Adult Search

Якутский республиканский комитет

Коммунистической партии Российской Федерации

Адрес: Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, ул. Октябрьская, дом 3
Телефон: +7 (411) 23-66-151
Электропочта: mgm_2004@mail.ru

Главные

события

классовой

борьбы

Красный Первомай в Якутии: «Хватит терпеть!»
Будем достойными наследниками Победы!

Путину лично в руки передали письмо шестидесяти тысяч жителей Якутии

 

ИА SakhaNews. Письмо с подписями 60 тысяч жителей Якутии с просьбой о строительстве современного онкологического центра в республике 10 декабря руководитель якутского благотворительного фонда "Праздник жизни" Алена Атласова передала лично в руки президенту Владимиру Путину.«Почувствовала легкость и радость, почти весь этот год наша инициатива несла на себе большую ответственность и моральный груз. Я рада и удовлетворена тем, что сделала все возможное. Конечно, вопрос пока не имеет окончательного решения, но могу смело утверждать, что об острых проблемах Якутии знают Президент России и сотрудники его администрации»,- цитирует Алену Атласову News.ykt.ru.
По словам Атласовой, теперь многое будет зависеть от работы минздрава Якутии, в чьей компетенции находится подготовка вариантов (проектов) онкоцентра.
Читайте далее: http://www.1sn.ru/69274.html

Тыа сирэ – Саха биһигэ (СӨ Ил Түмэнин дьокутаата Афанасий Максимов

Тыа сирин сылынан санаатын үллэстэр)

 

29.11.2012 14:57 | Автор: Кыым | Көрдүлэр: 1804   
E-mail Печать
image13530673   Биллэрин курдук, быйыл сэтинньи 16 күнүгэр РФ Үрдүкү суута А.Максимов, И.Чикачев, И.Пахомов, В.Рожин надзорнай үҥсүүлэрин көрөн баран, дьыаланы СӨ Үрдүкү суутугар хаттаан көрүүгэ ыытта. Ол эбэтэр, А.Максимовтааҕы буруйдаабыт Дьокуускай куорат суутун 2011 с. ахсынньы 12 күнүнээҕи бириигэбэрэ сокуон хараҕар дьүөрэтэ суоҕунан ааҕыллыбыт. Бу туһунан Афанасий Николаевичтан бэйэтиттэн албакааттарын нөҥүө ыйыттарбыппытыгар маннык хоруйдуур: “Атыны күүппэтэҕим. Бу бириигэбэр сокуоннайа суоҕун юриһа да суох киһи өйдүөн сөп. Тоҕо итинник ньүдьү-балай барбыттара эмиэ өйдөнөр: миигин киһи да, бэлиитик да быһыытынан “сууттанна, хаайылынна” диэн бар дьон хараҕар түһэрэ сатаабыттара. Ол соруктарын сиппэтилэр. Түгэнинэн туһанан, бар дьоммор махтаныам этэ: эһиги өйөбүлгүт күүһү, өйү-санааны, дьулууру эбэр!” Сэбиэскэй былаас эстибитэ номнуо 20 сыл буолла. Төһө да билигин сэбиэскэй былааһы үөхтэрбит, дьыл-күн ааһан истэҕин аайы ол кэми атыннык көрөрбүт, аныгы олоҕу кытта тэҥниирбит, сыана быһарбыт уларыйан иһэр. Былырыын бииргэ үөрэммит доҕорбун кытта бултуу сылдьан оскуоланы бүтэрбиппит 30 сылынан сибээстээн, уруккуну-хойуккуну анааран, ырытан, түүнү быһа сэһэргэстибит. Ол гынан, иккиэн биир түмүккэ тиийэн кэллибит. Бөһүөлэкпит төһө да таһыттан көрдөххө сайдыбыт курдугун иһин, үлэтэ суох ускул-тэскил сылдьар, арыгыга убаммыт, оһолго уонна быстах өлүүгэ былдьаппыт дьоно урукку кэмҥэ ханан да холооно суох элбээбит эбит. Онуоха эбии, кэнники кэмҥэ тыа дьонун “сүрэҕэлдьээн үлэлээбэккит”, «үлэни сатаан тэрийбэккит», «бородууксуйа биэрбэккит», «кэпэрээссийэҕэ киирбэккит», “айах адаҕалараҕыт” уо.д.а. диэн сирэй-харах анньаллара күн-түүн хойдон иһэр курдук. Мин саныахпар, бу барыта дьон сайдыыга дьулуурун, баҕатын төрдүттэн ханыннарар, самнарар. Олох турбат, сайдар. Тоҕо биһиги эрэ ала-чуо аан дойду сайдыытыттан арыыланан хаалыах тустаахпытый? Тоҕо биһиги ийэ сирбитин туора хампаанньалар кэлэн талбыттарынан айбардаан, биһигини матаран, хармааннарын хаҥатыахтаахтарый? Сэбиэскэй былаас саҕана, судаарыстыба былаанын быһыытынан, тыа сирэ үбүнэн-харчынан, тиэхиньикэнэн сөбүгэр хааччыллан, кимтэн да итэҕэһэ суох сайдан кэлбитэ. Оччолорго төһө да ыал аайы тыраахтар, массыына суох буоллар, үлэтэ суох муна-тэнэ сылдьар дьон суохтара. Арыгылааһын, онтон сиэттэрэн оһолго түбэһии, бэйэҕэ тиийинии, өлөрсүү, хаайыыга түбэһии адьас аҕыйах этэ. Оттон билигин? Кистэл буолбатах, олус элбэх эдэр киһи арыгыга убанна. Кинилэр арыгыттан бэйэлэрин санааларын күүһүнэн аккаастанар кыахтара суох, онон эмтэтэргэ эрэ күһэллэллэр. Бу бачча элбэх киһи иһээччигэ кубулуйбутун “кинилэр бэйэлэрин буруйдара” диэн сапсыйан кэбиһэр, арааһа, сыыһа буолуо.  Ити төрдө судаарыстыба ыытар социальнай-экэнэмиичэскэй бэлиитикэтигэр сытар буолуохтаах. Кырдьык, билигин тыа сирин олоҕун таһымын үрдэтэргэ өрөспүүбүлүкэбит салалтата кыһаллыбат диир кыах суох. Билэрбит курдук, бэрэсидьиэн тыа сирин сайыннарар бырагыраамата ылыллыбыта быйыл уон сылын туолла. Бэрэсидьиэн Е.А. Борисов ыйааҕынан, 2013 с. Тыа сирин сылынан биллэрилиннэ. Бу ааспыт уон сыл иһигэр, дьиҥэр, т/х-гар бүддьүөттэн үтүмэн үп көрүлүннэ. Бары тустаах бырагыраамалары, уунан, гааһынан хааччыйыыны, энергетиканы холбуу ыллахха, уопсайа 50-ча млрд солк. көрүллүннэ. Сатаан туһаммыт буоллар, бу 2 миллиард дуолларга чугаһыыр үпкэ тыабыт сирин букатын сөҕүмэрдик өрө тардар кыахтаах этибит! Оттон, дьиҥинэн, бүгүҥҥү турукпут, уопсай көрдөрүүлэрбит хайдахтарый? Кистэл суох, быстар мөлтөх. Ыанар ынах ахсаана бу уон сыл устата тиһиктээхтик уонна халбаҥнаабакка түһэ турар. 400-чэкэ тыһ. ахсааннаах сүөһүбүт-сылгыбыт оҥойор айаҕар от булбакка, үлүгэр үбү ороскуоттаан, Амур уобалаһыттан атыылаһабыт. Сүүс сыл анараа өттүгэр 220 тыһ. ахсааннаах өбүгэлэрбит 700 тыһ. сылгыны-сүөһүнү туох да субсидията, дотацията, тыраахтара, от охсор массыыната, Амур уобалаһа суох көрөн-харайан олорбуттара эбээт! Оччолорго тастан ас киирбэтин тэҥэ  этэ. Төттөрүтүн, тыа бородууксуйата, этэ-үүтэ Бодойбо, Алдан бириискэлэригэр атыыга барара. Билигин, биллэрин курдук, үүппүт-эппит 75 %-нын тастан киллэрэбит. Белоруссия үүтүн иһэбит, Австралия этин сиибит. “Олохтоох оҥорон таһаарааччы” дэнэр дьоммут халбаһыларын сыаҕар сырьену барытын тастан киллэрэллэр. Тоҕо маннык буолла? Мин саныахпар, тыа сиригэр көрүллүбүт үтүмэн үп-харчы көдьүүһү биэрбэтэ хас да төрүөттээх. Бастатан туран, аһара “үллүбүт” Т/х-тын министиэристибэтэ. ТХМ иһинэн тэриллибит эҥин эриэхэбэй ааттаах, араас соруктаах агро-бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ иитиллэллэригэр баһаам элбэх харчы барар. Бу дьон көмөтүнэн бүрүкүрээтийэ үөскүүр, тыа сиригэр көрүллүбүт үп аадырыһыгар тиийбэккэ ыһыллар-тоҕуллар. Иккиһинэн, харчы тыырыллыыта. Уон сыл тухары нэһилиэнньэттэн үүт атыыластыбыт. Ол туох да куһаҕана суох, бу харчы тыа дьонун абыраабыта саарбахтаммат. Ол гынан баран, тоҕо угуллубут харчы көдьүүһэ көстүбэтэ? Тоҕо ыанар ынах ахсаана түстэ? Тыаҕа сүөһүнү иитэр киһи тохтообокко кэлэр “стабильнай” хамнаһа суох, манна ханнык да социальнай өйөбүл, үлэ ыстааһа, биэнсийэ диэн көрүллүбэт. Ол сарсыҥҥы күҥҥэ эрэммэт быһыыны-майгыны үөскэтэр. Маны тэҥэ, тыа сиригэр бүддьүөттэн хамнастанар дьон эмиэ ынах туталлар этэ. Кэлин хамнас үрдээн, ол дьон сүөһү тутар кыһалҕалара суох буолбута. Ол сүөһү ахсааныгар дьайбыта өйдөнөр. Онуоха эбии, туттарыллар үүт сыаната үрдээбэтэ, квота улаханнык оҕустулар. Биир да өрөбүлэ суох сүөһүнү көрүү-харайыы, уһун сайыны ходуһаҕа атаарыы ыараханын бары өйдүүбүт. Үсүһүнэн, сир боппуруоһа. Сир өр сыллаах арендаҕа, бас билиигэ барыытын билигин да нэһилиэнньэҕэ киэҥник сырдаппакка олоробут. Төрдүһүнэн, Сахабыт сирин иэнэ киэҥэ, суола-ииһэ суоҕа бэрт буолан, ырыынак “харчы-табаар-харчы” диэн бириинсибэ кыайан үлэлээбэтэ. Оҥоһуллубут бородууксуйа батарыытын кыайбатыбыт. Итини этэн туран, тыаҕа үөскээбит, үс болдьоххо дьокутаатынан талыллыбыт, Ил Түмэн бүддьүөтүн кэмитиэтигэр үлэлээбит киһи быһыытынан, “Тугу оҥоруохха?” диэн тиэмэҕэ санаабын үллэстэбин. 1. ТХМ аппараатын уонна кини үлэлэтэр баһаам элбэх тэрилтэлэрин  сааһылыахха, реструктуризация ыытыахха. Кумааҕыга буолбакка, дьиҥнээхтик! Үп-харчы тыырыллыыта тыа сирин үлэһит дьонугар, тэрилтэлэригэр чопчутук уонна судургутук тиийэрин ситиһиэххэ. Оччоҕуна эрэ бу эйгэҕэ олоҕурбут хоруупсуйа, бүрүкүрээтийэ аҕыйыа. 2. Үүтү нэһилиэнньэттэн быһаччы атыылаһыыны тохтотон, ынаҕы ыыр киһиэхэ хамнас төлүөххэ. Холобур, быһаччы төбө ахсааныгар көрүллэр үбү таһынан, хас ынахтааҕынан көрөн, ыанньыксыкка хамнас ааҕыахха. Тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга эрэ буолбакка, кэтэх ыалы урбаанньыт оҥорон ый аайы хамнас төлөнөр оҥоруохха. Оччоҕо бу киһиэхэ үлэ ыстааһа, биэнсийэ, соцпакет көрүллэр кыахтаныа. Таарыйа, олохтоох муниципалитекка нолуок киириэ, үлэ миэстэтэ тахсыа. Билигин “өрөспүүбүлүкэҕэ 80-ча тыһ. ыанар ынах баар” диэн отчуоттууллар, онтон 70-ча тыһыынчата кэтэх хаһаайыстыбаҕа баарын мин саарбахтаабаппын. Эһиилгиттэн сыл түмүгүнэн биир ыанар ынах төбөтүгэр 10 тыһ. солк. быһа төлүүр былаан баар. Хаһаайыстыба көрүҥүттэн тутулуга суох. Ити үчүгэй. Манна үүт соҕотуопкатын таһынан көрүллэр үп былааннанар. Бүддьүөт кээмэйиттэн тахсыбакка, төбөҕө эрэ буолбакка, ынах ыыр үлэһиккэ эмиэ төлүөҕүҥ ээ. Харчыны хантан ылабытый? Билигин сыллааҕы үүт соҕотуопкатыгар бүддьүөккэ 1,6-1,8 млрд. солк. көрүллэ сылдьар. Бу харчыны тыаҕа барарын быспакка, атыннык туһаныахха. Ыйга биир ынах ыаһыныгар 2140 солк. төлөнөрүн курдук быстахпытына, биэс ынаҕы ыыр кэтэх ыал ийэтэ дуу, аҕата дуу бу үлэтин иһин 10,7 тыһ. солк. (1,8 млрд. солк. : 70 тыһ. : 12 х 5 =10,7), ол эбэтэр сылга 128,4 тыһ. солк. хамнас аахсар кыахтанар. Ону таһынан, кэтэх хаһаайыстыба ыанар ынаҕын төбөтүгэр сылга 10 тыһ. солк. ылыа, үүтүн ырыынак  сыанатынан атыылыа турдаҕа. Оччотугар үүтүн, төбөҕө төлөнөр харчытын, ыйдааҕы хамнаһын ааҕан туран, кэтэх хаһаайыстыба сылга биир ыанар ынахтан  35-50 тыһ. солк. тиийэ дохуот киллэринэр кыаҕа үөскүөн сөп. 3. Нэһилиэк аайы үүтү тутар, ону атыыга барар гына астыыр, төгүрүк сыл үлэлиир, аныгылыы технологиялаах дьоҕус сыахтары бүддьүөт суотугар тутуохха. Үүт тутуллар сыанатын, кээмэйин туох да хааччаҕа суох ырыынак бэйэтэ быһаардын. Ынаҕы ыыр, көрөр дьон ый аайы хамнастаах буоллахтарына, үүттэрин бэйэлэрэ туһаналларын таһынан, миэстэтигэр үүт астааччы ылар сыанатыгар туттарыахтара дии саныыбын. Сыана араас буолуоҕа. Үүтү астааччылар күрэстэһэннэр, олохтоох үүт тутуллар сыанатыгар тахсыахтара. Барыс киириэ, нолуок олохтоох бүддьүөтү хаҥатыа. Эмиэ маннык ньыманан халбаһы оҥорор, эт астыыр сыахтары тутуохха. 4. Судаарыстыба Сахабыт сирин киэҥин, айылҕата тыйыһын учуоттаан, тыа сиригэр оҥоһуллар бородууксуйа кэлии бородууксуйа ыгыытын тулуйарын, күрэстэһэр кыахтанарын курдук, тырааныспар субсидиятын көрүөн наада. 5. Нэһилиэнньэҕэ сир боппуруоһун, кадастр учуотун, т/х-гар аналлаах сир өр сыллаах арендаҕа барарын, 10 гаа сир бэйэ бас билиитигэр сокуон быһыытынан атыыга барыан сөптөөҕүн киэҥник өйдөтөр, биллэрэр үлэ ыытыллыан наада. Сири бас билии, Библияҕа сурулларын курдук, киһини үлэлэтэр, өрө көтөҕөр дириҥ ис хоһоонноох төрүөт буоларын умнубат наада. 6. Тыа сиригэр сыана уонна себестоимость барыта уматык сыанатыттан тутулуктаах. Бүгүҥҥү туругунан, аахсыйата чааһынай бас билиигэ барбыт “Туймаада-Нефть” ААУо бүддьүөттэн толук  мэктиэлэтэн, тыа сирин уматыгынан хааччыйар. Ол эбэтэр, эмиэ тыа сиригэр көрүллэр үптэн үллэстэр. Ону ааһан, тилийэн биэрэр “посредник” тахсар. Ити да гыннар, бу тэрилтэ сыаната ырыынак сыанатыттан туох да атына суох, сороҕор үрдүк да буолар. Сахабыт сириттэн ИСТА турбатыгар 7 мөл. т ньиэп хачайданан барар. Бу сыыппара 2020 с. икки төгүл элбиэхтээх. Тыа сиригэр сылга 0,035 мөл. т уматык туттуллар. Итини учуоттаан, бүддьүөт суотугар тыа сиригэр барар уматык сыанатын 50 % чэпчэтэр мэхэньиисими толкуйдуохха. 7. Уот сиэн, кэрдиллэн билигин бөһүөлэк тастарыгар оттук да, тутуу да маһа биллэ аҕыйаата. Мас бырамыысыланнаһа дьыалабыай тахсыыта аҕыйах, таһыыта ыарахан буолан күрэстэһиини тулуйар, сайдар кэскилэ суох курдук. Ол эрээри, биһигиттэн чугас сытар АТР ырыынага мас чоҕун (древесный уголь) туттара сылтан сыл элбээн иһэр. Дьиҥинэн, мас чоҕун бэлэмниир технология олус судургу, элэктэриичэстибэ, уматык наадата суох. Сырьетугар ханнык баҕарар мас (умайбыт, мас сыыһа) барар. Тимир суол кэллэ, төттөрү тугу тиэйэн илдьэрбит билигин да биллибэт. Урбаан министиэристибэтин көмөтүнэн бу идиэйэни үөрэтэн, нэһилиэк аайы мас чоҕун оҥорор мобильнай тэриллэри үлэлэтиэххэ сөп. Индустриальнай таһымҥа тахсыар диэри көмө оҥоруохха, тыа сиригэр эбии үлэ миэстэтэ, нолуок төлөбүрэ элбиирин ситиһиэххэ. 8. Бэйэбит сирбитигэр оҥоһуллар, доруобуйаҕа туһалаах аспытын дэлэтэр туһугар, СМИ нөҥүө киэҥ далааһыннаах өйдөтүү, сырдатыы үлэтин ыытыахха. Тыа сирин үлэһиттэрин, тыаҕа олохсуйуу туһунан үчүгэй өйдөбүлү уопсастыбаҕа киэҥник тарҕатыахха, сыһыаны уларытыахха. *** Билигин тыа дьонун үксэ Дьокуускай куоракка тоҕуоруста. Балык уу дириҥин былдьаһар, киһи үчүгэй усулуобуйаҕа, үтүө олоххо дьулуһар. Ити барыта тыабыт сиригэр киһи кута-сүрэ тохтооботун, олох ыараабытын туоһулуур. *** Онон, тыа дьонун кытта сирэй-харах анньыспакка, барытын ырыҥалаан, өйдөөн, муударайдык сыһыаннаһарбыт эрэйиллэр. Тыа сирэ “тобох бириинсибинэн” үбүлэнэрэ тохтоон, бука бары үөскээбит силиспитигэр, тирэхпитигэр болҕомтобутун уурар кэммит кэллэ дии саныыбын. Тыа сиригэр оҥоһуллар бородууксуйа – судаарыстыбаҕа ас-үөл өттүнэн куттал суоһаабатын стратегията! Аччык киһи космоска да көппөт, алмааһы да хостообот, доруобай да буолбат. Ол иһин баай, сайдыылаах судаарыстыбалар бэйэлэрин фермердэрин судаарыстыбаны тутан олорор акылаат (государствообразующай) диэн ааҕаннар, хайдах курдук өйүүллэрин көрөбүт буолбат дуо?  

Афанасий Максимов,

СӨ Ил Түмэнин 2-с, 3-с, 4-с ыҥырыыларын

                                                                                                                 дьокутаата. 

БЫРДЬАХААН үс үбүлүөйэ

 

 

Киһи төһө да сааһырдар-кырыйдар учууталлара баарын тухары хайдах эрэ өрүү оҕо курдук сананар. Хаһан эрэ толлор, куттанар, сессияны эрэ этэҥҥэ туораатарбын, учуутал хараҕар хатамматах  эрэ киһи диэн кирийэр санаалаах устудьуон, дьэ билигин кэлэн  хайдах курдук үтүө кэмнэри күдээринэ аһарбытын, хайдах курдук улуу учууталлар кини олоҕор киирэн ааспыттарын  биирдэ  өйдүүр.
 Онон, сорох-сорохтору лаппа сааһырбыттарын да кэннэ, үрдүк үөрэххэ чугаһатар ордук табыгастааҕа буолуо.  *** Саха салаатын, онтон саха филологиятын уонна төрүт култууратын факультетыгар үлэлээбит уонна билигин да үлэлии сылдьар учууталларбыт барахсаттары "эйиэхэ үөрэммитим ээ" диэн билигин эккирэтэ, билиннэрэ сатыыбыт. Биһиги курдук устудьуон элбэҕэ бэрт буоллаҕа, төһө-хачча тыһыынча ыччат кинилэр илиилэрин иһинэн ааспытын ким чопчу ааҕан-суоттаан биэриэй. Биирдэ биир учууталым итинник түгэҥҥэ "саамай сөбүлүүр үөрэнээччим этиҥ"  диэбитигэр долгуйан атаҕым сири билбэт буола үөрбүттээҕим. Дьиҥинэн, кини миигин хомотумаары эрэ эттэҕэ. Киһиэхэ учуутал суолтата улахана сыттаҕа, онон таптыыр учууталларыгар "саамайдара" буолбатаххына, "бытыккын быһа үктээн туран" даҕаны оҕолуу улаханнык хоргутуоххун сөп.   Ахсынньы 5 күнүгэр Баһылай Никиитис БЫРДЬАХААНАП учуутал үрдүк аатын сүгэн үлэлээбитэ 50 сылын, норуот уоһуттан түспэт "Ньургуһуннар" ырыатын матыыбын айбыта - 55 сыла, уонна Саха литературатын кафедратын бастакы сэбиэдиссэйинэн анаммыта 25 сылын туолла. Махтанар, таптыыр, сүгүрүйэр учууталларын бэлиэ күнүнэн үөрэнээччилэрэ эҕэрдэлээтилэр. Сарсыарда 10.00 чаастан "Саха литературатын оскуолаҕа үөрэтии" диэн тиэмэҕэ семинар буолла. Салайааччы Евдокия Михайловна ПОЛИКАРПОВА, эмиэ Баһылай БЫРДЬАХААНАП үөрэнээччитэ, саха тылын уонна литературатын учууталларын ыҥыртаан бу семинары ыытта. Манна ахтылҕаннаах учууталбыт Баһылай Никиитис Өксөкүлээх "Ойуун түүлүн"  айымньытын биир кэрчигин быһа тутан ырытан иһитиннэрдэ. Буоларын курдук, учууталбыт ис иһиттэн уоттанан, күөдьүйэн кэлэ-кэлэ лекциятын аахта. Өссө биирдэ улуу бөлүһүөк, бэйиэт, учуонай, чинчийээччи биир да тылы сыыһа-халты туттубута диэн суоҕун чаҕылхайдык дакаастаата.  Ити күн киэһээ 05.00 чаастан ХИФУ кылаабынай куорпуһун иккис этээһигэр бэлиэ күн салгыы айхалланна, ыраахтан-чугастан учууталларын эҕэрдэлии урукку-хойукку үөрэнээччилэрэ кэлэн эҕэрдэлээтилэр. Доруобай буол, күндү учууталбыт! Өссө да сүрэхпитигэр кыымы саҕа, төлөнү күөдьүтэ тур! *** Мантан аллараа Баһылай Никиитистиин,  хас да сыллааҕыта кэпсэппиппин бэчээттибин. Дириҥ өйдөөх-санаалаах киһи тыла-өһө эргэрбэт буоллаҕа ***
Туруулаһар туһугар! Баһылай Никитич Бырдьахаанап – саха киэн туттар биир чаҕылхай өйдөөх-санаалаах саарына. Кини лиэксийэтигэр харах-кулгаах иччитэ буолан олорбут устудьуон, хас эмэ сыл ааспытын кэннэ: «Кырдьык даҕаны, инньэ диир этэ ээ», -- диэн саҥа аллайар үгэстээх. Бырдьахаанап бэйэтин: «Черновик курдукпун Санаам сайдарын хоту салгыбакка олоробун», -- диир. Баһылай Никитич Саха государственнай университетыгар үлэлээбитэ, быйыл 40-с сыла. Биир киһи үйэтигэр улахан кэм-кэрдиис. Ол иһигэр кини тыһыынчанан ааҕыллар эдэр ыччаты иитэн-үөрэтэн, такайан таһаардаҕа. Аныгы оҕо толкуйдуон сүрэҕэлдьиир -- Баһылай Никитич, Эн үрдүк үөрэххэ өр сыл учууталлаатыҥ. Кэм-кэрдии аастаҕын аайытын устудьуон да уларыйан иһэр буолуохтаах? -- Үөрэх, наука муҥурун булбут суох. Үрдүк үөрэх диэн наука төрдүн билии. Үгүс устудьуон ону кыайбат. Тоҕо диэтэххэ, оскуола оҕону толкуйдуурга үөрэппэт, эбэтэр, эргитэн эттэххэ, оҕо бэйэтэ сүгүн үөрэммэт. Толкуйдуон сүрэҕэлдьиир. Оннук оҕоттон омук төннөр. Өксөкүлээх: «Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөппүт» диэн, ол оҕо туһунан суруйбут. Саха дьахтара оҕотун таптаан, «сымыыттааҕар бүтэй» гына иитэр. Оннук оҕолоох омук иннин көрүммэт буолар! Саха – түҥ былыргыттан утах (утум) тардар үрдүк култууралаах омук. Бэйэтэ эрэйи үлэнэн кыайарга үөрэммит буолан, оҕотун эмиэ, тугу барытын, өйүнэн кыайарга үөрэтэр этэ буоллаҕа дии. Эрэйи өйүнэн кыайыы – бары омук олоҕун сыала. Дьэбириэй норуота тоҕо өлөн-быстан биэрбэтий? Букатын ньирэй эрдэҕиттэн толкуйдуур, өйүн сайыннарар буолан! Оннук оҕо үөрэҕи түргэнник ылынар: наука төрдүн өссө оскуолаҕа баһылыыр, үрдүк үөрэххэ – идэтин чыпчаалыгар чугаһыыр. Саха да эрэйи көрбүт омук, соччонон кини өйдөнүөхтээх этэ! Билигин, төттөрүтэ буолаары хаайар… Киһи олоҕо кыраттан огдолуйар. Кыра омукка биир киһи, биир ыал бүдүрүйүүтэ ордук охсуулаах. Ону өйдүөххэ баара! ..Билиҥҥи устудьуон араас: чап курдук оҕолор бааллар. Кинилэр саханы өрө тардыахтара… История хатыланар.   Киин былаас тыына кытаанах -- «История хатыланар» диэтиҥ. Уонча сыллааҕыта Саха республиката государственнай суверенитетын биллэрэн турар. -- «Суверенный» диэн тылы тылдьыттарга – «независимый, самостоятельный» диэн быһаараллар. Элбэх омуктаах государствоҕа толору тутулуга суох буолуу кыаллыбат. Билиҥҥи кэмҥэ, «суверенитет»   диэн төһө кыалларынан бэйэни дьаһанарга быраап ылыы ааттанар. «Төһө кыалларынан» диэн – ол аата – государство (киин) төһөнү көҥүллүүрүнэн диэн буолбатах, омук (субъект) бэйэтин көҥүлүн төһө-хачча көмүскэтиэн баҕарара бастатан быһаарыллыахтаах. Дьиҥ олоххо, тэҥ бырааптаах да государствоҕа халыҥ омук сабыдыала хайа да салааҕа бастыы (баһыйа) турар. Онтон куотар суолу биһиги кэммит дириҥ өйдөөҕө, профессор А.Е.Мординов ыйан турар: «В отношении языка, форм национальной культуры, быта, традиции, национального характера происходит сближение, а не слияние наций (…) В этих областях действительно нельзя искусственно декларировать слияние наций, игнорировать объективное положение вещей». Ити өттүнэн көрдөххө, киин былаас национальнай республикаларга сыһыана күн-түүн кытаатан иһэр: Россияны регионнарга хайытыы, субъектар Төрүт Сокуоннарын Федерация Конституциятыгар сөп түбэһиннэрии, нуучча тылын бары регионнарга кимэн киллэрии – национальнай республикалар бырааптарын хаарчахтыыр, кыаратар, сүтэрэр... Саха правительствота маннык балаһыанньаны утары сөптөөҕүн көрөн, туруулаһыахтаах. -- Дьон, норуот хайдах санаанан салайтаран олоруохтааҕый? -- Саха сиригэр тыа сирэ уонна промышленнай кииннэр интэриэстэрэ да, усулуобуйалара да холбоһон, тэҥнэһэн эрэр. Ас уонна баай-дуол – хайата да наада. Урут саныыр этим: «Тимир суол кэлэрэ субу наада дииллэр. Өссө аҕыйах сыл сайда (өйдөнө), омук быһыытынан бэйэбитин билинэ түспүппүт кэннэ, тимир суол кэлэрэ буоллар, син туруулаһыа этибит», -- диэн. Оттон билигин эмиэ, Кулаковскай курдук: «Тимир суол тигинээтин, «бэрэһэлиэн кэллэр кэллин, суттаах кураан буоллар буоллун (…), олох-дьаһах оҥостуохпут эрэ курдук. Барыы-кэлии, түҥкүл-таҥкыл, үөдэн-таһаан буолтун иһин – мичил-кэскил, туску-уйгу, үөрүү-көтүү, уруй-айхал буолан истин!» -- диэн хаһыытыахпын баҕарабын. Ити – синигэр түспүт киһи тыла буолбатах, улуу модун санаалаах, туохтан да санаата булгуруйбатах, чахчы норуотугар эрэнэр киһи тыллара. Өксөкүлээх ити тыллары эппитэ оруобуна 90 сыл буолла да, күн бүгүн этиллибит курдуктар! Тыын – диэн ити... Омук тыына быстыа суохтаах, көмүскэллээх буолуохтаах. Кулаковскай сыыһа тылы эппитэ суох. Билигин нация иннигэр – кини эппитин кини таһымыгар өйдүүр сорук турар.   Кини өйө өйдөннөхпүтүнэ, өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа.   Өксөкүлээх кулут буоларга ыҥырбатаҕа -- Улуу Өксөкүлээх Өлөксөй нэһилиэстибэтин чинчийбит, кини айымньыларын үөрэппит аҕай киһи буоллаҕыҥ. Кулаковскай, чуолаан, «Саха интеллигенциятыгар суругун», «Ойуун түүлүн» ис хоһоонун араастаан эридьиэстииллэр. Холобур, «дьүһүн кублуйуохха» диэн этиини Эн хайдах быһаараҕын? -- Мин өйдүүрбүнэн, Өксөкүлээх интеллигенцияҕэ суругар: «Единственным рациональным средством является наша культивизация и слияние с русскими…» -- диэбитэ. Ол аата, нууччаны кытта «силлиһэн» биир омук буолуохха диэн буолбатах, нууччаны кытта биир государствоҕа олорон, тэҥҥэ сайдыахха диэн ыҥырыы буолар. Уопсайынан да, Кулаковскайы көнөтүнэн биһиги саҥа өйдөөн эрэбит. Мин санаабар, улуу омугу өр тута үөрэммиппит салҕанан бара турар. «Слияние» диэни «биир омук буолуу» курдук өйдөөһүн киэҥник тарҕанна. Кулаковскай, хаһан даҕаны, бэйэтин норуотун ассимиляцияҕа бэринэргэ, улахан омук сабыдыалыгар киирэн, киниэхэ кулут буоларга ыҥырбатаҕа. Төттөрү ону тохтоторго сахалары нуучча государствотыгар бииргэ, эйэ-дэмнээхтик олорорго, тыыны көмүскүүргэ күүскэ ыҥырбыта. Ону туоһуулуур киниэхэ биир эрэ тыл баар. «Оттоку олук алгыһыгар»: «Нуучча ньургунун кытта туруулаһар доҕор буол» -- диэн тыл. «Туруулаһар» диэн тылы, билигин эрэ, аһаҕастык, бэйэтин дьиҥ суолтатынан өйдүүр кэммит кэллэ. Бу олус күүстээх тыл. Ол аата, нуучча тугу этэрин барытын батыһан, тук курдук толорон ис диэн буолбатах, кини тугу этэрин өйдөөн-дьүүллээн, бэйэҥбыраапкын (көҥүлгүн) хайа баҕарар усулуобуйаҕа көмүскэнэр (дьоһуннаах доҕор буол) диир эбээт! Манна туох да омугу омукка киксэрии суох. Оттон «дьүһүк кубулуйуохха» диэн «Ойуун түүлүгэр» эппитэ: «Эрэй-буруй эрийэригэр, өй-санаа түмүллэригэр, уһук муҥ кэллэҕинэ – дьэ эбии өрө сэтэрэн, өргөс кылааны өрө үүннэрэн (…), аны биирдэ дьүһүк кубулунан (…), өлө-өлө тиллэн көрүөҕүҥ!» -- диэн. Бу тылы (эн эрэ буолбатах) үгүс киһи быһа таайан «дьүһүнкубулуйуохха» диэбитэ дииллэр. Кулаковскай «дьүһүк кубулунар» диэн олоҥхо бухатыырын курдук, өссө биирдэ, «хатан тимир халтарыйар хабараан санааны ылынан», «кэлэн иһээччилэри кэтэһэ-кэтэспиччэ (…) кинилэр диэтэх дьон (…) үтүө үөрэхпит диэн ааттыыр – сэттэ уон сэттэ дьиибэ дьибилгэттэрин (…), аҕыс уон аҕыс араас албастарын (…), тоҕус уон тоҕус кудай кубулҕаттарын, куудьуйан ылан, буор куппутун буҕатытыаҕыҥ! – Итиччилэргэ буоллаҕына, кинилэр диэтэх дьон кэлбиттэрин иһин – тиис – тиискэ, муос – муоска, туйах – туйахха буоллаҕына, онтон аннараа өттүгэр Айыҥат хаан анабыла, Таҥха хаан таҥхата … -- ол билиэ этэ буоллаҕа дии, нохолоор! Дом!..» -- диир. Манна: «дьүһүк кубулунан» диэн «дьүһүн уларыйан, атын омук киэбэ киэптэнэн», диэн суолтаҕа туттубатах, олоҥхо бюухатыырын, эбэтэр, ойуун курдук «күүс-үох, ап-хомуһун тардынан» диэн суолтаҕа туттубута көстөн турар. Манна эмиэ омугу омукка утары туруоруу суох. Омук буолан чэлгийэ сайдар туһугар кэлии дьон (ким да буоллун: нуучча, дьоппуон, кытай!) «үктэтиилээх өйдөрүн, биэскилээх мэйиилэрин, угаайылаах толкуйдарын», ол аата, кинилэр бэлиитикэлэрин (сиир албастарын) эрдэттэн эрдэ билэн, «мас курдук олорон хаалбакка», утары тоһуйан (туруулаһан) көрсүөхтээхпит – диэн буолар. Ити биһиги, сахалар, урукку да, билиҥҥи да тылбыт (санаабыт). А.Е.Кулаковскай суолтата итинэн эрэ бүппэт. Кулаковскай биир үтүөтэ – литератураны төрүттээбитэ, тылы туттуу саҥа көрүҥүн олохтообута буолар. Ол эрээри Кулаковскайы «былыргылата» сатыыллар. Билиҥҥи поэттар Өксөкүлээх олохтообут олугун салгыы сайыннарар оннугар, атын омук поэзияҕа уопутун үтүктэри ордороллор. Уонна өссө Кулаковскай кыайбатаҕын кыайбыт курдук тутталлар.   Үтүктүү үтүөҕэ тиэрдибэт -- Оччоҕо сайдыы суола -- Өксөкүлээххэ төннүө дуо? -- Төннүү буолбатах, төрдү тилиннэрии. Өксөкүлээх уус-уран тыл төрдүгэр турар. Кини айымньытыттан тыл төрүт күүһэ (төрүт үгэһэ) тиллэн кэлэр. Ол күүс сүтүө, ол үгэс быстыа суохтаах! Сайдыы икки хайысхата баар: бэйэ суолун кэҥэтии, дириҥэтии уонна атын омук айар суолун тутуһуу. Иккис суолу (хайысханы) өрө тутуу, бэйэ суолун сыыйа сүтэриигэ тиэрдэр. Аан дойду култуурата диэн туспа култуура диэн суох. Омук култуурата диэн баар. Хас биирдии бэйэтин тылынан сайдыбыт омук култуурата ураты (самобытнай) буолар. Кистэлэҥэ – бэйэтин түҥ былыргы киэбин (тылын, сиэрин-туомун, итэҕэлин) тутуһара, ону утумнуура, онно олоҕурара (инники сайдыыга тирэх оҥосторо ) буолар. Төһө дириҥник литература тыла былыргы дьайыҥар (тэтимэр) төннөр да, соччонон ис күүһэ (киһиэхэ дьайыыта) улаатар – бары омукка. Сайдыы сүнньэ (сокуона) итинник. Киһи (омук) бэйэтин билиитэ (билиниитэ) төһө дириҥиир да, соччонон атын омук кинини сөҕө, ордугургуу саныыра улаатар. Үтүктүү үтүөҕэ (сайдыыга) хаһан да тиэрдибэт. Күндэ биир кэмҥэ этэн аһарбыттаах: «Омук бэйэтэ туспа үөрэхтээх, култууралдаах дииллэрэ букатын сыыһа, үөрэх култуура баар буоллаҕына, бүтүн аан дойду үөрэҕэ, култуурата баар. Ол үөрэҕи, култуураны, биһиги сахалар, син ити нууччалар, ньиэмэстэр, ити ааҕылычааттар курдук өйбүтүгэр хатаан, олохпутугар киллэрэн иһиэхтээхпит». Бу, Тэристии эттэххэ, «сайдыымсахтар» тыллара. Сыыһа тыл. Сыыһа тенденция. Саха поэзиятыгар икки уһулуччу поэт баар: Кулаковскай уонна Ойуунускай. Кинилэр саха өйүн уонна талаанын аан дойду таһымыгар таһаарбыттара. Кинилэр истииллэрэ таас очуос курдук туруору, уһ-уга биллибэт үрдүк! Соппуруонап поэзията – түгэҕэ суох дириҥ чөҥөрө. Ойуунускай, Кулаковскай айар уратыларын, кинилэргэ фольклор, итэҕэл сабыдыалын чинчийии – билиҥҥи саха литература туһунан үөрэҕин саамай тыын боппуруоһа буолан турар.Маныаха лаппа үчүгэй үлэлэри Покатилова Н.В., Кулаковская Л.Р., Максимова П.В., Романова Л.Н., Дьячковская М.Н., о.д.а. ссуруйа сылдьаллар. -- Баһылай Никитич, хас биирдии киһиэхэ сүрэҕэр чугас тутар дьонноох буолар. Олоххо үөрэппит учууталларгынан кимнээҕи билинэҕин? -- Мин учууталларым – бастакылара, биллэн турар, ийэм, аҕам буоллахтара. Таһыллыбыппын өйдөөбөппүн. Ийэбэр баҕас атаах быһыылааҕым. Иринньэх, ыарыһах этим. Иккис (хабыр, кытаанах) учууталларым – убайдарым, эдьийдэрим. Кинилэр миигин ыраастыык дьэйэннииргэ (тоҕо түспүт дьэйэммин бэйэбэр ыраастаталлара), ыраастык суруйарга, түргэнник ааҕарга үөрэппиттэрэ. Кинилэр «учууталлаан» (онно сүрүн оруолу улахан убайым Мэхээлэ ылбыт буолуохтаах), мин оскуола иннинэ ааҕар, суруйар буолбутум. Онон иккис кылааска быһа киирэн үөрэммитим. Сэттис кылааһы, Чөркөөххө, «төгүрүк биэһинэн» бүтэрбитим. Онтон наһаа кыбыстыбыппын өйдүүбүн. Атыттартан «ордук үчүгэй» аатыран… Дьиҥэр, миигиннээҕэр ордук суотчуттар элбэхтэрэ… …Элбэхтэн, олоҕум эйгэтигэр чугастарынан (үөрэппэтэллэр да) – литература историятыгар профессор Баһаарын Георгий Борокуоппайабыһы, национальнай боппуруоска профессор Муордьунап Өссөнтөй Дьөгүөрэбиһи ааттаталыам этэ. Кинилэр миигин көнө суолтан (кырдьыктан) туораабат буоларга үөрэппиттэрэ. Иккиэннэригэр дьиэлэригэр сылдьарым, истиҥиник кэпсэтэрим. -- Дьиэ кэргэниҥ туһунан тугу этэҕин? -- Кэргэннээхпин, түөрт оҕолоохпун. Оҕолорбун кытары биир санаалаахпын. Ол миэнэ – дьолум буолар. -- Салгыы ханнык хайысханан үлэлиир санаалааххын? -- Литературнай кириитикэҕэ үрдүк үөрэх босуобуйаларын оҥордорбун диибин. -- Баһылай Никитич, кэпсээниҥ иһин барҕа махтал. Санааҥ туолан, ыраҥолоххо киирэн истин!   Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА. «Киин куорат» -- 2002; от ыйын 5 күнэ.
 

Обидная закадровая реплика Медведева поссорила телеканалы

 

Закадровые комментарии Дмитрия Медведва, в которых он после полуторачасового итогового интервью обозвал "козлами" следователей, пришедших с обыском к режиссеру Павлу Костомарову, вызвали заочный спор между государственными телеканалами.

Моменты, не вошедшие в эфир, напомним, опубликовал канал RT. Его главный редактор Маргарита Симоньян сказала "Коммерсанту": "Мы, безусловно, сожалеем, что техническая часть трансляции, не предназначенная для публичного просмотра, оказалась опубликованной". По ее словам, такое произошло впервые. Впрочем, RT лишь "вел трансляцию на свой канал в YouTube в том виде, в каком она раздавалась", подчеркнула Симоньян, дав понять, что за организацию отвечал не ее телеканал, а один из центральных. В телеэфире интервью с Медведевым транслировали каналы ВГТРК - "Россия 1" и "Россия 24", однако в пресс-службе ВГТРК также открестились от организации. Там газете сообщили, что трансляцию организовал "Первый канал". В свою очередь, на "Первом", где интервью в прямом эфире, кстати, не показывали, уточнили, что "сигнал в студии формировал телевизионный технический центр "Останкино" и отдавал в центральную аппаратную ВГТРК". Маркин не отказывается от своих слов, хоть их и удалили с сайта СК Что касается прозвучавшего в телеэфире комментария Медведева по поводу обыска у Костомарова, то им возмутились в Следственном комитете, впрочем, без упоминания премьера. Однако заявление официального представителя СК Владимира Маркина о том, что подобные комментарии "подрывают авторитет правоохранительных органов", было впоследствии удалено с сайта ведомства. Это было сделано из-за "формулировок, допускающих неоднозначное толкование", объяснил следственный источник РИА "Новости". Маркин пояснил "Коммерсанту", что не знает, что это за источник, и от своих слов не отказывается. "Отказаться от своих слов - это значит, что следователи действовали незаконно, - цитирует его газета. - Это не так, поэтому и отказываться, естественно, нелогично". Напомним, в ходе интервью Медведев сказал, что следствие могло бы затребовать у Костомарова интересующие их материалы в процессуальном порядке, а не проводить обыск: "Зачем нужно было в восемь утра приходить, я не знаю. Видимо, по каким-то причинам эти записи потребовались следствию". Премьер также заявил, что режиссер вправе подать жалобу. После окончания официальной части интервью, уже за кадром, со снятым микрофоном, Медведев вновь попросил не волноваться журналиста НТВ Алексея Пивоварова по поводу обыска у его соавтора по документальному фильму об оппозиции. "Там нормально все будет, вы не волнуйтесь. Козлы они, что в восемь утра приходят... Ну просто, на самом деле это набор привычек. У меня много людей, которые работают в правоохранительных органах, у них действительно... если придут в семь утра, они получат... всё", - сказал он. Эксперт предсказывает отставку премьера Еще до начала интервью некоторые политологи высказали мнение, что против Медведева ведется серьезная кампания по компрометации. А после эфира политолог Андрей Пионтковский назвал состоявшийся "обмен любезностями" между главой правительства и Следственным комитетом "кульминационным моментом в сознательной травле премьер-министра". "Медведева все время ставят в какие-то глупые положения, - сказал он "Новым известиям". - То, что произошло в пятницу, - просто беспрецедентно. Сначала произошла утечка его слов, сказанных в неформальной атмосфере в "Останкино", но появляется она на Russia Today - основном рупоре Кремля. Затем официальный работник прокуратуры (Следственного комитета. - Прим. ред.) вдруг смело встает в позу и говорит, что оскорблены все сотрудники правоохранительных органов. Если это не кампания дискредитации Медведева, то что это тогда?" По мнению Пионтковского, все, что происходит в последние недели, - "это подготовка общественного мнения к отставке премьер-министра".

 

Леди Гага благодарит

 
 
galinaivanovna. Дополню великолепную аналитику Захарьина очередным антироссийским актом Медведева по продвижению и расширению деятельности геев на территории России.
«Американская певица Леди Гага 8 декабря поблагодарила Дмитрия Медведева за поддержку геев. Сообщение об этом она разместила в своем твиттере.
Певица выразила благодарность премьер-министру РФ за то, что он не поддерживает пропаганду против гомосексуалистов, которая поощряется его партией, и поблагодарила за то, что вместо этого он поддерживает ее «шоу и фанатов по всей России».
Так Леди Гага отреагировала на интервью Дмитрия Медведева журналистам пяти российских телеканалов, которое он дал 7 декабря. В ходе интервью зритель телеканала «Дождь», который представился сотрудником пресс-службы «Единой России» и при этом открытым геем, спросил у премьер-министра, зачем нужен закон о запрете пропаганды гомосексуализма.
Медведев, отвечая на вопрос, заявил, что «далеко не все поведенческие привычки... нужно превращать в законодательство, потому что не все отношения между людьми поддаются регулированию законами».
Позже секретарь генсовета партии «Единая Россия» Сергей Неверов заявил, что персонаж, от имени которого был задан вопрос, не существует, поскольку в пресс-службе партии работают только женщины.
Леди Гага в рамках гастролей в поддержку пластинки «Born This Way» проведет два концерта в России. 9 декабря она выступит в Санкт-Петербурге, а 12 декабря состоится ее концерт в Москве».
Надо бы Медведеву сходить на концерт.