Adult Search

Якутский республиканский комитет

Коммунистической партии Российской Федерации

Адрес: Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, ул. Октябрьская, дом 3
Телефон: +7 (411) 23-66-151
Электропочта: mgm_2004@mail.ru

Главные

события

классовой

борьбы

Красный Первомай в Якутии: «Хватит терпеть!»
Будем достойными наследниками Победы!

Россия президенигэр РФКП кандидата ТАСС агенство±а буолбут быыбар иннинээ±и пресс- конференциятыгар суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдаата

 

SakhaKprf.ru “Алта сыл устатыгар мин дохуотум – 157 мілµйµін солкуобай”

-Ахсынньы 28 кµнµгэр Быыбар Киин хамыыґыйатыгар докумуоннары киллэрэргэ дохуоккут, бааІІа счеккут туґунан информацияны биэрбиккит... Тохсунньу 9 кµнµгэр Быыбар киин хамыыґыйатыгар чуолкайдаммыт чахчылар бэриллибиттэрэ, онно омук бааннарыгар биэс счет (РФ президенигэр кандидат итинник счеттанара бобуллар, - ред.), сыаналаах кумаа±ылар ыйыллыбыттара. Регистрация кэнниттэн Быыбар Киин хамыыґыйатын сайтыгар тахсыбыт сибидиэнньэлэргэ ол счеттар тустарынан эмиэ ханнык да информация суох.

SakhaKPRF.ru Биһиги дойдубутугар сэбиэскэй былааһы эһиэхтэриттэн 26 сыл ааста. Былааска Ельцин баһылыктаах либераллар кэлбиттэрэ уонна дойдуну урусхаллыыр, арҕааҥы дойдулары айылҕа баайынан хааччыйар саламах судаарыстыбаҕа кубулутар суолу тутуспуттара. Дьалхааннаах 90-с сылларга нэһилиэнньэ баһыйар аҥаарын саҥата суох сөбүлэҥинэн кэлим сэбиэскэй социалистическай тутулу сиҥнэрбиттэрэ, промышленность улахан өттүн, тыа хаһаайыстыбатын бөдөҥ предприятиеларын (холкуостары уонна совхуостары), науканы, култуураны урусхаллаабыттара, норуот социальнай ситиһиилэрин туора соппуттара.

14.jpg

Наталья Еремейцева блокнотуттан

Бэлиэтээһиннэр

Н.Н. Еремейцева суруйууларыгар ааҕааччылар статистика араас соһуччу бэлэхтэрин бэлиэтии көрбүт буолуохтаахтар: арҕаа дойдулары кытта тустааҕы уот харахха тэҥнээн көрүү, былаастар соҥнуур рекламаларын сытыы муннуктан сырдатыы, дарбатыллар сыыпаралары киһи дууһатыгар тиксэр микроирээттэргэ таһаарыы...

Тэҥнээн көрүллэр сыыппараларга киһи хараҕа өрүү хатанар. Хантан ол ылыллар? Биһиги “автор лабораториятыгар” сырыттыбыт, кэллиэгэбит көҥүллээбитигэр суруналыыс блокнотун страницаларын арыйталаатыбыт уонна Наталья Николаевна өрдөөҕүттэн “улахан бэлиитикэ” уонна көннөрү киһи күннээҕин олоҕун наадыйыытын мээрэйин туоһулуур сыыппаралары кичэллээхтик хомуйарын биллибит. Үгүс “новеллалар” түмүктэммит да курдуктар.

7.jpg

Биһиги киин ханаалларбытынан быыбар хампаанньатын туһунан биэриилэри кэтээн көрдөххүнэ, кандидаттартан сакааһынан кими ала чуо түҥнэрэ сатыыллара харахха быраҕыллар. Сүрүннээн, Павел Грудинины. Киниэхэ барыллаан икки буруйдааһын соҥнонор. Кини барыларыттан элбэх харчылаах буолан таҕыста, дьиҥэр, докумуоннартан көстөрүнэн, ол кырдьыкка сөп түбэспэт. Ылан көрүҥ Ксюша Собчагы – үбэ-харчыта элбэҕэ чуолкай, Жириновскай туһунан этэ да барыллыбат, ону биэриилэри оҥорооччулар билиэхтэрин баҕарбаттар. Кинилэр быыбар хампаанньатын ыытааччылар сакаастарын толороллор. Грудиниҥҥа соҥнонор өссө биир буруйдааһын – албыннаппыт пайщиктаахтар. Олор тустарынан балаһыанньа өссө күлүүлээх диэххэ дуу. Ол туһунан хаҥас күүстэр кандидаттарыттан тус бэйэтиттэн сиһилии ыйыталастыбыт.

2a.jpg

Россия экономикатын билиҥҥи курсу

уларытыы эрэ быыһыаҕа

SakhaKPRF.ru Россия экономиката салгыы түһэ турар. Ити быһыыны Росстат сыыһа-халты көрдөрүүтэ да, РФ былаанын эрэннэриитэ да быыһыыр кыахтара суох. Сэтинньи ыйга промышленность эйгэтигэр саҕаламмыт түһүү ааспыт сыл ахсынньытыгар салҕанан барда. Ол түмүгэр төрдүс кыбартаалга түһүү 1,7 бырыһыаҥҥа тиийдэ. Туһалаах баайдары сиртэн хостооһун биир бырыһыан аччаата, оттон туһаҕа таһаарар сектор үлэтэ-хамнаһа икки бырыһыан намтаата.