Национальнай байыаннай оскуоланы бµтэрбит 15 кадровай офицер уонна алта младшай командир уоттаах кыргыґыы инники кирбиитигэр киирэннэр геройдуу охтубуттара. Дойдуларыгар старшай сержант Илья Иванович Марков уонна “Катюша” наводчига, старшина Константин Петрович Платонов эрэ эргиллибиттэрэ. Мэлдьэхситтэн сэриигэ барбыт 71 хаарыан ыччаппыт ыстыыктаах сааларын ыга туппутунан кырыктаах кыргыґыы хааннаах хонуутугар сири кытта сир буолан, билигин да А±а дойдуларын кімµскµµ сыттахтара!
Сэрии сут-кураан сылларыгар “Тахсыбыт сардаІа” колхоз дьоно Мэлдьэхси 210 алаастарын, тµірт уґун-киэІ µрэхтэрин иччитэхсиппэккэ, сайынын оттоон-мастаан, кыґын урукку фермалар хотоннорун сіргµтэн, сµіґµ-ас кыстатан, сылгы иитэн олорбуттара.
1943 сыл са±аланыытыгар “Тахсыбыт сардаІа” колхоз бэрэссэдээтэлинэн Ачча±ар нэґилиэгэр Миронов аатынан колхозка бэрэссэдээтэллии олорбут Александр Кузьмич Пестеревы а±алан олордубуттара. Сотору кэминэн кини фроІІа ыІырыллыбыта. Ферма±а сэбиэдиссэйдии сылдьар 23 саастаах Балбаараны — Варвара Осиповна Пестереваны — “Тахсыбыт сардаІа” колхоз салайааччытынан анаабыттара. Ґлэни-хамнаґы кыайар эр киґи суо±а. Ону ол диэбэккэ, уруккуттан да тµмсµµлээх “Тахсыбыт сардаІа” колхоз комсомолецтара µлэлэрин іссі кµµґµрдµбµттэрэ.
Комсомольскай тэрилтэ секретарынан ферма сэбиэдиссэйинэн анаммыт Аграфена Сергеевна Маркова талыллыбыта. Ол эрээри кинини ір µлэлэппэтэхтэрэ — райкомол аппараатыгар сулбу тардан илдьэ барбыттара. Комсомольскай тэрилтэни салгыы ветсанитар Александра Семеновна Тарабукина салайбыта.
Оттон хонуу биригэдьииринэн баара эрэ 22 саастаах Матрена Фомична Петрова µлэлээбитэ. Сµрдээх кыраґыабай дьµґµннээх, сытыы-хотуу, тэрийэр дьо±урдаах кыыс суос-сатыы кэлэн-баран, µлэни-хамнаґы дьаґайара. Јтіхтірµ кэрийэ сылдьан µлэни кыайбат буолбут о±онньоттору уонна эмээхситтэри хомуйан, сааскы ыыґыыга бэлэмнэнии хампаанньатыгар хаар типтэрэргэ аналлаах зигзаг диэн хатыйыы олбуорга маарыІныыр щит бі±ітµн оІортороро. Ону бааґына аайы тиэйтэрэрэ.
Балбаара ферма±а уонна сµіґµлээх ыалларга о±о-дьахтар кыайан кіті±ір гына балбаах оІорторон, бааґына±а уо±урдуу диэн киллэттэрэрэ. Зигзаг кыайан киирбэт бааґыналарыгар о±ус соґор гына оІоґуулаах хаар типтэрэр кирээдэлэри оІортороро. Сааскы ыґыыга бэлэмнэнии µлэтигэр агрономия ирдэбиллэрин толорботохторуна, улаханнык дьµµллэнэллэрэ.
Колхоз тиэйэр-таґар µлэтин барытын о±ус кілі толороро. Аттары сайын от охсор уонна мунньар массыына оннугар кілµйэллэрэ. Кµґµн ол аттар бурдук астааґыныгар малатыылка±а µлэлииллэрэ.
1944 сыллаахха Јктііп бырааґынньыга ааспытын кэннэ убайбынаан Сенялыын детдом куонньугуттан сыар±алаах ат уларсаммыт ЈліІнііхтін муус тиэйэ сырыттыбыт. Арай ар±аа Хандарачаайыттан тахсар µрµйэ тама±ын диэкиттэн полевой суумканы хаІас илиитигэр тутан баран биэрэІнэтэ дайбанан, дьо±ус со±ус уІуохтаах эдэр дьахтар хааман-сиимэн а±ай иґэр эбит. Чугаґаан кірбµппµт, колхозпут бэрэссэдээтэлэ Варвара Осиповна Пестерева нэґилиэкпит киинэ буолбут Хопто±о±о µс кістііх Мэлдьэхси сириттэн — “Тахсыбыт сардаІа” колхоз біґµілэгэ Аччыгый Ньµлдьµттэн — партийнай мунньахха кыттаары чороІ со±отох сатыы кэлэн иґэр эбит. Оччолорго бары мунньахтар, бырааґынньыктар µлэ чааґын кэнниттэн ыытыллар бэрээдэктээхтэрэ. Ол иґин дьон кыттыыта маассабайа...
Кілµµр аттарын колхозка харах харатын курдук харыстыыллара. Олор бары сэрии иннигэр айааґаммыт сылгылар буоланнар, µксµлэрэ кырдьа±астара. Кыґын кинилэри хаґыыга ыыталлара. Саас харалдьык тахсыар диэри куонньук кірін-истэн кыстатара. Аттар саамай талыылара оччолорго “Ааллаах таґа±аґыгар” — АлдаІІа, Бодойбо±о кімµс хостооччуларга ас-таІас, сэп-сэбиргэл илдьэ айанныыллара.
“Ааллаах таґа±аґын” таґыы государство хас биирдии колхозка биэрбит мµччµрµйбэт соруда±а этэ. Бу барыта колхоз бэрэссэдээтэлин тус бэйэтин дьаґалынан толоруллара. Балбаара о±о эрдэ±иттэн билэ-кірі улааппыт буолан, Ааллаахха дьонун чулуутун сµµмэрдээн, тэрийэн таґаартыыра. Этинэн-аґынан ійµілµµрэ. ТаІастарын-саптарын ыаллары кэрийэ сылдьан, иІэн-тоІон ыйыталаґан тэрийтэрэрэ. Таба са±ынньахтаах, саппаас курумуу этэрбэстээх буолалларын хааччыйан, колхоз µчµгэй иистэнньэІ дьахталларын соруйсан тиктэрэрэ.
ФроІІа барбыт механизатордары солбуйтарар наадаттан, кыргыттары хомуйан “Осоавиахим” диэн кылгас болдьохтоох курстарга µірэттэрэн, суоппар уонна тракторист идэлэрин баґылаттарбыта. Балбаара бииргэ µіскээбит икки дьµігэтин ити µірэххэ ыытан, Ольга Петровна Посельская Мэлдьэхситтэн бастакы суоппар-кыыс, оттон Аграфена Ивановна Маркова бастакы тракторист буолбуттара. Ол кэмІэ колхозтарга массыына да, трактор да суо±а.
Суоппар Ольга “полуторка” массыынатынан армия±а ыІырыллыбыт о±о сааґа бииргэ ааспыт до±отторун тиэйэн, Майа военкоматыгар тиэрдэрэ. Кинилэри салгыы Бэстээххэ киллэрэр массыына кістµбэт буолуор диэри Ольга маІан сиидэс былаатынан далбаатыы хаалаахтыыра...
Комсомолка Аграфена Маркова биэс булууктаах, диискэлээх “Нати” тыраахтарынан ОдьулууІІа “Карл Маркс”, “Трактор” колхозтар 굴µн паардаммыт бааґыналарын сааскы ыґыыга хорутан, бэлэмнээн биэрэрэ. Дойдутугар сааскы паардааґын кэмигэр эрэ кэлэн, Улахан Эбэ, Ыар±а Сайылык, Тыыраахылаах, Чибили, ХааІкырыйа, о.д.а. киэІ бааґыналаах сирдэри хорутара.
Чурапчы ынчыктыыр ыарахан кэмнэригэр оло±у-дьаґа±ы ірі тардар µлэни-хамнаґы тэрийбит Балбаара кыыґы 1946 сыл кулун тутарга Саха АССР II ыІырыылаах Верховнай Советын депутатынан талбыттара. Кини Хопто±о нэґилиэгин сельсоветын бэрэссэдээтэлинэн быыбарданан µмµрµппµт µлэтин-хамнаґын чіміхтіін-чікітін, А±а дойдуну кімµскµµр Улуу сэрииттэн “Кыґыл Сулус” уордьаннаах эргиллибит Семен Иннокентьевич Посельскайга туттарбыта.
Ленин аатынан колхоз дьоно кіґірµµгэ сылдьан, ілін-сµтэн, онно-манна бытанан хаалбыт а±ыйах киґи 1944 сыл муус устар ыйыгар кэлэн “Тахсыбыт СардаІа” колхозка холбоспуттара. Кинилэр Чочууда±а учаастак тэринэннэр, эстибит сµіґµлээх ыалларга колхозтан биирдии ыанар ына±ы анаан, ферманы хаттаан тэрийбиттэрэ. Балбаара Чочууда±а иккис тыын биэрэн, учаастак о±ото олохсуппута. Ґс дьиэттэн буруо тахсыбыта. Онтон салгыы уончалыы кэриІэ биирдии-иккилии киґилээх ыаллар дьукаахтаґан олорон барбыттара.
Балбаара дьаныардаах туруорсуутунан, 1945 сылтан II Мэлдьэхси, эмиэ Хопто±оттон араарыллан, нэґилиэк аатын ылбыта. Сельсовет бэрэссэдээтэлинэн Сергей Петрович Романов быыбардаммыта. 1945 сыл бала±ан ыйыттан колхоз кэнсэлээрийэтэ дьиэтин оскуола±а туран биэрбитэ.
Аччыгый Ньулдьуга аан маІнай тµірт кылаастаах оскуола аґыллан, кір-нар, ырыа-тойук ча±аарыйа тµспµтэ. Лэбийэ±э урут колхоз кэнсэлээрийэтэ буолбут дьиэни кітµрэн а±албыттара, колхоз туспа хонтуораламмыта. Бухгалтерия, бэрэссэдээтэл, сельсовет, кулууп, библиотека хостоммуттара. Аан дьиэ±э Дария Ивановна Пестерева кыыґын Шураны, кыра уолун Коляны кытта олорбуттара. Наґаа µчµгэй кімµлµіктээ±э. Хонтуора хосторугар икки халааІка оґох оттуллара.
Даайа эмээхсин барахсан — амарах дууґалаах, µтµікэннээх сµбэґит, киґи киґитэ — о±о аймахха µксµбµтµгэр элэккэй эбээбит кэриэтэ этэ. Ыалдьыбыт киниэхэ сылдьара, тойон-хотун киниэхэ хоноро. Туох да мунньах буоллун, бэл комсомольскай мунньах бэбиэскэтин туппутунан Даайа эмээхсин біґµілэгин икки алаас ыалларын кэрийэ, сарсыардаттан ырбаахытын тэллэ±э тэлээрэн эрэрин сотору-сотору кірір буоларбыт.
Оскуолабыт уонтан тахса о±о±о интернат аґан олордоро. Онно ферма µлэґиттэрин о±олоро, тігµрµк тулаайах хаалбыт кырачааннар бааллара. Колхозпут кэнсэлээрийэтигэр “Тэриэлкэ араадьыйа” уонна телефон баара. Маны барытын Варвара Осиповна олохтоон, тэрийэн баран сэбиэттии барбыта...
Сэбиэскэй кэмІэ µлэґиттэр µчµгэйдэрэ билиннэ да, олохсутан уґуннук биир сиргэ µлэлэппэттэрэ. Варвара Осиповна Пестереваны депутатскай болдьо±о бµтэ илигинэ 1946 сыл сайын, ыґыах са±ана, уруйдуох-айхаллыах баара. “Тахсыбыт СардаІа” колхоз таґаарыылаах µлэтэ республика±а аатыран, Чурапчы оройуонугар кіґірµллэ сылдьар Кыґыл Знамяны туттарбыттара. ДьиІинэн, знамяны Варвара Осиповна тутуохтаах этэ. Оннук чиэс кини µлэтин тµірт эрэ ый солбуйан сал±аабыт Семен Посельскайга тиксибитэ. “Ґлэлии олорор киґи туттун”, — диэн Балбаара бэйэтинэн аккаастаммыт ааттаах. Дьэ, ити курдук Мэлдьэхситтэн тірµттээх µтµі дьоммут олус да сэмэй майгылаах буола иитиллибиттэр эбит...
Варвара Осиповна Пестерева Эдьигээн Кыстатыамыгар сельсовет бэрэссэдээтэлинэн, кэргэнин Николай Григорьевич Родионовы учууталынан µлэлэтэ ыыппыттара. Онно Балбаара о±о садыгар саІа дьиэ-уот тэрийтэрбитин, нэґилиэккэ сэргэхсийиини киллэрбитин туґунан олохтоохтортон истэммит биґиги куоракка µірэнэ сылдьаммыт киэн туттарбыт. Родионовтар 1976 сыл диэки пенсия±а тахсаннар, дойдуларыгар эргийэн кэлбиттэрэ. Балбаара таах олорбото±о, кырдьа±астары тµмэн, араас мероприятиеларга кытыннарара.
Варвара Осиповна Пестерева 1996 сыл сэтинньи 11 кµнµгэр 76-с хаарыгар орто дойду оло±уттан арахпыта. Ленин силуэта ойуулаах партийнай билиэтин сµрэ±ин µрдµгэр тутан сытара...
Улахан уола Георгий Родионов — Саха сирин народнай худуоґунньуга, ХИФУ доцена, педагогическай наука кандидата, Кыстатыам уонна Чурапчы бочуоттаах гражданина, РФ µтµілээх худуоґунньуга, СР спордун ветерана. Иккис уола Семен Родионов — авиация ветерана. Уолаттара — улахан дьиэ кэргэттэр а±а баґылыктара. Сиэннэрэ, хос сиэннэрэ — µтµі-мааны дьон. Олортон Варвара Родионова, Надежда Александрова, Семен Родионов — республика киэн туттар, биллиилээх журналистара. Утум сал±анар...
Афанасий АММОСОВ,
Чурапчы Мэлдьэхситэ.