Минимум программа партия кэскиллээх соруктарын толорорго бастакы уталытыллыбат дьаһаллары туруорар. Ити программа үлэлээн иитиллээччилэр киэҥ араҥаларын ортотугар үөскээн тахсыбыта. Кинилэр Норуот референдумугар, элбэх ахсааннаах утарсыылаах акцияларга, манифестацияларга уонна мунньахтарга өйөөбүттэрэ.
Ол иһин билиҥҥи кэмҥэ РФКП маннык соруктары туруорар:
— үлэлээн иитиллээччилэр, народнай-патриотическай күүстэр былаастарын олохтуурга;
— дойду эстиитин тохтоторго, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ чэпчэтиилэри төннөрөргө, дьон-сэргэ барыта туһанар оҕо садтарын ситимин чөлүгэр түһэрэргэ, эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйарга;
— Россия айылҕатын баайын уонна экономика дьоһун суолталаах кэскиллээх салааларын государство бас билиитигэр биэрэргэ. Бу салаалартан киирэр дохуоту норуот туһатыгар туттарга;
— тас дойдулар бааннарыттан государство саппаас үбүн Россияҕа төннөрөргө, ону экономическай уонна социальнай сайдыыга туһанарга;
— быыбары ыытыыга кэрээнэ суох албыннааһын ситимин суох оҥорорго;
— дьиҥ-чахчы тутулуга суох сууттуур ситими олохтуурга;
— дьадайыыны утары охсуһар суһал программа дьаһалларын олоххо киллэрэргэ, олоххо тыын суолталаах туттуллар табаардарга уонна эмкэ-томко сыаналары государственнай хонтуруолга ыларга;
— дьон-сэргэ олоҕун мөлтөтөр уонна дойду айылҕатын баайын хоро таһарга кыаҕы биэрэр сокуоннары, бастатан туран — чэпчэтиилэри «монетизациялааһын» туһунан сокуону, Үлэ, Олох-дьаһах, Сир, Ойуур уонна Уу кодексаларын хаттаан көрөргө. Пенсияҕа тахсар сааһы үрдэтиини тохтоторго;
— былаас олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба иһин эппиэтинэһин ситиһэргэ, коммунальнай өҥө иһин төлөбүр кээмэйин дьиэ кэргэн дохуотун 10 %-тан ордуга суох олохтуурга; дьону дьиэтэ-уота суох хаалларыыны тохтоторго, государство олорор дьиэни тутуутун кэҥэтэргэ;
— науканы үбүлээһини улаатыннарарга, учуонайдар дьоһун хамнастаналларын уонна чинчийэр үлэлэригэр туох баар наадалааҕынан хааччыйарга;
— хас биирдии оҕо уонна студент босхо орто уонна үрдүк үөрэхтэниитин үрдүк стандартарын төннүннэрэргэ;
— хас биирдии киһиэхэ туһалыыр уонна үрдүк хаачыстыбалаах доруобуйа харыстабылын олохтуурга;
— наукаҕа олоҕурбут производствоны күүскэ сайыннарарга;
— дойдуну аһынан-үөлүнэн хааччыйыыны уонна айылҕа содулларыттан куттал суох буолуутун олохтуурга;
— тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар уонна ону аска-үөлгэ кубулутар бөдөҥ хаһаайыстыбалары өйүүргэ;
— ис иэһи тас иэстэн бастата тутары олохтуурга, алдьатыылаах «реформалар» сылларыгар умайбыт нэһилиэнньэ харчынан ууруутун төнүннэриини модьуйарга;
— нолуоктааһыҥҥа кэмэ суох байбыттарга үрдээн иһэр кээмэйи киллэрэргэ, кыра дохуотаах дьону нолуоктан босхолуурга;
— государственнай салайыы ситимин көдьүүһүн үрдэтэргэ, чунуобунньуктар ахсааннарын сарбыйарга, үлэ коллективтарын уонна профсоюзтар бырааптарын кэҥэтэргэ;
— аччыгый уонна орто кээмэйдээх урбаанньыттар сайдар усулуобуйаларын тэрийэргэ;
— культурнай баайы-дуолу бар дьон туһатыгар таһаарарга, культураны коммерциялааһыны тохтоторго, элбэх омуктаах Россия өй-санаа өттүнэн биир ньыгыл буолар төрүөтүн быһыытынан нуучча культуратын, дойду бары норуоттарын национальнай культураларын көмүскүүргэ;
— иһитиннэрэр-биллэрэр маассабай средстволарынан нэгэй уонна саата суох быһыыны пропагандалааһынтан обществоны көмүскүүргэ; сокуону тутуһар бары политическай күүстэри государственнай иһитиннэрэр-биллэрэр маассабай средстволарга киириилэрин хааччыйарга; российскай уонна советскай историяны хараардыыны тохтоторго;
— коррупцияны уонна буруйу оҥорууну хам баттыырга саамай сорунуулаах дьаһаллары ыларга, оҥорон көрөн банкроттааһын ньыматын (иэһи төлүүртэн куотунуу) практикатын тохтоторго, рейдерскэй былдьаан ылыыга мэһэйдэри оҥоруохха;
— дойду көмүскэнэр кыаҕын бөҕөргөтөргө, Сэбилэниилээх Күүстэри норуоту утары туһаныыны, хапытаалы көмүскээччилэр наймыламмыт армияларын тэрийиини сокуонунан бобуохха, байыаннай сулууспалаахтар уонна быраабы араҥаччылыыр органнар үлэһиттэрин социальнай көмүскэллээх буолууларын кэҥэтэргэ;
— Россия территорията тыытыллыбат буолуутун хааччыйарга уонна тас дойдуларга олорор биир дойдулаахтарбытын көмүскүүргэ;
— дойдулар уонна норуоттар хардарыта убаастабыллаах сыһыаннарыгар олоҕурбут тас политиканы ыытарга; көҥүл өттүнэн Союзнай государствоны чөлүгэр түһэрэргэ көмөлөһөргө.
Маны барытын криминальнай-компрадорскай хапытаал былааһын кытта туруулаһан охсуһуу түмүгэр ситиһиэххэ сөп. Биһиги бары үлэлээн иитиллээччилэри кэскилбитин түстүүр, айар-тутар дьон кэккэтигэр тураргытыгар ыҥырабыт.