Киһи быһыытынан хаачыстыбаларынан кимиэхэ баҕарар сөбүлэтэр — дьоҥҥо-сэргэҕэ аһыныгас, болҕомтолоох, сайаҕас-эйэҕэс, наада буоллаҕына, булгуруйбат кытаанах санаалаах. Савва ити үтүө хаачыстыбалара билиҥҥи ыччакка холобур буолаллар. Хомойох иһин, итинник дьоҕур уонна талаан киһиэхэ барытыгар баар буолбат.
Мин Савва Михайлов Дьокуускай куорат баһылыгын дуоһунаһыгар кандидат быһыытынан турбутун өйүүбүн. Тоҕо? Дьокуускай куоракка хаһаайыстыбаннай үлэҕэ эриллибит салайааччы наада. Өрөспүүбүлүкэбит киин куората — үүнэр-сайдар кэскиллээх. Yлэни-хамнаһы торумнаан көрүүгэ, дьону-сэргэни үлэҕэ угуйарга, аттаран туруорарга, мин саныахпар, Савва Михайлов бэйэтин дьоҕурунан, опытынан, киэҥ билиитинэн-көрүүтүнэн, өйүнэн-санаатынан салайтаран күүстээхтик, ис сүрэҕиттэн кыһаллан-муһэллэн үлэлиэ-хамсыа дии саныыбын.
Мин Савва Михайлов Саха Республикатын ыччатын министерствотыгар министр солбуйааччытынан үлэлиир кэмигэр ордук тапсан, сүбэлэһэн үлэлээбиппит. Эдэр ыччаты кытта элбэх көрсүһүүлэргэ сылдьан, кини тылын-өһүн, санаатын-оноотун барытын истэн-билэн, бу уолтан тыыппалаах соҕус салайааччы тахсыыһы диэн сылыктыыр этим. Онон биһиги, бүлүүлэр, бу буолаары турар быыбарга уолбутун Савваны хайаан даҕаны өйүөхпүтүн наада.
Савва Быыбар иннинээҕи программатыгар болҕомтотун ордук боростуой дьон-сэргэ олоҕун таһымын үрдэтиигэ туһаайбытын мин сөбүлээтим. Оттон баараҕай тутууларга ил дархан таһымыгар номнуо 2035 сылга диэри анал программа бигэртиллэн турар.
Савва Михайлов бу билиҥҥи сүрдээх уустук уонна тыҥааһыннаах бэриэмэҕэ Дьокуускай куорат баһылыгар кандидаатынан турдум диэн санаатын ууран эппитинэн киэн туттабын. Савва Анатольевичка инники өттүгэр улахан ситиһиини баҕарабын! Дьокуускай куорат олохтоохторо бары уолу билэллэр, көрөллөр, онон өйүөхтэрэ диэн саныыбын.