Дьэ, геройбун билиһиннэриим — Сунтаартан төрүттээх Николай Мартынов. Кини өбүгэлэрэ өссө XVII үйэҕэ Сунтаар сиригэр-уотугар бааллара биллэр. Мартын Иванов диэн киһи сыдьаана буолар.
Ньукулай аҕата эдэригэр Халадаай диэн баай киһиэхэ хамначчыттаабыт. Дьолугар, революция буолан, былаас уларыйар. Хамначчыттаан бүтэн, олоҕун оҥостор туһунан толкуйдуур. Дьөгүөр, сааһа ситэн, ыал буолар туһунан толкуйдуур. Чугастааҕы алааска эргэ барар саастаах кыыс баарын ким эрэ этэн биэрбит буолуохтаах. Бэрт номоҕон дүһүннээх Мотуруонаны кытта сөбүлэһэн ыал буолаллар. Эдэр ыал уол оҕолоноллор — Ньукулай диэн киһи Орто дойдуга уһуннук олорордуу ананан кэлэр. Бүгүн кини туһунан кэпсиибин.
Николай Мартынов алтынньы 20 күнүгэр 85 сааһын томточчу туолан үөрдэ-көттө. Кини бэрт чэпчэкитик хаамар, общественнай араас өрүттээх үлэни ис сүрэҕиттэн толорор. Кини сэрии саҕаланарыгар уон биирин туолбута. Сэрии алдьархайдаах сылларыгар оҕолуун-оҕонньордуун, эдэрдиин-эмэнниин — бука бары Кыайыы туһугар үлэлээбиттэрэ. Бу оскуола оҕото, сааһа кыра эҥин диэн ким да санаабат курдуга, хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри колхоз хаһан да бүппэт үлэтигэр кытталлара.
Сунтаар оройуонугар “Кыһыл Баһыыка”, “Жданов” колхозтарга улахан дьону кытта тэбис тэҥҥэ ыраах үрэхтэргэ оҕуһунан, атынан сайыны быһа оттууллара, күһүн муус тоҥуон аҕай иннинэ дьиэлэригэр эргиллэр этилэр. Аһыыр ас кэмчи, таҥнар таҥас олох мөлтөҕө. Кыһыҥҥы тымныыга кыра кыһалҕалаах киһи таһырдьа тахсыан куттанара.
Николай быраатын уонна балыстарын кытта бэрт эрэйинэн, этэргэ дылы, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, өлбөккө киһи-хара буолбуттара. Кини Тойбохойго интернакка олорон, сэттэ кылаас үөрэхтэммитэ. Сааһа туолан, Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыбыта. Кини Красноярскай куоракка сулууспалаабыта. Ыраах тыа быыһыгар улааппыт уолчаан олоҕор аан бастаан улахан куоракка түбэспитэ. Саллааттар ортолоруттан хас да киһини, ол иһигэр кинини, суоппар курсугар талбыттара. Бэрээдэктээх, сүрэхтээх, кыһамньылаах уонна үлэҕэ сыһыаннаах рядовой Мартынов массыына мотуорун ыһан баран, төттөрү хомуйарга уонна массыынаны ыытарга үөрэнэр. Бастаан утаа ким да мэһэйдээбэт ыраас сиргэ, онтон араас мэһэйдээх, түһүүлээх, тахсыылаах, бадарааннаах сирдэринэн айаннаталлар. Салгыы куорат иһигэр сырытыннарбыттара. Дьэ итинник эрчиллэн III кылаастаах суоппар быраабын ылар.
Николай Мартынов үс сыл сулууспалаан, эт тутан, өйө-санаата уларыйан, урукку курдук оҕус муннун тута сылдьыбыт муҥкук уол буолбакка, бэйэтигэр эрэллээх, аны атын “оҕуһу” салайар кыахтанан дойдутугар төннөр. Оччолорго тыа оройуонугар массыына бэрт аҕыйаҕа, онтон массыынаны ыытар уонна билэр киһи өссө аҕыйаҕа.
Оччолорго саллаат армияттан кэлиитэ дэриэбинэҕэ сонун буолара. Саастаах дьон уоллара төһө улааппытын, быһыыта-таһаата уларыйбытын, кыргыттар эдэр уолу сэргииллэрэ, кимин-тугун, туох санаалааҕын билэ-истэ сатыыллара.
Николай Мартыновы Сунтар оройуоннааҕы Сэбиэтигэр ыҥыран, ханна олоруон, тугу үлэлиэн баҕалааҕын, туох былааннааҕын сиһилии билсэллэр уонна бэрэссэдээтэл массыынатыгар суоппар наада дииллэр. Онон райсовекка суоппарынан ылыллар. Кырдьыга, суол-иис олус ыарахана. Райсовет бэрэссэдээтэлээ оройуон устун түүннэри-күнүстэри сылдьар. Оҥоһуллубут суол суох, ойуур быыһынан, бадарааннаах, дулҕалаах сирдэринэн өрө сахсыллан айанныыр, ол эрээри Ньукулай биир да түгэҥҥэ сир ортотугар туран хаалбыта суоҕа. Дьиэтигэр кэллэр эрэ, массыынатын көрөрө, өрөмүөннүүрэ, арыытын уларытара, ыраастыыра, сууйара-соторо, онон кини массыыната хаһан да, ханна да саахалламматаҕа.
Оройуон тэрилтэлэрэ массыыналанар буолан испиттэрэ. Саҥа массыынаны Дьокуускайтан эбэтэр Большой Невертэн аҕалтарыыга Николай Егоровиһы, райисполком бэрэссэдээтэлиттэн көҥүллэтэн, ыыталлара. Оччолорго киниттэн ордук массыынаны билэр уонна ыытарга бырааптаах кини эрэ этэ. Ыраах айаҥҥа, оччотооҕу суол-иис төһө да олус мөлтөх буоллар, бэрт сэрэхтээхтик уонна сатабыллаахтык айаннаан массынатын сыа-сым курдук тутан аҕалара.
Манна үлэлии сырыттаҕына, суоппардар киниттэн ыйыталлара, көмөлөһүннэрэллэрэ, сүбэлэтэллэрэ, алдьаныы түгэнигэр быһаччы кыттан өрөмүөннэһэрэ. Николай Мартынов олус бэрээдэктээх, биир да түгэҥҥэ хойутаабат, сорудаҕы бэрт чуолкайдык толороро. Райисполком иһинээҕи партийнай тэрилтэ салалтата Николай Егоровиһы партияҕа ылбыта.
Ити түгэн кэнниттэн кэргэнин дойдутугар, Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар, көһөн кэлэр. Манна эмиэ райисполкомҥа суоппардыыр, ол курдук, райисполком бэрэссэдээтэлин анал массыыналарыгар үлэлиир. Кини манна бэйэтин биир бастыҥ үлэһит быһыытынан көрдөрөр. Сунтаарга Коммунистическай партияҕа кандидатынан киирбитэ, онтон Мэҥэ-Хаҥаласка ССКП чилиэнэ буолар. Билигин кини быһаччы этэр: «Икки оройуон коммунистарын мэктиэлэринэн коммунист үрдүк аатын күн бүгүҥҥэ диэри бэриниилээхтик сүгэбин». Биир да түгэҥҥэ коммунист партияттан аккаастанар туһунан санаабатаҕа. Дьэ, бу дьиҥнээх рабочай-коммунист.
Таптыыр кэргэнин, Тамаратын, дойдутугар, Мэҥэ-Хаҥаласка, 1963 сылллаахтан 1980 сылга диэри Майаҕа үлэлээбитэ. Дьолун булбут сиригэр оҕолонон-урууланан ууһаан-тэнийэн барбыта. Бу кэми олоҕун саамай дьоллоох сылларынан ааҕар. Николай Егоровиһы Дьокуускайга бырабыыталыстыба автопаркатыгар үлэҕэ ыҥырбыттара. Оҕолоро улаатан, куоракка үөрэниэхтэрин наада, онон сибээстээн Тамаратын кытта сүбэлэһэн, куоракка көһөн киирбиттэрэ. Куорат ыала аатырбыттара хайы-үйэ 30-тан тахса сыл буолла.
Мартыновтар куоракка киирэн, сылаастык, сымнаҕастык олороллор. Иккиэн үлэлээн, пенсияҕа тахсыбыттара, ол эрээри пенсиялаах дьон быһыытынан быар куустан олорботтор.
— Сунтаар оройуонун Ситэриилээх комитетыгар (райисполкомҥа) 8 сыл, Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар райисполкомҥа, райкомҥа 18 сыл уонна правительственнай автобазаҕа 17 сыл эҥкилэ суох үлэлээтим”, — диэн кэпсиир Николай Егорович.
44 сыл устата массыынаҕа суоппардаабыта. Бастакы кылаастаах, биир да аварията суох үлэлээбит Николай Мартынов 1969 сыллаахха РСФСР суолун уонна транспорын министерствотын бастакы степеннээх үрдүкү знагынан наҕараадаланар чиэстэммитэ. Бу буолар үлэ киһитин чиэһинэй үлэтин үрдүктүк сыаналааһын.
Николай Егорович массыынаттан арахсан, Налоговай инспекцияҕа 13 сыл үлэлээн баран, бирикээстээх үлэттэн уурайан, пенсионер киһи быһыытынан олорор. Ол эрээри кини ким да дьаһала суох, бэйэтин баҕатынан, сүрэҕэ сөбүлүүрүнэн, өйө-санаата ылынарынан киинэҕэ устар, хаартыскаҕа түһэрэр дьарыктаах. Куоракка буолар араас тэрээһиннэргэ сылдьан, үгүс дьону киинэҕэ уһулар. Ити үлэтин республикатааҕы киинэни көрөр-харайар кииҥҥэ туттарар. Биирдиилээн көрдөстөхтөрүнэ да, киинэҕэ устар, сорохтор хаартыскаларын киниттэн туоһулаһаллар.
Бастакы кылаастаах суоппар 40-ча сыл устата айаннаабыт суолун барытын салгыы тутан, өрө тардан кэбиһэр буоллар, арааһа, ыйы ааһан, күҥҥэ чугаһыан сөп буолуо. Сири тула эргийии 44 тыһыынча км, арааһа сири биэс уончата эргийиэн сөп курдук. Бу биир киһи олоҕор уһун айан, ол эрээрин Николай Егорович билигин да эрчимнээх, күннэтэ бокуойдаммат.
Сэрии буолбатаҕа буоллар, кини олоҕо эриэ-дэхси баран, үөрэнэн идэ ылан үлэлиэ этэ. Баҕар, поэт бэрдэ буолуо хааллаҕа, эбэтэр кимиэхэ да тэҥэ суох бэрт дьикти кинооператор дуу, инженер дуу… Ол эрээри кини бу Орто дойдуга дьоллоохтук олорон кэллэ, дьон-сэргэ дириҥ ытыктабылынан туһанна, кини сатаабатаҕа, кыайбатаҕа суох курдук.
Николай Егорович сааһырбыт киһи быһыытынан, олоҕун эргитэ санаатаҕына, ханна да олордун, ханна да үлэлээтин саха норуотун чулуу дьоннорун кытта алтыспыт, бииргэ үлэлээбит, кинилэр дьаһалларын сиэрдээхтик толорбут, ол курдук, Д.Ф. Степанов, С.И. Васильев, Р.Г. Васильев, В.К. Степанов, М.П. Габышев, И.Г. Тимофеев, И.А. Матвеев, А.Е. Алексеев, Е.П. Уваров, Н.С. Охлопков, А.И. Чомчоев — бу республика бүтүннүүтэ билинэр, астынар, ылынар, ытыктыыр, сүгүрүйэр салайааччылара. Үлэлээбитин тухары кини биир да түгэҥҥэ сэмэлэммэтэҕэ, сыыһа-халты айаннаан саахалы таһаарбатаҕа, суолга-иискэ кимиэхэ да мэһэйдээбэтэҕэ, сырыыта сыыдамынан, айана түргэнинэн, кэлэрэ-барара чуолкайынан биллибитэ.
Таптыыр кэргэнигэр, олоҕун доҕоругар, оҕолорун ийэлэригэр, сиэннэрин эбээлэригэр Тамара Гаврильевнаҕа хоһоон тылын анаабытын ааҕыҥ эрэ:
Кыталыктыы дугунан,
Дьиэрэҥкэйдээн ааһаргын,
Оргууй үөһэ тыынаммын,
Уоран көрө хаалабын.
Хонуум нарын симэҕэ —
Нарын-намчы ньургуһун,
Мичилийэ сырдааҥҥын,
Мэлдьи суолбар көрсөҕүн.
Үлэ, үөрэх үөһүгэр
Үөрэ-көтө сылдьаргын,
Таптыы, көрө сылдьаммын
Көрө түһээт үөрэбин.
Бу хоһоон бэрт өрдөөҕүтэ Майаҕа суруллубут, кэлин да сылаас-сымнаҕас тыллаах хоһооннор сурулуннахтара, ону барытын хомуйан, чочуйан, холбоон хомуурунньук оҥорор буоллар, син үгүс дьон сүрэҕин хамсатар айымньылары ааҕыах этибит.
Ытыктабыллаах Николай Егорович, халбаҥнаабат коммунист, күннэтэ бокуойа суох олохтоох, мэлдьи үлэнэн үчүгэйи оҥоро сылдьааччы, төһө да 85 сааскын туолларгын, инниҥ диэки баран ис, сылайдаххына кыратык олоро түһэн сынньана түһээт, айымньылаах үлэҕин салҕаа, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ итии тапталларынан угуттанан уһуннук олор, сүүс сааскар диэри сүүрэ сырыт.