаһы суһаллык быһаараллара, тустаах үлэһиттэри кытта былаан, эбэһээтэлистибэ туоларын туһугар халбаҥнаабаттыы быһаарсаллара. Салайааччылар мунньахтыыр, объектары көрөр кэмнэригэр автомассыына турара. Шофер Николай Егорович туох да саҥата суох кэтэһэрэ. Дьиэтигэр бэрт хойут кэлэрэ, сарсыарда эрдэ туран барара. Биир да түгэҥҥэ Николай Егорович үлэҕэ хойутаабыта, кини буруйунан салайааччылар тиийиэхтээх сирдэригэр, коллективтарыгар тиийбэтэх, дьону кэтэһиннэрбиттэрэ суоҕа. Салайааччылар айаннаабат кэмнэригэр Николай Егорович массыынатын көрөрө-истэрэ, сууйара-соторо, туох кыалларын оҥосторо, айанныырга бэлэм буолара.
Мэҥэ-Хаҥалас оройуона Николай Егоровичка саамай үтүө өйдөбүлү иҥэрбитэ. Манна үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, кини үлэтинэн биһирэнэрэ. Олохтоохтор кинини сөбүлүүллэрэ, доҕор-атас оҥостубуттара, ыал аҕатын быһыытынан эмиэ сэҥээриллэрэ, нэһилиэнньэ ортотугар общественнай үлэҕэ бэрт активнайдык кыттара. Бу дойду кыыһын кэргэн ылан ыал буолан үс оҕо тапталлаах аҕата. Кини киһи буолан хайаан да оҕолонор баҕалааҕа манна туолбута. Кини үс оҕолоро бука бары Мэҥэ өҥ буоругар төрөөбүттэрэ, улаатан үөрэнэн олоххо сиэрдээхтик бэйэлэрин көлүөнэлэрин кытта бииргэ хардыылаан олохторун оҥостубуттара.
Николай Егорович куоракка киирбитэ, кинини Правительство автопааркатыгар үлэҕэ ылбыттара. Куоракка бэрт үчүгэйдик бары ылыналларын, сэргииллэрин курдук үлэлээбитэ. Барыта 43 сыл устата биирдэ алдьаммакка-кээһэммэккэ, авария оҥорбокко шоферынан үлэлээн кырдьыы бэрээдэгинэн бэйэтин баҕа өттүнэн массыынаттан арахсыбыта. Уонтан тахса сыл биир тэрилтэҕэ хаһаайыстыбаннай үлэни толорбута – барыта алта уонча сыл үлэ стажтаах пенсияҕа тахсан олорор. Кинини олорор диир хайдах эрэ табыгаһа суох. Кини биир да күн дьиэтигэр таба олорбот – сэрии, үлэ ветераннарыгар анаммыт араас тэрээһиннэргэ, хамсааһыннарга кино-фотоаппараатын сүкпүтүнэн сылдьан кыттар. Кини хаартыскаларын кырдьаҕастарга анаммыт выставкаларга, стендаларга көрдөрөр, устубут киинэлэрин түмэн республиканскай кино-фотодокуменнары тутар тэрилтэҕэ туттарар. Николай Егорович устубут киинэлэрин киинэни харайар, көрөр-истэр, харыстыыр национальнай хранилищеттан көрдөһөн көрүөххэ сөп, копиятын устан биэриэхтэрэ. Кини хаһан да, ханна да оччону-баччаны оҥордум, кыайдым-хоттум диэн айдаарбат, барыта саҥата-иҥэтэ суох оҥорбута, ситэрбитэ эрэ баар.
Николай Егоровиһы ветераннар бэркэ билэллэр, ытыктыыллар, үлэтин иһин махтаналлар. Кини, коммунист партия чилиэнэ, биир да түгэҥҥэ партийнай тэрилтэттэн арахсар туһунан санаабатаҕа. Дьокуускайга ыытыллар бары дьаһалларга мэлдьи кыттар. Кини өр сыллаах сыралаах үлэтин үрдүктүк сыаналаабыттарын үгүс мэтээллэрэ, знактара, грамоталар уонна хайҕал суруктара туоһулууллар.
Николай Егорович таптыыр кэргэнэ Тамара Гаврильевналыын, үс оҕотун, түөрт сиэннэри кытта 90 сааһын үөрэ-көтө көрсөр. Киниэхэ уһуннук этэҥҥэ сылдьан, кинилэри үөрдэригэр, сүбэ-ама буоларыгар баҕа санааларын тиэрдэллэр.
Иван БОРИСОВ.