Adult Search

Якутский республиканский комитет

Коммунистической партии Российской Федерации

Адрес: Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, ул. Октябрьская, дом 3
Телефон: +7 (411) 23-66-151
Электропочта: mgm_2004@mail.ru

Хас биирдии киһиэхэ быһаарыллыбат боппуруостар, бүтэн быстыбат, хатылана турар сатамматах сыыһалар, туораттан туорайдаһыылар, мээнэ мэһэйдэр, аараттан алтыһар абарыылар, хоргутар хомолтолор хаһан баҕарар буолаллар.
Ол курдук кэпсэнэр киһибит улахан уола бириэмэ-бириэмэнэн итирик дьиэтигэр кэлэн чугас дьонугар муҥхаалланар. Дьиҥинэн арыгыны батыһа сылдьан иһээччи аатыгар киирсибэт. Бэйэтэ ыал аҕата. Ол аата балачча оттомурбут, көрүҥүнэн да бөҕө-таҕа эр бэрдэ. Ыалбыт аҕата билиҥҥи кэм кээмэйинэн кырата суох хамнастаах. Бэлэм хааччыллыылаах дьиэҕэ олорор буолан эр киһи быһыытынан туох да түбүгэ суох. Ол аата дьиэҕэ туох да туһата суох. Түүннэри кытары сырыылаах, баҕарда да массыыната бэлэм. Ханна сылдьарын бэйэтэ билэр. Арыт үлэтигэр борогууллуур да хамнас төлөөччүлэр эппиэтинэскэ тардыбыттара тоҕо эрэ көстүбэт.
 
                                                                         ***
Бэйэтин сааһыгар сайдыылаах, кыратыттан «мин» диэнин төрөппүттэригэр биллэрэр, тириэрдэр, «Чуораанчык» сурунаалтан түспүт курдук наһаа бэртээхэй үһүгэр сылдьар кыыс оҕолоохтор. Нууччалыы-сахалыы добдугураччы санаатын этэн тэйэр, истибэтэхтэринэ, толорботохторуна улахан бэйэлээхтик ытаан тоҕо барар. Кини иннин ылаары хайа эмит төрөппүтэ мөҕө-этэ сатыырын букатын ылымматын кэриэтэ. Кыысчаан бу маннык быһыытын, ааҕааччы «атаах», сатаан иитиллибэтэх оҕо диэн сөп. Оттон, мин санаабар, оҕо эрэ барыта кыратыттан бырачыастаһа, мөҕүллэрин билэ-билэ утарылаһа сатаабат. Онон бу кыысчаан олох оҥоһууларыгар бэйэтэ көрүүлээх, инникитин да бэйэтин суолун-ииһин сатаан тобулуо диэн санаа киирэр. Атыннык эттэххэ, күүстээх санаалаах диибин. Ардыгар арыгыһыт төрөппүттэрдээх курдук баттахтыын-таҥастыын арбаллан-сарбаллан тугун буруйугар кимиэхэ да наадата суох курдук мунан-тэнэн соҕотохтуу хоһугар хоноро буолуой?
                                                                        ***
Кэргэнэ быйыл үөрэҕин бүтэрэн үлэһит буолар. Кэрэ аҥаарын туһунан кылгастык эттэххэ, бэйэм хаста да истэн турабын, арыт чаас аҥарын кэриҥэ холуочук эрин кытары быыстала суох төлөппүөнүнэн субурутан этиһэрин. Хайаларын да сыыһа гыналлар диибин. Эр киһитэ өйдөөҕөр эппэтин хас үрүүмкэ кэнниттэн «быһаарсыыны» саҕалыыра буолла? Дьахтар өттүттэн эрим чугас суох буолан уһун сутуруга тиийиэ суоҕа диэбиттии хорсун быһыыта киирэн тыла тымтыктанара дуу?  Хас сырыы аайы кэннэ кээнчэ да буоллун диэн сиргэ силлиирдии хотон хообургуура дуу? Ким кырдьыгын билиэ баарай? Эбэтэр киһи итиригин да иһин куһаҕан тылы, быһыыны өйдөөн хаалар гына айылҕаттан айыллыбыта дуу? Толкуйдаан көрдөххө, туох туһа баар буолуон сөбүй – итирик  биитэр холуочук киһилиин аахсартан? Туох барыта сэттээх-сэмэлээх буолан кырыы тылын иһин кырбанара дуу? Умнуллубат эбиттэр куһаҕан тыллар, сыһыаннар. Ол иһин эргийэн хатылана тураллар – бүппэт  «быһаарсыылар», эн-мин диэн бэрт  эбэтэр былаас былдьаһыы. Биирдэ илиитин  көтөхпүт эрдээх дьахтар аҥардас эмиэ охсуллуом диэнтэн куттанан тылын кыатана туттара ордук буолуо буолбатах дуо? Була-була кириитикэлии сатаатахха боппуруос да мөлүйүөн, эппиэт да тыһыынчанан.
Онтон бу ахтыллан ааспыт ыал ийэтэ аһара диэн минньигэстик астыыр. Тутта-хапта сылдьара, тас көрүҥнүүн сымнаҕас. Сытар ынаҕы туруорбат, күөх оту тосту үктээбэт диэбиттии. Бу бэйэлээх отой ордооттуу, тырытта-тымтыктана сылдьара буолуо диэн санаа кимиэхэ да киириэ суоҕа. Киһи сирбэт кийиитэ. Үчүгэй өрүтүн аахтахха баһаам.  Олох атын-атын киһини кэпсиир курдук. Кыыһырбыт кырыыс тыллаах диэҥҥэ сөп түбэһэрэ дуу?
                
                                                                       ***
Туохтара тиийбэт буолан тыл тылга киирсибэттэрин ээр-сэмээр хайаларыттан да ыйыталаһан көрдөххө – олох оруна суохтан хатыйсаллар. Бэйэ-бэйэлэрин иннилэрин ылса сатыахтарын кэриэтэ бары болҕомтолорун, кыахтарын, тапталларын кыракый кыысчааннарыгар уураллара буоллар…
Ыал аайы тыл тылга киирсибэт түгэннэр син бааллар. Тус бэйэбэр да буолуталаан ылаллар. Ол аайы арыгы көмөтүнэн эппиэтэ суох хаалар боппуруостарбытын быһаарса сатыырбыт олуона буолаарай? Ол кэриэтин атах тэпсэн, уун-утары көрсөн олорон ким туох этиилээҕин, туохха сөпсөспөтүн билэ сатыыр ордук буолбатах дуо? Сатаан санаатын эппэккэ, быһаарсыбакка бытыылкаҕа бүтэйдии бэринэн, олоҕун устатын тухары арыаллаһыахтаах, араҥаччылыахтаах сэгэрин кэлэн сэмэлээтэҕэ буолан, эбиитин сутуругар сокуоннанан,  күүһүн-уоҕун кыттыһыннаран, кыратык да кыбыстан көрбөккө кэргэнин кырбыыра туохха да баппат быһыы буолбатах дуо? Өйдөөҕөр ардыгар кыыһырбыта быһыытыгар-таһаатыгар биллэн, муннунан да айаҕынан да тыыммат курдук буолан хаалар.
Уолбут куһаҕан өрүттэрин, быһыыларын хостуу сатыырбыт сатаммат курдук да  эбиитэ, омуна суох буолбут түгэннэри этэбин. Сүбэни истиэн да баҕарбат, тутатына быыппастар.
«Мин биирдэ даҕаны кимиэхэ даҕаны дууһабын арыйбатаҕым, арыйыам даҕаны суоҕа» диэн туох эрэ хорсун быһыыны оҥорор курдук кыыһырар. «Мин испэр туох санаалаахпын, кыһалҕалаахпын, миэхэ хайдах курдук ыараханын эһиги билбэккит… олох бэйэбэр тиийиниэхпин эрэ баҕарабын. Оннук акаары санаалар бааллар…» диэн биирдэ төлөппүөнүнэн хараҕын уутун туттуна сатыы-сатыы саҥара сатаата. Дьэ, бу кэнниттэн муус да сүрэхтээх киһи ытырыктата саныыр ини?!
                        
                                                                           ***
Холкутуйан толкуйдаатахха, дьэ, эн ааҕааччы итинниги иһиттэххинэ тугу сүбэлиэҥ этэй? Баҕар, биир буккуллааччыны кытары тэҥҥэ ытаһыа, иккис балыыһаҕа дуу, милииссийэҕэ дуу эрийиэ, үһүс сапсыйан кэбиһиэ, төрдүс «муҥнаныахтааҕар, кырдьык сынньаммыта ордук» диэ эбитэ дуу?  Эппиэт дьиҥинэн элбэх буоллаҕа дии. Бары тус-туспа буоламмыт…
                                            
                                                                          ***
Мин бэйэм биир үөрэхпинэн эмиэ психолог дипломнаахпын. Кинигэҕэ оннук суруллубут, ким эрэ маннык диир диэнинэн атын киһиэхэ сатаан быһааран биэрбэппин. Мин олохпор туттубут, буолбут алҕастарбынан сирдэтинэбин уонна ону холобур гынабын. Киһи бэйэтэ сатаабатын үөрэтэ сатыыра тиийбэт. Эмчиттэр ыалдьыбатах ыарыыларын сатаан эмтээбэттэр дииллэрэ оччотугар оруннаах курдук.
Арыгылаан айбардаабыт бэйэтэ эрэ биир үтүө күн өйдөөн, бэркиһээн, саллан, саатан «төбөтүгэр киирбит маһын» ыллаҕына эрэ, ити кыдьыгын быраҕар кыахтаах диэн түмүккэ кэлбитим син ыраатта. Ханнык да күүстээх эмчит дуу, ойуун дуу дьиҥнээхтик быраҕыан баҕарбат  кыһалҕалааҕы эмтээбиттэрин да иһин син биир туһата суох. Тоҕо наһаа быһаччы этэҕин диир эбит буоллахха, балайда тарбахха баттанар,  ыксабар сылдьар дьон эмтэппэккэ эрэ арыгы дьайыытыттан босхоломмуттарын билэбин. Баҕалаахха эмчит туһалааччы (проводник) эрэ буолар. Санаа күүһэ улахан оруолу оонньуур. Маннык түмүккэ наука эмиэ кэлэн сотору кэминэн эмчит да, быраас да аҕыйыыра буолуо дииллэр.
Бу маннык балаһыанньа элбэх ыалы хаарыйар. Анаан ахтыллыбыт, ырытыллыбыт ыаллар хаһыаты арыйан да көрбөттөрүн билэбин эрээри биир эмит атын ыал арыгы туһуттан арахсар кэмнэригэр мин ыстатыйам туһалаатаҕына – улахан  үөрүү, ситиһии.
                 
                                                                  ***
Чуолаан дьахталларга истибит, сэргээбит,  сөпсөспүт этиибин хатылыыбын – ыал ийэтинэн дииллэр, ыалга эр киһи итириктиир буоллаҕына дьахтар буруйдаах. Маҥнай маннык дииллэрин истэн баран, чахчытын эттэххэ, улаханнык өһүргэммитим. Кэлин толкуйдаан, атын ыаллары көрөн-истэн – сөпкө этэллэр эбит диибин.
Эр киһи айылҕаттан бас-көс. Киһиэхэ сыһыаннаан көрдөрдөххэ да эр киһи – бас эбэтэр төбө, дьахтар – моой. Эр киһи айылҕаттан күүстээх санаалааҕын иһин, кини  мунаарар боппуруоһун сатаан тылга тиһэн ис санаатын этиммэтэ улахан көммөт буруй буолбатах. Ис иһигэр киирдэххэ буруй төрдө-төбөтө эмиэ дьахтарга тиийэр. Ол дьахтарынан буолар – бириэмэтигэр уолугар сөптөөх иитиини, болҕомтону, тапталы биэрбэтэх ийэ. Ийэ да, кэргэн да буол – дьахтаргын. Дьахтар хаһан хайдах сыыһа туттубута оҕотун атын дьоҥҥо, олоххо сыһыаныгар арылыччы көстө сылдьар эбит. Онон хас биирдии кэрэ аҥаар аҥардас арыгыны, эр киһини буруйдаабакка эрэ моой хайа диэки эргийэр да бас-төбө ол диэки кыҥнайарын, хамсыырын өйдүөхтээхпит. Бэйэбит өйбүтүн-санаабытын сатаан чуолкайдык этэн-тыынан, кими да туора туппат, хомоппот курдук моойбутун салайыннахпытына ыал быһыытынан толору дьоллоохтук олоруохпут дии саныыбын. Ол аата тоһоҕолоон эттэххэ, оҕолорбут, күүстээх аҥардарбыт олохторо-дьаһахтара, майгылара-сигилэрэ, барыта биһигиттэн – дьахтартан  тутулуктаах.
                       
***
 
Былыргыттан дьон санаатын этинэрэ туһалааҕын билинэннэр таҥара дьиэлэригэр хараҥа хостор бааллар. Аныгы психологтар биитэр билиҥҥи бириэмэҕэ биллибит көрбүөччүлэр көрдөһөр дьоҥҥо үлэлиир методикалара биир соҕустар. Кыһалҕаны быһаарар кэмнэригэр үксүн кэлбит киһини бэйэтин тэҥҥэ үлэлэтэллэр. Мунаарар боппуруоһун санаан кэпсии олорон тугу сыыһа гынарын булан ылар.