Алексей ЕГОРОВ – ЕРКЕН покидает Государственный театр эстрады ради новой работы. Напомним, что его директором он был назначен три года назад – весной 2015-го.
Алексей Алексеевич обновил коллектив и вдохнул в него свежую струю.
Норуот туһугар охсуһар дьиннээх байыас
- Информация о материале
- Автор: Пресс-служба Якутского рескома КПРФ
- Категория: Новости
КОММУНИСТАР ЧАҔЫЛХАЙ САЛАЙААЧЧЫЛАРА

Дьиҥнээх эрэ коммунистар
Дьиппиэрэн ордон хааллылар,
Ыраас, сырдык суобастаахтар
Ымыр да гымматылар.
Чиҥнэрин курдук чиҥнэр,
Чиргэл тииттии тураллар,
Кэрэлэрин курдук кэрэлэр —
Кэхтибэттэр, охтубаттар.
Күүтүмэҥ чаҕыйалларын,
Күүстэрэ-уохтара
баранарын...
Степан ДАДАСКИНОВ
Бу күннэргэ РФКП Саха сиринээҕи рескомун бастакы секретара Виктор Губарев таптыыр-ахтар Аллараа Халыматын оройуонугар баран кэллэ. Олохтоох табаһыттар, булчуттар, балыксыттар Виктор Николаевиһы, мэлдьи буоларын курдук, үөрэ-көтө көрүстүлэр. Боростуой дьоҥҥо өрүү көмөлөһө, интэриэстэрин туруулаһа сылдьар сайаҕас-эйэҕэс нуучча табаарыстарын ытыктаан, Өлүөрэ туундаратыгар баар күөлү “Губарев” диэн ааттаан, аан дойду каартатыгар өссө отучча сыллааҕыта дэлэҕэ даҕаны киллэртэриэхтэрэ дуо?!



