Adult Search

Якутский республиканский комитет

Коммунистической партии Российской Федерации

Адрес: Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, ул. Октябрьская, дом 3
Телефон: +7 (411) 23-66-151
Электропочта: mgm_2004@mail.ru

Дойдуну сайыннарыы - кризистэн тахсыы

Соторутааҕыта патриотическай күүстэр көҕүлээһиннэринэн тэриллибит Орловскайдааҕы экономическай форумҥа РФКП Киин Комитетын бэрэссэдээтэлэ Геннадий Зюганов РФКП Россияны финансовай-экономическай кризистэн таһаарарга туһуламмыт Программатын киэҥ дьүүллэһиигэ таһаарда.

Олигархтар уонна кинилэрдиин куомуннаспыт чунуобунньуктар Россия экономикатын бэйэлэрин тус интэриэстэригэр иэҕэн, банковскай счеттарын донордарыгар кубулуттулар. Үбү-аһы иҥсэлээх илииттэн былдьаан ылан дойдуну сайыннарыыга туһаайан, былаас норуокка сулууспалыырын ситиһиэхпитин наада.

Кризис кэмигэр политическай маятник хаҥас диэки биллэрдик иэҕэс гынна. Общество патриотическай өйгө-санааҕа охтуута күүһүрдэ. РФКП бэйэтин утарсааччыларын саралыы тардар эрэ буолбатах, дойдуну кризистэн таһаарар дьаһалларын программатын уонна тус-туспа салааларынан араарыллан оҥоһуллубут дойдуну сайыннарыыга туһуланар программалары оҥорон дьүүлгэ таһаарда.

Биһиги программабыт бары өттүнэн киэҥ кэскиллээҕин чаҕылхай сэбиэскэй экономика, Кытай уонна Белоруссия норуоттарын сайдыылара, Примаков уонна Маслюков бырабыыталыстыбаларын үлэтин түмүктэрэ бигэргэтэллэр.

РФКП кризиһи утары дьаһалларын программата 10 пууннаах. Быйыл балаҕан ыйыгар Госдума быыбара буолуоҕа. Быыбар хампаанньата дойду социальнай-экономическай сайдыытын кэскиллээх программатын оҥорууга төһүү күүс буолуохтаах. Онуоха аһаҕас уонна чиэһинэй мөккүөр барыахтаах.

Өрөспүүбүлүкэ бары общественнай күүстэрин, политическай партиялары, учуонайдары уонна специалистары, биирдиилээн үлэһиттэри, профсоюзтары уонна эдэр ыччаты РФКП кризиһи утары дьаһалларын программатын дьүүллэһиигэ уонна этиилэри киллэрэргэ ыҥырабыт.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыгар уонна бырабыыталыстыбатыгар дойдуну экономическай уонна политическай кризистэн таһаарыыга РФКП этиилэрин дьүүллэһэн, Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай олоҕор туһаналларыгар сүбэлиибит.

Өрөспүүбүлүкэ иһитиннэрэр-биллэрэр сириэстибэлэрин РФКП кризиһи утары дьаһалларын программатын киэҥ дьүүллэһиигэ таһааралларыгар көрдөһөбүт.

Сайды суолун норуот  бэйэтэ эрэ талар кыахтаах, оттон ол, биллэн турар, — социализм, норуот былааһа, сиэрдээх буолуу. 

РФКП кризиһы утары дьаһалларын программата Орловскай уобаласка буолбут аан дойдутааҕы экономическай форумҥа Зюганов иһитиннэрбит 10 тезиһэ:

1. Дойду дьиҥ чахчы тутулуга суох буолуутун уонна экономическай суверенитетын чөлүгэр түһэрии, банковскай ситими уонна валютнай операциялары тустаах государственнай хонтуруолга ылыы.

2. Россия минеральнай-сырьевой базатын — норуот туһатыгар. Сырьену тас дойдуга таһааран атыылааһынтан киирбит үбү, сытыйа байбыт олигархтартан уонна кинилэр кутуруксуттарыттан куоттаран, хааһынаҕа киллэрэргэ. Модун күүстээх государственнай секторы тэрийии уонна стратегическай былааннааһыны уонна актыыбынай промышленнай политиканы төнүннэрии. Советскайтан хаалбыт үчүгэй өрүттэри алдьаппакка, хоро таспакка, саҥаны оҥорон таһаарыы.

3. Индустрияны саҥаттан сайыннарыы. Үрдүк технологияларга олоҕурбут киэҥ научнай киэлилээх экономиканы сайыннарыы. Наука сайдыбыт куораттарыгар — суолу бастакынан. Наука уонна үөрэҕирии эйгэтигэр алдьатыылаах реформалары тохтотуу. «Үөрэхтээһин — барыларыгар» диэн саҥа сокуон.

4. Тыа хаһаайыстыбатын  быыһыырга суһал дьаһаллары. АПК-ны өйүүргэ бюджет 10 бырыһыаныттан итэҕэһэ суох үбү көрөргө.

5. Көдьүүстээх үлэлэрин чаҕылхайдык көрдөрөр норуот предприятияларын, маны таһынан кыра уонна орто бизнеһи бары өттүнэн өйөөһүн.

6. Дойдуну чөлүгэр түһэриигэ кредитнэй үбү-баайы түмүү. «Канзаһы уонна Техаһы аһатары» уонна резервэни америка сыаналаах кумааҕыларыгар угууну тохтотуохха.

7. Олоххо тыын суолталаах туттуллар табаардарга уонна эмкэ-томко сыаналары государственнай хонтуруолга ыларга. Арыгы бородууксуйатын эргитиигэ госмонополияны олохтуурга.

8. Налоговай системаны уларытарга: сүрүн сүгэһэри — сытыйа байбыттарга.  Подоходнай нолуок прогрессивнай шкалатын төнүннэрии.

9. Дойду туһугар кыһамньы — бу норуот туһугар кыһамньы. Киһи тиийинэн олорор үбүн кээмэйин мэктиэлээһин. Регионнар орто хамнастарыттан 50 % итэҕэһэ суоҕу — пенсияҕа. «Сэрии оҕолоругар» — чэпчэтиилэри. Капитальнай өрөмүөҥҥэ төлөбүрү тохтотуу уонна ОДьКХ ситимигэр государственнай үбүлээһин саҥа систематын олохтооһун. Доруобуйа харыстабылын тэрийиигэ советскай системаҕа төннүү.

10. Үгэс буолбут сыаннастары көмүскээһин. Күүс өттүнэн күһэйиини уонна сиэрэ суох барыыны пропагандалааһыны утары охсуһуу. 

Биһиги дьыалабыт кырдьыктаах!

Биһиги сатыахпыт!