Дума быыбарыгар быыбардааччылар итэҕэллэрин биллэрдэхтэринэ, дьон олоҕун тупсарарга маннык дьаһаллары уталыппакка ылыахпыт:
— Үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэни үлэнэн уонна сиэрдээх хамнаһынан хааччыйыахпыт, ону тэҥэ үөрэтиини, стажировканы уонна үлэнэн хааччыйыыны киллэрэн туран, олохтоох нэһилиэнньэ 1000 итэҕэһэ суох бэрэстэбиитэлигэр үлэ миэстэтин тэрийиини ситиһиэхпит. Үлэ төлөбүрүн муҥуутуур алын кээмэйэ (МРОТ) ииттинэн олоруу алын кээмэйиттэн– регионуттан тутулуктаан 15 тыһ. солкуобайтаннамыһах буолуо суоҕа. Бюджет үлэһиттэрин орто хамнастара промышленность үлэһиттэрин орто хамнастарыгар тэҥнэһиэ.
— Учаастактааҕы балыыһаларга стационардары (балыыһа куойкаларын) чөлгө түһэриэхпит. Учаастактааҕы балыыһалары уонна биэлсэр-акушер пууннарын судаарыстыбаттан үбүлээһини толору кээмэйинэн чөлгө түһэриэхпит. Өрөспүүбүлүкэ уонна киин медицинскэй учреждениеларга эмтэниигэ наадыйар ыарыһахтарга босхо көмөнү оҥоруохпут, ол иһигэр айан уонна эмтэнии ороскуотун толуйууну. Сэрии, үлэ уонна тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии кэмин оҕолоругар эмтэниилэрин уонна протезтааһын ороскуотун толуйуу толору кээмэйинэн оҥоһуллуо.
— Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хапытаалынай өрөмүөннэригэр усунуоһу хомуйуу тохтуоҕа. Коммунальнай өҥө тарыыба үрдүүрүн тохтотуохпут:ОДьКХ өҥөтүн төлөбүрэ дьиэ кэргэн дохуотун 10 % куоһарыа суоҕа. “ОДьКХ уларыта тутуу” тулааһынын – элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр уопсай баайдарын муниципальнай бас билиигэ төннөрүөхпүт.
— АЛРОСА-ны приватизациялааһыны тохтотуохпут. Тарыыпка дьиҥ коэффициены олохтоон, туһанааччыларга айылҕа гааһын сыанатын кыччатыахпыт. “Сахатранснефтегаз” АУо сүрүн хайысхатыгар киирбэт үлэтин-хамнаһын ороскуотун тарыыптар суоттарыгар толуйуутун бохсуохпут. Баайга-дуолга уонна сир учаастагын батталлаах нолуогун, “Платон” транспорт нолуогун көтүрүөхпүт.
— Былаас пенсияҕа тахсар сааһы дьахталларга уонна эр дьоҥҥо 65 сааска диэри улаатыннарар былаанын тохтотуохпут. Буортулаах производство уонна тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр, учууталларга, быраастарга чэпчэтиилээх пенсия тиһигин тохтотууну бохсуохпут. Сылын ахсын пенсия инфляция таһымыттан итэҕэһэ суох кээмэйинэн индексацияланыа. Пенсия орто хамнас 50 бырыһыаныттан итэҕэһэ суох кээмэйинэн хааччыллыа. Арктическай уонна Уһук хоту оройуоннартан нэһилиэнньэ көһөн барыытын таһаарыахпыт суоҕа. Аһы-үөлү, оттугу таһыыны судаарыстыбаттан дотациялыырга, салгын транспорынан айан билиэтин сыанатын толуйарга дьаһаллар ылыллыахтара (бүгүн Черскэйгэ диэри авиабилет сыаната 35 тыһ. солкуобай).
— Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар үгэс буолбут хаһаайыннааһын көрүҥнэрин уонна айылҕаны туһанар дьарыктарын сайыннарарга айылҕа ресурсаларын, сири-уоту босхо туһанаргакөҥүлү бастакы уочарат ылыахтара. Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар олохсуйан олорор түөлбэлэригэр айылҕаны үгэс быһыытынан туһаныы сирэ-уота тэриллиэ. Хотугу сир олохтоохторун социальнай өйөөһүҥҥэ эбии дьаһаллар ылыллыахтара, хамнаска, босуобуйаҕа, стипендияҕа оройуон коэффициена үрдэтиллиэ. Хоту таһаҕаһы таһыыга, кыһыҥҥы суолу көрүүгэ-истиигэ, арктическай оройуоннарга олохтоох промышленноһы сайыннарыыга бары таһымнаах бюджеттартан үбүлээһини улаатыннарары ситиһиэхпит.
— Дьокуускай к. перинатальнай киини, Нерюнгри к. акушерскай-гинекологическай отделениены, Алдаҥҥа инбэлииттэргэ аналлаах реабилитациялыыр киини уларыта тутууну, Дьокуускай к. онкологическай киини, Иенгра с. балыыһаны, о.д.а.социальнай объектары кэмигэр тутарга бары дьаһаллары ылыахпыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр чэпчэтиилэринэн туһанар нэһилиэнньэ араҥатын босхо эминэн-томунан хааччыйыыны үбүлээһин кээмэйин кыччатыыны таһаарыахпыт суоҕа (38 000 чэпчэтиинэн туһанааччы, сылга 1 992 000 солкуобай, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 1 115 000 солкуобай).
— Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ, аҥардас ийэлэргэ, нэһилиэнньэ дьадаҥы араҥатыгар уонна олоххо уустук быһыыга-майгыга түбэспит ыалларга матырыйаалынай көмөнү улаатыннарар дьаһаллары ылыахпыт. Сир учаастагын чэпчэтиилээх уонна босхо төрүккэ уо.д.а. чэпчэтиилэри көрөр тустаах сокуоннары ылыахпыт. 2016 сыл от ыйын 1 күнүттэн бюджет эйгэтин намыһах хамнастаах үлэһиттэрин категориятыгар хамнаһы үрдэтиини хонтуруолга ылыахпыт. Социальнай араастаһыыны кыччатар уонна туоратар дьаһаллары ылыахпыт. Нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгарас-үөл өттүнэн судаарыстыба өйөбүлүн хааччыйыахпыт. “Ас-үөл өттүнэн эбии көмө” программаны олоххо киллэриэхпит. Үөрэнээччилэр аһылыктарыгар үбү көрүүнү улаатыннарыахпыт. Өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар медицинскэй сулууспалары чөлгө түһэриэхпит.
— Тыа хаһаайыстыбатын чөлгө түһэрэргэ бөдөҥ табаарынай производство инфраструктуратын хаттаан тилиннэриэхпит – уларыта тутуу сылларыгар урусхалламмыты барытын уонна ол базатыгар тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар тэриллэр народнай предприятиеларга нэһилиэнньэни түмэ тардыахпыт. Сылын ахсын бюджет 10 % тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллүө.
— РНА СС Саха сиринээҕи научнай киинин, тутаах институттары, ол иһигэр СӨ Национальнай оскуолалар институттарын оннунан хаалларар дьаһаллары ылыахпыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр РНА Иккис кэлим экспедициятын үлэтин өйүөхпүт.
— Дьоҕус уонна орто бизнеһи өйүөхпүт. Дьоҕус бизнес сайдар суолугар мэһэйи барытын туоратыахпыт. Коррупцияттан, ахсаана биллибэт хомууртан-түһээнтэн, кредит үрдүк ыстаапкатыттан көмүскүөхпүт.
— Биһиги норуот итэҕэлин ылбыт Бырабыыталыстыбаны тэрийэри ситиһиэхпит, чиновниктар үлэлэрин-хамнастарын хонтуруоллууру күүһүрдүү, итэҕэли толорботох уонна быыбар иннигэр биэрбит тылларын кэһэр дьокутааттары төттөрү ыҥырыы механизмын киллэриэхпит. Былаас уорганнарыгар анал үөрэҕэ суох уонна үлэҕэ-хамнаска эриллибэтэх дьон үлэлиэхтэрэ суоҕа. Билсиинэн, бэригинэн анааһын туһунан этэ да барыллыбат. Норуот дьокутааттарга уонна былааска буолбакка, төттөрүтүн, дьокутааттар уонна былаас норуокка сулууспалыылларын курдук дьаһайыахпыт. Биһиги Сэбиэскэй былаас нэһилиэстибэтиттэн бастыҥын, сыаналааҕын, улууканнаах социальнай ситиһиилэрин: төлөбүрэ суох үөрэҕи уонна медицинскэй өҥөнү, сиэрдээх хамнаһы уонна пенсияны, олорор дьиэҕэ быраабы, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли, хас биирдии киһиэхэ дьоһун олоҕу-дьаһаҕы, Ийэ дойдубут модун кыаҕынан киэн туттууну – төннөрүөхпүт.
Биһиги эһиги интэриэскитин туруулаһарга бэлэммит.
Эһиги өйөбүлгүт биһиэхэ ураты суолталаах!