
Бу 2020 сыл сэтинньи 7 күнүгэр Саха араадьыйатыгар улахан суолталаах бэлиэ күн эбит. Ол курдук санатар буоллахха 1920 сыллаахха Дьокуускай куоракка бастакы радиостанция үлэтин саҕалаабыт. Онтон ыла сигналы хабар станциялары оройуоннар кииннэринэн туруортаан барбыттар: Дьааҥыга, Өлүөхүмэҕэ, Бүлүүгэ онтон да атын сирдэринэн. 1922 сыл сэтинньи 7 күнүгэр Дьокуускай куорат олохтоохторо Москваттан опера артыыстарын концерын истэр дьолломмуттар диэн историяҕа бэлиэтэммит.





