Adult Search

Якутский республиканский комитет

Коммунистической партии Российской Федерации

Адрес: Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, ул. Октябрьская, дом 3
Телефон: +7 (411) 23-66-151
Электропочта: mgm_2004@mail.ru

Главные

события

классовой

борьбы

Красный Первомай в Якутии: «Хватит терпеть!»
Будем достойными наследниками Победы!

Дьоруойбут Дьөгүөрсэ Тырынкаайап ыар олоҕо бэрт түргэнник, соһуччу көнөр. Тулаайах хаалбытын кэнниттэн аҕатын аймаҕа иитэ ылар. Саҥаһа өлбүтүн кэннэ, Дьөгүөрсэ убайын кытта Сунтаарга көһөллөр. Аара суолга эрэйдэнэн: «Улаатарым буоллар бу суолу оҥотторуом этэ» — дии саныыр уол. Убайа атын кэргэннэнэр, онуоха уолу чугас Хочо улууһугар Күлүк Лухаҕа хамначчытынан биэрэр. Дьөгүөрсэ хотон ыраастыыр, түүн оҕо бигиир. Улаатан баран дьиэ тас үлэтигэр, хотоҥҥо иилистэр. Бу баай улахан уола Өндүрэй таҥара дьиэтигэр үөрэнэр, сайын аайы дьонугар кэлэн сынньанар эбит. Онно тэҥнээҕэ суох буолан, Дьөгүөрсэлиин куодарыһар. Ол сылдьан, тырыттыбыт таҥастааҕын иһин, Тыранкаайап диэн араспаанньаны иҥэрэр.

Өндүрэй Дьокуускайга реальнай училищены бүтэрэн көмүстээх тайҕаҕа барар. Серебряков баай бириискэлэриттэн кыһыл көмүһү тутар кылаабынай кассир буолар. Хас да сылынан өрүттүбэт ыарыыга ыллардым, кэлэн көрсүҥ диэн дьонугар суруйар. Икки арыалдьыт киһилээх, икки сыарҕалаах атынан, саҥа таҥас таҥыннаран Дьөгүөрсэни ыыталлар. Тиийбиттэрин кэннэ, Өндүрэй Дьөгүөрсэҕэ эрэ кэриэс тылын этэр: “Кыра сыаналааҕы муспут дьааһыкпын дьоммор тиэрт, эйиэхэ эрэнэбин. Атын дьон истэригэр маллаах дьааһыкпын эйиэхэ бэлэхтиибин диэм, моһуоктаспаттарын курдук”. Төттөрү айаннаан истэхтэринэ Маачаҕа кэлбиттэрин кэннэ, Андрей Куликов өллө диэн  телеграмма барбытын билэллэр. Суолу быһа көмүһүн хайыыбын диэн толкуйдаан истэҕинэ, биир арыаллааччы уол: «Убайыҥ ааххар сылдьан ааспаккын дуо» — диир. Онно сылдьан, Дьөгүөрсэ дьааһыгын хаалларан ааһар. Ампаарга тымныы сиргэ таҥастартан араҥ үөнэ өллүн, тыытаайаҕыт диэн барар. Төттөрү Күлүк Лухаҕа тиийэн, баҕар Өндүрэй дьонугар сурук ыыппыта буолуо диэн 3 сыл үлэлиир. Дьэ, ол кэннэ бүттүм диэн убайын аахха баран, көмүһүттэн тоорохойу быһан, куоракка киирэн харчыга уларыттарар. Кэргэн ылар, дьиэ туттар. Ол сыл Сунтаартан Өлүөхүмэҕэ диэри суолу оҥотторор… Онтон ылата дьэ кини дьалхааннаах, түһүүлээх-тахсыылаах олоҕо саҕаланар. Ону, дьэ билиэххитин баҕарар буоллаххытына, «Айар» кыһа маҕаһыыннарыттан «Адаҕа» арамааны ылан ааҕаргытыгар сүбэлиибин. Дьөгүөрсэ мүччүргэннээх сырыылара, соһуччу быһаарыныылара киһини ардыгар дьиксиннэрэр, уйадытар. Кини бөлүһүөктүү саныыр санаата, толкуйдуур толкуйа билиҥҥи аныгы олоххо эмиэ тоҕоостоох буолара саарбаҕа суох.

Читайте также:

Таких книг нет ни у кого: Айар на книжном фестивале «Красная площадь»

Валентина Матвиенко высоко отметила Усть-Алданскую библиотеку