Adult Search

Якутский республиканский комитет

Коммунистической партии Российской Федерации

Адрес: Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, ул. Октябрьская, дом 3
Телефон: +7 (411) 23-66-151
Электропочта: mgm_2004@mail.ru

Компартия - норуот партията

ML 1

Быйылгы быыбар балаҕан ыйын 18 күнүгэр буолуоҕа, а.э., олох оонньуутунан, Ельцин ол иэдээннээх 1993 сыл Россия народнай депутааттарын съезтэрин уонна Россия Федерациятын Верховнай сэбиэтин ыһар туһунан норуоту утары ылыллыбыт Ыйааҕар илии баттаабыт балаҕан ыйын 21 күнэ үүнүөн 3 күн иннинэ. Дуума бастакы ыҥырыытын депутааттарын быыбара 1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр буолбута. Ол кэмтэн ыла биһиги быыбардааччыларбыт абылаппыт курдук “Биир ньыгыл Россия” туһугар куоластаан сырыы ахсын оҥорбут сыыһаларын хатылыы тураллар.

Мин ону өйүм хоппот. 1945 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр аан дойдуну фашизмтан хара дьайыттан өрүһүйбүт Сэбиэскэй Союз диэн модун судаарыстыба баар этэ дии. Азия уонна Африка дойдуларыгар аан дойдутааҕы холуонньалары суулларарга Сэбиэскэй Союз быһаччы кылааты киллэрбитэ. Илиҥҥи Европа дойдуларын батталтан быыһаабыт эмиэ кини эбээт.

Таҥнарыахсыттар Сэбиэскэй Союһу ыспыттарыгар дойдубут ол үтүөтэ-өҥөтө барыта сотуллубута. Букиһи сатаан эппэт алдьархайа этэ. Сэбиэскэй Союз аан дойдуну ядернай сэрииттэн өрүһүйбүтэ. Америка Холбоһуктаах Штаттара уонна кинилэр хос моонньохторо аан дойдуга быһыы-майгы социализм туһатыгар уларыйбытын аахсарга күһэллибиттэрэ. Ити албан ааттаах урукку историябытын күл-көмөр оҥоруу аныгы Россияҕа сүҥкэн охсуулаах буолла.

Дьэ, бүгүн Сэбиэскэй дойду баайа-дуола олигархтар бөлөхтөрүгэр бэрилиннэ. Россияҕа олигархтар кылаастара үөскээтэ. Россия Федерациятын 85 субъегыттан уона эрэ бэйэтин ииттинэр кыахтаах.

ВТО-ҕа киирии Россияҕа туох туһаны биэрдэ? Тугу да биэрбэтэ. Геннадий Зюганов бэлиэтээбитин курдук, Россия ВТО-ҕа киирбит түөрт сылын устатыгар 800 миллиард солкуобайын сүтэрдэ, оттон ойоҕос сүтүктэр 4 триллион солкуобайга диэри ааҕыллаллар. Ити үп дойду иһигэр сүппүтэ буоллар, үтүө уларыйыы харахха быраҕыллыа этэ. Ол суох, ВТО “ньам” гынна.

Россияҕа дьон-сэргэ быстар дьадаҥытык олорор. Оттон, дьиҥэр, судаарыстыбаҕа харчы суох буолбатах, баар. Ол көмүс валюта саппааһа, Национальнай уйгу фондата уонна Резервэ фондата. Онно 33 триллион солкуобай харалла сытар.

Россия Федерациятын Коммунистическай партията дойдубутун кризистэн таһаарыыга туһуланар чопчу программалаах. Саатар, интэриэһиргээҥҥит ол программаны кытта билсиҥ.

РФКП дойдуга нолуоктааһын биир сүрүннээх сиэрдээх тиһигин олохтууру туруорсар. Билэргит курдук, дьадаҥы дьон-сэргэ уонна олигархтар бары биир тэҥ 13 % кээмэйдээх нолуогу төлүүллэр. РФКП физическэй сирэйдэргэ прогрессивнай нолуок туттулларын кимиилээхтик туруорсар. Прогрессивнай нолуок олохтонноҕуна, олигархтар баайдарыгар сөп түбэһэр добуччу нолуогу төлүөхтэрэ этэ. Ол эрээри “Биир ньыгыл Россия” прогрессивнай нолуокка сөбүлэммэт.

Биһиги Ийэ дойдубут кыраныыссатын НАТО байыаннай базалара иилии ыллыллар. Онуоха суолу ельцинизм арыйбыта. Ельцин хара дьыалаларыгар кырдьыктаах сыанабылы биэрэннэр саралыы тардыахтарын оннугар бары кини аатын үйэтитээрисыралара-сылбалара быһынна. Кырдьыгы хантан булабыт?

Бүгүн сыана үүнэ-тэһиинэ суох күн-түүн үрдүү турар. Коммунальнай өҥөлөр тарыыптара, айан-сырыы сыаната, авиатарыып кээмэйэ – дьон-сэргэ уйуммат алдьархайа.

Сэбиэскэй кэмҥэ Дьокуускайтан Черскэйгэ, Тиксиигэ, Өлөөҥҥө, Сааскылаахха диэри салгын аалынан көтүү билиэтин сыанатын уонна билиҥҥи сыаналары, саатар, көннөрү интэриэһиргээҥҥит, тэҥнээн көрүҥ дуу. Тоҕо сөҕүмэр араастаһыы таҕыста? Толкуйдаан көрүҥ эрэ. Дьэ, ол кэнниттэн быыбарга “Биир ньыгыл Россия” уонна кини хос моонньохторун “Сиэрдээх Россия”, ЛДПР туһугар турар-тура тоҕо куоластыыргыт туһунан үс төгүл төхтөрүйэн ырыҥалаан көрүҥ.

Тэҥ бырааптаныы, социальнай кырдьык иһин дьиҥнээхтик охсуһар соҕотох политическай күүһүнэн Россия Федерациятын Коммунистическай партията буолар диэн мин бигэ санаабын этэбин.

РФКП партийнай испииһэгин уонна биир мандаакка коммунист-кандидат иһин куоластааҥ диэн ыҥырабын! Сыыһыаххыт суоҕа!

Ытыктабыллаах быыбардааччы, “Биир ньыгыл Россия” туһугар куоластаатаххытына туох да уларыйыа суоҕа, эмиэ урут оҥорбут сыыһаҕытын хатылыаххыт уонна эмиэ социальнай батталга үктэтиэххит.

РФКП – социальнай кырдьыгы туруулаһар партия, араас омуктар икки ардыларыгар ил, эйэ олохтонорун бигэтик мэктиэлиир.

РФКП – чэлгийэ сайдыбыт норуоттаах Россия сарсыҥҥы күнүн түстүүр үлэни туруулаһар партия.

РФКП – норуоттан үүнэн тахсыбыт партия.

12 № – РФКП туһугар куоласкытын биэриҥ!