Улуус дьаһалтатын баһылыга Василий Аммосов: «Бу бюст өрөгөйдөөх үбүлүөй буолан ааспытын үйэлэргэ өйдөтө, саната туруоҕа, үүнэр көлүөнэ бэйэтин төрүттэрин, үгэстэрин, историятын өйдүү-саныы сылдьарыгар өйдөбүнньүк буолуоҕа», — диэтэ.
Ыһыах сиэрин-туомун Үрдүк Айыылартан көрдөһөн, уохтаах кымыһынан, арыылаах алаадьынан айах тутан алгысчыт Владимир Заболоцкай ыһыаҕы арыйда.
Улуус баһылыга Василий Аммосов кэлбит дьону уйгу-быйаҥ ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ:
— Күндү бар дьонум! Ийэ айылҕабыт силигилээн, тупсан турар кэмигэр эһиэхэ хас биирдиигитигэр өй-быйаҥ олоҕу, чөл туругу, этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Быйыл биһиги улууспутугар Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сылынан сибээстээн араас тэрээһиннэр былааннаахтык ыытылла тураллар. Николай Николаевич Тарскай Саха сиригэр көҥүл тустууну көҕүлээччи, өрөспүүбүлүкэҕэ физкультурнай-спортивнай хамсааһыны саҥа тыыннаабыт улахан таһымнаах салайааччы, тэрийээччи буолар. Тустууну сэргэ, ыарахан атлетика, бокс сайдыыларыгар улахан өҥөлөөх киһи. Николай Николаевич — Саха сиригэр бастакы спортивнай бэстибээллэри, спартакиадалары көҕүлээбит уонна ситимнээхтик ыытыллалларын ситиспит төлөннөөх салайааччы, кырдьык даҕаны кини — саха спордун аҕата!
Н.Н.Тарскай эппит тыла туолла. Биһиги ыччаттарбыт, билигин аан дойду таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кытта сылдьаллар. Бу кини саҕалаабыт, ыыппыт үлэтин түмүгэ буоларынан, биһиги киэн туттабыт!
Варвара ТОРДУЯНОВА.