Adult Search

Якутский республиканский комитет

Коммунистической партии Российской Федерации

Адрес: Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, ул. Октябрьская, дом 3
Телефон: +7 (411) 23-66-151
Электропочта: mgm_2004@mail.ru

Главные

события

классовой

борьбы

Красный Первомай в Якутии: «Хватит терпеть!»
Будем достойными наследниками Победы!

“Правда” ыйытыыларыгар РФ Президенин солотугар норуот кандидата Павел Николавеич Грудинин хоруйдуур.

- Павел Николаевич! Бэрт сотору ССРС куттала суох буолуутун эІкилэ суох хааччыйбыт Кыґыл, Сэбиэскэй Армия сµµс сыллаах µбµлµійµн бэлиэтиэхпит. Оттон бµгµІІµ Россия кімµскэнэр кыа±ын хайдах сыаналыыгын?

  • Биґиги дойдубутугар куттал суоґа кµµґµрэн иґэрэ харахха быра±ыллар. Американецтар Румыния±а уонна Польша±а биґиги континеннар икки ардыларыттан иҥнибэт ракеталарбытын хабар кыахтаах противоракетнай пусковой установкалары туруораллар. Ити дойдулартан Россияны утары кынаттаах ракеталарын таах туттуохтарын сіп. АХШ сэрии сэбин саІа тиґигин тэтимнээхтик айан таґаараллар. Биґиги стратегическай ядернай кµµстэрбитин чыпчылыйыах бэтэрээ іттµгэр далааґыннаахтык суоґарыы концепциятын олоххо киллэрэллэр. НАТО разведчик-самолеттара биґиги кыраныыссабытын кыйа кітіллір. “Кыр істііх до±отторбут” Прибалтика±а сэриилэрин бастайааннай тірµккэ олохтоотулар. Грузия уонна Украина армияларыгар АХШ сµбэґиттэрэ хамаандалыыллар.

Россия президенигэр РФКП кандидата ТАСС агенство±а буолбут быыбар иннинээ±и пресс- конференциятыгар суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдаата

 

SakhaKprf.ru “Алта сыл устатыгар мин дохуотум – 157 мілµйµін солкуобай”

-Ахсынньы 28 кµнµгэр Быыбар Киин хамыыґыйатыгар докумуоннары киллэрэргэ дохуоккут, бааІІа счеккут туґунан информацияны биэрбиккит... Тохсунньу 9 кµнµгэр Быыбар киин хамыыґыйатыгар чуолкайдаммыт чахчылар бэриллибиттэрэ, онно омук бааннарыгар биэс счет (РФ президенигэр кандидат итинник счеттанара бобуллар, - ред.), сыаналаах кумаа±ылар ыйыллыбыттара. Регистрация кэнниттэн Быыбар Киин хамыыґыйатын сайтыгар тахсыбыт сибидиэнньэлэргэ ол счеттар тустарынан эмиэ ханнык да информация суох.

SakhaKPRF.ru Биһиги дойдубутугар сэбиэскэй былааһы эһиэхтэриттэн 26 сыл ааста. Былааска Ельцин баһылыктаах либераллар кэлбиттэрэ уонна дойдуну урусхаллыыр, арҕааҥы дойдулары айылҕа баайынан хааччыйар саламах судаарыстыбаҕа кубулутар суолу тутуспуттара. Дьалхааннаах 90-с сылларга нэһилиэнньэ баһыйар аҥаарын саҥата суох сөбүлэҥинэн кэлим сэбиэскэй социалистическай тутулу сиҥнэрбиттэрэ, промышленность улахан өттүн, тыа хаһаайыстыбатын бөдөҥ предприятиеларын (холкуостары уонна совхуостары), науканы, култуураны урусхаллаабыттара, норуот социальнай ситиһиилэрин туора соппуттара.

14.jpg

Наталья Еремейцева блокнотуттан

Бэлиэтээһиннэр

Н.Н. Еремейцева суруйууларыгар ааҕааччылар статистика араас соһуччу бэлэхтэрин бэлиэтии көрбүт буолуохтаахтар: арҕаа дойдулары кытта тустааҕы уот харахха тэҥнээн көрүү, былаастар соҥнуур рекламаларын сытыы муннуктан сырдатыы, дарбатыллар сыыпаралары киһи дууһатыгар тиксэр микроирээттэргэ таһаарыы...

Тэҥнээн көрүллэр сыыппараларга киһи хараҕа өрүү хатанар. Хантан ол ылыллар? Биһиги “автор лабораториятыгар” сырыттыбыт, кэллиэгэбит көҥүллээбитигэр суруналыыс блокнотун страницаларын арыйталаатыбыт уонна Наталья Николаевна өрдөөҕүттэн “улахан бэлиитикэ” уонна көннөрү киһи күннээҕин олоҕун наадыйыытын мээрэйин туоһулуур сыыппаралары кичэллээхтик хомуйарын биллибит. Үгүс “новеллалар” түмүктэммит да курдуктар.

7.jpg

Биһиги киин ханаалларбытынан быыбар хампаанньатын туһунан биэриилэри кэтээн көрдөххүнэ, кандидаттартан сакааһынан кими ала чуо түҥнэрэ сатыыллара харахха быраҕыллар. Сүрүннээн, Павел Грудинины. Киниэхэ барыллаан икки буруйдааһын соҥнонор. Кини барыларыттан элбэх харчылаах буолан таҕыста, дьиҥэр, докумуоннартан көстөрүнэн, ол кырдьыкка сөп түбэспэт. Ылан көрүҥ Ксюша Собчагы – үбэ-харчыта элбэҕэ чуолкай, Жириновскай туһунан этэ да барыллыбат, ону биэриилэри оҥорооччулар билиэхтэрин баҕарбаттар. Кинилэр быыбар хампаанньатын ыытааччылар сакаастарын толороллор. Грудиниҥҥа соҥнонор өссө биир буруйдааһын – албыннаппыт пайщиктаахтар. Олор тустарынан балаһыанньа өссө күлүүлээх диэххэ дуу. Ол туһунан хаҥас күүстэр кандидаттарыттан тус бэйэтиттэн сиһилии ыйыталастыбыт.