Adult Search

Якутский республиканский комитет

Коммунистической партии Российской Федерации

Адрес: Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, ул. Октябрьская, дом 3
Телефон: +7 (411) 23-66-151
Электропочта: mgm_2004@mail.ru

Главные

события

классовой

борьбы

Красный Первомай в Якутии: «Хватит терпеть!»
Будем достойными наследниками Победы!

Бу µлэґит династияны тірµттээччи — Василий Спиридонович Десяткин. Кини 1919 сыл тохсунньу 6 кµнµгэр Доллу нэґилиэгэр Ойбон кілµйэ алааґыгар элбэх о±олоох ыалга сэттис о±онон тіріібµтэ. А±ата Спиридон Иванович Десяткин, ийэтэ Анастасия Алексеевна Стручкова — Доллу тірµт олохтоохторо.
Баґылай 1936 сылтан “Сирдиир тэрээґин” колхозка µлэлээбитэ. Хонуу биригээдэтигэр, µксµн сайынын окко, 1939 — 1940 сылларга кыґынын Ааллаах ҐµІІэ айаІІа сылдьыґара. 1940 сыл бµтµµтэ Майа±а µс ый µірэнэн, тракторист идэтин баґылаабыта.
Трактористар курстарын бииргэ бµтэрбит Иннокентий  Андросовтыын Майаттан µс тракторы (биир “Интер”, икки “ХТЗ”,  биирдэрин кітµрэн тиэйэн) µс хонук айанаан, дойдуларыгар а±алан, ТіІµлµгэ саІа МТС аґыллыытыгар улахан тіґµµ кµµс буолбуттара. Ити кэмтэн 1978 сылга диэри араас мааркалаах трактордар уруулларыттан илиитин ыґыктыбата±а. Сэрии тиґэх сылларыттан МТС 1957 сыллаахха сабыллыар диэри тракторнай биригээдэ биригэдьииринэн таґаарылаахтык µлэлээбитэ.
Сэрии кэмигэр кыргыс толоонугар уонна µлэ фронугар барбыт бииргэ тіріібµттэрин о±олорун а±ата Спиридон Ивановичтыын кірін-харайан, тыыннах хаалларбыттара.
Убайа Дьігµір Десяткин 1941 сылга сэриигэ ыІырыллыбыта. Кини — 112 стрелковай дивизия байыаґа, Москваны кімµскээґин уонна Сталинград анныгар фашистары тігµрµктээґин актыыбынай кыттыылаа±а. 1943 сыл кулун тутарыгар Орловскай уобалас Севскэй оройуонугар хорсуннук сэриилэґэ сылдьан, оло±ун  толук уурбута.
Быраата Арамаан Десяткин эмиэ бастакы хомуурга ыІырыллыбыта. Кини, полковник В.И. Полосухин хамандыырдаах Кыґыл Знамялаах 32-с дивизия байыаґа, 1941 сыл 굴µнµгэр аатырбыт Бородино хонуутун кімµскэспитэ. Арамаан Москва анныттан істіі±µ µµрµµ кэмигэр, 1942 сыл олунньугар, Можайскай куорат аттыгар сура±а суох сµппµтэ.
Саамай улахан убайдара Сэмэн Ааллаах ҐµІІэ таґа±ас таґа сылдьан, 1942 сыл сааґыгар муІурунан ыалдьан, олохтон туораабыта. Иккис убайа Мэхээчэ µлэ фронугар ыІырыллан Томпо, Јлµіхµмэ сирдэригэр байыаннай аэродромнары тутуспута. Быраата Кістµµн эмиэ µлэ фронугар БулуІІа балыкка µлэлээбитэ.
МТС эстибитин кэннэ а±абыт Максим Горькай аатынан колхозка, кэлин совхозка  тракториґынан пенсия±а тахсыар диэри таґаарыылаахтык µлэлээбитэ. Оло±ун тиґэх сылларыгар кыґынын Тумулга механизированнай зернотогу µлэлэппитэ.
Кини бэйэтин эрэ иннин кірµммэтэ, хамнас диэни эккирэппэтэ, ханна наадалаах да, онно µлэлиирэ. Саамай санаатын уурар дьыалата — хаачыстыба, онон µµнэр кілµінэ±э µтµі холобур буолара. Элбэх сыл мунньуммут опытын кимиэхэ да харыстаабакка, тэІІэ µллэстэрэ, техника ымпыгын-чымпыгын билэргэ µгµс эдэр дьону µірэппитэ. Ол курдук, киниттэн уґуллубут Роман Верховцев, Силин Власов, Егор Птицын оройуон уонна республика биллэр механизатордара буола µµммµттэрэ.
А±абыт на±араадалара: “1941 — 1945 сс. А±а дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх µлэтин иґин” мэтээл, “Бочуот Знага” уордьан, “Ґлэ ветерана” уонна юбилейнай мэтээллэр, Саха АССР Ґрдµкµ Сэбиэтин Президиумун грамотата, “Саха АССР 40 сыла” диэн тµіскэ кэтэр бэлиэ, МТС, оройуон, колхоз, совхоз µгµс грамоталара, махтал суруктара.
Маны таґынан МэІэ ХаІалас оройуонун Максим Горькай аатынан колхоз (совхоз) Бочуотунай кинигэтигэр киллэриллибитэ. Ґлэ±э µрдµк ситиґиилэрин иґин массыына уонна да атын фондаларынан бэлиэтэммитэ. Тыа хаґаайыстыбатыгар µлэтин ыстааґа 42 сыл (1936 — 1978 сс.), ол иґигэр 37 сыл трактористаабыта.
Ийэбит Марфа Иннокентьевна Шарина (тіріібµтµнэн Марфа Михайловна Захарова) 1924 сыл от ыйын 12 кµнµгэр Баатара нэґилиэгин Сыырдаах біґµілэгэр тіріібµтэ. А±ата, Михаил Данилович Захаров, маІнайгы кэргэниттэн 9 о±олоо±о. Ийэтэ Анна Егоровна Калачева АраІастан тірµттээ±э.
1931 сыллаахха сэттэ саастаа±ар а±ата ілін, ийэтэ иккистээн кэргэн баран, Доллу сиригэр Бэрэ±э кіґін кэлбитэ. Онно Шарина диэн буолбута. Ол кэмтэн ылата µгµс µлэни-тµбµгµ кірсµбµтэ. Оскуола±а µірэммэккэ, кыра сааґыттан колхозка µлэлээбитэ. Кини 1940 сыллаахтан “Тардыы” колхоз чилиэнэ этэ.  
Сэрии ыар тыына Марфа Иннокентьевна дьыл±атыгар кµµскэ охсубута. Ол курдук, улахан убайа Лука Михайлович  1902 сыллаахха тіріібµтэ), 45-с гвардейскай дивизия байыаґа, Ленинград оборонатын кыттыылаа±а, 1943 сыл тохсунньу 15 кµнµгэр блокаданы кіІµ кітµµ кэмигэр Синявин µрдэллэрин иґин кыргыґыыга хорсуннук сэриилэґэ сылдьан охтубута. Ленинградскай уобалас Выборг оройуонун Дубровка дэриэбинэтигэр кімµллµбµтэ (17 нµімэрдээх сэриигэ ілбµттэр бииргэ кімµллµбµт сирдэрэ).
Иккис убайа Дмитрий Михайлович (1910 сыллаахха тіріібµтэ) Москваны кімµскээґин кыттыылаа±а, 1943 сыл от ыйыгар Ар±ааІІы фроІІа сэриилэґэ сылдьан сура±а суох сµппµтэ, ханна кімµллµбµтэ биллибэт.
Марфа 16 сааґыгар µлэни кыайар эр дьон сэриигэ барбыттарын кэннэ 1941 сыл от ыйын бµтµµтэ “Тардыы” колхоз аатыттан трактористар курстарыгар µірэнэ барбыта. Тракторист идэтигэр Дьокуускай куоракка “Школа механиков” диэн аатырар, кэнники 1 №-дээх  СПТУ буолбут Таалай кµіл µрдµгэр Ломоносов уулусса±а турар тэрилтэ±э µірэммитэ.
Оскуола биир кылааґыгар µірэммэтэх, сатаан суруйбат кыыс наар кірін уонна истэн эрэ µірэнэрэ, ол да буоллар кэнникилэр ахсааннарыгар сылдьыбыта биллибэт. Тіґі да сэрии кэмэ буоллар, ити бириэмэ±э тыа кыыґа театр, музей диэннэри билбитэ, сырдыкка-кэрэ±э тардыґыыта кµµґµрбµтэ.
Кини ити ыра санаатын кэлин о±олоругар иІэрбитэ. Трактористар курстарын бµтэриэ±иттэн 1942 сыл саІатыттан 1950 сыллаахха диэри ТіІµлµтээ±и МТС-ка ХТЗ, НАТИ трактордарга µлэлээбитэ. Ити кэмІэ таґаарыылаах µлэлээх, биир бастыІ тракторист быґыытынан биллибитэ, µксµн старшай тракторист эбээґинэґин толороро.
Доллу, Дьабыыл, Дьанхаадыга, Мэлдьэхси, АраІас нэґилиэктэригэр элбэх кырыс сири, тыаны солообута. Ол сирдэртэн соро±о билиІІэ дылы бааґына буолан тураллар. Холобура, Дьанхаадыга — Маандай, Буор ылар, Доллуга — Калинин, Балыктаахха — Уґун эбэ, Дьабылга — Чаачыгый солооґуннара.
Марфа Иннокентьевна 1949 сыллаахха кыґыары 굴µн МТС тракториґа Василий ДесяткиІІэ кэргэн тахсыбыта. Ол кэмтэн ылата Тумул сайылык олохтоо±о буолбута. Эр дьону кытта тэІІэ µлэлиир, хоодуот тракторист кыыс кэргэн тахсыа±ыттан саталлаах хаґаайка буоларын кірдірін, а±а кынна Спиридон  Иванович, Тумул олохтоохторун убаастабылларын ылбыта.
Дьиэ-уот туттар, сµіґµ-ас тэринэр наадатын ійдіін, хаґаайыстыба уруулун бэйэтин илиитигэр ылбыта уонна ону чиэстээхтих толорбута. Сыллата кэриэтэ о±олоно-о±олоно, тохтоон кірбіккі, сµіґµ кірµµтµгэр µлэлээбитэ. Хотон ыарахан µлэтин, улахан дьиэ тµбµгµн, элбэх о±о аґын-таІаґын булууну сатаан дьµірэлиир сатабыллаа±а. То±уста о±оломмутуттан, элбэх сыратын биэрэн, а±ыс о±ону ата±ар туруоран, олох киэІ суолун эрэллээхтик булларбыта. 60-с сылларга отделения±а биир бастакынан биирдии ынахтан 2000 киилэттэн тахса µµтµ ыыры ситиспитэ.
На±араадалара: “1941 — 1945 сс. А±а дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх µлэтин иґин”, “Ґлэ ветерана” уонна µгµс юбилейнай мэтээллэр, “Ийэ±э албан аат” I уонна II степеннээх мэтээллэрэ, “Ийэ±э албан аат II уонна III степеннээх” уордьаннара, оройуон, колхоз уонна совхоз µгµс грамоталара. Тыа хаґаайыстыбатыгар µлэтин ыстааґа — 34 сыл.
Сэбиэскэй былаас кімітµнэн сэрии кэннинээ±и ыарахан сылларга Марфа Иннокентьевна уонна Василий Спиридонович а±ыс о±ону ата±ар туруоран, µірэхтээн олох суолугар атаарбыттара.
О±олор бары оскуола сылларыттан тыа хаґаайыстыбатыгар µлэлээбит, µлэлии да сылдьар дьон. Кинилэр о±олоро, сиэттэрэ, кµтµіттэрэ, кийииттэрэ µлэлэрин уопсай ыстааґа кµн бµгµн 477 сыл буолбут, этэІІэ буолла±ына іссі да эбиллиэ турда±а.
Ґлэ династиятын испииґэгэр киирбит  а±а саастаах бииргэ тіріібµттэр µлэ±э µрдµк ситиґиилэрин иґин Россия, Саха сирин µтµілээх, бочуоттаах µлэґиттэрэ, элбэх уордьан, мэтээл кавалердара, нэґилиэк, улуус, республика бочуоттаах олохтоохторо. Кинилэртэн эдэрдэр да хаалсыбаттар, тыа хаґаайыстыбатыгар ыытыллар араас республика, улуус кµрэхтэґиилэрин, конкурстарын кыайыылаахтара. Онон сэрии ыар сылларыгар дойдуларын кімµскээбит буойуттар, тыыл чулуу µлэґиттэрин олохторо о±олоругар, сиэттэригэр сал±анар.            
Самныбыт саханы саахтаах
хотонуттан таґааран сырдык,
сайдыылаах оло±у бэлэхтээбит, µгµс дьон ис кыахтарын арыйан дойду балысхан
сайдыытыгар тириэрпит дьиІнээх норуот былааґа — Советскай Союз олохтоммута
100 сылынан биир дойдулаахтарбын э±эрдэлиибин!
Ситиґиилээх, уґун
дьоллоох оло±у ба±арабын!

Роман ДЕСЯТКИН,
биологическай наука доктора,
РФКП Саха сиринээ±и комитетын чилиэнэ.