Adult Search

Якутский республиканский комитет

Коммунистической партии Российской Федерации

Адрес: Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, ул. Октябрьская, дом 3
Телефон: +7 (411) 23-66-151
Электропочта: mgm_2004@mail.ru

ДЬОҺУННААХ ЭКЭНЭМИИС, ХОРУТУУЛААХ УЧУОНАЙ, ТУЛХАДЫЙБАТ ХОМУНЬУУС

         Ньукулай Ньукулаайабыс, 1958 сыллаахха үнүстүтүүтү бүтэрэн баран, үлэтин ыстааһын тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин оччолорго МТС-тары дьаһайар-салайар салаа экэнэмииһин дуоһунаһыттансаҕалаабыта. Ол эрэн, устудьуоннуур сылларыгар науканан үлүһүйэн испитэ таайан, сотору кэминэн Саха сиринээҕи ТХНЧИ-гар үлэҕэ көспүтэ. Оччолорго холкуостарга ис хаһаайыстыбаннай ахсааны киллэрии, үлэ күнүнэн төлөбүрүхарчынан солбуйуу саҥа саҕаланан эрэрэ. Эдэр-эрчимнээх, үчүгэй бэлэмнээх, киэҥ билиилээх экэнэмиис өрөспүүбүлүкэ кэккэоройуоннарын кэрийтэлээн холкуостар испэсэлиистэригэр, суот-учуот уонна орто сүһүөх салайар үлэһиттэргэ ис хаһаайыстыбаннай ахсаан,үлэ харчынан төлөбүрүнис дьиҥин өйдөтүүгэ, ону олоххо киллэриигэ хас холкуос аайытын бэйэтинэн ааҕан-суоттаан көрдөрөн үгүс практическай көмөнү оҥорбута.Онон киниөрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын производстватын экэниэмикэньымаларынан салайыыныбиир бастакынанолохтоспут экэнэмииһинэн биллэр диэх тустаахпын.

Эдэр экэнэмиис ити сырыыларыгар учуонай буолуох хараҕынан сүөһү иитиитин уопсай туруга, эти-үүтү элбэтии туруктаах аһылык базатыттан тутулуктааҕын бэлиэтии көрөн, бу боппуруоһудириҥник үөрэтэргэ быһаарыммыта уонна наадалаах матырыйааллары хомуйсан киирэн барбыта.Кини хас да сыл сүөһү иитиитин аһылыгынан хааччыйыы туругун сиһилии үөрэтэн баран, 1967 сыллаахха,Воронежтааҕы тыа хаһаайыстыбатынүнүстүтүүтүгэр тиийэн “Саха сирин киин оройуоннарын холкуостарын уонна сопхуостарын сүөһү аһылыгын туруктаах базаларын экономиката” диэн тиэмэҕэ экономическай наука кандидатыгар диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ.Ол үлэтэ оннооҕу аттестационнай комиссия Сэбиэтинэн (ВАК) биир чулуу диссертациянан ааҕыллыбыта.

Ньукулай Ньукулаайабыс 1969 сыллаахха оччотооҕу ССРС НА СО Саха сиринээҕи салаатын экономикаҕа секторын ыстаарсай научнай үлэһитинэн көспүтэ. Итинтэн ылата Ньукулай Ньукулаайабыс төрөөбүт-үөскээбит тыатын сирин социальнай-экономическай проблемаларын бары өттүнэн киэҥник, дириҥ хорутуулаахтык үөрэтэн, ырытан-ырыҥалаан барбыта.Аҕыйах сыл иһинэнкини кэлин наука дуоктара буоларыгар сүрүн төһүү буолбут үлэтэ “Саха дэриэбинэтин социальнай-экономическай проблемалара” диэн ааттананкинигэбуолан тахсыбыта.Ол саҕана бу ураты көрүүлэрдээх, үтүмэн үгүс ааҕыылардаах-суоттааһыннардаах, элбэх сонун ырытыылардаах агропромышленнай комплекс бары салааларын хабар, ол иһигэр тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын уруккутун-хойуккутун, инники кэскилинараас өттүттэн анааран, ырытан көрөр бэртээхэй үлэтэ оччотооҕу кэм научнай эргимтэтин, тыа хаһаайыстыбатын производствотын тэрийээччилэрин, испэсэлиистэрин киэҥ сэҥээриитин, үрдүк сыанабылын ылыан ылбыта. Оччолорго тыа сирин проблемаларын бары өттүттэн маннык ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтии, анаарыы Саха сиригэр эрэ буолбакка, урукку Сойуус да үрдүнэн биир бастакы холонуу этэ. Онон даҕаны буолуо, 1981 сыллаахха Сибиирдээҕи тыа хаһаайыстыбатын НЧИ дириэктэрэ В.Р.Боев кини бу үлэтин таба көрөн, билсэн, үрдүктүк сыаналаан Ньукулай Ньукулаайабыһы бэйэтин үнүстүтүүтүн тыа сирин социальнай проблемаларыгар сиэктэрин сэбиэдиссэйинэн үлэҕэ ыҥырбыта.

Кини Новосибирскай куоракка үс хас сыл үлэлээн баран дойдутугар төннүбүтэ, кэлэн да баран бу хайысханан научнай үлэтин тохтоппотоҕо, эбии дириҥэтэн, кэҥэтэн хас да кинигэни бэчээттэппитэ. Оччолорго аграрнай наукаүлэһиттэрэ, үлэлэрин саҥа саҕалаан эрэр эдэр диссертаннар тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын, тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарын таарыйалларыгар үгэс курдук Н.Н. Тихонов кинигэлэригэр, кини үлэлэригэр хайаан даҕаны сигэнэр буолаллара.

Ааспыт үйэ 80-с сылларыгар Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын салгыы сайыннарыыга кэскиллээх былааннары, араас Программалары оҥоруу-ылыныы буолла даҕаны,Ньукулай Ньукулаайыбыһы эбэһээтинэ биир бастакынан ССКП обкуомугар ыҥыралларынүгүстүк көрөрүм.Ордук уустук боппуруостары быһа тардан ылан араас өттүттэн, хас да барыйааннарынан ымпыктаан-чымпыктаан ааҕан-суоттаан көрүүнү киниттэн ордук ким даҕаны оҥоруо суоҕа дииллэрин элбэхтик истибит киһибин.

Кини сүүрбэ биирис үйэҕэ үктэнэн баран күн бүгүнүгэр диэри үлэтин үтүөтүн саҥа көлүөнэ экэнэмиистэри үөрэтиигэ, иитэн таһаарыыга анаан кэллэ. Кини тыа хаһаайыстыбатын экономикатын дириҥник билэр учуонай, уопуттаах бэрэпиэссэр, экономика кафедратын сэбиэдиссэйин быһыытынан Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар, Хотугу-Илиҥҥи федеральнай университекка үгүс эдэр испэсэлиистэри бэлэмнэстэ, ити үрдүк үөрэх кыһаларын Учуонай Сэбиэттэригэр, дисэртээссийэлэри көмүскүүр кэмииссийэлэргэ кыттан дьоҕурдаах ыччаты наука киэҥ аартыгар таһаарыста.

Ньукулай Ньукулаайабыс Ньурба оройуонун биир түҥкэтэх Кукаакы диэн нэһилиэгэр төрөөн-үөскээн, саха дьадаҥы олоҕун этинэн-хаанынан иҥэриммит, сэрии сылларын ыар, аас-туор кэмнэрин тулуспут киһи сиэринэн дойдуга ырыынакка киириинэн сирэйдэнэн хапыталыыһымы хаттаан тутууну өйүнэн-санаатынан ылымматаҕа, олорбут олоҕун итэҕэлин, хомуньуустуу санаатын атыттар курдук сиргэ-буорга тэпсибэтэҕэ. 1991 сылтан үйэ чиэппэрин усталаах туоратын тухары тулхадыйбат хомуньуус быһыытынан РФКП Саха сиринээҕи салаатын салалтатыгар ис дууһатыттан көхтөөхтүк кыттан кэллэ.

Кини экономика наукатын дуоктарын быһыытынан араас чыына-хаана элбэх, аграрнай хайысхалаах аан дойдутааҕы хас да Академияларакадемиктара, өссө сэбиэскэй кэм саҕана, 1986 сыллаахха, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин бочуоттаах аатын сүкпүтэ.

Ньукулай Ньукулаайабыс киһи киэнэ көнөтө-сэмэйэ, дьоһуннаах ыал аҕата, түөрт хас сиэн тапталлаах эһээтэ.

Былыр, оччолоргоПушкинбэйээт аатынан, билигин ЫраахтааҕыСелотынан биллэр куоракка бииргэ үөрэммит үөлээннээхпэр, кини олоҕун биир кэрэ-бэлиэ түгэнинэн – 80 сааһын туолар күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээн туран,туох баар бары үтүөнү-үчүгэйи, олоҕун доҕоругар, оҕолоругар, сиэннэригэр этэҥҥэ буолууну, дьон-сэргэ туһугаролоҕо-үйэтэөссө да уһууругар ис сүрэхтэн баҕарыыбын тиэрдиэм этэ.

     Петр Одорусов,

РФКП уонна өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ,

                       Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо.