Соторутаа±ыта бу трибунаттан сэбиэскэй буойуннар пааматынньыктарын уонна сэбиэскэй символиканы тірдµттэн эґэр Польша уонна Украина фашистарын утары абаран-сатаран µгµс тыл-іс этиллибитэ. Оттон ити кэмІэ Россия±а Ленин а±ыс пааматынньыга, “сэрии о±олоругар” биир пааматынньык суох оІоґулунна, Ярославскай уобаласка красноармеец Тутаев аатынан куорат аата уларытылынна.
Россия±а сэбиэскэй символиканы утары охсуґуу бара турар буолбатах дуо? Олунньу 2 кµнµгэр Волгоград куоракка Сталинград анныгар сэбиэскэй буойуттар кыайыыларын 75 сылыгар аналлаах параадка сулуґа, сиэрпэтэ уонна ітµйэтэ суох Кыайыы знамята хайдах да сиэргэ баппат быґыы буолар. Оччотугар Россия Польшаттан уонна Украинаттан туох уратылаа±ый? Онно сэбиэскэй символиканы утары охсуґааччылары фашист диир буоллахпытына, Россия±а оннук быґыыланар дьону ким диэн ааттыыбыт?
Улуу судаарыстыба историятын, ол иґигэр а±алар-ийэлэр хааннарын то±он туран а±албыт Кыайыыларын кыґыйа-сото сатааґын, — бу А±а дойдуну, улуу норуоту таІнарыы, эйэни бі±іргітµµнµ уонна норуот сомо±олоґуутун бµдµрµтµµ-атахтааґын, бу акыйаан анараа іттµгэр баар істііххі бэлэх буолар. Онто да суох, итинник бэлэхпит элбэх! Хапытаалы кыраныысса таґыгар кµрэтии, промышленноґы уонна тыа хаґаайыстыбатын эґии, социальнай эйгэни, Сэбилэниилээх кµµстэри урусхаллааґын. Кэнники историябытыгар Россия биирдэ эрэ, Примаков — Маслюков са±ана, тоннель тµгэ±эр сырдыгы кірбµтэ. Кинилэр ыґыллыбыт дойду экономикатын чілгі тµґэрэри ситиспиттэрэ. Ол эрээри кинилэри тµргэнник солбуйбуттара, арааґа, дойдуну бі±іргітµµ салалта былааныгар киирбэтэ±э буолуо. 2000 сылтан са±алаан µµнэр сыллар тµмµктэрэ барыта таІнастыыны эрэ туоґулуура.
1999 сыллаахха ис баалабай бородуукта±а промышленность ирээтэ 32 % тэІ этэ. 16 сылынан бу кірдірµµ 27 % диэри тµстэ. Россия промышленноґыттан 10 % кі±µрэттэххэ, ИББ кээмэйэ 17 % эрэ тэІнэґиэ. Ис баалабай бородуукта±а массыынаны оІорон таґаарыы іссі ыар хартыыналаах: 2000 с. — 15 %, 2012 с. — 8 %, 2015 с. — 1,4%.
2000 сылы кытта тэІнээтэххэ, дойду оІорон таґаарар станоктарын уонна тролейбустарын ахсаана икки тігµл а±ыйаата, трактордарын ахсаана — µс тігµл, подшипниктарын ахсаана — биэс, номенклатура±а барытыгар итинник!
16 сыл устатыгар оІорон таґаарар орто кыахтары туґаныы таґыма тракторы оІорон таґаарыыга ортотунан — 12 %, станогу оІорон таґаарыыга — 14 %, подшипниктары оІорон таґаарыыга — 27%.
2017 сыл тµмµгµнэн сµрµн макроэкономическай кірдірµµлэр 17 сыл устатыгар 2000 сыл таґымыттан тµспµттэр. Ол аата экономическай политика экономиканы сайыннарыыга буолбакка, таІнастыыга сирдээбит.
2017 сылы барыллааґын тµмµгµнэн экономика µµнµµтэ 2,5% тэІнэґиэ±э.
Промышленность уонна эргиэн 1% µµммµт. ЈІі — 0,2% . Тутуу 2,1% тµспµт.
Онноо±ор киґи хара±ар быра±ыллыбат быыкаайык µµнµµнµ оІорон таґаарыы кээмэйэ буолбакка, инфляция хааччыйбыт. Јскітµн инфляция уопсай кээмэйэ 2,5 % буолла±ына, промышленноска инфляция — 7,6%, транспорка — 8%, энергетика±а — 5,7%, уунан хааччыйыыга — 9,5%.
2013 сылтан 2017 сылга диэри нэґилиэнньэ дохуота 13 % кыччаата, онтон сиэттэрэн ороскуота 15 % а±ыйаата. Дойду µрдµнэн остолобуойдар, кафелар уонна рестораннар, ону тэІэ ма±аґыыннар сабыллаллар. Нэґилиэнньэ атыылаґар кыа±а тµстэ!
Экономика таІнастыыта биир іттµнэн ньиэп сыаната µрдээґининэн быґаарыллар. Ордук харчы баар буолбута, атыылаґан ылар кыахтаах буоллаххына, то±о оІорон таґаарыаххыный?! Импорт 24 % улааппыта, ол иґигэр аґы-µілµ киллэрии — 16 %. Сыл анараа іттµгэр кыччаабыта бэлиэтэммитэ. Импорты солбуйуу туґунан, арааґа, умуннулар!
2015 сыл бэс ыйыттан Россия±а 885 бырайыагы олоххо киллэрдилэр. Куґа±ана суохха дылы! Ол эрээри санатар буоллахха, ССРС-ка сэрии кэнниттэн сылга балтараа тыґыынча собуот уонна фабрика µлэ±э киллэриллэрэ. ТэІнээн кірµІ эрэ! Импорту солбуйууну тэґииниттэн тутарга, “кідьµµстээх менеджердэр” урусхаллаабыт 75 тыґ. собуоттарын уонна фабрикаларын чілгі тµґэриэххэ наада. БµгµІІµ тэтиминэн онуоха 85 сыл наада!
Онуоха 2017 сылга таІастыыр производство±а 37 тыґ. тэрилтэ суох оІоґулунна. 2016 сылга — 55 тыґ. тэрилтэ, оттон импорты солбуйуу сµнньµнэн 495 бырайыагы арыйдылар. Киґи хайдах да тэІнээбэт сыыппаралара!
Тэрилтэлэри сабыы саІа µлэ±э киллэриллэр кыахтары куоґарар. Ар±аа дойдулар экономическай кимэн киириилэрин усулуобуйатыгар тэрилтэлэри сабартан хайдах да куоппаккын!
Хостуур салаа±а устааптаах хапытаал уопсай кээмэйин 42% — омук киэнэ. Ол аата омуктар 1,4 млрд долларга хостуур промышленность эргитэр µбµн 1/3 хонтуруоллуур быраабы атыылаґан ылбыттар. ЭргиэІІэ омук хапытаала кыттыылаах тэрилтэ ирээтэ 81 % ылар, ас-µіл промышленноґыгар — 2/3. Биґигини ар±аа дойдулар испититтэн хонтуруоллууллар! Кинилэр істііхтірбµт эбээт!
Судаарыстыбаны тула іттµттэн санкцияларынан иилии ылбыт дойдулары кытта маннык сібµлэґэ олорууну ханна іссі кірµіххэ сібµй? Ол эрээри бырабыыталыстыба±а билигин да омук инвестициятын ахталлар-саныыллар, олор туохха наадалаахтарый?
Киин баан чахчыларынан, кэнники 16 сыл Россияттан сокуоннайдык таґаарыллыбыт хапытаал кээмэйэ 550 млрд дуоллар, эбэтэр 32 трлн солк. “Глобал Финансиал Интеграйти” чахчыларынан, µбµ сокуоннайа суох кµрэтии 782 млрд дуолларга тиийэр (билиІІи куурсунан 46 трлн солкуобайга тэІ). Кµлµк экономика ИББ 46% сыаналанар. Ким да±аны маннык бас-баттах барыыны тохтото да сатаабата±а! Тіттірµтµн, бµгµн бу сокуону кэґиини сокуоннай оІоро сатыыбыт!
Судаарыстыба µбµн-харчытын хармаанныыр схема торумнанна уонна сокуонунан кімµскэллээх буолла. “Роснефть” уонна “Роснефтнегаз” корпорациялар ночооту кірдіріллір.
Дуоллар курса µрдээн, олигархтары байытта, ол оннугар Киин баан 9,9 трлн солкуобайдаах актыыбын сµтэрдэ, 630 млрд солкуобай дохуотуттан уонна 211 млрд солкуобай барыґыттан илии сотунна. ДьиІэр, ол судаарыстыба µбэ-харчыта буолла±а.
Инфляцияны кытта охсуґар туґуттан сµрµн ыстаапка уонна валюта кууруґа µрдэтиллибитэ µс сыл буолла, ол эрээри, тіґі да инфляция 2,5% буоллар, кредит µбµгэр-харчытыгар тииґинэр кыаллыбат! Сµрµн ыстаапка то±о 7,75%? Кини 3 — 4% буолуохтаах!
Кредит бырыґыана 12 — 25%, дьиІэр 5 — 6% буолуохтаах. То±о туох да тірµітэ суох экономиканы тууйаллар?! Маныаха Экономиканы сайыннарыы министиэристибэтин оруола хайда±ый? Оттон министиэристибэ чугастаа±ы сылларга экономика хайдах буолуо±ун таабырын курдук таайа сатыыр. Онноо±ор кіннірµ сэрэбиэйдьит эппиэт биир барыйаанын биэрэр, оттон Экономиканы сайыннарыы министиэристибэтэ — µґµ, онтон биирэ да туолбат, ол эбэтэр экономиканы ким да салайбат, экономика сµµрµк хоту устар — тимирэрдии. Оччо±о тугу да салайбат, туохха да туґаайбат, туохха да эппиэти сµкпэт буолан баран сµІкэн µбµ-харчыны апчарыйар министиэристибэ туохха нааданый?
Быыбар буолар сылыгар, чугастаа±ы кэмІэ экономика 3% µµнµі диэн сэмэйдик биллэрэллэр. ТаІнастыбыт экономика±а 3% µµнµµ диэн тугуй? Бу сэбиэскэй кэмІэ биир смена±а оІоґуллар станок кээмэйин аІаара уонна биир смена±а оІорон таґаарыллар комбайнтан кыра кээмэй.
Билигин Россия экономиката 10% кээмэйинэн µµнээґинин да, дьоґун диэн сыаналыырбыт табыллыбат курдук турукка киирэн турар. Ґлэлии турар оІорон таґаарар предприятиелары толору кыахтарынан µлэлэтиэххэ, саІа собуоттары уонна фабрикалары тутуохха, онуоха АХШ-тан бэйэбит 100 млрд тахса дуолларбытын тіннірін инвестиция±а угуохха. Омуктар эргиэннэрин ситимнэригэр санкциялары киллэриэххэ, омук инвестордарын-хааны эрэ оборооччулары µµртэлиэххэ.
Кредити сылга 3-4% таґымынан олохтуохха, туґанааччылар наадыйыыларын кµµґµрдµіххэ. Уопсайынан, онноо±ор экономическай факультет иккис кууруґун устудьуона билэрин оІоруохпутун наада.
Экономиканы сайыннарыы министиэристибэтэ наука этэринэн буолбакка, Гайдар форумун дой±охторунан уонна акыйаан ніІµі баар “до±оттор” сµбэлэринэн салайтарара абаккалаах. Ол сµбэлэр тµмµктэригэр аан дойдуга бары толлор модун судаарыстыбабыт илиитин тоґуйар умнаґыкка кубулуйда, оттон кыраныысса тыґыгар кини гражданнарын, счеттарын, самолеттарын, судноларын тутан ылаллар, спортсменнарын Олимпиада±а киллэрбэттэр, оттон кыттааччыларга баттабыллаах усулуобуйаны туруораллар.
Биґиги чулуу дойдубутун туох да толкуйа суох реформалар, ілірір кідьµµґµрдµµлэр, аІала чунуобунньуктар туохха тиэртилэр!
Николай АРЕФЬЕВ,
Госдума депутата,
“Сэрии о±олоро”
Бµттµµн Россиятаа±ы
общественнай тэрилтэ
салайааччыта.