Adult Search

Якутский республиканский комитет

Коммунистической партии Российской Федерации

Адрес: Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, ул. Октябрьская, дом 3
Телефон: +7 (411) 23-66-151
Электропочта: mgm_2004@mail.ru

Ийэ дойдута суох µтµі° ааппыт уонна оІорбут дьыалабыт симэлийиэ

Кинилэр: “БµгµІІµ кµн — бу бэ±эґээІи кµнтэн силистээх µнµгэс уонна кэлэр кэм сиэмэтэ”, — бу кынаттаах этии автора нуучча историга Михаил Погодин курдук ійµнэн-санаанан салайтараллар.

А±а дойдубут историятыгар саба тµґµµттэн дьон-сэргэ сылайда. Горбачев “уларыта тутуутун” сылларыттан ааспыт олохпутун µі±µµ-симии у±араабат. Чуо ол кэмІэ Яковлев іттійµµтµнэн “урукку кэм µрµІ бээтинэлэрин” хара кыраасканан харса суох сыбыы сатаабыттара.

Ити эрээри биґиги сэбиэскэй кэмнээ±и историябытыгар ол кир-хах иІпэтэ±э. Хара кырааска бэрт тµргэнник хатан бытарыйан тµспµтµгэр саІа кілµінэлэр соґуйбут харахтарыгар Сэбиэскэй дойду баара±ай ситиґиилэрэ, сµІкэн кыайыылара арыллан тахсыбыттара.

Ол иґин сэбиэскэй кэм символлара киэІник биґирэнэллэр, оттон норуот ійµгэр-санаатыгар Ленин уонна Сталин улууканнаах политическай деятеллэр быґыыларынанан µрдµктµк сыаналаналлар. Ону билиммэт буолар сатаммат.

Оттон билинэн баран, история чопчу уруоктарын ылыныах тустаахпыт. Оччо±о эрэ дойдубут инники сайдыытын кыаґылыыр русофобияттан уонна сэбиэскэйи утарыыттан босхолонуохпут. Мин саныахпар, ити улууканнаах уруоктартан сор±отун санатыах кэриІнээхпит.

 

История уруоктара

Биллэрин курдук, Јктііп ірібілµµссµйэтэ социальнай-кылаассабай бэлиэнэн атырдьах мастыы араарыллан олорор дойдуга буолбута. XIX µйэ бµтµµтµгэр Россия империятын іґµітэ иІнэстибитэ. 1917 сыл хаарбах дьиэ олунньутаа±ы силлиэни уйбакка сууллубута. Онуоха Ленин уонна кини соратниктарын “кубул±аттара” буруйдаах буолбатахтар.

Романовтар монархиялара былааґы тиґэ±эр тиийэ илиитигэр илдьэ хаалаары дойдуну муІур уґукка тиэрдибитэ. Монархияны солбуйбут буржуазнай бырабыыталыстыба Россияны ытарчалыы ылбыт кризис иититтэн кыайан таґаарбата±а.

Ону ааґан дойду ыґыллыыта са±аламмытыгар хайыыр да кыа±а суох кірін олорбута. Сууллубут монархия бэйэтин кэнниттэн батыґыннаран дойдуну ииІІэ киллэрэр суолуттан Ленин эрэ партията Россияны быыґаан ылбыта.

Биґиги улуу дойдубутугар ХХ µйэ бастакы чиэппэрэ — µлµскэн уларыйыылар кэмнэрэ. История тосту уларыйар тµґµмэ±эр социальнай кыґал±алар сытыырхайаллар. Урукку баас хаанынан о±уолуур, киґи тулуйбат ыарыыта.

Урукку ал±астар, аґара барыы иґин эппиэти сµгэр кэм кэлэр.

Ол эрээри кырдьыгы билиэххэ уонна кэпсиэххэ наада: Сэбиэскэй былаас Россия ыар охсууттан тыыннаах тахсарын ситиспитэ.

Эдэр іріспµµбµлµкэ ірµттµбµтэ. Бастатан туран, ону атааннаґар араІалара-кылаастара суох уопсастыбаны тэрийиинэн ситиґиллибитэ. Ол эрэ буолбатах.

Урукку аттааннаґыыны туоратарга дьоґун хардыылар оІоґуллубуттара. ССРС-ка 1930-с сыллартан сэбиэскэй иннинээ±и кэми хаалыылаах, баттаммыт дойду, феодальнай сэриилэр уйаларын курдук кірдіріргі холонуу биґирэммэт буолбута. Киевтээ±и, Москватаа±ы Русь са±аттан, Петр пиэрибэй Россиятыттан Сэбиэскэй кэмІэ тиийэ дойду салайааччылара, полководецтара, дипломаттара іркін ійдііх, бары іттµнэн дэгиттэр сайдыылаах, ча±ылхай дьон быґыытынан оскуола±а µірэх кинигэлэрин страницаларыгар киирбиттэрэ.

Кырдьык, биґиги историябытыгар, син эмиэ атын норуоттарга курдук, хара баттал, суостаах-суодаллаах, муІура суох былаас бµрµµкээбит кэмнэрэ баара. Ол мэлдьэґиллибэт. Ити эрээри бµгµІІµ кµн хара±ынан кірін ол кэми ойуулуур-сырдатар хайдах да сатаммат.

“Тустаах кэм историческай усулуобуйатыттан, оло±уттан-дьаґа±ыттан тэбинэн” кірµіх-сыаналыах тустаахпыт. Чиэґинэй буолуу, историзм принцибэ онуоха ыІырар.

Историябытыгар ата±астабыл-баттал сааттаах кэмэ норуоппут µрдµккэ, кырдьыкка, кіІµлгэ дьулуґуутун кытта бииргэ дьµірэлэспитэ. Улуу Јктііп социалистическай ірібілµµссµйэтин силиґэ-мутуга биґиэхэ ханнык эрэ атын планеталартан а±алыллыбыт буолбатах.

“БСКП(б) историятын кылгас кууруґа” бэчээттэнэн тахсыбытынан сибээстээн партийнай пропаганданы тэрийэн туруоруу туґунан” БСКП(б) 1938 сыл сэтинньи 14 кµнµнээ±и уураа±а чуо итинник сыґыаны ійіібµтэ.

Бассабыыктар биґиги дойдубут ар±аа дойдулартан мэлдьэґиллибэттик хаалбытын уонна оннук мэлдьи буолуохтаах диэн ійдібµлµ туора хаґыйбыттара. Биґиги дойдубут историятыгар киґи киэн туттар страницалара элбэ±ин туґунан сэбиэскэй гражданнарга быґааран, ыйан-кэрдэн биэрэллэрэ.

1936 сыл И.В. Сталин санаппыта: “Нуучча норуота Пушкин уонна Лермонтов, Ломоносов уонна Менделеев, Белинскэй уонна Чернышевскай, Герцен уонна Добролюбов, Толстой уонна Горькай, Сеченов уонна Павлов курдук уус-уран тыл, научнай ій-санаа улууларын биэрбитэ”.

Сэрии иннинээ±и искусство айымньылара урукку кэм геройдарыгар, ааспыт µйэлэр уґулуччулаах дьонноругар анаммыта. Сергей Эйнштейн “Александр Невскэй” аатырбыт киинэтэ, Алексей Толстой “Петр I” романа, А.С.Пушкин ілбµтэ 100 сылын далааґыннаахтык бэлиэтээґин, култуурунай олох атын кэрэ-бэлиэ тэрээґиннэрэ нэґилиэнньэни патриотическай тыыІІа иитиигэ дьоґун суолталаммыта.

Атын кэлим дьаґаллар эмиэ ылыллыбыттара. 1934 — 1935 сылларга ССРС-ка урукку кулаактары амнистиялааґын киэІник ыытыллыбыта.

1936 сыл хаґаахтар µтµі ааттара толору чілгі тµґэриллэн, Кыґыл Армия кэккэтигэр сулууспалыыр кыахтаммыттара. Ону ааґан оборона наркома Климент Ворошилов хаґаахтар кадровай чаастарын тэрийэр туґунан бирикээґэ тахсыбыта.

Сэрии иннинэ урукку кіліґµннээччилэр кылаастарын бэрэстэбиитэллэригэр быыбардыыр быраап тіннірµллµбµтэ.

Кыайыы —

сомо±олоґууга

А±а дойду Улуу сэриитэ са±аланарыгар сэбиэскэй норуот дьиІ-чаахчы сомо±олоспута. Ол барыта 1945 сыл Улуу Кыайыыны тµстээбитэ. Сомо±олоґуу барытыгар бэлиэтэммитэ. Сэбиэскэй дойду салалтата кыргыґар норуот дьыл±атын тэІІэ µллэстибитэ. БСКП (б) КК Политбюротун чилиэннэрин уолаттара сэрии уотун ааспыттара, µгµстэрэ кыргыґыы хонуутугар охтубуттара. Былаас уонна уопсастыба сомо±олоґуута фашизмы кыайыыга бигэ тирэх буолбута.

1941 уонна 1942 сыллар А±а дойду Улуу сэриитигэр саамай ыар сылларынан буолбуттара. Фашист халабырдьыттара Москва анныгар то±о анньан киирбиттэрэ, Ленинграды тігµрµйбµттэрэ, Волга±а дьулуруйбуттара. Россия дьыл±атыгар ілір-тиллэр кэм тирээбитэ.

Маннык быґаарыылаах кэмІэ сэбиэскэй бырабыыталыстыба уонна коммунистар партиялара армия уонна байыаннай промышленность кыґал±атыгар эрэ буолбакка, істіі±µ µлтµрµтµµгэ бигэ итэ±эли бі±іргітµµгэ бастакы уочараттаах бол±омтону уурбуттара.

Бу соругу толорууга сэбиэскэй култуура бастыІ кµµстэрэ тµмµллµбµттэрэ — суруйааччылар уонна поэттар, актердар уонна режиссердар, худуоґунньуктар уонна композитордар, ырыаґыттар уонна музыканнар.

Кинилэр улуу патриотическай айымньылары айбыттара, фроІІа саллааттар сµргэлэрин кіті±ір кэнсиэртэри тэрийбиттэрэ. Ийэ дойдубут µрдµнэн бµрµµкээбит ыар чааска кинилэр айымньылара істіі±µ іґіріргі ыІыраллара, Кыайыыга дьон-сэргэ эрэлин бі±іргітіллірі.

Сэбиэскэй судаарыстыба Россия тыґыынча сыллаах историятын героическай кэмнэрин санатарга, ону холобур гынарга кыаллары барытан оІорбута. 1941 сыл кукрыниксы худуоґунньуктар уонна поэт Самуил Маршак плакат буолбут уобараґы айаллар: инники кµіІІэ — фашистар суолларыгар тимир куйах буолан туора турбут Кыґыл Армия саллааттара уонна таанкалара. Кинилэр µрдµлэригэр, эмиэ істіі±µ утары барыспыт Александр Невскэй, Александр Суворов уонна Василий Чапаев Ийэ дойдуларын кімµскµµр Кыґыл Армия саллааттарын кытта биир бойобуой кэккэ±э турарга дылылар. Плакат анныгар хоґоон:

Биґиги, Суворов сиэннэрэ,

Чапаев уолаттара,

хорсуннук сэриилэґэбит,

хоодуоттук кыргыґабыт.

“Биґиги улуу ібµгэлэрбит Александр Невскэй, Дмитрий Донской, Кузьма Минин, Дмитрий Пожарскай, Александр Суворов, Михаил Кутузов хорсун уобарастара эґигини бу уоттаах сэриигэ кынаттаатын”, — диэбитэ Иосиф Сталин 1941 сыл сэтинньи 7 кµнµгэр. Бу тыллары кини Улуу Јктііп ірібілµµссµйэтин 24 сылыгар анаммыт байыаннай параадка Ленин Мавзолейын трибунатыттан эппитэ.

Норуот сомо±олоґуута ССРС-ка олуона эбэтэр ылбычча кістµµ буолбатах этэ. Бу барыта тулхадыйбат тулааґын буолбут сыаннастарга тирэ±ирэрэ. Буржуазнай уопсастыба±а курдук социальнай уонна култуурунай атааннаґыы Сэбиэскэй Союзка суо±а. Биґиги дойдубутугар кіліґµннээччилэргэ уонна баттаммыттарга-ата±астаммыттарга арахсыы суох оІоґуллубута.

Бу барыта соторутаа±ыта буолан ааспыт гражданскай сэриини толкуйдаан кірін дириІник анаарарга улахан тіґµµ буолбута. Ол курдук, сэбиэскэй литература±а Михаил Шолохов “Тихий Дон”, Михаил Булгаков “Белая гвардия”, о.д.а. айымньылар айыллан тахсыбыттара.

Аан дойду иккис сэриитин сылларыгар µрµІ эмиграция бэрэстэбиитэллэрэ атырдьах мастыы арахсыы будул±аныгар іссі тігµл ыктарбыттара. Сэбиэскэй норуот фашизмы утары кыргыґыытыгар сыґыаннара кинилэр патриотическай санааларын тургуппута.

Кинилэр µгµстэрин курдук, Иван Бунин Сэбиэскэй Союз кыайарыгар истиІник ба±арбыта, оттон генераллар Краснов уонна Шкуро фашистскай Германия іттµгэр сэриилэспиттэрэ. Онон Ийэ дойдуларын таІнарааччылар гражданскай сэрии сылларыгар омук интервеннэрин ыстыыктаах сааларыгар тирэ±ириилэрэ мээнэ±э буолбатах этэ. Национальнай таІнарыы суолунан кинилэр тиґэ±эр тиийэ барбыттара. Тугунан да сууйуллубат халыІ аньыыларынан ааттарын-суолларын хараардыбыттара, кырдьыктаах суут иннигэр турбуттара.

Фашизмы кыайыы кэнниттэн Сталин салалтатынан элбэх норуот сомо±олоґуутун бі±іргітіргі саІа хардыылар оІоґуллубуттара. 1946 сыл Россия империятын урукку подданнайдарыгар ССРС гражданствотын чілгі тµґэрэр туґунан сокуон аакталара ылыллыбыттара. ҐрµІ эмиграция бэрэстэбиитэллэрэ Ийэ дойдуларыгар тінніллірµгэр саІа суол-иис са±ыллыбыта.

Барыта оннук этэ. Норуоту сомо±олуурга Сэбиэскэй Союз холобура ча±ылхай уонна итэ±этиилээх этэ.

Биґиги ону умнар кыахтаахпыт дуо? Ону сарсыІІыга ылар бырааптаахпыт дуо? Биллэн турар, бырааптаахпыт, ону туос акаары эрэ эбэтэр дьиІ істііхпµт утарыа.

Аан дойдутаа±ы

уопут

Аан дойдуга атын µтµі холобурдар эмиэ бааллар. Кытай Народнай Јріспµµбµлµкэтин ааспыт историятыгар ытыктабыллаах сыґыана иннин диэки эрэллээхтик хардыылыырыгар олук уурда.

Манна ааспыт иэдээннээх кэмнэри аахсыбакка Мао ЦзедуІІа ытыктабыллаахтык сыґыаннаґаллар. Тяньанмэнь болуоссатыгар кини баара±ай мэтириэтэ ыйанан турар, кини Мавзолейын суох оІорор туґунан ким да тібітµгэр о±устарбат.

Мындыр ій уонна судаарыстыба эппиэтинэґэ тус бэйэ іґµ-сааґы ситиґэр санаатын баґыйа туппута. Кытайдар реформаларын концепцията Мао Цзедун уонна Дэн Сяопин µтµі уопуттарын туґанан инники диэки хардыылыыр суолу ыйбыта. Бу сыґыаны олоххо киллэрии тµмµктэрин билигин аан дойду барыта сі±ір.

История±а ытыктабыллаах сыґыан — дойду сайдыытын дьоґун тирэ±э. Маныаха Франция холобурун хайдах тумнуохха сібµй. Кини улуу ірібілµµссµйэтэ хас биирдии алтыс француз оло±ун толук ылбыта. Ол эрээри французтар билиІІэ диэри бу хааннаах кэми ытыктыыллар. Ол ійдінір: ити улууканнаах событиелар Францияны уопсастыбаннай сайдыы инники кµінµгэр таґаарбыттара.

Тургутуу кэмигэр тіріібµт дойду историятыгар тирэ±ирии быґаарар суолталаах. Сэбиэскэй Союз тиґэх сылларыгар ону µгµстэр кыайан ійдіібітіхтірі. Биґиги дойдубут істііхтірі бары хайысханан олохпутун тµірэІнэтэн барбыттара.

Дойдубутун эспиттэрэ. То±о ол кинилэргэ кыаллыбытай? Тµірэхпитин тµІнэрэргэ сэбиэскэй кэми µі±µµ, русофобия уонна национализм кµµскэ туґаныллыбыттара.

Ол барыта сатабыллаахтык туґаннахха сытыы социальнай атааннаґыы суох уопсастыбатыгар да±аны µлэлиирин, кідьµµґµ биэрэрин олох бэйэтэ кірдірбµтэ.

Уруккуну тиэрэ эргитэн кірдірµµ бµгµІІµ уонна сарсыІІы кµІІэ ыарыылаахтык охсор. Ону дакаастыыр наадата суох. Бу кістін турар дьыала. Биґиги бэйэбит ону бэрт соторутаа±ыта ааспыппыт.

Геройдары ата±астааґын, кинилэр хорсун быґыыларын сиргэ-буорга тэпсии норуот дьыл±атыгар хайдах охсорун бэйэбит кірбµппµт.

Кырдьык, “уларыта тутуу” сылларыгар биґиги сымыйа±а µктэтэммит, дойдубутун албыІІа-кілдьµІІэ куустарбыппыт. Кэнники сылларга итинтэн сыыйа ыраастанан эрэбит. Омос кірµµгэ, ол былаас бэрэстэбиитэллэрин эмиэ таарыйбыкка дылы. 2014 сыл сэтинньитигэр Владимир Путин эдэр историктары кытта кірсµґµµтµгэр тыл этэригэр Улуу Јктііп социалистическай ірібілµµссµйэтин сµµс сыла чугаґаабытын санаппыта.

Бу событие кырдьыктаах, дириІ хорутуулаах профессиональнай сыанабылы ирдиирин тоґо±олоон бэлиэтээбитэ. Биллэн турар, “кырдьыктаах” диэн ійдібµлгэ тугу ба±арар сыбыы тутан µгµґµ дой±охтуохха сіп.

Ити эрээри дор±оонноохтук этиллибит ыІырыы — хараардыыга да, аан дойду историятын биир улууканнаах событиетын тумнууга да альтернатива буолуон сіп. Ити кэмтэн биир ый ааґыыта президент госсэбиэт уонна култуура уонна искусство сэбиэтин холбоґуктаах мунньахтарыгар тыл эппитэ.

Онно ар±ааІы дойдулар олохторун-дьаґахтарын укулаатын уонна сыаннастарын собус-со±отох сіптііх курдук аан дойдуга барытыгар соІнооґуну сэмэ±э тардыбыта. Хас биирдии норуот бэйэтин ураты култууратын сайыннарарга, историческай утумун салгыырыгар быраабын бэлиэтээбитэ.

Нууччаны уонна сэбиэскэйи

барытын утарыы

Ґрдµкµ былаас хара±а аґыллыбыкка дылы буолбута. Ити эрээри ыллыктаах тыл-іс, олохтоох сыанабыл дьиІ дьыала±а ханан да кістµбэтэ. Ар±аа дойдулар кутуруксуттарын лаа±ыра Россия±а сэбиэскэйи барытын хараардар кэмнэрин тінніріргі эрэлин сµтэрбэт.

Дойду нэґилиэнньэтигэр ійібµлэ суо±ун кэриэтэ эрээри идеология±а, судаарыстыбаны салайыыга, дьоґун суолталаах быґаарыыны ылыыга сµІкэн оруоллаах. Сэбиэскэйи утары айан таґаарбыт лиэнтэлэрин Россия сонуннары тар±атар тутаах сириэстибэлэрэ кµнтэн кµн эргитэллэр. Сэбиэскэй кэми баґаа±ырдар сымыйа докумуоІІа оло±урар киинэлэр, кэккэ биэриилэр, сериаллар кµіх экрантан тµспэттэр.

ССРС-ґы ыґар суолга далаґаны уурбут киґи µбµлµійµгэр бэлэмнэнии бэлиэр 2014 сыллаахха са±аламмыта. Кини аата — Солженицын. Ґбµлµійэ 2018 сылга эрэ буолар. Ити кэм иґигэр Россия биґиги култуурабыт уонча ча±ылхай ааттарын далааґыннаахтык бэлиэтиэн сіп этэ. Тугу да саарба±алаабакка, киэн туттан туран. Ол эрээри то±о эрэ бэрт міккµірдээх ааты чорботтулар.

Историяны хос суруйарыгар либераллар лаа±ырдара гражданнар баґыйар ахсааннарын санаатын утары барар.

Онноо±ор бырабыыталыстыба ыйыытын улгумнук толорор социологическай сулууспалар Россия олохтоохторун баґыйар аІаардара сэбиэскэй кэмІэ ытыктабыллаах сыґыаннара уларыйбата±ын бэлиэтииллэр.

Дьон сиэрдээх ійі-санаата, биир сµрµннээх толкуйа, кырдьыкка дьулуґуута баґаа±ырдыыга холонуулары тіттірµ тілкіліібµтэ. Онуоха хардаран ааспыт сыл былаас араас мэндиэмэниттэн сэбиэскэйи утарар кі±µлээґин эгэлгэтэ кутуллубута.

Бырабыыталыстыба политическай репрессиялар сиэртибэлэрин µйэтитии концепциятын бигэргэппитэ, оттон Москва куорат думата “биир ньыгыллар” “µтµілэринэн” пааматынньык туруорарга быґаарбыта. Ити эрээри дойду кыа±ын чиІэтэр, кімµскэнэр кµµґµн бі±іргітір сорук 1930 — 1940 сылларга ыытыллыбыт суостаах политика±а 굴эйбитин кырдьыктаах чинчийиилэр дакаастаабыттара ыраатта.

Репрессия “сиэртибэлэрэ” дэнээччилэр баґыйар аІаардара Сэбиэскэй былаас дьиІнээх істііхтірі — власовецтар, бандеровецтар, диверсаннар, таІнарыахсыттар этилэр. Репрессия тула айдаан тµгэхтээхтик кµіртэнэрин туґунан быґаччы этиэх тустаахпыт. “Сталинизмы” утарааччыларга историческай кырдьык ончу да наадата суох. Кинилэр дьиІ патриотизм µідµйµµтµµн бохсор сыаллаах ити айдааны кібµтэ тураллар. Сыаллара — социалистическай тутул кэминээ±и героическай чахчылары, бэйэни харыстаммат сµІкэн µлэни-хамнаґы туора сотуу, улууканнаах ситиґиилэри эриэккэс эрээри албын хартыынанан уларытан биэрии.

Федерация Сэбиэтин биир чилиэнэ Сталин µтµілэрин аІардас билинии иґин эппиэккэ тардар сокуону ылынарга этии киллэрбитэ. Оччотугар кини дойду нэґилиэнньэтин аІаарын хаайаары гынар дуо? Сэбиэскэй символлары уонна нуучча тылын боппут Украина политиктарын санатарыттан кыбыстыбат дуо?

Екатеринбург куоракка Ельцин-киинин арыйыы сэбиэскэй кэми саамай сидьиІник утарыы, норуокка силлээґин буолар. Баай кістµµлээх тутууга мілµйµінµнэн доллары ороскуоттаатылар. Салайар эргимтэ Ельцин режимин утумнааччы буоларын то±о эрэ тоґо±олоон бэлиэтииргэ быґаарда. Оттон дьиІэр, 90-с сыллар нэґилиэстибэлэрэ — бу промышленноґы уонна тыа хаґаайыстыбатын µрэйии, криминал уонна коррупция бас баттах барыылара, тас сыґыаннар тµІнэстиилэрэ, биир санаалаахтарбытын сµтэрии, култуурабыт кэхтиитэ, нэґилиэнньэ дьадайыыта.

Ельцин-киинин национальнай таІнарыы пааматынньыгыттан, сэбиэскэй кэми утарыы уонна русофобия символыттан атыннык ааттыахха сатаммат. Ити эрээри бэлиэр урусхаллыыр кµµстэр кииннэринэн буолан эрэр.

Екатеринбург куорат Россияны бытарытарга уонна ар±ааІы дойдулартан салаллар дойдуга кубулутарга дьулуґааччылар кµннµµр-кµінэхтиир тµілбэлэригэр кубулуйар. Бу барыта ханна эрэ µрэх баґыгар буола турар буолбатах эбээт — Уралга, Россия сирин-уотун хабайар хаба ортотугар — Европа Азияны кытта ыпсыытыгар.

Онуоха эмиэ урукку историябытыгар сыґыан охсуґуу хонуутунан буолла. Ельцин-киинин тірµттээччилэргэ, ійііччµлэргэ уонна бу киин бэрэстэбиитэллэригэр биґиги дойдубут историята барыта — варвардар олохторо. Арай Ельцин салайбыт сыллара эрэ — сырдык эрэл кэмэ. Биґиги ата±астаммыт, саакка-суукка киирбит кэммитин уруйдууртан кыбыстыбаттар. Ону ааґан Ельцин аньыытын-харатын кистиир-сабар туґугар дойдубут историятын тиэрэ эргитэн суруйалларыгар бэриллэр со±отох µµт-хайа±ас буолар. Дьэ, ити курдук, биґиги ааспыт олохпутугар іґµ-сааґы ыґар, нуучча норуотун абааґы кірµµнµ кµіртµµр іссі биир тэриллии биґиги харахпыт ортотугар µµнэн-сириэдийэн та±ыста.

Биллэн турар, история хаалларбыт баастара бааллар. Ону сорохтор эмтээн, ірµтµннэрэ сатыыллар, сорохтор тіттірµтµн кирдээх тарбахтарынан хаґарга бэлэмнэр. Кинилэр Россияны аан дойду хара±ар тµґэрэллэриттэн, норуоту µі±эллэриттэн дьоллоноллор. Кинилэр тугу гыныахтаахтара эрдэттэн быґаарыллан бµппµт. Онон власовтар, горбачевтар уонна ельциннэр суобастарыгар оонньуур туґата суо±ун курдук, кинилэр суобастарыгар оонньоон да эмиэ туґа суох.

Икки хабаан

чинчитэ

Биґиги уопсастыбабытыгар дойду салгыы сайдар суолун быґаарыыга икки кµµс, икки хайысха ыккардыгар утарыта туруу кµµґµрэн иґэр. Норуоту утары ыытыллар политика, либеральнай концепция тэллэ±эр биґиги уопсастыбабытын кыбытарга дьулуґуу Россия бытарыйыытыгар уонна симэлийиитигэр тиэрдэр кутталлаах. Социалистическай суолу тутуґар дьиІнээх патриотизм эрэ Россияны чіл хаалларар, история инники кµінµгэр ірі анньан таґаарар кыахтаах.

Кырдьык, Крымы Россия±а тіннірµµ ураты патриотическай ірі кіті±µллµµнµ µіскэппитэ. Кырдьык, ол Кыайыы 70 сылын бэлиэтээґиІІэ сал±аммыта. Сыл ааспытын кэнниттэн “Јлµµнµ кыайбыттар полкалара” сэлэлээн хаамыы норуоттан угуттанар дириІ ис хоґоонноох идея буолара дьэІкэтик кістµбµтэ. Бу барыта биґиги историябыт саІа кэрдиис кэмин ураты бэлиэтинэн буолар. 1990-с сылларга ыытыллыбыт сэбиэскэй кэми тэпсии содулун туоратарга олук ууруллар. Либералларбыт ону сібµлээбэттэр. Кинилэр дойдуну кэхтии суолугар умса анньан, уопсастыба кµµґµн іґµлэн кэтэх сыалларын ситиґиэхтэрин наада. Ельцин эргимтэтэ сэбиэскэй оло±у µі±µµнµ судаарыстыба идеологиятын таґымыгар таґааран А±а дойдубутун урусхаллыыр луом оІостубута.

Бµгµн Россия иннигэр уйаны-хатаны тургутар быґаарыылаах кэмнэр µµннµлэр. Ґіскээбит быґыы-майгы кіґµµннµк дьаґаныыны, нэґирэн олорууну бырастыы гыммат чинчилээх.

80-с сыллаа±ыта курдук Ийэ дойдубут µрдµнэн хара былыттар хойуннулар. Биґиги дойдубут тутулуга суох политиканы ыытарга онноо±ор сэмэй хардыыны оІорорго холонорун бырастыы гымматтар.

Аан дойду капиталистарын µрдµкµ эргимтэтэ Россия Федерациятын тула іттµттэн байыаннай базаларынан тігµрµйэр, санкцияларынан тууйар.

Кыраныыссабытын кыйа істііхтµµ режимнэри олохтуур, байыаннай базалары µксэтэр, хааннаах иирсээннэри тардар. Украина±а уонна Прибалтика±а коммунизмы уонна нуучча норуотун дьаарайдык утарар уодаґыннаах кµµстэри хата±алыыр.

БідіІ хапытаал тэрийиитинэн аан дойдуга “урукку” уонна “саІа” реакционнай кµµстэр ірійін-чірійін эрэллэр. Кинилэри батыґааччылар икки атахтаах µйэлэргэ айбыт бастыІ айымньыларын, ситиспит ситиґиилэрин, сайдыы сыаннастарын куор±аллыыллар. Кинилэр аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймыырга, орто µйэлэрдээ±и кэрээнэ суох кэмнэри тінніріргі бэлэмнэр.

Религиознай экстремизм босхо барда. Кини фанаттара Ближнэй Восток дойдуларын илиигэ ыларга дьулуґаллар, онон эрэ муІурдамматтара чуолкай. Биир сµрµн сыаллара — Россия.

Маннык куттал кµµґµрбµт кэмигэр олохтоох либераллар сэбиэскэйи тірдµттэн симэлитэргэ дьулуґуулара ураты іІнінін-дьµґµннэнэн, сириэдийэн тахсар. Кинилэр урусхаллыыр хардыылара дойду политическай кµµстэрэ утарыта турууларыгар олук уурар. Ону эрэ кµµтэн олорор тас дойдулар тµгэни мµлчµ туппакка туґана соруннахтарына, буруйдаахтары-буруйа суохтары быґаарсар кыах суох буолуо.

Оччо±уна НАТО буомбатыгар эбэтэр террорист илиитигэр тµбэспиттэри да, Милошевич эбэтэр Каддафи суолларын солооччулары да барыларын киґи ымсыырбат дьыл±ата кµµтэр.

Хомойуох иґин, бу фантастика киинэтин сценарийа да, тугу да гынара суох буолан ійтін ылан оІорон кірін, куттуу сатааґын буолбатах. Сорунуулаахтык уонна суґаллык дьаґал ылбатахпытына, бу барыта кµн сарсын тиийэн кэлиэ. Ол дакаастабыла урукку µйэлэр тµгэхтэригэр сытар буолбатах. Кэнники сылларга аан дойдуга олус хомолтолоох, киґини элбэххэ µірэтэр, толкуйдатар событиелар буоллулар. Олортон бµтэґиктэрэ — Бразилия президенин импичменэ.

Сµрµн куттал

Россия±а тастан суоґуур кµµґµрэн-уо±уран иґэр кутталга харданы оІорор туґугар “праймеризтана” оонньообокко, уопсастыбаны сомо±олуох тустаахпыт. Ол эрээри билиІІи хотторууну тµстµµр либеральнай куурус сомо±олоґор кыа±ы сарбыйар. Бырабыыталыстыба ыытар социальнай-экономическай политиката сэбиэскэйи уонна нуучча норуотун утарыыны бииргэ дьµірэлээн национальнай сомо±олоґуу кэскилин тууйар. Маннык балаґыанньа кэккэ кутталынан суоґуур.

Бастатан туран, социальнай хайдыґыы Россия норуотун араІаларга арахсыытын кµµґµрдэр. Ол регионнарынан, омуктарынан, итэ±эллэринэн, о.д.а. кірµІµнэн арахсыытын кµіртµµр. Оччотугар сомо±олоґууну билбэтэх Россия±а “лоскуйдартан турар суор±аны” санатар хобдох кэскил илэ чахчы тирээн кэлэр.

Иккиґинэн, дойду экономическай кыа±ын салгыы іґµлµµ ар±аа дойдулартан тутулукпутун кµµґµрдэр. Онноо±ор биллиилээх либерал Герман Греф Россия технологическай іттµнэн холуонньа курдук тутулукка киирдэ диэн этэн турар. Маннык быґыы-майгы “бэґис колуонна” µлэлиир ньыматын харса суох кэІэтэригэр суолу арыйара мэлдьэґиллибэт.

Ґсµґµнэн, сэбиэскэй кэми µі±µµ-таныйыы кризистэн тахсар суолу тобулары уустугурдар уонна дьадатар. Дойду историятыгар саамай кідьµµстээх буолбут Ленин-Сталин дойдуну модернизациялаабыт уопуттарын билиммэт, чинчийбэт буолуу кризиґи утары туттуллар ньымалары сыппатар.

Тір䵴µнэн, сэбиэскэй кэми хараардыыга туґуламмыт ійµ-санааны эґэр µлэ дьон-норуот санаатын сымыйа мифтэринэн сµґµрдэр. Патриотическай ис хоґооннооххо барытыгар саба тµґµµнµ кµіртээґин ыччат ортотугар тугу да билиммэт буолууга, ону ааґан кини Ийэ дойдутун абааґы кірµµтµгэр тиэрдэр.

Хас биирдиибит олох туруорар уустук боппуруостарыттан куота сатыа суохтаахпыт. Кµнтэн кµн олор сытыырхайан иґэллэр. Јбµгэлэрбит кыайыыларынан киэн туттары умнубут киґи Ийэ дойдутун кімµскµµргэ бэлэм буолуо дуо? Фашизмы µлтµрµппµт Улуу Кыайыы кµлµµгэ-элэккэ бэриллэн, ытык ійдібµллэрэ тэпсиллибит киґи Ийэ дойдутун кыґал±атын кыґал±а оІостуо дуо? Олигархтар счеттарын, яхталарын уонна дыбарыастарын кімµскээґин национальнай идея буолар кыахтаах µґµ дуо?

Сэбиэскэйи уонна коммунизмы утарыы Россия бытарыйыытыгар, эстиитигэр тиэрдиэ. Маны тігµл таблицатын курдук бигэтик ійдµіх тустаахпыт! Украина алдьархайа “уруккуну” утарыыттан, Ленин пааматынньыктарын суулларыыттан, уулуссалар ааттарын уларытыыттан са±аламмыта. Ол барыта ілірсµµнэн, байыаннайдар утарыта турууларынан уонна тастан быґаччы салаллыынан тµмµктэммитэ.

Сайдыыга куурус

Либеральнай кууруґу тосту уларытарбытыгар олус кыра бириэмэ хаалла. Норуот туґугар тэтимнээх сайдыы суолугар µктэнэргэ быстар а±ыйах бириэмэ бэриллэр. Атын суол суох.

Иннибит диэки эрэллээхтик хардыылыырбыт туґугар Россия норуота Горькай уонна Шолохов, Жуков уонна Рокоссовскай, Симонов уонна Исаковскай, Гагарин уонна Королев, Макаренко уонна Сухомлинскай, Мухина уонна Вучетич, Прокофьев уонна Свиридов утумнааччыларын быґыытынан бэйэтин киэн тутта сананыахтаах. Бу ча±ылхай ааттары Сэбиэскэй союз, социалистическай а±а дойдубут, Ленин уонна Сталин тіріібµт дойдулара иитэн таґаарбытынан Россия киэн туттуохтаах.

Киэн туттуохтаах эбэтэр биґиги дьыл±абытын істііх быґаарыа. Оннук буолбатыгар, биґиги, билиІІи кілµінэ дьон кыґаллар эбээґинэстээхпит. Ааспыт кэмнэр дьиІ хартыыналара ібµгэлэрбитин кытары билиІІи кілµінэ дьону быстыбат ситимниир. Оччо±о эрэ дойдубутун быыґыахпыт уонна кэлэр кілµінэлэрбитигэр кэскили мэктиэлиэхпит.

А±а дойдубут кэскилин анаарарыгар, РФКП социальнай арахсыыны, дьону кіліґµннээґини, хапытаал мілµйµінµнэн дьон оло±ун туора сотор адьынаттаах дьайыытын кытта хаґан да эйэлэґиэ суо±а. Дойду оІорон таґаарар кыа±ын урусхаллааґыны, учуонайдар уонна специалистар билиилэрин-кірµµлэрин таґыма тµґµµтµн, тулаайах о±олор, кыаммат кырдьа±астар ахсааннара элбии туруутун кытта биґиги хаґан да сібµлэґиэхпит суо±а.

Нэґилиэнньэ тіґі бырыґыанын кіліґµннµіххэ сібµн, оттон хас бырыґыанын кіліґµннээґин сатамматын туґунан хаґан да торгуйдаґыахпыт суо±а.

Биґиги Россия инники кэскилин бырайыагын ырытан оІордубут. Ол бырайыак — саІардыллыбыт СОЦИАЛИЗМ. Онно киґи киґини кіліґµннµµрµгэр миэстэ кірµллµбэт. Биґиги баґыйар аІаар интэриэґин туруулаґабыт уонна кини ійібµлµгэр эрэнэбит. Ол да иґин дойдуга дьиІ чахчы демократическай тутул сайдарыгар, арааґа, ханнык да атын политическай партиятаа±ар кµµскэ ба±арабыт. РФКП А±а дойдубут сайдар суолун туґунан киэІ уонна кіні сµрµннээх аґа±ас кэпсэтиигэ толору бэлэм.

Биґиги кризиґи утары программабыт Орловскайдаа±ы экономическай форум уон пуунугар сиґилии бэрилиннэ. Биґиги этиилэрбитин µлэ кэлэктииптэрин Бµтµн Россиятаа±ы сэбиэтэ ійііті. Ґіскээбит кыґал±алары быґаарыыга партия ыйар суола кэскиллээ±ин народнай предприятиелар уопуттара бигэргэтэр. Буолаары турар быыбар хампаанньатын кэмигэр судаарыстыбаннай телевидение±э аґа±ас дебаттар чэрчилэринэн кризиґи утары программабытын дьµµллэґэргэ этии киллэрэбит.

Россия дьыл±атыгар ээл-дээл сыґыан — аныгы кэмІэ тыыннаах хааларбытыгар суоґуур биир дьоґун куттал баґыйбатын туґугар, уопсастыба±а дириІ ис хоґоонноох кэпсэтии салгын курдук наадалаах. СарсыІІы сайдыыбыт туґунан эрчимнээх, хорсун уонна ыллыктаах кэпсэтии тахсарын эрэйэбит. Биллэн турар, ол биґиги тус бэйэбит, Россия иґинээ±и кэпсэтии буолуохтаах!

Россия сайдар суолун бэйэтэ быґаарарын глобалистар сорунуулаахтык утараллар. ДьиІэр, ол биґиэхэ бэйэбитигэр наадалаах. Кырдьык, дойду политическай кµµстэрэ араас кірµµлээхтэр. Оннук буолуохтаах да. Ити эрээри эппиэтинэґи ійдµµр политиктар дойду дьиІ тутулуга суох буолуутугар, чэлгийэ сайдыытыгар дьулуґуохтаахтар. Кырдьык оннук буолла±ына, тастан сабыдыалы оІоро, туора ійµ-санааны соІнуу сатааґын барыта таІнастар аналлаах.

РФКП “патриотическай уопсастыбаннай дуогабар” дьэІкэ быраабылаларын ійµµр. Тастан сабыдыалга эрэнии, уопсастыбаннай санааны кµµс іттµнэн сабыта тутуу, быыбар иннинээ±и манипуляциялары ыытан былаас боломуочуйаларын иІэриини ити быраабылалары кытта хайдах да дьµірэлэспэттэр. Онуоха сэбиэскэй историябытын хараардыы национальнай таІнарыыга тэІнэнэн норуот ійдібµлµн утары иирсээни кµіртээґиин курдук сыаналаныахтаах.

Итинник уопсастыбаннай дуогабар Россия±а политическай быґыыны-майгыны чэбдигирдэргэ тіґµµ буолуо. Ону ылыныы илии баттаан сібµлэґиини тµґэрсэри ирдээбэт. Хайдахтаах да µчµгэйдик оІоґуллубут кумаа±ы онно суруллубут балаґыанньалары тутуґууну мэктиэлээбэт. Россия±а политическай олоххо кыттыспыт хас биирдии киґи дьиІ чахчы дойдутун уонна норуотун туґугар кыґамньыны µрдµк чиэч курдук ійдµµрэ туохтаа±ар да улахан быґаарар суолталаах.

Кµндµ биир дойдулаахтарым! Хас биирдиибитигэр ураты эппиэттээх кэм µµннэ. Россия дьыл±ата бµгµн уонна манна быґаарыллар. А±а дойдубутун тыыннаах хаалларыы уонна сарсыІІы дьыл±абыт — бэйэбит илиибитигэр. Хас биирдиибит ытык иэґин толоруох тустаах!

Геннадий ЗЮГАНОВ