Өлүөхсүт кыыһа кэпсииринэн, 35 саастаах өлөрүөхсүт урут үстэ сууттана сылдьыбыт. Бүтэһигин 2020 сыллаахха быһаҕынан киһини сидьиҥник өлөрөн, 9,5 сылга кытаанах эрэсиимнээх күлүүс хаайыытыгар утаарыллыбыт. 2023 сыллаахха хаайыыттан анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы барбыт, сулууспата бүтэн, төрөөбүт Кутанатыгар эргиллибит. Ол эрээри кинини оннооҕор төрөппүт аҕата дьиэтигэр киллэрбэтэх. Инньэ гынан Кутанаттан 9 км сиргэ баар Тумул учаастагар олохсуйбут.
– Аҕа дойду көмүскээччи күнүгэр өлөрүөхсүт нэһилиэк устун хаама сылдьан “миигин убаастаабаккыт, миигин чиэстээбэтигит” эҥин диэн тыллаах буолбут. Ол күн нэһилиэк кулуубугар бырааһынньыктааҕы тэрээһин ыытыллыбыт. Ол киһи ийэбит олорор уулуссатынан ыалларынан сылдьан баран, мин ийэбэр 23 чаас саҕана кэлбит. Кинини хайа да ыал киллэрбэтэх.
Өлөрүөхсүт аҕата уонна биһиги аҕабыт – бииргэ төрөөбүттэр, онон ийэм саҥастара буолар. Ийэм, биллэн турар, дьиэтигэр киллэрбэтэх уонна нэһилиэк баһылыгар эрийэн, “дэриэбинэ устун итирик сылдьар, дьону сүгүннээбэт” диэн үҥсүбүт.
Баһылык учаскыабайы ыыппыт. Учаскыабай кинини хаайа эҥин барбатах, сайылыгар илдьэн утуппут.
Ол да буоллар хаанымсах санаалаах, сотору буолаат, төттөрү сэлиэнньэҕэ кэлбит. Быһа холоон 10–13 чаас икки ардыгар бииргэ арыгылаабыт, 34 саастаах киһитин луомунан төбөҕө охсон өлөрбүт. Уол өлүгүн уулуссаттан булаллар. Кинини өлөрөн баран, салгыы саастаах саҥаһыгар тиийэр. Түүн полицияҕа туттарбытын аахсар санаалаах.
– Ийэм дьиэтигэр кэлбитигэр киллэрбэтэх, олох күүһүнэн киирбитэ сэрэйиллэр: ийэбит иһэ, ойоҕоһо күөх баламах буолаахтаабыт, илиитэ – кыа хаан. Ол аата, көмүскэнэ сатаахтаабыт. Өлөрүөхсүт ийэбитин кыыллыы кырбаан баран, сүгэни ылбыт уонна төбөтүн хайа охсубут… Биһиги ийэбитин сирэйин кистээн көмтүбүт, оннук ынырыктык кэбилээбит.
Ийэбит тыынын быһан баран, тута суолун кистии сатаабыт. Ол аата, илэ өйдөөх сылдьан өлөрдөҕө.
Дьиэ сарайыттан хара буруо тахсарын көрөн, ыалларбыт онно ыстаммыттар, баһаарынайдары ыҥырбыттар. Дьиэни соруйан уоттаабыттара сонно сэрэйиллибитэ. Бу киһийдэх, буруйун биллэримээри, ийэбит өлүгүн уоттуу сатаабыт…
“Хонтуруол тоҕо суоҕуй?”
– Биһиги аҕабыт 2021 сыллаахха искэн ыарыытыттан суох буолбута. Ийэбит соҕотох хаалбытын кэннэ, “биһиэхэ куоракка көһөн кэл” диэн төһө эмэ ыҥыра сатаабыппыт үрдүнэн, “билигин ыллым да дьиэбин, үлэбин быраҕан, хайдах көһөн хаалыахпыный, тохтуу түһүҥ” диэн аккаастана, батына турбута. Арай бу үөрэх дьылын түмүктээн баран көһөр былааннааҕа.
Өлөрүөхсүтү, төһө да аймахпыт буоллар, оскуоланы бүтэриэҕиттэн билсибэт-көрсүбэт, кэпсэппэт этибит. Аан бастаан Арассыыйа ХК 111-с ыст. 2-с ч. биридимиэти туһанан киһиэхэ соруйан ыар эчэйиини оҥорууга сууттаммыт уонна усулуобунай болдьоххо уураахтаммыт. Ол бириигэбэрин 4 сыл 11 ыйга көҥүлүн быһарга уларыталлар. Ол кэннэ аны уорууга, массыынаны күрэтиигэ түбэһэн хаайыллар. Онтон аны киһини өлөрөөрү сааныыга сууттанар, онтуттан мүччү көтөн УДО-нан босхолонор. Ол да кэннэ көммөт, аны киһини кырбаан сууттанар. Бүтэһигин, 2020 сыллаахха, Бүлүү оройуоннааҕы суутун уурааҕынан 9,5 сылга хаайыллар. Ити бириигэбэрин бииргэ арыгылаабыт киһитин кырбаан баран, 4 араас (!) быһаҕын уларыта сылдьан анньан өлөрөр! Буруйун 2023 сылга эрэ диэри боруостуур, хаайыыттан тылланан туран анал байыаннай дьайыыга кытта барар. Онно сыл аҥаара курдук сулууспалаан баран, көҥүлгэ көччүйэ тахсар. Ити кэлэн, икки киһи тыыныгар турда!
Биир бэйэм, маннык рецидивист накаастабыла сотуллан кэлбит да буоллаҕына, тоҕо ким да хонтуруоллаабатын, арыгылыы-арыгылыы уопсастыбаҕа кутталы үөскэтэ сылдьыбытын олох кыайан өйдөөбөппүн.
Үүнэр көлүөнэни иитиигэ
Валентина Никифоровна 40 сыл устата үүнэр көлүөнэни иитиигэ, кырачааннары билии байҕалыгар уһуйууга олус бэриниилээхтик, таһаарыылаахтык, эҥкилэ суох үлэлээн кэлбитэ. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үлэтин бэтэрээнэ, алын кылаас үрдүк категориялаах учуутала. 2009 сыллаахха ПМПО “Арассыыйа бастыҥ учуутала” күрэҕин кыайыылааҕа, РФ Бэрэсидьиэнин Гранын хаһаайына, ЫБСЛКС Киин Кэмитиэтин боруонса, “Сунтаар улууһун үөрэҕириитин сайдыытыгар кылаатын иһин” үрүҥ көмүс, “Сунтаар улууһун үүнэр көлүөнэни иитиигэ тус кылаатын иһин” үрүҥ көмүс, “Сунтаар улууһун гражданскай көҕүлээһин сайдыытыгар кылаатын иһин” бочуоттаах бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта.
Валентина Никифоровна уопсастыбаннай олоххо олус көхтөөх, түөлбэ салайааччытынан, идэлээх сойууска актыыбынай чилиэнинэн, алын сүһүөх учууталларын мэтэдьиичэскэй холбоһугун салайааччытынан үлэлээбитэ. Кинини хас да көлүөнэ үөрэнээччи махтал тылларынан ахтар.
Тарбахха баттанар баай уопуттаах учуутал, биэнсийэҕэ тахсан да баран, 1987 сылтан эҥкилэ суох үлэлээбит Кутанатын оскуолатыгар быйыл бүтэһик выпуһун таһаараары сылдьыбыта.
– Ийэбит үлэтин олус сөбүлүүрэ, үөрэтэр оҕолорун, выпускниктарын куруук истиҥ тылынан ахтара. Быйыл төрөппүт оҕолорун курдук таптыыр, бүөбэйдиир, үөрэтэр 7 уолун төрдүс кылаастарын бүтэртэрэн баран, биһиэхэ – оҕолоругар, сиэннэригэр – көһөр санаалааҕа. Онтубут ханна баарый.
Ийэбит сидьиҥ киһи илиититтэн кыыллыы сэймэктэнэн, Орто дойду олоҕуттан кыһыылаахтык арахсыбыта – абатыан! Биһиги тапталбытыгар угуттанан, сиэн минньигэс сытыгар манньыйан өссө да уһуннук үөрэ-көтө олоруохтааҕа… Ийэбит кыаҕа баарынан тыынын былдьаһан көмүскэнэ сатаабытын, арай ол түгэҥҥэ ким да күүс-көмө буолбатаҕын санаатахпытына, сүрэхпит хаанынан оҕуолуур, дууһабыт айманар…
Арай учаскыабай кинини ол иэдээннээх күн иннинэ тутан хаайбыта буоллар эбэтэр бу рецидивист өлөрүөхсүтү хонтуруолга тутан, киһилии олоххо төнүннэрэ сатаабыт буоллуннар, ийэбит, баҕар, мичээрдээбитинэн киирэн кэлиэ этэ. Күннэтэ минньигэс куолаһынан төлөпүөннүө, күннээҕи сонунун үллэстиэ этэ… Барыта “этэ, этэ”. Дьылҕа Хаан ыйааҕа олус да тыйыс. Билигин биһиги баар-суох таптыыр киһибитин ытаппытынан суох гыммыт өлөрүөхсүт аны хаһан да көҥүлгэ тахсыбакка, хаайыыга үйэтин моҥуурун ситиһэрбит – ийэбит иннигэр ытык иэспит.
Икки киһи тыыныгар турбут өлөрүөхсүккэ Арассыыйа Силиэстийэлиир кэмитиэтэ Арассыыйа ХК 105-с ыст. 1-кы ч. холуобунай дьыаланы көбүппүтэ, билигин силиэстийэ ыытыллар.
Олунньу 28 күнүгэр Сунтаар оройуоннааҕы суута уорбаланааччыны силиэстийэ кэмигэр – муус устар 24 күнүгэр диэри (икки ыйга) – СИЗО-ҕа утаарда.
Кутана олохтоохторо маннык ыар быһылаантан улаханнык айманан, долгуйан олороллор. Кинилэр: “Өлөрүөхсүт 35 эрэ саастаах эдэр киһи. 20 сылга хаайылыннаҕына даҕаны, 55 сааһыгар босхолонон, төрөөбүт дойдутугар тиийэн кэллэҕинэ да, улаханнык соһуйбаппыт буолуо. Бүдүрүйбүт көммөт дииллэр. Бу рецидивистэн төрөппүт аҕата, аймахтара, нэһилиэнньэ куттаналлар. Маннык киһи көммөт, онон уопсастыбаҕа төннөрө кутталлаах”, – дииллэр.
Силиэстийэ сиэрдээхтик ыытыллан, өлөрүөхсүт сөптөөх накаастабылы ылыа диэн эрэнэбит.
Анал байыаннай дьайыыттан кэлбиттэргэ психологическай көмө хайаан да булгуччу оҥоһуллуохтаах, ону ааһан, биир кэмҥэ эрэ буолбакка, тиһигин быспакка үлэ барыахтаах. Кыргыс урут да, былыр да киһи майгытыгар улахан содуллаах, ону билбэтэҕэ буолар букатын сыыһа. Онон психологическай көмөнү тыа сиригэр эмиэ хайаан да күүһүрдэр уолдьаспытын маннык быһылааннар өссө төгүл бигэргэтэллэр.