Бүгүн биһиги киэн тутта кэпсиир киһибит - улахан буукубаттан суруллар Учуутал, салайааччы, нэһилиэкпит биир кырдьаҕас олохтооҕо, 93 сааһыгар сылдьар ССРС, Российскай Федерация норуотун үөрэҕириитин туйгуннара, "1941-1945 сс. Аҕа дойду улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин", "В. И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан килбиэннээх үлэтин иһин" мэтээллэринэн бэлиэтэммит, Саха Республикатын үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ, Саха Республикатын бочуоттаах ветерана, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, "Коммунистическай Партияҕа уһулуччулаах кылаатын иһин" уордьан уонна элбэх үбүлүөйдээх мэтээллэр кавалердара, элбэх кинигэлэр, ыстатыйалар ааптардара Ульяна Терентьевна Тимофеева буолар (снимокка: уҥаттан уһус).
Ульяна Терентьевна 1930 сыллаахха балаҕан ыйын 10 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонун Тамалакаан нэһилиэгэр колхозтаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ барахсаттар оччотооҕу эмп-том кэмчи, аас-туор олох кэмигэр эрдэ олохтон туорааннар, тулаайах хаалбыт Ульяна Терентьевнаны икки кыра бырааттарын кытта амарах санаалаах Терентий Дмитрьевич, Мария Прокопьевна Тимофеевтар ииттэ ылан, төрөппүт оҕолорун курдук көрөн- истэн, улаатыннаран, үөрэхтээх, үлэһит дьон оҥортообуттар. Ити дьонун туһунан Ульяна Терентьевна үгүс ахтыыларыгар бэрт иһирэхтик, ардыгар киһи долгуйуон да курдук олус истиҥник ахтар. 1950 сыллаахха Бүлүү педагогическай училищетын бүтэрээтин кытта, эдэркээн учуутал кыыһы оройуон биир кырдьаҕас оскуолатыгар — Далыр оскуолатыгар аныыллар. Онтон кэлин Ороһу, Тойоку оскуолаларыгар үлэлэтэллэр. 1960 сылтан баара-суоҕа 30 саастаах, уон сыл ыстаастаах эдэр учууталы партия райкомун бюротун уурааҕынан үөрэх оройуоннааҕы салаатын сэбиэдиссэйинэн аныыллар. Үөрэх салаатын салайыы курдук улахан эппиэтинэстээх үлэҕэ оройуон оччотооҕу салалтата ылла да анаабатаҕа биллэр. Бэркэ кэтээн, үөрэтэн көрөн баран, чахчы да үлэлиир кыахтааҕын, методическай өттүнэн бэлэмнээҕин, салайар дьоҕурдааҕын билэн анаабыт буолуохтаахтар. Ол кэмин туһунан Ульяна Терентьевна маннык ахтар: "Үлэһит педколлективтарга утумнаахтык үлэлээбит, учууталлар мунньахтарын уураахтарын олоххо килэриигэ быыстала суох үлэлэспит комсомол райкомун чилиэнин быһыытынан лектор, пропагандист буоламмын, улахан уустуктары көрсүбэккэ эрэ үлэҕэ-хамнаска тута киирсэн барбытым. Кэлиини-барыыны кыайарым, онон араас суолунан-ииһинэн (атынан, грузовой массыынанан, тракторынан) оройуоммун баһыттан атаҕар диэри сыыйбытым. Оскуолаларга барыларыгар сылдьан, дьону-сэргэни, учууталлары, иитээччилэри, оскуолалар салайааччыларын кытта алтыспытым". Ол сылларга суол-иис мөлтөҕүн, кэлэргэ-барарга сөптөөх техника тиийбэтин таһынан, оскуолалар материальнай базалара мөлтөҕө, үөрэтэр нагляднай пособие, учебник да аҕыйаҕа. Үгүс оскуолалар оһоҕунан оттуллар буолан, тымныылара. Ону сэргэ, педагогическай кадрдар методика өттүнэн билиилэрин хаҥатыы наадата күүскэ турара. Оччолорго оройуоҥҥа икки эрэ орто оскуола баара, онон интернаттары аһан үлэлэтии эмиэ күннээҕи бэбиэскэттэн түспэтэ. Ити үлэни барытын салайыы, сүрүннээһин Ульяна Терентьевна нарын санныгар сүктэриллибитэ.
Бу да сырыыга Ульяна Терентьевна партия киниэхэ сүктэрбит итэҕэлин чиэстээхтик толорбута. Оскуолаларга үөрэх хаачыстыбата сыыйа тупсан барбыта. Евдокия Афанасьевна Егорова директордаах Мэйик начальнай оскуолата оҕону иккис сылын хаалларбакка, 100 бырыһыаннаах үөрэҕи ситиһиитэ республикаҕа холобур буолан, бастыҥ уопут быһыытынан тарҕаммыта. Оскуолалар материальнай-техническай базалара сыыйа тупсан барбыта. Онтон кэлин үөрэх салаатыгар инспектор быһыытынан үлэлиир кэмигэр олус ирдэбиллээх, ол эрээри хас биирдии учууталга методика өттүнэн үтүө өрүттэрин ыйан туран, итэҕэһин- быһаҕаһын сүрдээх тиийимтиэтик, хайа баҕарар киһи ылынарын курдук сүрдээх үчүгэйдик ырытан, быһааран биэрэр этэ диэн учуутал кэллиэгэлэрэ ахталлар. 1980 сыллаахха кулун тутарга Ульяна Терентьевнаны райсовет солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн талаллар. Ити сылларга райсовет бэрэссэдээтэлинэн улууспут биир киэн туттар киһитэ, кэлин республика таһымнаах улахан дуоһунастарга үлэлээбит Сидор Афанасьевич Филиппов талыллан үлэлиирэ. Ити сылларын туһунан Ульяна Терентьевна: "Кини курдук дьон киһитин, үтүө үлэһити, сатабыллаах салайааччыны кытта 4 сыл устата оройуоммут сайдарын туһугар бииргэ үлэлээбиппинэн киэн туттабын. Ол сылларга оскуола оҕотун сайыҥҥы сынньалаҥын кэмигэр лааҕырдары тэрийэн, үлэҕэ уһуйууга, оройуон ыччата производствоҕа быһаччы кыттыытын хааччыйыыга улахан хамсааһыннар тахсыбыттара", - диэн ахтар. Ульяна Терентьевна лектор, пропагандист, агитатор да быһыытынан тэҥнээҕэ аҕыйах буолуо дии саныыбын. Өр сылларга наар салайар эргимтэҕэ, үөрэҕирии эйгэтигэр сылдьыбыт буолан, республика, оройуон кадрдарын билэрэ-көрөрө элбэҕэ, онуоха эбии айылҕаттан бэриллибит умнугана суоҕа, кини бэсиэдэлэрин киэргэтэллэрэ саарбаҕа суох. Истээччилэрин эргиччи көрүтэлээт, олус чуолкайдык, уу сахалыы саҥаран-иҥэрэн киирэн бардаҕына, кыра бэйэтэ улааппыкка, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, тупсубукка дылы буолар. Аныгы дьон ардыгар наһаа уһаата диэн ахсарымаары гыналлар да, өйдөөн иһиттэххэ, барыта сонун, билбэтэххин билэҕин, истибэтэххин истэҕин. Былыр үлэлээн ааспыт дьонун ааттарын- суолларын толору билэрин, туох мунньах буолбутун, онно ылыммыт уураахтарын кытта, бэҕэһээ буолан ааспытын курдук чуолкайдык этэрин сөҕөҕүн эрэ. “Үөһээ Бүлүү” хаһыат биир саамай актыыбынай селькора, кини суруйар ыстатыйалара өрүү даҕаны историческай өттүнэн чуолкайдаммыт, үксүн статистика сыыппараларынан бигэргэтиллибит буоланнар, олус ылыннарыылаахтар, кэрэхсэбиллээхтэр. Коммунист быһыытынан олохтоох партийнай тэрилтэ холобурга сылдьар чилиэнэ, төһө да сааһырдар, партийнай сорудахтан хаһан да аккаастаммат, ыарытыйабын, сылайдым диэн тыллары киниттэн хаһан да истибэккин. Кырдьаҕас коммунистар, уһулуччулаах партийнай салайааччылар тустарынан наар сырдата, кэпсии, билиһиннэрэ сылдьар. Билиҥҥэ диэри элбэхтик ааҕар, ону сэргэ үгүс хаһыаты, ол иһигэр партийнай бэчээти суруттаран ааҕар, ырытар. Ол да иһин олус элбэҕи, сонуну билэр, быһата, олох-дьаһах, политика үөһүгэр сылдьар. Дэлэҕэ да кинини чугастык билэр дьоно, биир идэлээхтэрэ, идиэйэлээхтэрэ "хаама сылдьар энциклопедия" диэн таптаан, ытыгылаан ааттыахтара дуо Маны сэргэ, Ульяна Терентьевна оройуон, улуус дьиҥнээх патриота. Биһиги улууспутугар үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааспыт XX үбүлүөйдээх Манчаары оонньууларын тэрээһинигэр оонньуулары өйүүр фонда нөҥүө харчы хомуйуута буолбутугар ыҥырыы таһааран, пенсиятыттан ый аайы харчы уган турар. Ити үтүө холобур улуус элбэх пенсиялаахтарынан өйөммүтэ. Оҕо сааһыттан төрөөбүт сиргэ-уокка бэриниилээх буолуу тыыныгар иитэр үтүө дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибит буолан, улууһун туһунан ханна эмит мөкү соҕустук аҕыннахтарына сүрдээх ыарыылаахтык ылынар. Онтон хайҕал тылларын иһиттэҕинэ, оҕолуу үөрэр. Ити кини үөрэҕирии эйгэтин салайар үлэҕэ уонна райсовет председателин солбуйааччынан үлэлээбит буолан, улууһун туһугар олус ыалдьа үөрэммититтэн буолар. Алын сүһүөх кылаастарга уонна Саха государственнай университетын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэн, биология, география учууталынан уонна оройуоннааҕы үөрэх салаатыгар үлэлиир сылларыгар эдэр учууталларга олус болҕомтолоохтук, амарахтык сыһыаннаһарын, сүбэлиирин-амалыырын, дьиҥнээх наставник буоларын туһунан элбэх ахсааннаах араас көлүөнэ учууталлар киниэхэ махтанан, элбэхтик суруйан тураллар. Ол ахтыылары түмэн, улуустааҕы үөрэх салаата "Сырдыгы сыдьаайар аналлаах" диэн ытык киһилэригэр, наставниктарыгар Ульяна Терентьевнаҕа анаан дьоһуннаах кинигэни таһаартаран турар. Кини өссө 58 сыл Коммунистическай партия кэккэтигэр сылдьар партийнай наставник, кэнники сылларга дойдуга ыччаты иитиигэ үөрэҕириини сэргэ сиэр-майгы, уопсай культура, патриотизм боппуруостарыгар арҕааҥы дойдулар сабыдыаллара охсон, ыарахаттар үөскээбиттэрин өрүү долгуйа ахтар, ону туоратарга бэйэтин кэккэ сонун, сэргэх этиилэрин киллэрэр. Ульяна Терентьевна үйэтигэр элбэх үтүө салайааччылары, дьоһуннаах дьону кытта бииргэ алтыһан үлэлээбитин туһунан астына, киэн тутта ахтар. Ол дьонноруттан олус истиҥник-иһирэхтик манна үлэлээн баран, өр сылларга республикабытын салайбыт, саха норуота киэн туттар дьонун Гаврил Иосифович Чиряевы, Юрий Николаевич Прокопьевы ахтар. Кинилэр курдук улахан салайааччылар оскуолаларын ааспыт буолан, билиигэ-көрүүгэ ураты тардыһыылаах, салайар үлэҕэ дьоҕурдаах, хас биирдии суругун, этиитин, дакылаатын олус эппиэтинэстээхтик, дириҥник ырытан, анаалыстаан бэлэмниир идэлээх.
Итини сэргэ Ульяна Терентьевна нэһилиэкпит биир убаастанар ыалын, улууспут биир бастыҥ учуутала, Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна Надежда Ивановна уонна эргиччи талааннаах электрик Анатолий Семенович Сантаевтар тапталлаах ийэлэрэ, эйэҕэс эбээлэрэ, хос эбээлэрэ буолар. "Сиэннэрим олох үөрэхтээх дьон буолуохтаахтар, онно мин хайаан да туох кыалларынан барытынан көмөлөһүөх тустаахпын", – диэн бигэ санаалаах. Ол да курдук, сиэннэрин олох кыраларыттан көрсөн, биэбэйдэһэн улаатыннартаата. Эбээ үөрэтэн-такайан, сиэннэр бары оскуолаларын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбиттэрэ. Эбэтин аатын сүкпүт орто сиэн Ульяна учууталлар династияларын салҕааччы, кыра кыыс сиэн Сайаана оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн үөрэнэн бүтэрэн, Дьокуускай куоракка ХИФУ студентката. Онтон улахан сиэнэ Павлик Сантаев өссө 6-с кылааска үөрэнэ сылдьан эбэтигэр маннык хоһоону анаабыт эбит:
Мин эбэм барахсан
Үлэһит да буоллаҕыҥ,
Миигин көрө сылдьаҕын
Үтүө санаалаах эбээҕин
Аһылыгы буһарбытыҥ
Минньигэс да буолааччы,
Блиныгын, бэрэскигин
Сөбүлээммин сиибин.
Павлик билигин үрдүк кылаастаах программист, кэргэннээх, эбээлэригэр икки хос сиэни бэлэхтээн, уйан сүрэҕин долгутан тураллар. Ульяна Терентьевна сиэннэрин, хос сиэннэрин туһунан сүрдээҕин көтөҕүллэн туран кэпсиир. Саха кырдьаҕас киһитин сиэринэн, сэрэнэн, кинилэр ситиһиилэриттэн истиҥник үөрэн, мичээрдээн ылар. Ытык киһибит, учууталлар Учууталлара, коммунистическай партия эрэллээх саллаата, үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйар наставникпыт Ульяна Терентьевна, бу курдук сүүһүнэн, тыһыынчанан да буолуо, ииппит, үөрэппит, учуутал алыптаах идэтигэр уһуйбут оҕолоруҥ алгыстарынан кынаттанан, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ сылаас тапталларыгар уйдаран, чугас дьонуҥ өйөбүллэригэр тирэҕирэн, өссө да өр сылларга сырдыгынан сыдьаайа, кэрэни кэрэһэлии, уһун үйэлэнии үтүө холобурун көрдөрө сырыт дуу, диэн баҕа санаабытын тиэрдэбин.